04.08.2022 | 10:00

Валентина Колодезникова-Айыына: Киһи баҕарыах эрэ тустаах

Бүгүҥҥү нүөмэрбитигэр мас ууһа Валентина Колодезникова--Айыынаны кытта кэпсэтэбит. Валентина-Айыына уустар түөлбэлээн үөскээбит Баайаҕа нэһилиэгиттэн төрүттээх. Тутуу биригээдэтин салайааччыта. Дьоҕурун сөпкө туһаммыт уонна киэҥ эйгэҕэ таһаарбыт уус.
Валентина Колодезникова-Айыына:  Киһи баҕарыах эрэ тустаах
Ааптар: Вера КАНАЕВА
Бөлөххө киир

– Үтүө күнүнэн, уус илиилээх биир дойдулааҕым! Саха киһитин сиэринэн хантан хааннааххыный, кимтэн киннээххиний диэн кэпсэтиибитин  саҕалыах. Уонна ааҕааччыларбытыгар иккис аатыҥ туһунан билиһиннэр эрэ.

Мин Валентина Колодезникова диэммин. Ол гынан баран, саха буоларбын бигэргэтэн, Айыыһытым анаабыт күнүгэр кэлбиппин туоһулаан, Айар Тутар диэн сахалыы иккис ааппынан Айыына буолабын. Онон олоххо кэлбит оҥоһуубунан Валентина-Айыына дэнэбин. Дэгиттэр уус түөлбэнэн аатырар-сураҕырар Баайаҕа нэһилиэгэр будулҕан туманнаах, аам-даам тымныылаах ахсынньы 9 күнүгэр 1982 сыллаахха Степановтар дьиэ кэргэттэригэр күн сирин көрбүтүм.

– Удьуору тэнитээччи төрөппүттэриҥ кимнээҕий? Туох идэлээхтэрий?

Күн күбэй ийэм Февронья Терентьевна Степанова биолог идэлээх, оттон аҕам Петр Петрович Степанов химия учуутала. Иккиэн Баайаҕа элбэх көлүөнэ үүнэр ыччатын олоххо сүрдээх наадалаах уруоктарга үөрэтэн, саастара кэлэн биэнсийэҕэ олороллор.

– Элбэх бииргэ төрөөбүттэрдээххин. Былыр-былыргыттан халыҥ аймах олоҕун укулаата ураты буолааччы, бэйэ-бэйэҕэ көмө-имэ, сүбэ-ама, өйөбүл буолара туохха тэҥнэһиэй?!

Оннук, биһиги элбэхпит. Бииргэ төрөөбүттэрбиттэн икки кыыс физкултуура учуутала үөрэхтээхтэр, биир кыыс повар, уолаттар ким отставкаҕа олорор майор, ким сварщик. Этэргэ дылы, элбэх буоламмыт, биир санааны ылынныбыт эрэ, туох кыаллыбата баар буолуой?! Билигин бары ыал-күүс буоламмыт, муһуннахпытына, чахчы элбэхпит. Элбэх бииргэ төрөөбүттээх биир үчүгэйэ – кыра эрдэххиттэн элбэх, араас-араас майгылаах дьону кытта алтыһан, араас сыһыаҥҥа улаатан, олоххо ордук бэлэмнээх тахсарыҥ буолуо дии саныыбын. Аны туран, былыр даҕаны, быйыл даҕаны аймах өйөбүлэ элбэҕи быһаарар. Төрөппүттэрбит бэйэлэрин тус холобурдарыгар үөрэххэ тардыһыылаах, үлэҕэ баҕалаах буоларга иитэн улаатыннардылар, тапталы иҥэрэн, ийэ-аҕа буолуубутугар улахан тирэх буоллулар. Онно учуутал идэтэ сабыдыаллаабыта мэлдьэх буолбатах. Мин санаабар, учуутал идэтэ ханнык баҕар идэни биэрэр уратылаах.

