01.04.2022 | 08:30

Валерианна: «Иэйиим куоласпынан тахсар»

Валерианна:  «Иэйиим куоласпынан тахсар»
Ааптар: Айыына Ксенофонтова
Бөлөххө киир

Кини ураты нарын, ол эрээри Бүлүү эбэ долгунунуу күүстээх куолаһын, намыын ырыатын социальнай ситимҥэ сэргии истибитим. Кэлин биир өрүс сүнньүттэн төрүттээхпитин билбитим.

Эдэр ырыаһыт Валерианна Новгородованы кытта кэпсэтиибит гостуруол кэмигэр түбэстэ. Быһата, сибээһэ суох ыраах сылдьар диэн сэрэйдим. Онон кылгас сэһэргэһиибитин хайдах баарынан таһаарабын.  

 

Уһун ааппын пааспар ыларбар билбитим...

– Бастаан бэйэҕин билиһиннэр. Бу дьиҥнээх аатыҥ дуу, псевдонимыҥ дуу?

– Валерианна диэн пааспарбынан дьиҥнээх аатым. Валерий диэн аҕам уонна Анна диэн икки эбэм ааттарын холбоон таһаарбыттар. Уһун ааппын пааспар ыла киирэн баран биирдэ билбитим (күлэр). Чугас дьонум бары кылгатан Аннушка, Анна диэн ыҥыраллара. Онон ити ааппын 14 сааспар диэри билбэккэ сылдьыбытым. Ити оҕо сааһым умнуллубат түгэнэ буолбута.  

– Хантан сылдьаҕыный, тугунан дьарыктанаҕыный? 

Ийэм Өлөөн улууһуттан, аҕам Сунтаартан төрүттээхтэр. Ойор күннээх оҕо сааһым Сунтаар улууһугар ааспыта. Куокуну агро хайысхалаах орто оскуолатын бүтэрбитим. Төрөппүттэрим Өлөөҥҥө көспүттэрэ, онно олороллор.

Билигин ырыа эйгэтигэр үлэлии-хамсыы, айа-тута сылдьабын. “Куобах шоу” диэн наһаа үчүгэй бөлөхтөөхпүт. Саха сирин үгүс улуустарын кэрийдибит. Гостуруоллуубут, күнтэн күн сайда турабыт. Дьону-сэргэни аралдьытан, саҥаны, элбэҕи билэн, иннибит диэки баран иһэбит. 

 

Тута арыллыбаппын

– Хаһааҥҥыттан ыллыыгыный? Ким уһуйбутай?

– Кыра эрдэхпиттэн ыллыыбын. 90-с сылларга ийэм Куокуну кулуубугар үлэлээбитэ. Күнүстэри-түүннэри кинини батыһа сылдьарым. Ийэм миэхэ “Өлөөн эбэм барахсан” диэн ырыаны үөрэппитин өйдүүбүн. Аны оччолорго ыллыырбын кыбыстар, сөбүлээбэт этим. Бу санаатахпына, хара күүстэринэн сыанаҕа таһаараллара. Ол иһин урукку видеолары көрдөхпүнэ сороҕор ытыыбын. Билигин даҕаны, ойон туран ыллаа диэтэхтэринэ, сатаан иэйэ-куойа ыллаабаппын, тута арыллыбаппын. Тоҕо диэтэххэ киһиэхэ иэйии диэн баар. Холобур, атын дьон оннук ураты туруктаах ырыа айаллар, тугу эрэ саҥаны, сонуну оҥорон таһаараллар дии. Онтум киирдэҕинэ эрэ ис сүрэхпиттэн ыллыыбын. Мин иэйиим куоласпынан тахсар.

