10.09.2022 | 12:00

Ууска сүрүн сыанабылы көрөөччү биэрэр

Ууска сүрүн сыанабылы көрөөччү биэрэр
Ааптар: Маргарита СТЕПАНОВА (Акимова)
Бөлөххө киир

Былыр-былыргыттан уус киэнэ мындырдара, сатабыллаахтара тугу баҕарар ымпыктаан-чымпыктаан оҥорор буолаллара. Ол курдук дьоҕурдаах дьоммут күн бүгүҥҥэ диэри төрүт дьарыкпытын өрө тутан, саҥалыы өйүнэн-санаанан искусство айымньыларын айарга көҕүлүүллэр, угуйаллар. 
Бүгүҥҥү нүөмэрбитигэр билиҥҥи кэмҥэ биир тарбахха баттанар тимир ууһа Николай Иосифович Михайлов ыалдьыттыыр.

Өбүгэлэрбит тааһы уһааран ылбыт тимирдэрин кырбас-кырбас гына бысталаан эллээбиттэрин болгуо диэн ааттыыллара.  Ол болгуо чорбойон тахсыбытынан хотуур, сүгэ, быһах, хойгуо оҥороллоро. Ону таһынан уус дьон ону-маны абырахтыыр-самыыр ньыманы туттан сылабаар оһоҕун, чаанньык тумсун, түгэҕин иһэрдэр-сиэтэр мындыр үлэлэри оҥорор эбиттэр. Ону таһынан алтантан тимэх кутар эбиттэр. Үрүҥ көмүһү уулларан тардан, оһуордаан көмүс сирэйдээх ыҥыыры, эр киһи курун, дьахтар тарааҕын, күлүүһү, тимэҕи оҥороллоро.

 

Кэрэни кэрэхсии улааппытым

– Николай, бэйэҥ тускунан ааҕааччыларбытыгар билиһиннэриэххэ.

– Мин 1966 сыллаахха бэс ыйын үһүс күнүгэр Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас дэриэбинэтигэр күн сирин көрбүтүм. Оҕо, эдэр  сааһым ааспыт, улааппыт дойдум – Дүллүкү. Билигин Дьокуускай Мархатыгар олоробун. Кэргэним Виктория Викторовна – медик. Икки уол оҕолоохпут. Улахаммыт устудьуон, кырабыт –  үөрэнээччи.

Ийэм Мария Ивановна Алексеева, аҕам  Иосиф Игнатьевич Михайлов уон биир оҕону күн сирин көрдөрбүттэрэ. Мин ахсыс оҕобун.

Хомойуох иһин, аҕабыт биһиги кыра эрдэхпитинэ олохтон туораабыта. Ийэм барахсан улахан оҕото 17 саастааҕар, кырата биирдээҕэр  кини чараас санныгар элбэх оҕо хаалбыппыт. Онон төрөөбүт Маҥаас диэн дэриэбинэбититтэн  Дүллүкүгэ көспүппүт. Улааппыт, олох киэҥ аартыгар үктэммит дойдубут Дүллүкү буолар.

Билигин сааһыран олорон санаатахпытына, ийэбит киэҥ көҕүстээх, күүстээх санаалаах, муударай киһи буолан биһигини барыбытын атахпытыгар туруордаҕа. Ийэбит хас  биирдиибитигэр болҕомтотун ууран, кэмигэр таптаан, дьарыйан, атаахтатан, мөҕөн, сүбэлээн, бу олоххо сүнньүбүтүн буллардаҕа.

Элбэх оҕо ортотугар кыралар улахаттар таҥастарын таҥнаммыт, бары дьиэ ис-тас үлэтигэр сыстаммыт, бэйэ- бэйэбитигэр көмөлөсүһэ, өйөһө үөрэннэхпит. Үлэттэн чаҕыйбат буола улааттахпыт. Ол иитиибит билигин туһата баһаам.

