14.01.2023 | 15:00

Валентин Чепалов: «Уолбунаан аҕа быһыытынан аһаҕастык кэпсэтэбит»

Ханнык баҕарар улууска, нэһилиэккэ киһи киэн туттар, холобур оҥостор эр дьоно, ыал аҕалара, тэрилтэ салайааччылара, боростуой да үлэһиттэр аҕыйаҕа суохтар. Онтон бүгүн биһиги Хатастааҕы “Тускул” Култуура киинигэр ыалдьыттаан, салайааччы Валентин Азотович Чепаловы кытта сэһэргэстибит.
Валентин Чепалов:  «Уолбунаан аҕа быһыытынан аһаҕастык кэпсэтэбит»
Ааптар: Наталья ПРОТОПОПОВА
Бөлөххө киир

Валентин Азотович Хатастааҕы Култуура киинигэр кэлиэн иннинэ өр сылларга Саха сиринээҕи Наука киинигэр научнай үлэһитинэн үлэлээбитэ, тапталлаах кэргэн, үс оҕо амарах аҕата. СӨ Култууратын туйгуна, наука хандьытаата.

– Валентин Азотович, саҥа үүммүт 2023 сылынан истиҥник эҕэрдэлиибин! Үүммүт сылга кэлэктиипкэ, тус бэйэҕэр үрдүк ситиһиилэри баҕарабын. Дьэ уонна бэйэҥ тускунан, култуура эйгэтигэр хайдах кэлбиккин, хантан төрүттээххин сахалыы сиэринэн саас-сааһынан кэпсэтиэххэ...

– Махтал! Эһиэхэ эмиэ, «Киин куорат» хаһыат кэлэктиибигэр истиҥ эҕэрдэ! Биһиги үлэбитин-хамнаспытын тиһигин быспакка таһаараргытыгар, ааҕааччы киэҥ араҥатыгар сырдатаргытыгар махтанабыт! Мин төрүт Хатас олохтооҕунабын. 1974 сыллаахха төрөөбүтүм. Оҕо сааһым, оскуолатааҕы сылларым барыта Хатаска ааспыта. Ийэм Людмила Михайловна Чепалова – СӨ Култууратын үтүөлээх үлэһитэ, 1995 сылтан өр сылларга манна кулууп дириэктэринэн үлэлээбитэ, былырыыҥҥыттан бочуоттаах сынньалаҥҥа барбыта. Аҕам Азот Иванович Чепалов үрдүк үөрэхтээх инженер, өр сылларга “Хатас” сопхуоска үлэлээбитэ. Бэйэм идэбинэн биологпын, СГУ Биолого-географическай факультетын бүтэрбитим. Оҕо эрдэхпиттэн оту-маһы, үөнү-көйүүрү, хамсыыр харамайы интэриэһиргиирим. 1996 сыллаахха үөрэхпин үчүгэйдик бүтэрбитим иһин салгыы аспирантураҕа киирэрбэр направление биэрбиттэрэ. Онон Саха сиринээҕи Наука киинигэр киирэн, Саха сирин үүнээйилэрэ тымныыны хайдах тулуйалларын, чуолаан биохимическэй өттүн чинчийэммин, кандидатскай диссертациябын көмүскээбитим. Ону таһынан саҥа технологиялары наһаа интэриэһиргиир этим. Оччолорго ийэм кулуупка үлэлиир буолан, миигин бэйэтигэр көмөлөһүннэрэрэ. Тэрээһиннэргэ сылдьан видеокамераҕа устарбын, хаартыскаҕа түһэрэрбин сөбүлүүрүм. Онтон култууралар 0,5 ыстаапкаҕа тэхиньиичэскэй худуоһунньук быһыытынан ыҥыран ылбыттара. 1997-1999 сылларга кыралаан көмпүүтэр технологията киирбитэ. Ол сайдыытын сөпкө туһанан саҕалыыбыт. Сайт, издательскай өҥө арыйабыт, бэйэбит кинигэ, буклет оҥоробут, ырыа устар устуудьуйа тэринэбит. Сыыйа оҕолору көмпүүтэр куруһуогар дьарыктыыбын, анал көмпүүтэр кылааһын аһабыт. Ол саҕана көмпүүтэр диэн саҥа сайдан эрэр буолан, оскуола оҕото бөҕө суруттаран сылдьыбыта. Култуураҕа саҥа технологиялары киллэриигэ бырайыак суруйабын, куонкурустарга кыттабыт, семинар бөҕө ыытабыт. Өрөспүүбүлүкэ таһымнаах элбэх тэрээһини ыытар буоламмыт, улуустартан киһи бөҕө кэлэрэ. “Тускул” Култуура киинэ 1999 сылтан “Тускул – нэһилиэккэ духуобунас сайдыытын киинэ” диэн ааты сүгэр. Бу аата биһиги Хатас туох баар тэрилтэлэрин түмэбит, тэҥҥэ үлэлиибит диэн суолталаах. Маны Култуура министиэристибэтэ өйөөн, экспериментальнай балаһаакка буолбуппут. Биһиэхэ култуура, үөрэх үлэһиттэрэ күн бүгүнүгэр диэри уопут атастаһа кэлэллэр.

