Устудьуоннар этэрээттэрэ: Олоҕу хамсатар күүс
Саха сирин устудьуоннарын тутар этэрээттэригэр үлэлиир ыччаттар ахсааннара сыл ахсын элбээн иһэр. Онон өрөспүүбүлүкэҕэ тутуллар баараҕай эбийиэктэргэ барыларыгар кэриэтэ ыччаттар сүрүн илии-атах буолаллар.
Арассыыйа устудьуоннарын этэрээтин Саха сиринээҕи регионнааҕы салаатын уопсастыбаннай түмсүүтүн бэрэссэдээтэлэ Айсен Соловьев быйылгы үлэ-хамнас туһунан сырдатта.
— Айсен, дорообо! Быйылгы сылга төһө байыаһы үлэлэтэ сылдьаҕыт?
— Быйыл 2 512 байыаһы үлэнэн хааччыйан сылдьабыт. Билигин 1 000-тан тахса байыас тутуу араас хайысхатыгар үлэлиир. Ону таһынан тупсарыыга, бырамыысыланнас, тутуу хампаанньаларыгар хамнастаһаллар.
— Тыый!
— Оннук, бырамыысыланнас эбийиэктэригэр быйыл үлэбит хайысхата өссө кэҥээн биэрдэ, үлэлиир тэрилтэлэрбит да ахсаана улаатта. Ол курдук, АЛРОСА, “Анаабыр алмаастара” курдук бөдөҥ тэрилтэлэри кытары дуогабардаахпыт.
— Тыа хаһаайыстыбатыгар устудьуоннар үлэлииллэр дуо?
— Тыа хаһаайыстыбатын өттүн этэр буоллахха, быйыл 200-чэ устудьуон Камчаткаҕа, Сахалиҥҥа балык собуоттарыгар үлэлии сылдьаллар. Ону тэҥэ бэйэбит олохтоох бородууксуйабытын оҥорон таһаарар «Сахачай» хампаанньаҕа үлэлииллэр, эмтээх оттору хомуйаллар. Маны сэргэ Нерюнгритааҕы көтөр фабрикатыгар, кыра СХПК тэрилтэлэригэр өрөспүүбүлүкэни биир гына тарҕастылар.
— Куорат иһигэр устудьуоннар ханна үлэлииллэрий?
— Киин куоракка устудьуоннар этэрээттэрэ биирдиилээн өҥө өттүгэр үлэлииллэр. Холобура, гостиницаларга, кафеларга, туристическай хайысхалаах аччыгый тэрилтэлэргэ бааллар. Бэлиэтээн эттэххэ, 40 оҕо туризм хайысхатынан Краснодарскай кыраайга тиийбитэ.
Маны таһынан Дьокуускайга тротуар билиитэлэрин уурууга сайын устата үлэлээтилэр, бу үлэ аҕыйах хонугунан түмүктэниэхтээх. Тупсарыы өттүн ылар буоллахха, “Доруобуйа” национальнай бырайыак чэрчитинэн тутулла турар онкологическай кииҥҥэ байыастар араас хабааннаах үлэҕэ сыстан, сайыннарын туһалаахтык атаардылар. Сибээс уонна энергетика колледжын устудьуоннара уот тардыытыгар сылдьаллар.
— Оҕо сынньалаҥ лааҕырдарыгар эмиэ үлэлииллэр этэ.
— Үлэлээн бөҕө буоллаҕа дии. Уопсайа өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 200 баһаатай араас лааҕырдарынан үлэлии сылдьар. Биһиги байыастарбыт ордук куорат таһынааҕы оҕо сайыҥҥы лааҕырдарыгар бааллар.
— Кистээбэккэ эттэххэ, устудьуоннар этэрээттэригэр орто хамнас төһөнүй?
— Ааспыт сылга орто хамнаспыт 40 тыһ. солк. этэ. Быйыл арыый үрдүөхтээх дии саныыбыт. Хамнас син биир хайысхаттан көрөн араас буолааччы.
— Устудьуоннар хайысхаларын бэйэлэрэ талаллар дуу, биитэр бэйэҕит аныыгыт дуу?