Ырыаҕа сыһыарбыт үтүө-мааны киһим – Лилия Владиславовна Кириллина. Оскуолабытыгар “Курагрос” диэн ансаамбыллаах этибит. Уһуйааччыбыт бөлөхтөргө арааран баран, араас куонкурустарга кытыннарара. Кини дьоҕурбун таба көрбөтөҕө, сайыннарбатаҕа буоллар, баҕар, олох даҕаны атын эйгэҕэ үлэлии-хамсыы сылдьыам этэ дии саныыбын. Былырыын сайын кини көмөтүнэн “Кыыс түүлэ” диэн ырыабар килиип уһулбуппут. Куокунуга уонна Кириэстээххэ.

– Сөбүлүүр ырыаһыттарыҥ? Ханнык ырыалары ордук табыллан толороҕунуй? 

– Сөбүлүүр ырыаһытым диэн суох диэххэ сөп. Тоҕо диэтэххэ ырыа ис хоһоонунан, мелодиятынан талан истэбин. Оннук ырыам элбэх. Бэйэм ордук омуктуу ырыалары толорорбун ордоробун. Холобур, “Титаник” саундрегын, Уитни Хьюстон урукку хиттэрин.

– Аҥаардас ырыанан барар санаалааххын дуу, көннөрү хобби курдук дуу?

– Олохпун ырыаны кытта ситимниир санаалаахпын. “Бу мин килиэбим” диэн быһаарыммытым уонна сыал-сорук туруоруммутум. Элбэҕи ситиһиэм диэн эрэллээхпин.

 

Айар куттаах ыал

– Дьиэ кэргэниҥ туһунан кылгастык кэпсээ.  

– Новгородовтар дьиэ кэргэннэригэр улахан оҕобун. Бииргэ төрөөбүттэр төрдүөбүт. Саамай кырабыт алтыс кылааска үөрэнэр. Төрөппүттэрим эдэрдэр, баара-суоҕа 49 эрэ саастаахтар. Иккиэн айар куттаах дьон. Ийэм ыллыыр, тамадалыыр, араас тэрээһиннэри ыытар. Оҕо уһуйааныгар музыкальнай салайааччынан үлэлиир. Аҕам эдэр сылдьан спортсмен этэ. Дьиэ кэргэнин иитэр тутаах киһибит. Түгэнинэн туһанан, хаһыат нөҥүө төрөппүттэрбэр махталбын тиэрдэбин. 

– Иллэҥ кэмҥэр тугунан дьарыктанаҕын?

– Дьиэбэр чуумпуга сытарбын сөбүлүүбүн (күлэр). Киинэ көрөрбүн туохтааҕар да ордоробун. Оннук сынньанабын.

 

Бэйэҥ суолгун булун!

– Саха ыччатын уратыта – кини өйүгэр-санаатыгар, олоҕу көрүүтүгэр. Урукку көлүөнэ ыччата барытын бэйэтин илиитинэн оҥороро, онон толкуйа да атына. Билиҥҥи кэм киһитэ барыта бэлэмҥэ сылдьар диэххэ сөп.

Эдэр киһи сайдарыгар, бэйэтин суолун-ииһин булунарыгар хайдах кэм дии саныыгыный?
– Ыччат туохтан да толлубакка, иннин хоту баран иһиэхтээх дии саныыбын.  Дьону кытта кэпсэтэн-ипсэтэн, элбэҕи билэн-көрөн бэйэтин суолун солонуохтаах. Онуоха сайдар кыах баһаам. Аныгы үйэҕэ информация дэлэй. Интэриниэт ситимигэр туох барыта баар. 

– Кэнники кэмҥэ ыччат төрөөбүт сириттэн-дойдутуттан атын сиргэ көһөр буолла. Бу туһунан санааҥ.

– Манна кыараҕас, үүнэр-сайдар кыах кэмчи дии саныыллара буолуо. Эдэр дьон аан дойдуну билэ-көрө сатыыллара туох да куһаҕана суох. Сири уларытыы, уопсайынан, ханнык баҕарар киһиэхэ уларыйыы син биир наада.

– Оннук! Сөбүлэһэбин. Валерианна, айан кэмигэр быыс булан кэпсэппиккэр махтанабын, ситиһиилэри баҕарабын! Сахаҥ дьонун ырыаҕынан үөрдэ тур!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...