18.08.2021 | 18:00

Утум салҕанар

Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

Оҕо сааспытыгар дууһабытыгар саҕыллыбыт ыра санааны өр сылларга иитиэх оҥостон, куорсун анньан кынаттаан көтүтүү – бу буолар быһыылаах киһи сирдээҕи анала. Бүгүн кэпсиир киһим отой кыра сааһыттан муусука кэрэ абылаҥар ылларан, талаанын өр сылларга чочуйан, төһө да эдэр буоллар идэтин толору баһылаабыт киһи. Билсиҥ, сэргээҥ, саха чулуу уола, эдэр ыал аҕа баһылыга, үс оҕо амарах аҕата, дэгиттэр талааннаах мусукаан, Сергей Зверев аатынан Национальнай Үҥкүү тыйаатырын артыыһа, бас-гитарист Дмитрий Винокуров.

Дмитрий Винокуров Нам улууһун Хатыҥ-Арыы нэһилиэгэр Антонина Егоровна уонна Василий Константинович Винокуровтар дьиэ кэргэннэригэр төрдүс оҕонон күн сирин көрбүт. Ойор-тэбэр о5о сааһа Эҥсиэли киэҥ хочотугар ааспыт.

Дима алын кылааска үөрэнэ сылдьан нэһилиэк мусукаалынай оскуолатыгар саха үҥкүүтүн уонна баян кылааһыгар тэҥҥэ үлүһүйэн туран дьарыктаммыт. Төрөппүттэрэ уолларын баҕатын өйөөн баян атыылаһан биэрбиттэр. Муусукаҕа сыһыаннаах буолан, уолчаан үөрэҕин түргэнник ылынан, учууталын Степан Иннокентьевич Слепцову үөрдэр аакка барбыт. Итини сэргэ, Дима оскуолатын бүтэриэр диэри «Хатыҥчаана» ансаамбылга үҥкүүлээбит. Ансаамбылынан араас таһымнаах күрэхтэргэ кытталлар эбит. Ол курдук, 1995 сыллаахха күрэххэ кыттан Словакияҕа баран сынньанар путевканан наҕараадаламмыттар. Ол кэм, омук сиригэр сынньалаҥ туһунан оҕолорго умнуллубат, үтүө өйдөбүл хаалбыт.

Оскуолатын бүтэрээт, 2000 сыллаахха, Дмитрий сүрэҕин баҕатынан Дьокуускайдааҕы мусукаалынай училищеҕа народнай үнүстүрүмүөннэр салааларыгар баян кылааһыгар киирэн Р.Н. Крыловаҕа үөрэммит. Устудьуоннуу сылдьан уол И.И. Федотов салайар оркестрыгар бастаан бас домраҕа оонньообут. Онтон контрабас балалайкаҕа көспүт. Ол көспүтүн туһунан Дима күлэ-күлэ олус көрүдьүөстүк кэпсиир:

 – Арай биир үтүө күн фортепианоҕа оонньуох санаам кэллэ. Бэйэм үнүстүрүмүөммүн – бас домрабын фортепианоҕа өйөннөрө ууран баран астына-астына оонньуу олордум. Ол олордохпуна доҕоор, арай домрам сиргэ сууллан түстэ да моонньоох баһа – грива тостон хаалла. Мин наһаа ыксаатым, куттанным, айманным. Өй ылан маҕаһыыҥҥа сүүрэн тахсан супер-клей атыыластым уонна домрабын түргэн үлүгэрдик хам тутан килиэйдии оҕустум. Санаабар үчүгэйдик сыһынна. Онтон оркестрга оонньуу олордохпуна эмискэ килиэйдээбит сирбинэн хоҥнон тостон түстэ. Биллэн турар, сонно сүрэҕим «парк» гынна. Инньэ гынан домраны алдьаппыккын диэн аны контрабас балалайкаҕа көһөрбүттэрэ. Куһаҕан үчүгэйдээх диэбиккэ дылы, онтон мин өссө үөрээччи буоллум. Тоҕо диэтэр контрабас балалайканы сөбүлээн, олус табыллан оонньообутум.

Дмитрий Винокуров 2004 сыллаахха муусукалынай училищены ситиһиилээхтик бүтэрээт, үөрэҕин үрдэттээри аны АГИКИ-га киирбит. Манна нуучча народнай оркестрыгар Н.В. Пикутскай салалтатынан эмиэ контрабас балалайкаҕа оонньообут. Наһаа үрдүк таһымнаах, олох чахчы виртуознай бырагырааманан оонньооччубут, олох тарбахтарым хабыллан хаалааччылар диэн Дима кэпсиир. Ити сылларга кини мусукаан быһыытынан олус сайдыбытын, быдан үрдүк таһымҥа тахсыбытын бэлиэтиир.