– Дьэ, чахчы, үлэҕит хаамыытын, ситиһиилэргитин «Киин куорат» хаһыат ааҕааччылара, сүрүннээн уопсастыбаннай кэрэспэдьиэммит Наталья Руфова кыһамньытынан ааҕа, билэ олороллор.

– Оннук. Кэллиэгэбит Наталья Руфоваҕа үлэбит хаамыытын тиһиктээхтик сырдатарыгар олус махтанабыт. Араас бырайыактары суруйабыт, цифровой култуура сайдар, Дьокуускай куорат олохтоох дьаһалтатын Гранын сүүйэбит. 2021 сыллаахха Арассыыйаҕа култуура үлэһиттэригэр аналлаах иккис чемпионакка кыттаммын бастакы миэстэни ылбытым. Саха сириттэн икки буолан барбыппыт. Мин кыттыбыт тиэмэм “Саҥа технологиялары култуура тэрилтэтигэр туһаныы, киллэрии” диэн. Пандемия кэмигэр эмиэ таах олорботубут. Зуум нөҥүө виртуальнай туур оҥорбуппут, “Саха-Питер Тур” турфирманы кытта үлэлиибит. “Ютуб” ханаалга ыалдьыттары ыҥыран кэпсэтэбит, быһа эпииргэ тахсабыт. 2001 сылтан Дьокуускайдааҕы Култуура управлениетын иһинэн “Уокуруктааҕы Норуот айымньытын киинэ” (сал. П.П. Пестряков) диэн 16 култуура тэрилтэлэрин барыларын биир ситим оҥорбуттара. Манна Хатас, Тулагы кулууптара, “Арчы дьиэтэ” о.д.а. куорат таһынааҕы култуура тэрилтэлэрэ киирэллэр. Биир улахан ситиһиибит диэн, ааспыт дыьл сэтинньи ыйыгар Сергей Зверев – Кыыл Уола “Кулун кугас аттаах Куллустай Бэргэн” диэн олоҥхотун туруордубут. Манна Дьокуускай куорат “Норуот бүддьүөтэ” Гранын кыайыылааҕа буоллубут. Ол курдук, 651 тыһыынча солк. кээмэйдээх Грант ылан, бу Олоҥхону туруордубут. Саамай сүрүн көмөнү биһиэхэ СӨ Олоҥхо тыйаатыра оҥордо (дир. М.В. Турантаева). Көстүүм бөҕөтүн тиктэрдибит, үлэ бөҕөтүн ыыттыбыт. Уратыта диэн, манна  Хатас 125 олохтооҕо кытынна, биир да идэтийбит артыыс суох. Режиссер – Евдокия Семенова. Үлэбит куруук сэргэх. Испэктээктэри, сценкалары туруорабыт, тэттик киинэлэри, роликтары устабыт. Бэйэбит норуодунай тыйаатырдаахпыт. Уопсайа 57 түмсүүлээхпит. Манна нэһилиэк айар кэлэктииптэрэ, араас түмсүүлэр киирэллэр: тигээччилэр, олоҥхону толорооччулар, вокальнай, үҥкүү о.д.а. Оҥорбут, таһаарбыт үлэбитин үйэтитиини ирдиибин. Кинигэ тахсыахтаах, сурукка тиһиллиэхтээх, кумааҕыга түһэн иһиэхтээх диэн сыаллаахпын. Хаһан баҕарар ситиһиилэрбитин, үлэбитин кинигэҕэ, анал хомуурунньукка көрө сылдьарбыт санаабытыгар да астык буоллаҕа. Былааннанан, систиэмэлээхтик үлэлиири сөбүлүүбүн.

