01.04.2022 | 09:00

Устудьуон көрдөөх кэпсээннэрэ

Устудьуон көрдөөх кэпсээннэрэ
Ааптар: Айыына Ксенофонтова
Бөлөххө киир

«Сорохтор геройдуу охтоллор»

Литературоведение паарата буола турар. Бүтэһик паара. Бары сылайан, эстэн-быстан, хахпыт эрэ ордон олоробут. Сорох-сорохтор аат эрэ харата тугу эрэ суруммута буолаллар, оттон “камчаткалар”, кэнники паарталарга олорооччулар, букатын да умса түһэн баран утуйа сыталлар. Мин дьукааҕым мунна сыыгыныыр, кэнникинэн олох да үлүгүнэйэн барда. Туруора сатыырбын кымаардаан да көрбөт. Онтон дьоммут наһаалаан, охсуллубут от курдук, биир-биир түһэн, сытынан кэбистилэр. Кэнники эрээт “утуйааннар саарыстыбаларыгар” кубулуйда.

Преподаватель бастаан көрбөтөҕө, кыһаллыбатаҕа буолла. Кини да киһи, кэнникинэн тимир-тамыр туттан, куолаһа кытааттар кытаатан барда. Бу балаһыанньаттан бииргэ олорор дьүөгэбин “быыһаары”, сүр күүскэ тоҕонохтоотум. Ону көрөн, преподаватель эҕэлээх баҕайытык: “Сорохтор геройдуу охтоллор”, – диэбитин уутун быыһыгар булумахтана сытар дьүөгэм хап-сабар тэтэрээтигэр бөп-бөдөҥ буочарынан түбэһиэх сиргэ адаарытан субурутта. Өссө, киһи күлүөх, санаатын ситиспиттии тутунна. Мин күлэн тоҕо бара сыстым, нэһиилэ тохтоотум. Дьэ, буолар да эбит, ама да утуктаабыт иһин!

Биир тылтан буорайбыт

Саха литературатыгар эксээмэн буола турар. Киирбит дьон биирдии-биирдии туран билиэт тардаллар. Бары тугу эрэ суруйан хачыгырайаллар. Арай Петя уол эрэ бэлэмнэммэккэ олорор. Кини эксээмэннэрин этэҥҥэ туттаран, үөрэн-көтөн тахсыбыт оҕолорго ымсыырар. Бэлэмнэммэккэ, атыттар курдук билиэт суруйбакка, библиотекаҕа олорбокко, утуйа сыппытын кэмсинэр. Билигин кэлэн хайыыр да кыах суох. “Саатар ким эмит көмөлөһүө дуо?” диэбиттии, тулатын көрүнэр. Биир кэм мэкчиргэ курдук эргичиҥниир.

Хаһааҥҥа диэри олоруой, уочарата тирээн кэллэ. Преподаватель Петяны ыҥырда. Хайыай, эппиэттии таҕыста. Балай эмэ өр олорбохтоото. Мух-мах буолан, тугу да оруннааҕы булан эппэтэ, мээнэ өйүгэр туох көтөн түспүтүн кутан-симэн барда. Преподаватель уолу аһынан, “үскэ” тарда сатаан, саамай биллэр- көстөр классик суруйааччылары ыйыталаста. “Николай Денисович Неустроев олоҕун, айар үлэтин туһунан тугу билэргин кэпсээ”, – диэтэ. Онуоха уол сирэйэ сырдыы, харахтара уоттана түстүлэр. Кэпсииргэ бэлэмин көрдөрөн, куолаһын оҥостон, кыратык сөтөллүбүтэ буолла. Бэлиэтээн эттэххэ, Петя итинник дьоһумсуйар идэлээх. Кини, төһө да уруогун аахпатар, омуннаах-төлөннөөх да буоллар, саҥалаах-иҥэлээх, сытыы-хотуу, паараларга айаҕа биир кэм кытаран олорор. Төһө да ыарахан ыйытыыга ыктардаҕына, тугу эрэ толкуйдаан, үүт-хайаҕас булан тахсар. “Ууну-хаары” булкуйан да буоллар, саҥата суох хаалбат.

Преподаватель үөрэ санаата, ачыкытын өрө анньыммахтаата. Уолбут кэпсээнин тардан кэбистэ: “Николай Денисович Неустроев –  саха улуу классиктарыттан биирдэстэрэ”. Тохтуу түһэн, тыын ылаат, салҕаата: “Дьэ, кини айар үлэтин саамай улахан суолтата диэн... Кини – сахабыт литературатын саамай талааннаах уонна биллэр-көстөр комедиана”, – диэтэ! Аудиторияҕа олорооччулар бары күлсэн тоҕо бардылар. Преподаватель сирэйэ уларыйа түстэ да, Петяҕа зачетнай киниискэтин туттараат, аан диэки ыйда. Уол “туох айылааҕы эттэхпиний, киһи, дьэ, уутугар-хаарыгар киирэн кэпсээн эрдэҕинэ” диэн, иһигэр мөҕүттэ-мөҕүттэ, көрүдүөргэ сүөдэҥнии турда.

Кэлин эрэ “комедиан” оннугар “комедиограф” диэхтээҕин оҕолор эппиттэригэр өйдөөтө. Дьэ, уустаан-ураннаан кэпсиир санаалаах, өссө үчүгэй сыанаҕа дураһыйа олорбут киһини биир тыл буораттаҕа!

Күөрт ыт күлүүтүгэр киирэн биэрбэт туһуттан хаһан баҕарар саҥарыах иннинэ толкуйдуур, тыл суолтатын өйдөөн-төйдөөн туттар буолуҥ!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Санааҕытын түһэримэҥ!
Сонуннар | 01.11.2024 | 18:00
Санааҕытын түһэримэҥ!
Эдэр саас күөгэйэр күннэригэр, «муора тобугунан, халлаан хабарҕатынан» кэмнэргэ, сорох дьоҥҥо «харса суохха суут-сокуон тойон буолбатах, харса суохха харса суох тойон» буолара кистэл буолбатах.   Инбэлиит кэлээскэтигэр олордор даҕаны, бэйэ кыаҕар эрэнэн, хорсун санаанан салайтаран, кэрэни кэрэхсиир, үтүөнү үксэтэр киһини кытта алтыспытым син ыраатта. Бу сыллар тухары киниэхэ төһөлөөх элбэх хаартысканы...