03.11.2022 | 12:00

Валентина Матвеева: «Ыһыктынан кэбиспит дьону ыарыы түргэнник ылар»

Валентина Матвеева:  «Ыһыктынан кэбиспит дьону ыарыы түргэнник ылар»
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Кытаанах оскуоланы ааспытым

– Валентина Николаевна, медицина эйгэтигэр хайдах кэлбиккиний?

– Оскуола кэнниттэн Дьокуускайдааҕы медколледжка үөрэнэ киирбитим, биэлсэр үөрэҕин бүтэрбитим. Онтон куоракка суһал көмөҕө тоҕус сыл үлэлээбитим. Быраас буолар баҕа санаабынан салайтаран,  иккис сылбар мединститукка туттарсан киирбитим. 90-с дьалхааннаах сыллара буолан, кырыымчык кэмнэрэ. Дьоммор көмөлөһүөхпүн наада курдуга. Ол иһин үлэлии-үлэлии үөрэммитим. Хата, суһал көмө сулууспатыгар бииртэн биир мындыр салайааччыларга түбэспит дьоллоохпун. Устудьуоннары өйөөн, субуотаҕа уонна баскыһыанньаҕа эрэ туруораллара. Симиэнэбит старшай сиэстэрэтэ Лариса Михайловна Новиковаҕа махталым муҥура суох. Ол курдук биэс күн үөрэнэрбит, өрөбүллэрбитигэр үлэлиирбит. Аны урут сууккананан сылдьарбыт, бэнидиэнньик сарсыарда устунан институкка ойорбут, ол күн утуктуу-утуктуу лекция истэрбит. Инньэ гынан үөрэхпин бүтэрэр сылым тигинээн кэлбитин билбэккэ да хаалбытым.

Куорат кыыһа тыа сиригэр үлэлии барыахпын баҕарбытым. Үллэрии буолбутугар тылламмытым, ону истэн хамыыһыйа чилиэннэрэ улаханнык соһуйбуттара. “Скорайыгар” барыа дии санаабыт киһилэрэ улууска барабын диэн турдаҕа (күлэр). Оччолорго кэргэммин кытта саҥа ыал буолбут кэммит, онон кини дойдутугар Ньурбаҕа анаммытым.

Тыа сирин балыыһатыгар кытаанах оскуоланы ааспытым. Санаан көр, нэһилиэнньэҕэ соҕотох бырааскын – участковайдыыгын, эмтээһин, хаһаайыстыба, уон куойкалаах стационар – барыта эн эппиэтинэскэр. Билигин күлэ саныыбын, стационар үлэтэ оччоттон баччааҥҥа диэри эккирэтэ сылдьар эбит диэн. Сарсыарда өттүгэр приемҥа олоробун, онтон киэһэ хойукка диэри (сороҕор түүннэри) вызовтарга сүүрэрим. Инньэ гынан утуйбакка да үлэлиирим. Бу санаатахпына, суһал көмөҕө тоҕус сыл үлэлээбит уопутум улаханнык көмөлөспүт. Аны туран, теория уонна практика диэн тус-туспа буоллахтара. Бастакы сылларбар быыс көһүннэр эрэ, кинигэлэри хасыһарым, эмтэр тустарынан онтон-мантан булан ааҕарым. Оччолорго билиҥҥи курдук интэриниэт суох.

Ньурбаҕа үлэлээбит сылларбын олус үчүгэйдик саныыбын. Эдэр бырааһы, кийиит кыыстарын сүрдээҕин өйөөбүттэрэ. Оччолорго улуус киин балыыһатын кылаабынай бырааһа Евгений Николаевич Иннокентьев уонна Ньурба баһылыга Роман Гаврильевич Дмитриев өйөөннөр, саҥа балыыһаламмыппыт, саҥа массыыналаммыппыт.