Бу санаатахпына, ийэбит биһиги дьоҕурбутун таба көрөн, ону сайыннарарга болҕомтотун уурар эбит. Ол курдук кэрэни кэрэхсииргэ, үчүгэйи өйдүүргэ, айылҕаны таптыырга маҥнайгы олугу уурбут киһибит кини. Биһиги кырабытыттан кинигэни интэриэһиргии улааппыппыт. Оҕо эрдэхпитинэ ийэбит араас ойуулаах кинигэни, сурунааллары сурутар этэ. Онтон көрөн, кыылы-сүөлү уруһуйдуурбут. Ол дьарыкпыт кэлин  туһалаатаҕа. Чеканка набордарын наар ылара. Уолаттар тимир лиискэ чапчыйан, ону-маны оҥоро сатыыр этибит. Онон төрөөбүт дьиэм эркиниттэн кэрэни кэрэхсии улааппытым.

Ийэбит Мария Ивановна 92 сааһыгар сылдьар, элбэх оҕо  эбэтэ, хос эбэтэ. Билигин да таах олорбот. Илиитинэн быысыбайдыыр, мозайкалыыр. Бэйэтин кэмигэр бириэмэлээҕэ, эдэригэр дьарыктаммыта буоллар,  билиҥҥи маастардар курдук үлэлэрдээх да буолуон сөбө.

Аҕам  маһынан уһанар этэ. Дьиэбитигэр остуол, хомуот, орон, ыскаап курдук миэбэллэрин барытын бэйэтин илиитинэн оҥорон хаалларбыта.  Оҕолоругар оҥорбут оронноругар сиэннэрэ, хос сиэннэрэ бары сытан, олорон улааппыттара. Оннук бөҕө-таҕа тутуулаах эбит диэн көрөбүн. Аҕабыт барахсан үйэтэ уһаабыта буоллар, уус быһыытынан биһиэхэ, уолаттарыгар, элбэҕи сүбэлиэх-амалыах эбитэ буолуо. Дойдутун дьонун кинигэлэригэр Маҥаастар олус үчүгэйдик ахтан ааспыттарын ааҕаммыт, оҕолоро элбэҕи билэбит, үөрэбит даҕаны.

–Бииргэ төрөөбүттэргиттэн ким эмэ уһанар дуо?

– Уолаттар сэттиэбит. Бары да илиибитигэр дьоҕурдаахпыт. Сунтаарга олорор быраатым Юрий билиҥҥи кэмҥэ ордук хотуулаахтык ылсыһан дьарык оҥостор. Тимиртэн уус-уран таптайыыттан саҕалаан, киһи олоҕор туһалаах, дьиэҕэ-уокка туттуллар маллары, тутуулары оҥоруунан  дьарыктанар. Убайым Игнат эмиэ тимиргэ ылсан испитэ. Хомойуох иһин, олохтон эрдэ туораабыта. Уолаттар маһынан бары уһанабыт. Онон уус диэн идэҕэ бары да чугаспыт диэххэ сөп.

Өй-санаа ситтэҕинэ, бэлэм буоллаххына

– «Туох барыта быалаах-туһахтаах, сылтахтаах» диэн дириҥ ис хоһоонноох этии баар. Тимиринэн үлэҕэ хайдах кэлбиккиний?

– Маһынан уһана сылдьаммын испэр тимиргэ кэлиэхтээхпин чопчу билэр этим. Ол кэмҥэ наар тимиринэн уус-уран таптайыыны интэриэһиргиир буолбутум. Кинигэ маҕаһыыныгар анаан-минээн тиийэн оннук кинигэлэри көрөр түгэннэрим кытта бааллара.  Кэргэним атыылаһыахха диирин наар “чэ, бээ, кэнники” диэн иһэрим. 90-с сылларга үлэ да суох кэмэ этэ. Дьэ, ол сылдьан устунан интэриэс үөскээн, сыыйа-баайа сыстан барбытым.

Тимиринэн үлэҕэ судургутук кэлбэккин быһыылаах. Онно өй-санаа таһымыгар сөп түбэһии, бэлэмнэнии кэмин ааһыахха наада эбит диэн толкуйдуубун.

– Бастакы үлэҥ?