Дмитрий АГИКИ-га үөрэнэ сылдьар кэминээҕи саамай дьоллоох түгэнинэн кэргэнин кытта билсибитэ буолар. Кэргэнэ Юлия Юрьевна Олоҥхо дойдутунан ааттанар Сунтаар улууһуттан төрүттээх, мусукаалынай училище вокальнай салаатын үөрэнэн бүтэрбит. Билигин Саха сирин филармониятыгар ыллыыр эбит.

Винокуровтар улахан оҕолоро, кыыстара 2008 сыллаахха күн сирин көрбүт. Ол күнү ыал аҕа баһылыга билигин даҕаны долгуйа, сороҕор күлэ да саныыр эбит. Кэргэнин кытта хайдах роддомҥа киирсибитин, хайдах аймаммытын, долгуйбутун, оҕотун аан бастаан илиитигэр ылбыт умнуллубат түгэнин олус истиҥник-иһирэхтик ахтар. Кэргэнэ оҕоломмутун кэннэ, эдэр аҕа түүн куортамнаһан олорор дьиэтигэр бараары, оччолорго сиэбигэр 50 эрэ солкуобайдаах киһи такси тохтоппут. Таксиһа саха киһитэ буолан биэрбит. Дима суоппарга үөрэ-көтө оҕоломмутун туһунан кэпсээбитигэр хата киһитэ дьиэтигэр диэри босхо илдьэн биэрбитин билигин даҕаны улаханнык махтана саныыр. Кыыстарыгар аат талбыттарын туһунан эмиэ күлэ-күлэ кэпсиир:

Аны саҥа төрөөбүт кыыспытыгар аатын кыайан талан ылбакка ыйы быһа аата суох сыппыта. Аатын хайдах талбыппыт эмиэ биир туспа кэпсээн. Арай биир үтүө күн Дьокуускайтан дойдубар Намҥа таксинан айаннаан истим. Массыынаҕа саха араадьыйата холбонон турар этэ. Туох эрэ күрэх буола турарыгар биир кыыс аатын Аэлитабын диэн билиһиннэрбитэ. Тоҕо эрэ ити ааты сөбүлүү истибитим уонна кэргэммэр кыыспытын Аэлита диэн ааттыахха диэбитим. Кэргэним сөбүлэспитэ. Аэлита кэнниттэн өссө икки оҕоломмуппут. Ол курдук, 2012 сыллаахха Даниил, 2015 сыллаахха Дайаана төрөөбүттэрэ.

Бастакы оҕолоро төрөөбүтүгэр устудьуон уол хантан харчы буларын, хайдах дьиэ кэргэнин иитэрин туһунан толкуйга түспүт. Көрдөөбүт көмүһү булар дииллэринии оннук түгэн көстүбүт. Сергей Зверев аатынан Национальнай Үҥкүү тыйаатырыгар басист наада буолан онно үлэҕэ киирбит. Эмиэ училище кэминээҕи курдук домра баска (таҥсыыр бас) оонньуур буолбут. Бастакы хамнаһын 12 тыһыынча солкуобай этэ, үөрүү-көтүү онно саҕаламмыта диэн Дмитрий билигин ахтар.

Үөрэҕин бүтэрэр сылыгар (2009с.) АГИКИ преподавателлэрэ М.И. Шумилов (балалайка) уонна А.И. Псарев (баян) үһүөн ансаамбыл тэриниэххэ диэн этии киллэрбиттэр. Дмитрий сонно тута сөбүлэһэн нуучча народнай айымньыларынан анал бырагыраама оҥостубуттар. Кэнники «Даймонд-трио» диэн ааттанан араас тэрээһиннэргэ, кэнсиэртэргэ, сыбаайбаларга, үбүлүөйдэргэ ыҥырыллан оонньуур буолбуттар. Дьэ, ити кэмҥэ саҕаламмыт, этэргэ дылы эдэр киһи үлэҕэ төбөтүн оройунан умса түһүүтэ. Хайдах барытыгар баттаһан, быыс булан сылдьыбытын Дмитрий билигин бэйэтэ да сөҕөр. Сарсыарда өттүгэр АГИКИ-га үөрэҕэ, онтон Национальнай Үҥкүү тыйаатырыгар үлэтигэр сүүрэр, ол кэннэ эмиэ үөрэҕэ, онтон АГИКИ ансаамбылыгар оонньуур, аны онтон киэһэ хойукка диэри «Даймонд-трио» ансаамбылыгар дьарыктанара. Ол быыһыгар трионан ыҥырыгынан тэрээһиннэргэ оонньуу барара.