Кэлин куоракка көспүппүт. Оҕом биир ыйдааҕар Хатастааҕы стационарга үлэлии киирбитим. Эһиилигэр салалта таба көрөн, балыыһа сэбиэдиссэйинэн анаммытым. Ол саҕана 4-с №-дээх поликлиникаҕа сыстарбыт. Кылаабынай бырааспыт Земфира Петровна Попова этэ. Кырдьык, уон сыл инникини көрөр муударай салайааччы. Кини өйөбүлүнэн, сүбэтинэн-аматынан эмиэ туспа оскуоланы, олоҕум биир умнуллубат кэрдиис кэмин ааспытым. Оччолорго оҕом кыра, бүтүн балыыһаны туттаран кэбиспиттэрэ  ыарахан этэ. Онон биир сылынан участковайга көһөргө күһэллибитим. Уон сыл биллибэккэ ааспыта. Бу диэн эттэххэ, участковай быраас үлэтэ олус ыарахан, эттэххэ эрэ дөбөҥ, көрөргө эрэ чэпчэки.    

 

Үлэлииргэ үчүгэй!

– Табаҕа балыыһатыгар сэбиэдиссэйдээбитиҥ төһө өр буолла? Билигин хайдах үлэлии олороҕутуй?

– 2017 сыллаахха олунньу 14 күнүгэр сэбиэдиссэйинэн ананан кэлбитим. Кэлэктииппит иллээх-эйэлээх. Манна даҕатан эттэххэ, сорохтор Табаҕа куораттан сылдьан үлэлииргэ ыараханын тулуйбаттар, айана ыраах диэн уһуннук үлэлээбэттэр. Ол нэһилиэнньэҕэ ордук охсуулаах.  Бу иннинэ педиатра суох олус өр олорбуппут. Хата, Лена Васильевна Максимова кэлэн, иккис сылын олус үчүгэйдик үлэлии сылдьар. Терапевпыт – Сайына Егоровна Никитина, “Земский доктор” бырагырааманан ананан кэлбитэ. Олус үлэһит кыргыттардаахпын диэн киэн тутта кэпсиибин. Бу киэһэ хойукка диэри олороллор, дьиэлии иликтэр. Билиҥҥи үйэҕэ быраас үлэтэ оннук, бүтэр уһуга биллибэт.   

Саҥа балыыһабытыгар 2019 сыллаахха киирбиппит. Ол иннинэ бараактыы тииптээх дьиэҕэ үлэлии олорбуппут. Кыһын олус тымныы, сайын ититиини араардахтарына уорааннаах буолара. Онтон Эргэ Табаҕаҕа Биэлсэр-акушер пууна (ФАП) тутуллубута – үөрүүбүт икки бүк үрдээбитэ. Кылаабынай бырааспыт Светлана Николаевна Давыдова – туруорсубутун ситиһэр, ылсыбытын тиһэҕэр тиэрдэр салайааччы. Түгэнинэн туһанан, салалтабытыгар махтанабыт.

Билигин 21 үлэһиттээхпит. Икки учаастактаахпыт,  10 куойкалаах стационардаахпыт, Эргэ Табаҕаҕа Биэлсэр-акушер пууннаахпыт. Балыыһабытыгар акушер кабинета баар, нэдиэлэҕэ биирдэ Хатастан гинеколог кэлэн көрөр. Ый иккис сэрэдэтигэр 3-с №-дээх поликлиникаттан исписэлиистэр кэлэн бараллар. Биһиги көрдөрүөхтээх дьоммутун эрдэттэн бэлэмниибит. КТ, рентген, УЗИ курдук улахан чинчийиилэргэ толуонунан куоракка ыытабыт. Билигин саҥа быраагырааманан үлэлии олоробут. Манна бэчээттээбит направлениеларбытын анараа тута көрөллөр. Онон           бары өттүнэн олус табыгастаах. Кэнники кэмҥэ нэһилиэнньэ эрдэттэн суруйтарыыны сөбүлээтэ. Урут тыыннаах уочаратынан киирэн көрдөрөллөрө, күннэрин-дьылларын барыыллара. Билигин болдьоммут чаастарыгар кэлэллэр. Биллэн турар, ыксаабыт дьон суруйтарыыта суох киирэллэр, оттон балыыһаҕа кэлэр кыахтара суох ыарыһахтары бэйэбит тиийэн көрөбүт.

Массыыналаахпыт, арай стационарбытыгар куһаҕана диэн туспа куукунабыт суох. Билигин итии аһы Хатастан аҕалтарабыт.

