03.12.2023 | 14:00

Урукку оҕолорго майгыннаабаттар, чыҥха атыттар...

Надежда Васильева Психологическай киинэ СӨ Национальнай библиотекатыгар төрөппүттэргэ туһалаах лиэксийэлэри тэрийэр. Бу сырыыга психолог Светлана Федорова “Аныгы оҕолору иитии кыһалҕалара” диэн ийэлэри, аҕалары долгутар тиэмэҕэ сэргэх кэпсэтиини ыыппытын сэҥээрэ иһиттибит.
Урукку оҕолорго майгыннаабаттар, чыҥха атыттар...
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Биир да гаджет тыыннаах киһини, буолаары буолан төрөппүтү солбуйуо суоҕа...

 

Аҕа аптарытыатын түһэрии

Светлана Владимировна ийэлэр аҕа оруолун ылыналлара элбээбитэ кэккэ кыһалҕалары үөскэтэрин тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Аҕа оҕотун мөҕөөрү-этээри, буойаары гыннаҕына, ийэ көмүскэһэн турара, онтон сылтаан дьиэ кэргэҥҥэ иирсээн тахсара – олоххо баар көстүү. Уйулҕа үөрэхтээҕэ ийэ итинник быһыыланан оҕо (чуолаан уол) хараҕар аҕа аптарытыатын түһэрэр диир. “Ийэ оҕотун таптыыра, аһынара сөп. Ол эрээри биһиги эр дьону бэйэбит оннубутугар туруора сатыырбыт сыыһа. Аҕа оҕо иитиитигэр оруола олох атын – кини хонтуруоллааччы буолуохтаах”, – диэн санаалаах кини.

Билигин оҕо аймах үксүн дьахтар эйгэтигэр улаатара кистэл буолбатах. Психолог бу эмиэ үүнэр көлүөнэ инники олоҕор улахан сабыдыаллааҕын бэлиэтиир. Уһуйааҥҥа иитээччи үксэ – дьахтар, оскуолаҕа кылаас салайааччыта – эмиэ дьахтар. Оҕо кыра сааһыттан кэрэ аҥаардар аан дойдуну тутан олороллор диэн санаалаах улаатар.

 

Оҕолору гаджет «иитэр»...

Төрөппүттэр үлэҕэ оройбутунан умса түһэбит. Ити чахчы. Светлана Владимировна: “Урут да төрөппүттэр үлэлииллэрэ. Оннооҕор тыа сирин дьоно күннээҕи түбүктэриттэн быыс булан оҕолоругар болҕомто уураллара, батыһыннара сылдьан үлэҕэ сыһыараллара, үлэнэн иитэллэрэ”, – диир.   

Билигин хайдаҕый? Төрөппүттэр, солото суохтарынан куоһурданан, оҕолоругар планшет, төлөпүөн туттаран кэбиһэллэр. Өссө сорох-сорохтор “саатар эрэ мэһэйдээбэтин” диэх курдуктар.

Экрантан тутулуктаныы – сытыы кыһалҕа. Аныгы кэм оҕото төрөппүтүнээҕэр ордук элбэхтик экраны кытта “бодоруһар”. Уйулҕа үөрэхтээҕэ этэринэн, үүнэр көлүөнэни гаджет “иитэр” буолуоҕуттан төрөппүт оҕотун кытта ситимэ сүтэр, быстар кутталланна. Ол содула – үгүс оҕо, бэл диэтэр, тыа сиригэр төрөөбүт тылынан саҥарбат, кэпсэппэт, уопсайынан, хойут тылланар, сорох дорҕооннору кыайан таһаарбат.

“Кырачаан ис эйгэтэ улахан киһи эрэ көмөтүнэн сайдар, ол эбэтэр оҕо оонньуу, кэпсэтии, алтыһыы нөҥүө аан дойдуну арыйар. Маныаха биир да гаджет тыыннаах киһини, буолаары буолан төрөппүтү солбуйуо суоҕа”, – диир Светлана Владимировна.

Ойор-тэбэр сааһын экран иннигэр атаарар оҕо, биллэн турар, хараҕа мөлтүүр, хамсаммат буолан, сиһин тоноҕоһо токуруйар, уойар. Ону таһынан, психикатыгар улахан охсууну ылар. Көмпүүтэртэн тутулуктаах оҕо күннээҕи олохтон үөрбэт-көппөт, астыммат-дуоһуйбат буолар.

