Уруһуйдьут уустук дьылҕата
Мин тус олохпор улуу суруйааччы, уруһуйдьут Дмитрий Апросимовы кытта билсиһэр айан тосхойон, күн бүгүн кини оҕолорун кытта сибээһи тутабын.
Барахсаттар Дмитрий, Екатерина оҕолоро улаатан, үтүө-мааны дьон буолбуттарын көрөн үөрүө, сиэннэрин көрөн долгуйуо этилэр. Үтүө киһи аата үйэлэргэ умнуллубат диэн этии мээнэҕэ буолбат. Бүгүн, күндү ааҕааччыларбар, Д.Н. Апросимов кыра уолун Андрей Дмитриевич Апросимовы билиһиннэриэм этэ.
Суруйар-бичийэр аатынан биһиги, айар доҕотторо, кинини Андо диэн ааттыыбыт. Андо олус сэмэй, наһаа дьоҕурдаах, талааннаах поэт. Хоһоонноро олус актуальнайдар, дириҥ хорутуулаах тыллардаах, төрөөбүт дойдуга, ийэҕэ, тапталга бэриниилээх хоһоонньут. Олус аһаҕас, элэккэй уонна аҕатын мөссүөнүгэр олус майгылыыр эбит. Онон кинини кытта сэһэргэһиибин таһаарабын.
— Мин 1965 сыллаахха бэс ыйын 14 күнүгэр күөх сайын үгэнигэр Уус Маайа оройуонун Эдьээн нэһилиэгэр төрдүс оҕонон Апросимовтар дьиэ кэргэттэригэр күн сирин көрбүтүм. Амарах аҕам Дмитрий Нестерович ол саҕана оскуолаҕа уруһуйга, черчениеҕа учууталлыыр быһыылааҕа. Күн сирин көрдөрбүт күн күбэй ийэм барахсан Екатерина Филипповна сопхуоска ветеринардыыра. Хомойуом иһин, ийэлээх аҕам кырдьар саастарыгар тиийбэккэ, сиэннэнэр дьолу билбэккэ, биэс уоннарын ааһан баран бу орто дойдуттан күрэммиттэрэ. Алта оҕоттон билигин үс уол хааллыбыт: Александр, Филипп уонна мин. Улахаммыт Александр, кини кэнниттэн сылтан ордук балыс Андрейы биэс саастааҕар Алдан эбэ толук ылбыт (убайынаан тэстибит тыыга олороннор, Александр быыһаммыт, оттон кыра уолу боруу эрийэн ылбыт). Ийэбит суох буолбутун кэнниттэн аны кырабыт, Айтабыт, хомолтотун уйбакка, эмиэ күн сириттэн күрэммитэ. Игирэтин аҥаарын сүтэрэн, Платон олох да сураҕа суох сүппүтэ.
Бэйэм тус олохпор икки уол оҕом ийэтин, тапталлаах кэргэммин хомолтолоохтук сүтэрэн, оҕолорбунаан бэйэбит эрэ туран хаалбыппыт. Ол аймалҕаннаах кэмнэрбэр убайым Александр кэлэн куоракка көһүөххэ диэн этии киллэрэн, кинини кытта оҕолорбунаан көспүппүт. Ити ыар сүтүктээх кэмнэрбэр төрөөбүт сирим, дойдум дьоно олус улахан көмө-тирэх буолбуттара. Тыа сириттэн киэҥ куоракка көһөн тиийэммит убайым аах дьиэ кэргэнин кытта ыаллаһан, оҕолорбут бииргэ бодоруһан улааппыттара. Дьэ оччолорго, олохпор олус ыарахан кэмнэргэ, тус бэйэбин булуна сатаан суол-иис хайынар кэммэр сылдьан, Дьокуускайдааҕы уруһуй училищетыгар эксээмэн туттаран үөрэххэ киирдим. Ити 1999 сыллаахха этэ. Ити сылтан лоп курдук 22 сыл номнуо ааспыт эбит. Ол ыарахан кэммэр өйбөр-санаабар көмө буолбут дьоммор – убайбар Александрга, кини кэргэнигэр Любовь Павловнаҕа улахан махталбын этэбин. Кинилэр миэхэ, оҕолорбор, биһиги хас биирдиибит дьылҕатыгар сырдык сүүрээни киллэрбит күндү дьоммут буолаллар.