– Гарааспын туттан бараммын бастакы үлэбин саҕалаабытым. Охсуһа сылдьар сааскы куртуйахтары оҥорбутум. Реалистика оҥорбокко, стилизованнай художественнай көрүҥүнэн оҥорбутум. Бастакы холонуу этэ. Бэйэни тимиргэ тургутан көрүү. Ууска саамай сүрүн  сыанабылы көрөөччү биэрэр буоллаҕа. Ону киһи эрэ барыта стилизованнай оҥоһугу ылыммат эбит диэн өйдөбүл киирбитэ. Художественнай көрүүлээх, сыһыаннаах дьон өйдүүллэр. Уонна ити кэмҥэ тимиртэн скульптурнай  үлэ суоҕун кэриэтэ этэ. Онон улаханнык аахайбат, суолталаабат да  курдуктара.

Көрөөччүлэрбэр кумааҕынан оҥорон баран кырааскаламмыт диэн өйдөбүл эмиэ баар буолара. Оннооҕор Кытайга оҥорторон аҕалан туруораллар диэччи эмиэ баар этэ.

Онтон тутан көрөн баран, дьэ биирдэ сөҕүү-махтайыы буолара. Кэлин өйдөөммүн стилизованнайтан реалистикаҕа көспүтүм. Маннык скульптурнай үлэлэргэ көтөрдөрү, кыыллары  оҥоробун.

Джордж Мартиҥҥа тиийэ бэлэх

– Уоту кытта буһуу-хатыы элбэх бириэмэни эрэйэр, туттар матырыйаал да ылбычча буолбатах. Биир сыыһа хамсаныы сыралаах үлэ түмүгүн сотор кыахтаах. Баһаалыста, үлэлэргин билиһиннэр эрэ.

– Идэлээх дьон сүгүрүйэр көтөрдөрө – суор. Биир бастакы үлэлэрбиттэн биирдэстэрэ суор этэ. Златоуст куоракка аан дойду таһымнаах быыстапкаҕа бу үлэм бастакы миэстэни ылбыта уонна онно баар тимир уустарын музейыгар атыылаһан ылбыттара. Биир үлэм аан дойдуга киэҥник биллэр суруйааччы Джордж Мартиҥҥа (кини романынан “Игра престолов” сериал уһуллубута – Аапт.) тиийбитэ. Сериал фанаттара сакаастаабыт статуэткаларыгар Джон Сноу сонун оҥорбутум. Ону таһынан Александр Карелиҥҥа бэйэтин скульптуратын оҥорторон бэлэхтээбиттэрэ.

Сорох үлэлэрим Саха сирин араас улуустарынан тарҕанан тураллар. Халымаҕа, Хаҥаласка аттарым бааллар. Өлөөҥҥө икки таба баар. Кэбээйигэ хотой туруорбуппут. Ленскэй пааркатыгар тииҥнэри оҥорбуппут. Сунтаарга бу саҥа үлэбит турда. Ону таһынан дьон бэлэххэ-туһахха анаан үлэһэллэр. Холбоотоххо, син балачча үлэ тахсар.

Идэлээх дьонтон иҥэринэн

– Николай, оҕо сылдьан туох идэлээх буолар баҕалаах этигиний?

– Чопчу маннык буолуом диэн санаа суоҕа. Элбэх киһи художественнайга киир диэн этэллэрин баардылаабат этим. Прикладник муосчут, мас ууһа диэн баар этэ буоллаҕа. Худуоһунньук диэҥҥэ олус болҕомто ууран, ити хайысхаҕа эдэр эрдэхпиттэн суолта уурбатахпын быһыылаах. Ол эрэн уһаныахтаахпын диэн хайдах эрэ чуолкай санаа баара.

– Ханнык баҕарар дьарыкка өбүгэ утума, уһуйуллуу диэн өйдөбүллэр бааллар. Эн манна туох санаалааххын?

– Киһи ханнык баҕарар саҕалааһыныгар киһиттэн көрөн, ону батыһан, бэйэтин иһигэр баара дьалкыйан тахсар диэн толкуйга ордук тохтуубун. Анаан бу маннык, итинник диэн көрдөрүү –  тутах санаа. Дэлэҕэ даҕаны норуот педагогиката диэн ааттаабаттар буоллаҕа. Норуокка баар оскуола ордук тиийимтиэ. Саха  киһитэ мындыра, айылҕаҕа чугаһа, сатабыла бэйэтин ис хааныгар да баар.

