Уус Алдан Тумулугар Кыайыыга анаммыт үйэлээх тутуу
2018 сыллаахха Уус Алдан улууһун Тумул бөһүөлэгэр Тумултан төрүттээх предприниматель, меценат Петр Спиридонович Алексеев көмөтүнэн “Кыайыы түһүлгэтэ” диэн олус бэртээхэй көстүүлээх Кыайыы болуоссата үөрүүлээхтик аһыллыбыта.
Оччолорго бу сураҕы бары сэҥээрэ истибиппит. Бэйэтин үбүнэн маннык үйэлээх тутууну нэһилиэгэр өйдөбүнньүк оҥорбута, бу нэһилиэк инники сайдыытыгар уонна үүнэр көлүөнэҕэ дьоһун бэлэх буолар диэн сыаналыыбын. Тутуу саҕаланарыгар нэһилиэк олохтоохторо субуотунньукка көхтөөхтүк кыттан, ону таһынан көмө аахсыйалар ыытылланнар, маннык улахан тутуу олоххо киирэригэр олук буолбута.
Үтүө дьыала – төрөөбүт нэһилиэкпэр
Петр Спиридонович Алексеев, предприниматель:
- Уус Алдан улууһун Тумул нэһилиэгэр төрөөбүтүм.Оскуола кэнниттэнпедагогическай факультетфизкултуура салаатыгар үөрэнэ киирбитим. Үөрэхпин 1991 сыллаахха бүтэрбитим. Ол кэнниттэн төрөөбүт нэһилиэкпэр төннөн кэлэн, икки сыл физкултуура учууталынан үлэлээбитим. Ол саҕана Сэбиэскэй Сойуус үрэллэн, хамнас ыйы-ыйдаан кэлбэт буолбута. Дьэ, онтон саҕаламмыта, уустук балаһыанньаттан хайдах тахсар туһунан тус толкуйум. Чааһынай предприниматель быһыытынан, 1996 сылтан үлэбин саҕалаабытым. Атыы-эргиэн үлэтэ элбэх сүүрүүнү-көтүүнү, кэлиини-барыыны эрэйэр. Ол курдук, чугас дьонум, аймахтарым өйөбүллэринэн бизнес эйгэтигэр бигэтик киирбитим. Үлэм хаачыстыбатыгар сүрүн болҕомтобун уурбутум.
Аҕам Спиридон Петрович өттүттэн эдьиийим Раиса Петровна Гоголева СӨ атыы-эргиэн туйгуна, ийэм өттүттэн эһэм Мэҥэ Хаҥалас улууһун атыы-эргиэн эйгэтин үтүөлээх үлэһитэ буолаллар. Онон удьуорбутугар баар буолан, бу хайысханы судургутук ылыммытым. Бэйэм идэбинэн физкултуура учууталабын. Оҕо эрдэхпиттэн спордунан дьарыктаммытым, туруоруммут сыалбын олоххо киллэрэргэ үөрэппитэ, ол үлэбэр олус туһалаабыта. Бизнес эйгэтигэр киириим тутуу матырыйаалын аҕалыыттан саҕаламмыта. Аан бастаан Манньыаттаах, Бааһынай, Строительнай ырыынактарга туран атыылаабытым. Онтон “Эмпилс+” диэн тутууга аналлаах табаар маҕаһыынын, салгыы Жорницкай уулуссаҕа бастакы чааһынай тутуу маҕаһыыннарын арыйталаабытым. Кэлин “Стройград”, “Линолеум и двери” маҕаһыыннары, “Зодиак” сынньалаҥ култуура киинин үлэлэтэбин. Билигин саҥа бырайыак бэлэмнии сылдьабыт.
Оҥоһуллуохтаах дьыала соһуччу киирэр
Бэйэм уруккуттан кыаммат-тиийиммэт дьоҥҥо, төрөөбүт нэһилиэкпэр өрүү көмөлөһөр этим. Кэлин дьоммор-сэргэбэр туох эрэ үйэлээх тутууну бэлэх хаалларбыт киһи дии санаабытым. Убайбар, Бороҕон нэһилиэгин аҕа баһылыга Василий Петрович Алексеевка баҕа санаабын эппиппэр, истэн баран тута сэҥээрбитэ. Кыайыы болуоссата оҥоһуллуохтаах сиригэр буора кутуллан баран, үп суох буолан тохтоон турар диэбитэ. Бу иннинэ нэһилиэк салалтата уонна олохтоохтор бэйэлэрин күүстэринэн бу үлэни саҕалаабыттара эрээри, үп кыайан көрүллүбэккэ, үлэлэрэ тохтоон турар кэмэ этэ. Мин бу дьыалаҕа салгыы көмөлөһөбүн диэн, бэйэм этиибин киллэрбиппин, баһылык Василий Алексеев тута сөбүлэспитэ. Онон уһуну-киэҥи толкуйдуу барбакка, ыытыллыахтаах үлэни былааннаан баран, тутуу матырыйаалларын таспытынан барбытым. Саас буолан, суол хаайтараары, бириэмэ ыгым этэ. Муус устар ый бүтэһик күннэригэр биригээдэбин ыытан, тутууну саҕалаабыппыт. Бу тутууга табаарыһым Дмитрий Иванович Терехов уонна Петр Гаврильевич Протопопов салайааччылаах биригээдэ үлэлээбитэ.
Түөрт ыйынан “Кыайыы түһүлгэтэ” болуоссат тутуллан бүппүтэ. Онтон 2018 сыл балаҕан ыйын 2 күнүгэр “Кыайыы түһүлгэтэ” болуоссаты арыйбыппыт.Киирии ааркаттан саҕалаан,истиэндэ уҥа өттүгэр нэһилиэкпит ытык дьоно, сэрии бэтэрээннэрэ, хаҥас өттүгэр тыыл бэтэрээннэрэ уонна сэрии оҕолорун мэтириэттэрэ тураллар. Истиэндэ иннигэр сэттэ кыталыктаах сэргэ турар. Онтон уҥа өттүгэр үйэлэргэ умуллубат уот, хаҥас өттүгэр эйэ символа фонтан оҥоһуллубуттара. Болуоссаппыт киэһэ өттүгэр араас уотунан күлүмүрдүү сандаарар. Нэһилиэгим дьоно таптаан мустар, сынньанар сирдэрэ буолбутун көрөн-истэн үөрэбин. Олохтоохтор махталлара муҥура суох. Улууһум салалтата ыыппыт үлэбин үрдүктүк сыаналаан, улуус Бочуоттаах олохтооҕо ааты иҥэрбитэ. Ил Түмэнтэн уонна Ил Дархан Айсен Николаевтан махтал суруктары туппутум. Миэхэ олоххо киириэхтээх идиэйэм соһуччу киирэр буолан, инники үлэбин бу диэн былааннаабаппын. Эбэм Вера Григорьевна Шарина, эһэм Петр Спиридонович Алексеев – тыыл бэтэрээннэрэ. Онон Кыайыы 75 сылын көрсө нэһилиэкпэр өйдөбүнньүк тутууну, үүнэр көлүөнэҕэ үйэлэргэ хаалларбыппынан киэн туттабын.