— Бастатан туран, устудьуоннар бэйэлэрин интэриэстэриттэн көрөллөр. Сорох оҕолор үөрэхтэрин иитинэн үлэлииллэр, таарыччы сайыҥҥы быраактыкаларан ааһаллар. Холобура М.К. Аммосов аатынан ХИФУ хайа дьыалатыгар уонна геологияҕа салааларын устудьуоннара бэйэлэрин үөрэхтэринэн быраактыкаларын кэмигэр үлэлии сылдьаллар. Манна даҕатан эттэххэ, элбэх ыччат атын куораты, сири-дойдуну көрүөн-истиэн, өйүн-санаатын сайыннарыан баҕарар буолан, Красноярскайга уонна Камчаткаҕа үлэлии бараллар.
— Устудьуоннар этэрээттэрэ өссө саҥа идэлэргэ үөрэттэрэрэ кырдьык дуо?
— Былырыыҥҥыттан Арассыыйа Бырабыыталыстыбатын көмөтүнэн устудьуоннар этэрээттэрин байыастарын босхо оробуочай идэлэргэ үөрэттэриэхпитин сөп. Ааспыт сылга 400-тэн тахса устудьуону үөрэхтээбит буоллахпытына, быйыл эмиэ ахсааммыт улаатарыгар үлэлэһэбит. Сүрүннээн медиктэри, баһаатайдары бэлэмнээбиппит.
Түмүккэ «Арассыыйа устудьуоннарын этэрээтэ» өрөспүүбүлүкэ устудьуоннарын этэрээтин регионнааҕы ыстаабын бэрэссэдээтэлэ саха ыччата үлэҕэ сыстыгаһын, тулуурдааҕын уонна куорат, өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар кылааттарын киллэрэ сылдьалларын бэлиэтээтэ.
Өрөспүүбүлүкэҕэ устудьуоннар тутар этэрээттэрин хамсааһына 1968 сыллаахтан саҕаланан барбыта. Оччолорго бөлөхтөрүнэн үлэ этэрээттэрэ тэриллэннэр, дойду бары муннугар баар буолбуттара. Сыл-хонук аастаҕын аайы устудьуон этэрээтигэр үлэлиэн баҕалаах ыччат ахсаана лаппа улаатан, бүгүҥҥү күҥҥэ кинилэр номнуо Арассыыйа биир бөдөҥ хамсааһыныгар кубулуйдулар. Устудьуоннар этэрээттэрэ баар буолан, баараҕай тутуулар олоххо киирэллэр, дьон да олоҕо тупсар.
Камчаткаҕа үлэлии барыан баҕалаахтарга
Элбэх устудьуон Камчаткаҕа балык собуотугар үлэлиэн баҕарар. Тоҕо диэтэххэ, бастатан туран, атын дойду; иккиһинэн, ботуччу хамнас. Бу күннэргэ Камчаткаҕа «Сибиир сүрэҕэ» устудьуоннар этэрээттэригэр үлэлии сылдьар Сааскылаана Васильеваны кытта кэпсэтибит:
— Биһиги регионнар икки ардыларынааҕы «Апукинское 2023» хамсааһын кыттыылаахтарабыт. Камчаткаҕа 18 байыас буолан балык тахсар кэмигэр көмөлөһө, үлэлии кэллибит. Бэс ыйын 24 күнүгэр киэһэ балык собуотугар кэлбиппитигэр тута үлэ ис хоһоонун быһааран биэрбиттэрэ, сарсыныгар график быһыытынан 12/12 симиэнэҕэ тахсыбыппыт.
Манна дойдубут бары муннугуттан сэттэ этэрээт үлэлиир, биһиги иккис симиэнэҕэ (киэһэ 20:30 чаастан сарсыарда 08:30 чааска диэри) Ростов уонна Камчатка этэрээттэрин кытта үлэлиибит. Балык собуотугар биһиги үлэбит араас соруктартан турар: балыгы ыраастааһынтан саҕалаан, суулааһыныгар тиийэ. Ордук горбуша, кета, нерка уонна голец курдук сүрүн балык көрүҥнэрин таҥастыыбыт. Балык ыраастааһына чахчы күүстээх, тулуурдаах уонна болҕомтолоох буолууну эрэйэр.
Балык суох буоллаҕына, этэрээттэри кытта түмсэн араас биэчэрдэри тэрийэн оонньуубут, сынньанабыт. Маннык дьоһун уонна дойдуга туһалаах бырайыакка кыттарбытынан киэн туттабыт.