Саха киһитэ айылҕаҕа чугас буолан, алаас, сыһыы, күөл, кыыл уруһуйун чугастык ылынар, сөбүлүүр

– Валентина, эн номоххо киирбит, биэс уолун Аҕа дойду сэриитигэр сүтэрбит Февронья Малгина хос сиэнэ буоларгын иһиттим. Хос эбэҥ туһунан тугу билэргин “Киин куорат” ааҕааччыларыгар кэпсээ эрэ.

Ийэм Февронья Николаевна Малгина-Хобороос сиэнэ. Хос эбэм Хобороос 1888 сыллаахха Уус Тааттаҕа Ульяна, Николай Бехтюевтарга төрөөбүт. 1905 сыллаахха Игидэй нэһилиэгиттэн төрүттээх Егор Петрович Малгинныын ыал буолбут. Барыта сэттэ оҕоломмуттар – биэс уол уонна икки кыыс. Хос эбэм сэриигэ кэргэнин, уолаттарын, күтүөтүн атаарбыт. Уолаттар Алексей I, Петр, Алексей II, Спиридон, Василий Ийэ дойдуларын иннилэригэр олохторун толук уурбуттарын, уоттаах сэрииттэн эргиллибэтэхтэрин Саха сирин дьоно бары да билэр буолуохтаахтар. Февронья Николаевна 1969 сыллаахха 80 сааһыгар уолаттара көмүллэ сытар куоратыгар Старай Руссаҕа уҥуохтарыгар бара сылдьыбыта. Онно киниэхэ «Старай Русса Ытык ийэтэ” диэн үрдүк ааты иҥэрбиттэрэ. Бырааттыы Малгиннар уонна Ийэ олохторун холобурдаан, биир дойдулаахтара баайаҕалар өйдөбүнньүк пааматынньыктары тутан, кинилэр сырдык ааттарын, дьоруойдуу олорбут олохторун умнубаттар, кэриэстииллэр. Олохпор маннык дьоруой дьоннордоохпунан киэн туттабын, кинилэр ааттарыгар сүгүрүйэбин.

– Валентина, оттон бэйэҥ туох идэлээххиний?

Идэбинэн маастар худуоһунньукпун,  муосчуппун.  2006-2010 сылларга Дьокуускайдааҕы технология уонна дизайн колледжын үөрэнэн бүтэрбитим. Биһиги дьолбутугар маннык үөрэх кыһатын арыйан, дьоҕурдаах ыччат олоххо бэйэлэрин суолларын булан, идэлэнэн, үлэлии-хамсыы сылдьалларыттан киһи үөрэр.

– Айар-тутар дьоҕуруҥ оҕо эрдэххиттэн биллэрэ буолуо. Оҕо-мэник сааскар туох баҕа санаалаах этигиний?

Оҕо-оҕо курдук тулалыыр эйгэни сэҥээрэ, кэрэҕэ тардыһа улааппытым. Ол эрээри ис-испиттэн сылгылары уруһуйдуурбун сөбүлүүрүм. Оччолорго сылгы куттаахпын диэни хантан билиэмий? Бастакы аппын икки саастаахпар уруһуйдаабытым. Бэйэбит аппытын куттаммакка утары көрөн олорон уруһуйдаабыппын дьонум сөҕө кэпсииллэр. Аны, ат ойуулаах оонньуур бэчээттээҕим. Билигин даҕаны быыс буллум эрэ сылгылары уруһуйдаабытынан сылдьабын. Оҕо сылдьан кэрэ оҥоһуулаах сувенирдар маҕаһыыннарын салайааччыта буолуохпун олуһун баҕарарым. Хайдах эрэ дьикти быһыылаах, дьэрэкээн өҥнөөх сувенирдар алыптаах эйгэлэрэ миигин остуоруйа дойдутугар илдьэр курдуга. Оҕо саас ол күндү өйдөбүлэ бу олохпор сирдээтэҕэ. Онон хас биирдии оҕо баҕа санаалаах буола улаатарыгар баҕарабын.