2022 сыл тохсунньу ыйдааҕы туругунан нэһилиэнньэбит ахсаана: оҕо – 575, улахан киһи – 1553. Биллэн турар, халбаҥныы турар.  Билигин, этэргэ дылы, ыарыһахтарбытын, ким туга ыалдьарын эндэппэккэ билэр буоллубут. Кэнникинэн үөрэнсэн да хааллыбыт.

 

Сэлликтэн сэрэниҥ!

– Пандемия кэмигэр хайдах үлэлээтигит?

– Кырдьык, коронавирус медицинаҕа, уопсайынан, олох бары эйгэтигэр элбэх уларыйыылары, саҥа быраабылалары киллэрдэ. Үлэбит биир да күн тохтооботоҕо, стационарбыт эрэ сабыллыбыта. Сорохтору ковиднай биригээдэҕэ ыыппыттара, онон атастаһа сылдьан үлэлээбиппит. Коронавируһу утары вакцинацияны хото ыыттыбыт, коллективнай иммунитеты олохтоотубут, ону Табаҕаҕа ыалдьыы көрдөрүүтэ арыый намыһаҕа туоһулуур.

Эрдэ эппитим курдук, саҥа бырагыраамаҕа барыта ытыс иһигэр курдук көстөр. Ким рентгеҥҥэ түспүтүн-түспэтэҕин кытта билэбит. Онон нэһилиэнньэни ФЛГ-га ыыта, диспансеризацияҕа, вакцинацияҕа ыҥыра, төлөпүөнүнэн эрийтэлии олоробут.

Дьон вакцинацияҕа кэлэрэ аҕыйаата. Төрөппүттэр оҕолоругар быһыы туруортарартан аккаастанар түгэннэрэ үксээтэ. Итиннэ вакцинаны утары информация наһаа элбээтэ диэн этиэхпин баҕарабын. Билиҥҥи туругунан 130-ча эрэ оҕо быһыыны ылла. Алтынньы ыйга бүтүн оскуоланы харантыыҥҥа ыытарга күһэллибиппит.

Дьиҥэр, нэһилиэнньэҕэ лекциялары ааҕабыт, араас аахсыйалары ыытабыт. Кистээбэккэ эттэххэ, итинник тэрээһиннэргэ дьон улаханнык сылдьыбат буолла.    

Аны туран, ханна да үлэлээбэт киһи ФЛГ-ны ааспакка да олоруон сөп курдук. “Тугум да ыалдьыбат” диэн баран сылдьар. Сэллик –  сүрдээх киитэрэй ыарыы. Тиһэх стадиятыгар диэри биллэрбэт. Сорохтор ыран-дьүдэйэн бардахтарына, сэниэлэрэ суох, аһаабат буоллахтарына биирдэ көрдөрө кэлэллэр.

Дьиҥинэн, пандемия иннинэ фтизиатрияны кытта ыкса үлэлээн, сэллик ыарыыта аҕыйаабыта, көрдөрүүбүт лаппа тупсубута. Онтон коронавирус тарҕаныаҕыттан хааччахтааһын саҕаламмыта, нэһилиэнньэ дьиэҕэ олорбута. Быйылгыттан сэллиги утары үлэбитин сөргүтэн эрэбит. Билиҥҥи туругунан 600-чэ киһи ФЛГ-ны ааста, аны барбатах дьоммутун испииһэктээн, эрийтэлии олоробут. Үгүстэр ыҥырыыбытын быһа гыммакка, үөрэ-көтө кэлэллэр, сорохтор аккаастаналлара да баар.     

Күһүн дьиэлэринэн сылдьан Гриппол туруорбуппут. Онно Табаҕаҕа олорбуттара ырааппыт, ол эрээри пропискалара суох, хаһан да балыыһаҕа көрдөрүммэтэх дьон бааллара биллибитэ. Сорохтор пааспардара, атын докумуоннара да суох. Маннык дьону социальнай көмүскэл уорганнарыгар биллэрэн, тустаах үлэни ыыталларыгар тирэх буолабыт.

Табаҕаттан куоракка үлэлиир киһи элбэх, кинилэр дьиэлэригэр киэһэ биирдэ кэлэллэр. Ону өйдөөн, сороҕор субуотаҕа кытта үлэлиибит. Тубдиспансеры, Онкодиспансеры кытта Аһаҕас аан күннэрин биллэрэбит. Пандемия иннигэр Кырдьаҕастар күннэрин, Кыайыы бырааһынньыгын көрсө араас декадалары тиһигин быспакка тэрийэрбит, дьахталларга, эр дьоҥҥо анал быраастары ыҥырарбыт. 