Дмитрий биир өйдөөн хаалбыт түгэнэ – В.В. Помогаева салайааччылаах «Русь» ансаамбыл 15 сыллаах үбүлүөйдэригэр кыттыбыта буолар:

Биһиги триобытын «Русь» ансаамбыл салайааччыта Вера Васильевна 15 сыллаах үбүлүөйбүтүгэр кэлэн доҕуһуоллуугут дуо диэн көрдөспүтэ. Арай нуучча тыйаатырыгар репетициялана тиийдибит. Режиссер Галина Ивановна Карасева көрүстэ. Арай сыанаҕа тахсааһын буолбутугар мин наһаа улахан контрабас балалайкам олох ханна да батыа суох курдук. Араастаан бары биир муннуктан иккис муннукка көһөрө сылдьан туруора сатаан баран көрөөччү болҕомтото эн үнүстүрүмүөҥҥэр эрэ хатаныыһы диэн буолла. Инньэ гынан, түмүгэр мин сыана кэтэҕэр кулиса кэннигэр туран эрэ оонньоон турардаахпын. 

Бүгүҥҥү күҥҥэ Дмитрий Винокуров идэтинэн, өрүү буоларын курдук, күн солото суох үлэ үгэнигэр сылдьар киһи. Үөһээ этэн аһарбытым курдук,  Сергей Зверев аатынан Национальнай Үҥкүү тыйаатырын артыыһа (бас- гитара), Судаарыстыбаннай циркэҕэ эмиэ бас-гитаристыыр. Ону сэргэ Үҥкүү тыйаатырын иһинэн тэриллибит «Кыл Саха» ансаамбылга (салайааччы А.И. Томская) Дмитрий тойон кырыымпаҕа оонньуур. Итини таһынан устудьуон сылдьан тэрийсибит «Даймонд-трио» ансаамбылыгар билигин даҕаны тиһигин быспакка оонньуур эбит. Биир саҥа сүүрээнинэн 2018 сыллаахха «Дьол» ансаамбыл тэриллибитэ буолар:

Национальнай Үҥкүү тыйаатырын иһинэн үлэлиир «Кыл Саха» ансаамбыл салайааччыта А.И. Томская уонна сүрүн оркестр иккис дирижера А.Н. Иванова эдэр көлүөнэ оркестраннар бэйэҕит туспа ансаамбыл тэриниэх этигит диэн этии киллэрбиттэрэ. Ону ылынан үлэбитин саҕалаабыппыт. Миигин салайааччынан талбыттара. Ансаамбылга сэттэ буолан оонньуубут. Ситиһиилэрбититтэн биирдэстэринэн «Кыл Саха» ансаамбылы кытта «Дьол» буоламмыт оскуола оҕолоругар аналлаах «От архаичности до современности» диэн бырагыраамабыт буолар. Бырагыраама чэрчитинэн оскуолаларга сылдьабыт. Ол курдук «Дьол» ансаамбыл урукку сыллардааҕы айымньылары саҥатытан, сороҕун попурри оҥорон, ону тэҥэ биллэр мультиктартан саҕалаан рэпка тиийэ толоробут. Оҕолор наһаа сөбүлүүллэр, сэргээн истэллэр диэхпин баҕарабын. Маны таһынан аҕам саастаах дьоҥҥо эмиэ оонньуубут. Ол курдук, араас чэбдигирдэр санаторийдарга, кырдьаҕастар интэринээт-дьиэлэригэр сылдьан кэнсиэртээччибит. Дьон наһаа үөрэ көрсөрүттэн дуоһуйабыт, нууччалыы эттэххэ стимул киирэр диэххэ наада.