Психолог кэнники сылларга уһуйааҥҥа сылдьар кырачааннар билэ-көрө сатыыр баҕалара, айар дьоҕурдара лаппа намтаабытын бэлиэтээтэ. Оҕо “тоҕочоон” сааһын, ол эбэтэр ыйыталаһар, интэриэһиргиир кэмин мүччү туттахпытына, планшеты доҕор оҥостон, кэлин тугу да билиэн-көрүөн, оскуолаҕа үөрэниэн баҕарбат буолар.

Аныгы оҕолор клиповай өйдөөх-санаалаах буоллулар диэн элбэхтик истэбит. Психолог этэринэн, билиҥҥи оҕо болҕомтотун кыайан түмпэт, уһуннук олорон аахпат, ырыҥалаабат, ол үөрэҕэр олус мэһэйдиир.

 

Улахан иэдээн

Гаджет “иитэр” оҕотун оонньуу, уруһуй, остуоруйа умсугуппат (“скучно” диир), кини тарбаҕынан экраны даҕайарын ордорор. Ол түмүгэр биир саастыылааҕын кытта бодоруһуон баҕарбат, сатаан алтыспат буолан хаалар. Светлана Владимировна этэринэн, бу баар улахан иэдээн.

Оҕолор тиэргэҥҥэ бодоруһуулара сүтэн эрэр. Хамсаныылаах оонньуу оҕону эт-хаан өттүнэн эрэ буолбакка, бодоруһар дьоҕурун сайыннарар. Урукку көлүөнэ ыччат таһырдьа бииргэ оонньоон алтыһа үөрэнэрэ. Күнү-күннээн лапталыыллара, скакалкалыыллара, классиктыыллара, мээчиктииллэрэ. Билигин ол суоҕун кэриэтэ. Оҕолорбутун соҕотохтуу ыытарбытын куттанабыт.

Хомойуох иһин, билиҥҥи көлүөнэ билэрэ эрэ төлөпүөн. Таһырдьа сүүрэ-көтө сылдьар оҕолору көрөрбүт да ахсааннаах.

 

Баҕата уостар, интэриэһэ сүтэр

Светлана Владимировна этэринэн, оҕо 7 сааһыгар диэри аҕа саастаахтары ытыктыырга, улахан дьон сорудаҕын толорорго, эбээһинэстээх буоларга үөрэниэхтээх, онуоха хайҕал диэн тугун билиэхтээх.

Оҕо кыра сааһыттан ыарахаттары туоруу, уустуктары быһаара үөрэнэригэр төрөппүттэр бэйэбит да билбэппитинэн мэһэйдиир эбиппит. Мэлдьи ыксыы сылдьабыт, күүппэккэ, холобур, бэйэбит таҥыннарабыт.

3-4 сааһыгар оҕо дьиэҕэ-уокка көмөлөһөр баҕата күөдьүйэр. Иһит сууйан аамайданнаҕына үксүн “кирдээх”, “сыыһа гынаҕын”, “чааскыны алдьаттыҥ, сөп буолуо” диибит эбэтэр “түргэнник” диэн тиэтэтэбит. Аны астыыбын диэн тылланнаҕына “кыраҕын”, “улааттаххына” диэн буолар. Итинник гынан интэриэстээх эрдэҕинэ үлэҕэ үөрэппэппит. Онтон 13 сааһыгар кэлэн тугу да гыммаккын диэн мөҕө-этэ сатыыбыт. 

Алын сүһүөх кылаас үөрэнээччитэ дьиэҕэ үлэтин бэйэтэ толоруохтаах. “Чэ, мин оҥорон биэриэм, эн уһул”, – диир төрөппүт элбэх. Итинник гынан оҕо баҕатын хам баттыыр эбиппит. 

12 сааһыттан оҕо уларыйар, тус эйгэҕэ наадыйар. Бу кэмтэн кинини кытта дуогабардаһан эрэ биир тылы булар кыахтанабыт.

 

Көҕүлээҥ, хайҕааҥ

Урут-уруккуттан оҕо иитиитигэр “чыпчаххай” уонна “бирээнньик” диэн ньымалар бааллар. Хас биирдии төрөппүт күҥҥэ көрдөрбүт көмүс чыычааҕын олоххо-дьаһахха хайдах үөрэтэрин бэйэтэ эрэ билэр.

“Итини оҥорботоххуна, кинигэ ааҕыаҥ”, – диэн сорох төрөппүттэр оҕолорун куттууллар. Уйулҕа үөрэхтээҕэ бу олох сыыһа, ааҕыыны абааһы көрөр буолар диир.