Билигин кэргэмминээн Любовь Федоровналыын кини дойдутугар Аммаҕа олоробут. Кэргэним Амма 2 №-дээх оскуолатыгар алын сүһүөх кылаас учуутала. Оҕолорбут номнуо улаатаннар, үлэ-үөрэх дьоно. Уолаттарым иккиэн куоракка олороллор. Николай Андреевич it-технологиянан дьарыктанар, кэргэннээх, икки уол оҕолоох. Кыра уолум Дмитрий Андреевич тутууга үлэлиир. Бэйэм Амматааҕы оҕо искусствотын оскуолатыгар уруһуй салаатын үөрэтэбин.
— Хаһааҥҥыттан уруһуйдуур буолбуккунуй?
— Кыра сылдьан тэтэрээт илииһин бөҕө ойуулаан марайдыырым. Онтон оскуоланы бүтэрэн баран ойуулуурбун тоҕо эрэ тохтото сылдьыбытым. Кэлин 1990 с., кэргэннэнэн баран, уруучуканан аттаах дьону, ох саалаах-батастаах сэрииһиттэри оҥорор этим. Ол сылдьан биирдэ кинигэттэн абу Райхан Беруни диэн илиҥҥи дойду улуу бөлүһүөгүн мэтириэтин булан, хаптаһыҥҥа кумааҕыны килиэйдээн ойуулаабытым. Ол онно бастакы олус үтүө айымньыны оҥорбут курдук санаммытым, кэлин ол үлэбин убайбар Александрга бэлэхтээбитим. Онтон улуус култууратын управлениетын салайааччы Амалия Андреевна Атласова, улуус салалтатын кытта бииргэ үлэлэһэн, Күп нэһилиэгэр эбэҥки суруйааччытын, ойуулааччытын Дмитрий Нестерович Апросимов аатынан литературнай түмэли үөрүүлээхтик арыйбыттара. Амалия Андреевна ити үлэтэ аҕабыт аатын үйэтиппитигэр уолаттара улахан махталлаахпыт.
Арай биир үтүө күн, хачыгааркаҕа оһох буккуйа турдахпына, эдьиийим көтөн түстэ уонна: “Андрей, эн аҕаҥ курдук уруһуйдуур буолуохтааххын, онон эйигин музейга үлэһитинэн ылабын...”, -диэтэ. Сатаан уруһуйдаабаппын диэн аккаастанан көрбүтүм да, истэ барбатаҕа. Онно дириэктэринэн Светлана Степановна Кривошеина этэ, мин методиһынан үлэлээн барбытым. Ол саҕана Саха сирэ бэйэтин көҥүлүн ылан, былыргы төрүттэрбит үгэстэрин үөрэтии-чинчийии, күүскэ киллэрии уонна олоххо туһаныы кэмэ саҕаламмыта. Ол түмэл аһылларыгар улахан үлэ ыытылынна. Арай миэхэ улахан ДВП туттаран кэбистилэр уонна “манна арыынан Алдан эбэ көстүүтүн ойуулаа” диэтилэр. Оччолорго үчүгэй кырааска, киистэ суоҕун кэриэтэ, барытын онтон-мантан хомуйуу буолла. Дьэ, ол бастакы баараҕай айымньыбын өөр да өр ойуулаатым. Билигин үөрэхтээх, идэлээх уруһуйдьут буолан баран санаатахпына, биир нэдиэлэ иһинэн уруһуйдаабыт буолуо эбиппин. Холусталарбар үксүн айылҕа хатыламмат кэрэ көстүүлэрин ойуулуубун. Мин санаабар, уруһуйдьут бу орто дойдуга айыллан кэлбит анала, соруга – туох эрэ үйэлээҕи, суолталааҕы, кэрэни-үтүөнү айан хаалларара буолуо дии саныыбын. Мин аҕам дьоҕурун утумнааммын, кини курдук хоһоон суруйабын, холустаҕа ойуулуубун. Убайым Александр талаҕынан баайыы маастара, Филипп мас ууһа, ити курдук үһүөн илиибитинэн оҥорон таһаарар төрүт дьоҕурдаахпыт. Кыыһым Ангелина эмиэ уруһуйдьут идэтин баһылыы сылдьар.