Дмитрий Винокуров төрөөбүт-үөскээбит сирин – Хатыҥ-Арыы нэһилиэгин историятын көрдөххө, кини муусуканан үлүһүйэн туран дьарыктаммыта мээнэҕэ буолбатах эбит. 2017 сыллаахха А.М. Кривошапкина хомуйуутунан «Ыллыыр-туойар, айар куттаах Хатыҥ-Арыы нэһилиэгэ» диэн кинигэ тахсыбыт. Кинигэҕэ Хатыҥ-Арыы нэһилиэгин сайдыытыгар кылааттарын киллэрбит нэһилиэк тумус туттар дьоно, олох көҕүн түстээбит, өбүгэ төрүт үгэстэрин, ырыатын-тойугун илдьэ сылдьар талба талааннаахтар, улуус эрэ буолбакка бүтүн өрөспүүбүлүкэ уус-уран самодеятельноһын кыттыылаахтара уонна билигин үлэлии, айа-тута сылдьар дьон киирбиттэр. Олор истэригэр бу кинигэҕэ Дмитрий Винокуров аҕатынан эһэтэ Константин Васильевич Винокуров баар.

Константин Васильевич Винокуров Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнэ, 1943 сыллаахха уоттаах сэриигэ ыҥырыллан, Кытай кыраныыссатын таһыгар Забайкальскай байыаннай уокурук 138-с армейскай саппаас полкатыгар рядовой саллаатынан сэриилэспит. Пулеметчиктар куурустарыгар үөрэнэн пулеметнай расчет хамандыыра буола үүммүт. Константин Васильевич 1946 сыллаахха сэрииттэн этэҥҥэ эргиллэн төрөөбүт нэһилиэгэр – Хатыҥ-Сыһыы кулуубугар сэбиэдиссэйинэн үлэлээбит. Кини араас үнүстүрүмүөннэргэ – скрипкаҕа, мандолинаҕа, балалайкаҕа, гитараҕа дэгиттэрдик оонньуур уһулуччу талааннаах киһи эбит. Итинэн сиэттэрэн, сиэнэ Дмитрий Винокуров эһэтин туйаҕын хатарааччынан буолара саарбаҕа суох:

«Ыллыыр-туойар, айар куттаах Хатыҥ-Арыы нэһилиэгэ» кинигэҕэ эһэм Константин Васильевич туһунан «Аҕабыт туһунан сырдык өйдөбүл» диэн абаҕам Егор Константинович ахтыыта киирбитэ. Маны ааҕан баран эһэм олорбут олоҕор мин олоҕум наһаа майгынныыр эбит диэн санааҕа кэлбитим. Холобур, эмиэ мин курдук ыал буолан баран дьиэтэ-уота суох өр кэмҥэ эрэйдэммиттэр, ыалы кытта дьукаах олорбуттар. Сыл аайы көһө сылдьар буолан ат сыарҕатынан көһөллөр эбит. Икки сыарҕа маллаах этибит, быйыл биир сыарҕанан элбээбит диэн үөрэллэр үһү. Тус бэйэм ыал буолан баран эмиэ итинник сылтан сыл таһаҕаспыт элбээн дьиэттэн дьиэҕэ көһө сылдьыбыппыт. Билигин аныгы олох сиэринэн ипотекаҕа киирэн үс хостоох кыбартыыра ыллыбыт. Эһэм айар үлэтин туһунан кэпсиир буоллахха, 1950 сыллаахха Дьокуускай куоракка Гран Григорян диэн композитор кууруһугар мусукаалынай грамотаҕа үөрэммит. Үөрэҕин ситиһиилээхтик бүтэрэн, нотаны билэн, ырыаны нотаҕа таһаарар буолбут. Дойдутугар эргиллэн самодеятельнай мелодистар ырыаларын нотаҕа тиһэн биэрэр эбит. Олор истэригэр саха норуотун биир талааннаах киһитэ, мелодист, ырыаһыт Христофор Максимов Константин Васильевичка кэлэн ырыаларын нотаҕа таһаартаран барар эбит. Эһэм анал мусукаалынай үөрэҕэ да суох буоллар айылҕаттан дэгиттэр талааннаах буолан струналаах үнүстүрүмүөннэргэ барыларыгар кэриэтэ үчүгэйлик оонньуур үһү. Кулуупка үлэлиир кэмигэр элбэх киһини струналаах үнүстүрүмүөннэргэ оонньуурга үөрэппит уонна Намҥа биир улахан струннай ансаамбыл тэрийбит. Манна И.П.Решетников, В.Д.Дьяконов, К.К.Игнатьев, Х.А.Марков, И.Г.Паньков, И.С.Дьяконова уо.д.а. бааллар эбит. Константин Васильевич куоракка киирэн мусукаалынай тыйаатыртан скрипка булан таһааран кэнсиэрдэргэ доҕуһуоллуур уонна сольнай нүөмэрдэри бэлэмниир эбит. Ол саҕана өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр ырыаһыт Елена Чупроваҕа кытта доҕуһуоллуу сылдьыбыт. Эһэм эбэбин Гликерия Егоровнаны эмиэ мандолинаҕа, гитараҕа оонньуурга үөрэппит. Эбэм өссө үчүгэй куоластаах буолан бырааһынньыкка дьиэлэригэр ыалдьыттар кэллэхтэринэ бүтүн кэнсиэр көрдөрөллөрө эбитэ. Эһэм ыалдьа-ыалдьа эмтэммэккэ, баалатан кэбиһэн баран уон сыл араас балыыһаларынан эмтэнэ сатаабыт.  Хомойуох иһин, өрүттүбэккэ, баара суоҕа 52 эрэ сааһыгар олохтон туораабыт. Эһэм бүтэһик күннэригэр диэри муусуканы арахсыспат аргыһа оҥосто сылдьыбыт. Оннооҕор санаторийга эмтэнэ сытан, тэрийэр дьоҕура батарбакка, сиэстэрэлэри уонна ыарыһахтары  мандолинаҕа, балалайкаҕа, гитараҕа үөрэтэн, струннай ансаамбыл тэрийэн ыарыһахтарга кэнсиэр көрдөрөн сүргэлэрин көтөҕөр эбит. Ити курдук, эһэм Константин Васильевич олоҕун тиһэх күннэригэр диэри муусука эйгэтигэр дууһатын ууран туран үлэлээбит киһи буолар.