Светлана Владимировна этэринэн, оҕобут баҕатын учуоттаан, хайҕыыры эмиэ сатыахтаах эбиппит. Ситиһиитин эрэ иһин буолбакка, кыһамньытын иһин эмиэ хайҕыахтаахпыт. Кинини сатаан көҕүлүөхтээхпит. Холобур, киинэҕэ, циркэҕэ, кафеҕа сылдьыахпыт диэн санаатын күүһүрдүөххэ сөп.  Кыра да ситиһиилэннэҕинэ, тэҥҥэ үөрүөхтээхпит. Итиэннэ оҕобутуттан олус элбэҕи ирдиэ суохтаахпыт. Холобур, “4” сыананы ылан үөрэн-көтөн кэллэҕинэ: “Тоҕо “5” буолбатаҕый?” – диэн мыынан, самнаран кэбиһэр сыыһа. Итинник гыннахха үөрэнэр, кыһаллар баҕата уостар.

“Оҕо кыаҕын, уратытын, интэриэһин хайаан да учуоттааҥ. Киһи барыта туйгуннук үөрэммэт. Баҕар, математикаҕа, физикаҕа “3”, оттон атын предметтэргэ “үчүгэй” буоллун, кыһалыннын. Оннооҕор улуу Пушкин математикаҕа быстар мөлтөх этэ”, – диир психолог.

 

Сынньалаҥ уонна дьарыктаах буолуу

“Эмиэ оонньуу олорор!”, “Эмиэ истибэтэ!”, “Төлөпүөҥҥүн уур, уруоккун оҥор”. Бу мөҕүү-этии хас биирдии дьиэҕэ иһиллэр буолуохтаах. Оҕо төрөппүтүн үтүктэр. Ийэ бэйэтэ төлөпүөҥҥэ хам хатанан олорон ону-маны ирдиирэ, боборо сыыһа.

Психолог дьиэ кэргэҥҥэ дофаминовай детокс (гаджеттан аккаастаныы) күннэрин биллэрии олус туһалааҕын бэлиэтээтэ. Бу күн ким да төлөпүөннээбэт, тэлэбиисэр көрбөт.  Быраабыланы кыралыын-улаханныын бары тутуһуохтаахтар. Оҕолортон төлөпүөннэрин былдьаан баран, төрөппүттэр бэйэлэрэ смартфоннарын тута сыталлара сыыһа.  

Аныгы дьон хамсанарбыт аҕыйах. Оҕолор күннэрин үксүн оскуолаҕа атаараллар, онтон кэлэн дьиэҕэ үлэлэрин толороллор, иллэҥ кэмнэригэр төлөпүөн үрдүгэр түһэллэр. Маныаха психолог тугу сүбэлиирий? Дьиэ кэргэнинэн сынньалаҥ, айылҕаҕа тахсыы, спордунан дьарыктаныы эргиччи туһалаах. Оскуола таһынан эбии дьарык хайаан да наада. Билигин куруһуок, сиэксийэ эрэ элбэх. Оҕо биир интэриэстээх саастыылаахтарын кытта алтыһан аралдьыйар, сайдар.

Ыксатымаҥ, ыгымаҥ

Светлана Владимировна этэринэн, билиҥҥи оҕо репетиторга, эбии куурустарга сылдьартан, оскуолаҕа үөрэх бырагыраамата ыараханыттан, олус элбэх сорудахтан сылайар, уостар. Онтон сылтаан үөрэххэ интэриэһэ эмиэ сүтүөн сөп.

Оҕолортон наһаа эрдэ: “Ким буолуоххун баҕараҕын?” – диэн ыйытабыт. “Быһаарына оҕус”, “Хайдах баччааҥҥа диэри билбэккин?” диэн ыксатабыт, ыгабыт, ыххайабыт. Өссө: “БКЭ, ОГЭ кыайан туттарыаҥ суоҕа, муоста сууйааччы буолуоҥ”, – диэн куттуубут. Эбэтэр хайаан да үрдүк үөрэххэ эрэ киириэхтээҕин курдук саныыбыт.

“Оҕону инники идэтин быһаарынарыгар модьуйумаҥ, күһэйимэҥ. Бэйэтэ сөбүлүүрүнэн дьарыктанарыгар кыахта биэриҥ. Ол урут биир идэни ылан баран үйэҥ тухары үлэлиэхтээх этиҥ. Билигин атын үйэ. Биэстии сыл буола-буола атын идэҕэ үөрэниэхпитин сөп буолла”, – диэн кэпсэтиини түмүктээтэ психолог.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...