— Уруһуйга ордук сөбүлүүр тиэмэҥ тугуй?
— Кэлиҥҥи кэмҥэ уруһуйдуур тиэмэбэр мэтириэттэр уонна олоххо буолбут түгэннэр киирэр буоллулар. Тоҕо оннугун билиҥҥитэ билэ иликпин. Тыыннаах айылҕаны ойуулуур ойууһуттар үлэлэрин астына, сөҕө-махтайа көрөбүн. Леонардо да Винчи, Иван Шишкин, Афанасий Осипов, Юрий Спиридонов айымньыларын наһаа дириҥ ис хоһоонноохтор дии саныыбын. Ол эрэн Ван Гог, Клод Моне курдук импрессионистар үлэлэригэр умсугуйабын. Кинилэр айымньылара киһи санаатын оонньотоллор. Ийэбин ойуулуу иликпин, былааҥҥа баар. Аҕабын хаста да дьүһүйбүтүм, акварелынан да, масло да кыраасканан. Инникитин үчүгэй быыстапка туруорбут киһи диэн былааннаахпын, ол хаһан туолуоҕун кэм көрдөрөн иһиэ. Дьиҥинэн, син баһаам үлэ тахсыбыт, олору хомуйуу, түмүү, мунньуу элбэх үлэни-сыраны эрэйэр.
— Эдэр уруһуйдьуттарга тугу этиэҥ этэй?
— Айар үлэ сырдык, киэҥ аартыгар туруммут ойууһуттарга этиэм этэ: биир сиргэ турумаҥ, саҥа санаалары, бу буола турары ойуулуурга кыһаллыҥ. Бэйэҕитин уруһуйдьут быһыытынан көрдөнүҥ, булуҥ уонна табыллыбыт диэбит үлэлэргитин киэҥ эйгэҕэ кэмигэр таһааран иһиҥ. Бэйэҕитигэр эрэллээх буолуҥ, кими да үтүктэ сатаамаҥ, бэйэҕитинэн, бэйэҕит көрүүгүтүнэн сырыттаххытына, барыта табыллан иһиэ!
Ити курдук, тус олоҕор олох уустук охсуутун да ыллар, Андрей Дмитриевич санаатын, баҕатын күүһүнэн олоххо талаһан, киниэхэ түөлбэтин дьоно, чугас аймах дьоно тирэх буоланнар, биһиги билигин Саха сириттэн төрүттээх, Арассыыйа худуоһунньуктарын айар холбоһуктарыгар биир чулуу уруһуйдьут уолланныбыт. Ити ситиһиитинэн Андрей Дмитриевич Апросимовы ис сүрэхтэн эҕэрдэлиибит уонна айар идэтигэр далааһыннаах ситиһиилэри баҕарабыт, кэрэ быыстапкалары күүтэбит!
Ийэҕэ
Түҥ былыр, таас үйэ саҕаттан,
Аал уоппут сылааһын аҕалбыт
Үөрэбит Күн Ийэ баарыттан,
Махтана, эҕэрдэ аныыбыт!
Бу орто үүт тураан дойдуга
Биһиги Ийэттэн төрүүбүт,
Минньигэс үүтүнэн эмсэхтэнэн,
Олохпут аартыгын булабыт!
Ийэбит сүрэҕин сылааһа
Ханнык да дьыбарга ириэрэр,
Уостубат, сырдык уот таптала
Дьулуурдаах буоларга күүс эбэр!
Баҕарыа этибит ийэҕэ
Дьаҥ, ыарыы хаһан да дьайбатын,
Дьиэ кэргэн иһигэр ил-эйэ,
Дьол, таптал кустугун сыдьаайдын!
Оҕо, сиэн аймана чугдааран,
Үөр туллук кэлбитин санаттын,
Ол курдук куорсун анньынан,
Дайдыннар, күөх халлаан устунан!