Дойдубар, Дүллүкүгэ эдэр сылдьан сопхуоска уус дьиэтигэр үлэлээбитим миэхэ ордук улахан үөрэҕи биэрбитэ. Оччотооҕу уустар Аталларап Баһылай, Тарааһап Тараас оҕонньоттор уһаналларын сэргиирим. Анньыы, быһах охсоллорун көрдөхпүнэ, өтүйэлэрэ, балталара илиилэригэр сыста сылдьар курдук буолара. Үчүгэй баҕайытык уһаналларын сөҕө көрөрүм. Баһылаайап Ыстапаан диэн эдэр уол от охсор тиэхиньикэни оҥорор этэ. Дойдуков Баһылай сэбиэскэй паннолары, Ленин, Маркс мэтириэттэрин  чеканканан оҥороро. Оччолорго үрүҥ лиис кырыымчык буолан, үрүҥ бааҕы, биэдэрэлэри ону кырыйан, ыпсаран, чеканка оҥорон таһаартыыра.

Столярнай мастарыскыайга  Федоров Макар, Софронов Василий, Дадаскинов Олег о.д.а. буолан  үлэлээн, кинилэртэн эмиэ элбэҕи биллэҕим.

Кэнтиктэн ини-бии Бойтуновтар үлэлэриттэн улаханнык сөҕөрүм-махтайарым. Үөһээ Бүлүү дьаһалтатын дьиэтигэр турар панноларын эрэ көрөөрү, Дүллүкүттэн киирэр этим. Убайдара Тохман Бойтунову кылгастык да буоллар көрсөн, кэпсэтэн, сүбэ-ама ылбытым миэхэ улахан алгыс курдук. Дьэ, ытыктыыр киһим.

Онон  идэлээх дьон туттууларын көрөн ылына, иҥэринэ сылдьар буолар эбиккин. Дьэ, ол этэ тимиргэ бастакы үлэ оскуолата. Бастакы сүрэхтэниим онон дойдубуттан саҕаламмыта.

Мин анал идэм суох. Бэйэм көрөн, ааҕан, үөрэтэн, боруобалаан көрөммүн эрэ тимир ууһа диэн идэҕэ кэлбит киһибин. Онон билигин даҕаны билбэтим үгүс.

Арассыыйа таһымнаах араас быыстапкаларга ыҥыраллар. Бириэмэ тиийбэтиттэн наар сылдьыбаппын. Аныгы үйэ ситиминэн билсэ, кэпсэтэ олорор буоламмын быыстапкалартан элбэҕи билэбин, туспар туһанабын. Онон киһи үйэтин тухары үөрэнэр. Баҕалаах киһиэхэ бириэмэ бэйэтэ учуутал, уһуйааччы буолар.

– Тимир ууһа, уоту кытта үлэлиир киһи, сиэр-туом өттүгэр тугу этиэҥ этэй?

– Бары биир күн аннынан сылдьар инчэҕэй эттээх дьон буоллахпыт. Аһара даххаһытан, күүркэтэн этэллэрин эҥин ылыммаппын. Саха киһитин сиэринэн уокка ас кээһэн, сир-дойду иччилэригэр күндүлүүр, махтанар сиэри-туому тутуһабын. Биллэн турар, сорох кэмҥэ үлэ тахсан испэтэ, туга эрэ табыллыбата баар буолар. Бэйэм хайдах ылынарбынан, сатыырбынан көрдөһөн, махтанан, алаадьынан айах тутан өбүгэттэн кэлбит сиэри-туому оҥоробун.

Үлэбит дьон хараҕын үөрдүөҕэ

– Күннээҕи үлэттэн кыратык сэгэтэн кэпсэтиэх.

– Улахан үлэҕэ аттыгар сатабыллаах киһи бииргэ баар буоллаҕына эрэ үлэ чэпчиир. Хас биирдии киһи туттара араас буолар.