Кэнники кэмҥэ коронавирустан үгүс киһи олохтон туораата. Үксэ атын ыарыылара элбэх кырдьаҕас дьон. Эн этэргинии, ковид кэбирэх сиргинэн киирэрэ чахчы. Ыалдьан баран үтүөрбүт да дьон бүөрдэрэ аккаастыыр, инфарктыыр, инсуллуур, сүһүөхтэрэ ыалдьар түгэннэрэ баар. Коронавирус дьиҥ ыарыыгын хостоон таһааран көрдөрөр. Онон реабилитация хайаан да наада. “Чэбдик”, “Абырал” санаторийдарга, гериатрияҕа баҕалаах дьону квотанан ыытабыт. Итиэннэ бэйэбит стационарбытыгар киллэрэбит.     

 

Уойуу – сытыы кыһалҕа

– Ыарыы эдэримсийэн иһэр дииллэрэ оруннаах дуо? Удьуордааһын туһунан тугу этиэҥ этэй?

– Кырдьык, кэнники кэмҥэ сүрэх-тымыр ыарыыта үксээтэ. Ити чуолаан коронавируһунан ыалдьыбыт дьоҥҥо көстөр, тоҕо диэтэххэ бу дьаҥ киһи хаанын хойуннарар, содула элбэх. Аныгы үйэ дьоно олохпут тэтимэ түргэнэ бэрт, онон үксүн стресскэ сылдьабыт. Аны билигин мобилизация дьону аймаата. Итинник тас эйгэттэн доруобуйаҕа, киһи уопсай туругар быһаччы дьайар фактор элбэх.

Удьуордааһын туһунан санаам маннык. Киһи бэйэтин доруобуйатын көрүнэ сылдьыахтаах. Холобур, аҕата дуу, эһэтэ дуу тыҥа араагыттан өлбүт киһи эрдэттэн сэрэниэхтээх. Билэ-билэ табахтыыр буоллаҕына, ыарыыны кытары утарсыбат, төттөрүтүн, “ыҥырар”. Лаампаны холбуугун дии, эмиэ ол курдук.

Билигин оҕолуун-улаханныын уойуу сытыы кыһалҕа буолла. Элбэх ыарыы онтон саҕаланар. Урукку дьон саахарнай диабет диэни билбэттэр да этэ. Аныгы үйэ киһитэ аһын-үөлүн көрүммэт, элбэхтик хамсаммат, үксүн олорон үлэлиир. Бу үгүс ыарыы төрдө буоларын өйдүөхтээхпит. Ол иһин чөл, актыыбынай олоҕу күүскэ көҕүлүөхпүтүн наада.     

Хом санааны кыйдааҥ

– Медицинаҕа үлэлээбитим 27 сыл буолла. Санитаркаттан, биэлсэртэн саҕалаабытым, үгүс сыл бырааһынан үлэлээтим. Ол тухары үгүс киһини кытта алтыстым. Дьон уйулҕатын кэтээн көрөбүн, сорох улахан ыарыһахтар сүүрэ сылдьалларыттан сөҕө саныыбын.

Сорохтор хом санаалара ыарыыга кубулуйар дии саныыбын. Уоскуйуоххутун наада, арааһа, олоххутугар туоххут эрэ табыллыбатах, кыһалҕаны атын өттүттэн көрүҥ диэн сүбэлиибин. Сорохтор өйдүүллэр, ылыналлар, истибэт, көрдөрбүтүнэн мөлтүүр дьон эмиэ баар. Эбэтэр дабылыанньалара үрдүк эдэрчи дьахталларга ыйааһыҥҥытын түһэриҥ диибин. Кыратык да ырдахха, эндокриннай кэһиллии тохтуур, хаан баттааһына намтыыр.  

Пандемия кэмигэр пульмонологияҕа үлэлии сылдьан араас ыарыһахтары көрдүм. Ыһыктынан кэбиспит, олоххо интэриэстэрэ сүппүт дьон ыарыыга түргэнник ыллараллар. Оттон тыҥалара, бэл, 100% сиэммит дьон олоххо тапталлара күүстээх буолан, оттон-мастан тардыһан, тыыннаах хаалаллар, киһи буолаллар эбит.