Учууталым норуот маастара Анна Васильевна Мандарова иискэ, уруһуйга, туойунан оҥоһукка уһуйбута

– Уруһуйдуур киһи иистэнэр буолар быһыылаах. Өйгөр оҥоһуллубут бэйэҕэ сөптөөх моһуоннаах таҥастар түргэнник, кэмэ суох айыллан тахсан эрдэхтэрэ буолуо. Иискэ төһө сыһыаннааххыный?

Хас биирдии саха дьахтарын сиэринэн иистэнэбин. Уруһуйдьут киһиэхэ барыта төбөҕөр ойуулана сылдьар. Мулиненан быысапкалыырбын сөбүлүүбүн. Сахалыы кычымнары, чаппараахтары, үтүлүктэри тигэбин. Устудьуоннуур кэммэр туоһунан сахалыы курдары, бөҕөхтөрү, бастыҥалары оҥорорум.
– Киһи дьоҕура өбүгэттэн утумнанар улахан бэлэх буоларын билэбин. Бу бэлэҕи сайыннарыыга төрөппүт, учуутал улахан оруолу ылар. Бастакы үөрүйэхтэри иҥэриигэ ким сабыдыаллаабытай?

Бииргэ төрөөбүттэр бары уруһуйдуубут. Утуйа сыппыт дьоҕурдара мин уруһуйдуурбуттан уһуктан саҕаламмыта диэххэ эмиэ сөп. Ини-бии оҕолор сыдьааннара эмиэ уруһуйдууллар. Оскуолаҕа үөрэнэр сылларбар музыкальнай оскуола художественнай кылааһыгар дьарыктаммытым. Учууталым норуот маастара Анна Васильевна Мандарова иискэ, уруһуйга, туойунан оҥоһукка уһуйбута. Дьоҕурбун чочуйууга, сайыннарыыга кини үтүөтэ кэмэ суох. Өссө чопчулаан быһаардахха, кини уруһуй эйгэтин үөрүйэхтэрин баһылыырга буолбакка, уус-уран көрүүнү, ол хайысхаларын киһиэхэ туһаны аҕалыа диэбит өттүн үөрэппитин билигин өйдөөн махтанабын. Анна Васильевна өрөспүүбүлүкэ дьахталларыттан норуот маастара диэн үрдүк ааты биир бастакынан ылбыта. Массыына сиигин курдук көбүс-көнө быысапкалаах ат толору симэҕин тикпитэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ бас түмэлигэр уонна атын да түмэллэргэ бастыҥ экспонат буолан хараллар. Баайаҕам музыкальнай оскуолата нэһилиэкпит элбэх оҕотугар сатабылы иҥэрдэҕэ. Бары уус, худуоһунньук да буолбаталлар, иҥэриммит билиилэрин, ылыммыт сатабылларын туһанан, күннээҕи олохторун сиэдэрэй кырааскаларынан киэргэтэ сырыттахтара. Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, туспа буочардаах, норуот билиниитин ылбыт живописец-худуоһунньук, Олоҥхо ыһыахтарын Аал Луук мастарын ааптара Вячеслав Васильевич Яроев уонна норуот маастара, Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Федор Иванович Чярин эмиэ Анна Васильевна Мандарова үөрэнээччилэрэ.

Биир сыаллаах-соруктаах, биир санаалаах үлэлиир буолан, чэпчэки

– Дьэ, быйыл сайын саха дьоно «Тааттаҕа улахан уус кыыс баар эбит, бэл, тутуу биригээдэлээх” диэн сөҕө-махтайа кэпсэтии, хаартыска, видео ыытыһыы бөҕө. Хас сылтан уһанаҕыный? Туохтан саҕаламмытай?