– Ситиһиилээх үлэни дьиэ кэргэн, аттыгар баар тыыл хааччыйара, өйүүрэ, өйдүүрэ биллэр.

– Оннук бөҕө буоллаҕа. Олоҕум аргыһа Анна Викторовна Хатаска оҕо саадыгар логопедынан үлэлиир, Венгрияҕа баран үөрэммит исписэлиис. Үс оҕолоохпут. Улахан кыыс Айталина Дьокуускайга ХИФУ-га Мединститукка 3 кууруска үөрэнэр, иккис кыыс Ирина А.И. Евдокимов аатынан Москватааҕы судаарыстыбаннай стоматология университетын 1 кууруһун устудьуона, уолбут Айсен Пригороднай сэлиэнньэтигэр баар 12 №-дээх оскуола физико-математическай хайысхалаах 6-с кылааһын үөрэнээччитэ. Дьиэ кэргэним миигин наһаа өйдүүр, аҕабыт үлэтэ элбэх диэн куруук өйүүллэр. Өрөбүллэрбин, сынньалаҥмын дьиэ кэргэммин кытта атаарабын. Кэргэмминээн интэриэспит биир. Иккиэн тэҥҥэ ас астыырбытын олус сөбүлүүбүт. Халлаан сылаас кэмнэригэр айылҕаҕа сылдьабыт, сир астыыбыт, оҕуруот, сибэкки олордобут. Уопсайынан, дьиэ кэргэммин кытта бириэмэбин туһалаахтык атаарарбын сөбүлүүбүн.

– “Идэҕин сөпкө талыаҥ – олоххор дьоллоох буолуоҥ” диэн бэргэн этии баар. Эн үлэҕин тугун иһин сөбүлүүгүнүй?

– Инники өттүгэр өр сылларга наукаҕа үлэлээбит буоламмын, бу идэм култуура үлэтигэр олус көмөлөстө, элбэх саҥа идеялары киллэрдим, саҥа технологиялары туһанабын. Саҥаттан-саҥа бырайыактары толкуйдуубут, кэлэктииппин кытта биир өйдөөх-санаалаах үлэлии-хамсыы олорорбуттан үөрэбин.

– Дьиҥнээх эр киһи, ыал аҕата хайдах буолуохтааҕый? Киһи ханнык хаачыстыбата күүстээх буолуохтааҕый?

– Эр киһи дьиэ кэргэнигэр бэриниилээх, эрэллээх, барыларыгар дурда-хахха, күүс, өйөбүл буолуохтаах. Бэйэм аһаҕас, үөрүнньэҥ, тугу саныырын этэр, чуолаан кэлэктиипкэ үлэһит тугу гыныахтааҕын, оҥоруохтааҕын чопчу көрүөхтээх, билиэхтээх уонна эппиэтинэстээх буолууну сөбүлүүбүн.

– Уол оҕону иитэргэ сүрүн болҕомтоҕун ордук туохха уураҕыный?

– Билигин уолум 13 саастаах, саҥа улаатан, барыны бары сэҥээрэр кэмэ. Бэйэм курдук эмиэ аныгы технологиялары сэҥээрэр. Уолбунаан аҕа быһыытынан аһаҕастык кэпсэтэбит, өйдөһөбүт, үөрэҕэр үчүгэй, кинигэ ааҕарын, ас астыырын сөбүлүүр.

– Саҥа сылга үлэҕинэн уонна тус олоххор туох былааннааххыный?

– 2023 сылга Арассыыйаҕа Педагог уонна настаабынньык, Саха сиригэр Үлэ уонна Дьокуускайга Тупсарыы сыллара буола турар. Манна бэйэбит кэккэ былааннардаахпыт. 2021 сыллаахха Хатас историятын кэпсиир, билиһиннэрэр түмэл арыллыбыта, бу билигин биһиэхэ сыһыарыллан турар. Былырыын манна оҕолорго уонна улахан дьоҥҥо аналлаах тус-туспа научнай-практическай конференциялар ыытылыннылар. Ити курдук үлэ уонна былаан хара баһаам. Саҥа үүммүт сылга нэһилиэнньэ олохтоохторо, тэрилтэлэр бары биир санаанан үлэлиир былааннаахпыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...