Дмитрий эһэтин олус истиҥник-иһирэхтик ахтан ааһар. Бэйэтэ идэтин толору баһылаан, билигин үлэ үөһүгэр сылдьарыттан наһаа дьоллооҕун туһунан этэр уонна хас биирдии ситиһиитин махтана, сүгүрүйэ эһэтигэр Константин Васильевичка, төрөппүттэригэр Антонина Егоровнаҕа, Василий Константиновичка аныыр:

Мин төрөппүттэрим наһаа үчүгэй дьон, куруук тирэх, өйөбүл буолаллар. Кинилэр баар буоланнар мин 9 сылы быһа үөрэнэн таҕыстым, идэбин толору баһылаатым диэххэ наада. Төрөппүттэрим – эркин курдук эрэнэр дьонум, сирдээҕи аанньалларым. Икки өттүттэн эһэм дэгиттэр талааннаах дьон эбит, кинилэр туйахтарын хатарбыппын дии саныыбын. Ийэм аҕата Егор Егорович Гоголев – мас ууһа. Ону утумнаан мин иллэҥ кэммэр уһанарбын сөбүлүүбүн. Устудьуон сылдьан кыһалҕа тирээтэҕинэ таһырдьаттан хаптаһын хомуйан киирэн оҕо ороно, иһит уурар полка, оннооҕор атыыга анаан орон оҥорон турардаахпын (күлэр).

Дмитрий Винокуров оҕо сылдьан араадьыйанан сөбүлээн истэр ырыаһыттара Марина Попова-Эдьиэй Марыына, Раиса Захарова эбиттэр. Ол саҕана, биллэн турар, кинилэри кытта бииргэ үлэлэһиэм диэн өйүгэр да суох буоллаҕа. Кэлин устудьуон буолан баран оркестрга оонньуу сылдьан сүдү ырыаһыттарга доҕуһуоллаабытыттан, бииргэ алтыспытыттан киэн туттарын, улаханнык астынарын этэр. Инники былааныгар «Дьол» ансаамбылын өссө сайыннаран, үрдүк таһымҥа таһааран өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр гастроллуур баҕа санаатын үллэстэр.

Дима кэпсиирин киһи иһиттэр истэн олоруох курдук. Ол курдук аһаҕас, көрдөөх-нардаах кэпсээнньит, уруккуттан билсэр киһиҥ курдук саныыгын. Түгэнинэн туһанан, эдэр ыал аҕа баһылыгар, айар үлэ үгэнигэр сылдьар дэгиттэр талааннаах уонна эйэҕэс-сайаҕас, сырдыгынан сыдьаайар киһиэхэ – Дмитрий Винокуровка ыра санаалара барыта туоларыгар, талан ылбыт идэтигэр саҥаттан саҥа ситиһиилэри, тус бэйэтигэр уонна дьиэ кэргэнигэр дьолу баҕарыаҕыҥ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....