– Оҕо эрдэхпиттэн диирим дуу. 90-с сылларга аан бастаан үлэҕинэн үлэлээбитим. Оччолорго фанераҕа айылҕа көстүүтүн уруһуйдаан атыылыырым. Саха киһитэ айылҕаҕа чугас буолан, алаас, сыһыы, күөл, сылгы уруһуйун чугастык ылынар, сөбүлүүр. Уруһуйдуур дьарыкпын кытта билиҥҥэ диэри доҕордоһобун. Дьоҕургун сатаан туһаннахха, олоххо сатабыллаах, ордук кыайагас-хотугас буолаҕын диэн өйдөбүлү кытта сөбүлэһэбин. Мин уруһуйдуур дьоҕурум олохпун кэмэ суох байытта, ыырбын кэҥэттэ. Кэлиҥҥи кэмҥэ социальнай ситимнэр сайданнар, киһи кыаҕын өссө арыйаллар быһыылаах. Мин уруһуйтан кыым ылан, сыыйа уһанарга холоммутум. Ити 2002 сыллаахха этэ. Ол сыл бастакы лобзикпын атыыласпытым, фанераҕа кыыллары, көтөрдөрү выжигайдыыр этим.

– Ол аата уһанар идэҕэр уруһуй ҥөҥүө кэллэҕиҥ? Хайдах, туохтан  биллэн, үлэхтэри ылар буолбуккунуй?

– 2011 сыллаахха маһынан ат ойуулаах халандаардары кыһан оҥорор буолбутум, онтон 2016 сыллаахха “Фанера кэрэ эйгэтэ” диэн бөлөх арыйан, куоракка маастар кылаастары ыытан саҕалаабытым. Эппитим курдук, манна  барытыгар социальнай ситимнэр көмө буолбуттара.

Дьоҕургун сатаан туһаннахха, олоххо сатабыллаах, ордук кыайагас-хотугас буолаҕын диэн өйдөбүлү кытта сөбүлэһэбин

– Чахчыта даҕаны, аныгы дьон дьиэлэрин, тиэргэннэрин кыыл-сүөл, айылҕа көстүүтүнэн, сахалыы оһуорунан-мандарынан киэргэтэр буоллулар. Уопсастыбаннай аһылыгы тэрийэр, сынньанар тэрилтэлэр кытта ойуу-оһуор буоллулар. Онон элбэх үлэх киирэрэ буолуо.

– Бастакы үлэх элбэҕи быһаарар. Манна эн сатабылыҥ барыта көстөр. Бастатан туран,  үлэх биэрэр киһиҥ этиитин эрэ истиэхтээххин, кини баҕатын толоруохтааххын. 2011 сыллаахха беседка-кафеҕа улахан оһуору оҥотторбуттара. Онтон саҕаламмыта диэххэ сөп.

– Оҕо сааһыҥ баҕата туолан, кэрэни айар-тутар тэрилтэ салайааччыта буолбуккун. Биригээдэҕэр хаһыаҕытый?

– Биригээдэбитигэр төрдүөбүт. Биир сыаллаах-соруктаах, биир санаалаах үлэлиир буолан, чэпчэки. Бары да биир идэҕэ уһуйуллубуппут абырыыр. Ол курдук, биир кыыһым ювелир, биирим муосчут. Онтон уһанан бииргэ саҕалаабыт дьүөгэм учуутал идэлээх. Ханнык да үлэҕэ курдук, иҥнэн-толлон турбакка, оҥорон-тутан истэххэ, барыта сатанан, үлэ бүппүтэ эрэ баар буолар. Этэргэ дылы, харах көрө салларын илии оҥорор.

– Эн кыыс, дьахтар эр дьонтон итэҕэһэ суох биригээдэнэн үлэлиирин көрдөрөн, аныгы дьахтар саҥа кэрдиис сатабылын, кыаҕын биллэрдиҥ. Тугу уһанаҕытый?

Күнү быһа маһы кытта өрө тустарбытын айылҕабыт син биир ыарырҕатар

– Бу сайын бэс ыйыгар Үс Хатыҥҥа Бүлүү түһүлгэтин саҥардан туппуппут. Ыһыахха аналлаах ураты тыыннаах тутуу. Кут-сүр күүһэ иҥэр. Ити курдук үксүгэр беседкалары, терраса, душ, туалет тутабыт. Бу тутууларбытын орнаменнаан киэргэтэбит.

– Уһанарга туох ыарахаттары көрсөҕүтүй?

– Күнү быһа маһы кытта өрө тустарбытын айылҕабыт син биир ыарырҕатар. Аны туран, матырыйаалы ааҕыы-суоттааһын элбэх толкуйу эрэйэр.