Үлэбит сарсыардаттан саҕаланар. Ордук иэйии киирбит кэмигэр санааҥ кэлэриттэн бириэмэҕэ хааччаҕа суох үлэ тахсар түгэннэрэ да баар.

Профессиональнай  худуоһунньук идэлээх киһи таһыма үрдүк буолар. Эскиз  оҥороору гыннахпытына, Николай Чоччасов абырыыр. Эскиз да өттүнэн, үлэ да булууга наһаа көмөлөһөр. Профессиональнай идэтийбит скульптор, исписэлиис сүбэтэ үлэбэр элбэҕи быһаарар.

Кэнники Егор Петров үлэлэһэр. Киһи баҕалаах, интэриэстээх буоллаҕына сайдыы, инникигэ хардыы кэлэ турар буоллаҕа дии. Онон Егор бэйэтин кэмигэр тимиринэн уһаныыга аата ааттаныа дии саныыбын.

— Дьэ эрэ, олоҥхо дойдута Сунтаар сиригэр баран турбут биир улахан үлэҕит  туһунан сэһэргии түһүөҥ дуо?

– Бырайыагын улуус сайдыытын пуондата биэрбитэ. Эскиһин Николай Чоччасов  оҥорбута.

Быйылгы куйаас сайын устата биһиэхэ чахчы да "итии" күннэр буолан аастылар. Манна Сунтаартан төрүттээх Егор Петров уонна бэйэм сурдьум Мичил Дойдуков үлэлэстилэр.

Бэйэбит кыахпыт иһинэн, санаабыт тиийэринэн оҥорон таһаарбыт үлэбитин айан суолун аартыгын ааһар айанньыттар көрөн ааһыахтара. Бу пааматынньык Ньурба уонна Сунтаар кыраныыссатыгар туруоҕа. Ол эбэтэр олоҥхо дойдута Сунтаарга киириигэ. Онон Сахабыт сирин биир улууһугар үйэлээх үлэбит түмүгэ дьон хараҕын үөрдүөҕэ.

Уопсайынан, маннык улахан пааматынньыктары, улуустарга, нэһилиэктэргэ киирии аартык бэлиэлэрин олохтоох уустары кытта идэтийбит үөрэхтээх скульптордары кыттыһыннаран, биир сүбэнэн оҥоһуллаллара буоллар ордук хотуулаах, тупсаҕай буолуо этэ. Эскиһин,  бырайыагын, техническэй өттүн барытын учуоттаан.

Бу Сунтаар аартыгар  үлэбит үөрүүлээх аһыллыыта буолара күүтүллэр.

– Уус буолла даҕаны бары көрүҥнэргэ дэгиттэр диэн өйдөбүл баар. Эйиэхэ хайдаҕый?

–  Уруһуйтан ураты муоһунан, тааһынан, маһынан хобби курдук киһи дьарыктаныан сөп дии саныыбын. Бастакы үлэлэрим – мастан, муостан да буоллун, быыстапкаларга бастыыллар этэ.

Чеканканы интэриэһиргиибин. Боруонсанан кутууну эмиэ сэргиибин. Идэбинэн элбэх муосчут, скульптор, ювелир уолаттардыын алтыһабын. Бэйэ-бэйэбитин ситэрсэн, үлэ хайысхатынан элбэхтик санаа үллэстэбит.

Кэнники кыра скульптуралары кутуунан дьарыктаныам дии саныыбын.

Баһылай Атласов тэрийбит СОТО-ҕо  муус оҥоһуктарын оҥорууга кыттан турардаахпын. Бастакы муус бэстибээлэ этэ. Онон, кырдьык, кыралаан бары матырыйаалтан үлэлэр тахсаллар.

Ырыа – киһи аргыһа. Үлэни, үөрэҕи үрдүк үүннээн үйэтитэр. Байааҥҥа үөрэнэ сатыыбын. Бэйэм чугас дьоммор, дьиэ кэргэммэр, доҕотторбор анаан ыллыыбын. Саха эр киһитин сиэринэн айылҕаҕа – булка, куска сылдьабын. Чэ, итинник.

– Николай, кэпсээниҥ иһин махтанабын.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...