Бу диэн эттэххэ, коронавирус хас биирдии киһи олоҕу көрүүтүн уларытта. Орто дойдуга олоробут, туохпут барыта баар диэн сыаналыыр буоллубут.

– “Киин куорат” ааҕааччыларыгар тугу сүбэлиигин?

Киһи түүннэри харахтаныа суохтаах. Күннээҕи эрэсиим диэн баар буолуохтаах. Итиннэ өбүгэлэрбитин холобурдуохпун баҕарабын: кинилэр хараҥарда даҕаны күннэрэ бүтэрэ. Киһи киэһэ тоҕус ааһыыта оронун булуохтаах, уоҥҥа утуйуохтаах. Онтон гормоннарыҥ үлэлээбитинэн барыахтаахтар – организмы ыраастааччылар тахсаллар. Сарсыарда сырдаатаҕына саҥа күн саҕаланыахтаах. Биһиги сынньанан, күүс-уох эбинэн уһуктуохтаахпыт.

Мин санаабар, киһи күҥҥэ үстэ аһыахтаах. Утуйуон икки чаас иннинэ аһыа суохтаах. Куртахпытыгар бириэмэ биэриэхтээхпит. Түөрт чаас устата үлэ бөҕө ыытыллар: организммыт гормоннары быраҕаттыыр, аны туран, наадалааҕын иҥэринэр, сороҕун таһаарар. Ол кэмҥэ аһаатахха, “бабат!” диэн соһуйар, ыһыллыы саҕаланар. Билигин хайдаҕый? Көмпүүтэр иннигэр олорон үлэлиир дьон “тугу эрэ ыстаабыт киһи” дииллэр, куртахтарын сынньаппаттар. Ити сыыһа.  

– Валентина Николаевна, түмүктээн эттэххэ, доруобуйа төрдө туохханый?

– Күннээҕи эрэсиими тутуһуу, сөпкө аһааһын, үчүгэй настарыанньа, бу сиргэ дьоллоохтук сананан сылдьыы. Уруккунан олорумаҥ, инникини тымтыктанымаҥ, бүгүҥҥү күн үүммүтүттэн үөрүҥ. Билигин сиир килиэптээххит, олорор дьиэлээххит, оҕолоргут этэҥҥэлэр – оччоҕуна барыта табыллыаҕа, санаа хоту сатаныаҕа. Оттон кыраттан кыыһыра, хомойо, кыҥкыйдыы сырыттаххытына, биллэн турар, ыарыыны ыҥыран, куһаҕаны тардан ылаҕыт. Киэҥ көҕүстээх, холку майгылаах буоларга дьулуһуохха.      

***

Табаҕа балыыһатыгар сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри үлэ күөстүү оргуйар. Олохтоохтор, куоракка айанныы сатаабакка, бэйэлэрин балыыһаларыгар көрдөрүнэ кэлэллэр. Бу утары оҕо көтөхпүт ийэлэр, кырачааннарын сүкпүт аҕалар балыыһа диэки хааман иһэллэр. Нэдиэлэҕэ икки күн нэһилиэнньэ анаалыс туттарар. Стационарга туспа сэргэх олох. Аҕам саастаах дьон доруобуйаларын бөҕөргөтүнэн, бэйэлэрэ этэллэринэн, “өрөмүөннэнэн”, “абырахтанан” тахсаллар. Туспа сытар балыыһалаахпыт олус үчүгэй, туохпут ыалдьарын быраастарбыт билэллэр, онон сылга иккитэ киирэн тахсабыт диэн үөрэ-көтө үллэстэллэр. Өссө: “Сорохтор сыл баһыгар-атаҕар манна көрсөбүт, уруккубутун-хойуккубутун санаан, ирэ-хоро кэпсэтэн, уон күнү билбэккэ аһардабыт”, – диэн күлсэллэр. Чахчы даҕаны, манна чөкө, киһитэ аҕыйах. Куоракка, киэҥ сиргэ курдук буолуо дуо, бэйэ-бэйэлэрин билсэллэр, биир нэһилиэккэ үйэлэрин-саастарын тухары эн-мин дэһэн олороллор. 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...