– Киэргэтиигэ үксүн кэриэтэ орнаменнары туһанар эбиккит. Хантан ылан ойуулуугут?

– Саха киһитигэр хас биирдии орнамент харысхал буолар. Тус-туспа суолталаах, өйдөбүллээх. Халлаантан ылан оҥорбоппут. Манна тумус туттар киһибит Мандар Уус кинигэтэ сүрүн көмө буолар. Сахалыы оһуортан саҕалаан улахан панноларга тиийэ оҥоробун. Манна даҕатан кэпсээтэххэ, Баайаҕабыт сиригэр-уотугар Мандар Уус эт атаҕынан хааман муспут оһуордара, саха киэн туттар тутуута Моҕол Ураһа, кини ойуу тылынан суруйуутунан бэчээттэммит уһаныы сатабылларыгар уһуйар кинигэлэр бука барыбытыгар күүс-көмө, тирэх буолаллар. Мандар уус саха дьолугар төрөөбүт киһи.

– Уһаныан баҕалаах кэрэ аҥаардарга тугу сүбэлиэҥ этэй?

– Толлубакка санааҕытын ситиһэн иһиҥ диэн сүбэлиибин. Билигин маҕаһыын аайы талбыт уһанар тэрил баар. Киһи баҕарыах эрэ тустаах. Киһи киһиттэн үөрэнэр, маастар-кылаастарга, үөрэхтэргэ үөрэнэн сатабылгытын сайыннаран, чочуйан иһиҥ, оччоҕо сайдан иһиэххит, кыаххыт туруктанан иһиэҕэ.

Оҕолор уруһуйдууллар, өбүгэ хаана көлүөнэҕэ бэриллэриттэн испэр сэмэйдик үөрэбин

– Инники туох былааннааххыный? Туохха санааҕын уураҕыный?

– Киһи баҕа санаата элбэх буолар. Кыраттан саҕалаан аахтахха, бара турар буоллаҕа. Дьиҥнээхтик туолар биир улахан ыра санааҕын сыал оҥостуохтааххын, олоххо киллэриэхтээххин. Бэйэм туспунан эттэххэ, бу сылтан “самозанятай” буолан, туттар тэрил арааһын ылынным. Инникитин  өрөспүүбүлүкэ дьоҕурдаах дьонун мунньан, тэрилтэ тэринэн үлэлэтиэхпин баҕарабын. Сахалыы тыыннаах дьиэ табаарын арааһын оҥорууну дэлэтэн, дьону-сэргэни үөрдэргэ үлэлэһиэм. Биир халыыпка киирбэккэ, саҥа сүүрээннэри көрдүөххэ, булуохха наада. Оччотугар барыта биир тэҥ буолбакка, кэрэхсэниэ, тэнийиэ этэ.

– Ааҕааччыларга дьиэ кэргэҥҥин сырдат эрэ.

– Мин икки оҕолоохпун. Кыыһым Нарыйаана Куо, уолум Петя дьыссаат дьонноро. Киин сиргэ олохсуйаары, уһаайба сирэ ылан, дьиэ туттара сылдьабын. Онон Дьокуускай куорат биир сахалыы тыыннаах ыала буолабыт. Оҕолор уруһуйдууллар, өбүгэ хаана көлүөнэҕэ бэриллэриттэн испэр сэмэйдик үөрэбин.

Мин саҥалыы көрүүлээх, элбэҕи айар-тутар баҕалаах, сонуну олоххо киллэрэр мөккүөрдээх, баҕа санаабын ситиһэр санаалаах олохтон дуоһуйууну ыла олоробун.

– Бу олоххо дьоҕургун таба тайаммыт, уус сатабылларын баһылаабыт биир дойдулаахпар дьахтар быһыытынан биһириирбин биллэрэбин уонна ыра оҥостор инники торумнарыҥ олоххо киирэллэригэр баҕарабын. Оҥорбут үлэлэриҥ кэрэхсэнниннэр, кэрэни-үтүөнү аҕаллыннар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...