09.11.2024 | 17:00

Уруһуй уонна наука

Уруһуй уонна наука
Ааптар: Маргарита АКИМОВА
Бөлөххө киир

Дорҕоонунан доҕуһуоллаах хамсыыр хартыынаны көрбүккүт дуо? Өскөтүн көрбүт буоллаххытына – интерактивнай, мультимедийнай быыстапка хайдахтаах курдук киһи дууһатын толорорун билэн эрдэххит.
Иллэҥсийбиччэ, бу тула кэпсэтиэҕиҥ, доҕоттоор!
Москубаҕа Атомнай тиэхиньикэ уонна энергетикэ институтун (МИФИ) бүтэрбит Светлана Иннокентьева физиканы духуобунаһы кытта дьүөрэлээн, бэйэтин көрүүтүн бар дьонугар хартыынанан тириэрдэр ураты дьоҕурдаах.

– «Арассыыйа – мин историям» түмэлгэ турбут быыстапкаҥ үгүс киһи сэҥээриитин ылбытын  ааһан, элбэх киһини олоҕу саҥалыы хараҕынан көрүүгэ, толкуйга тириэртэ диэн иһиттибит. Бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ, баһаалыста.

– Мин Покровскайга улааппытым. Төрөппүттэрим Ньурбаттан, Хаҥаластан, Бүлүүттэн төрүттээхтэр. Атыны, уратыны билиигэ тардыһыым оҕо эрдэхпиттэн күүстээх быһыылаах эбит. Оҕо сылдан худуоһунньук, дизайнер буолуохпун баҕарарбын өйдүүбүн. Ол эрээри физик-ядерщик идэтин баһылаабытым. Айар эйгэҕэ 2017 сылтан чугаһаан барбытым, уруһуй саҥаттан-саҥа  тиэхиньикэлэрин баһылыырга дьулуспутум. Ол  эрээри астыныы, дуоһуйуу иэйиитэ кэлбэт этэ. Санаабар тугу эрэ син биир көрдүүр курдугум.

Киһи олоҕор туох эрэ уларыйыы буолара ханнык эрэ түгэнтэн, түбэлтэттэн саҕаланар диэни хайдах ылынаҕын?

– Ол чахчы. Ыал буолан баран өр кэмҥэ кыайан оҕоломмотохпут. Тохсус сылбытыгар дьэ күүтүүлээх оҕобутун күн сирин көрдөрөммүт, ийэ, аҕа буолар дьолу билбиппит. 2020 сылга үгүс киһини, ыалы хаарыйан ааспыт хамсык ыарыыта миигин эмиэ тумнубатаҕа, өлөр-тиллэр диэн тугун бэйэбинэн аһарбытым. Киһи маннык уустук кэми кытта сирэй көрүстэҕинэ эрэ ити туругу өйдүүрэ буолуо дии саныыбын.  Бу  кэмҥэ,  этэллэрин  курдук,  миэхэ «арыллыы» саҕаламмыта. Олоҕуҥ «урут»  уонна  «кэлэр»  диэн  кэмҥэ арахсар. Киһи бэйэтин сүтэрэн кэбиһэр буолар эбит. Төрүт саҥа өй-санаа түмүгэр уруккунан олоруоххун баҕарбаккын, саҥаны ылынаргар эмиэ  куттал  баар буолар. Бу маннык кэмнэрбэр аттыбар кэргэним, төрөппүттэрим баар буоланнар,  бэйэбин сааһыламмытым. Бэйэм  курдук дьону көрсөммүн, саҥа  доҕоттордонон, саҥалыы турукпун, кыахпын, күүспүн махталынан ылынан киирэн барбытым. Уонна уруһуйбар ис турукпар сөптөөх хайысхабын туппутум. Бу уруһуйдуурбун  нууччалыы «потоковое рисование» диэн ааттаабытым.

Бу уларыйыым кэннэ уруһуйдарым дириҥ, киэҥ ис хоһоонноохторун  өйдөөбүтүм. Бииртэн – биир, саҥаттан саҥа билии кэлэр этэ. Киһи өйө наһаа киитэрэй диэххэ дуу, хайдах дуу... Наар эрдэттэн билиэн баҕарар, туох сатаныан, сатанымыан. Оттон бэйэҕэ эрэнэн, бэринэн, туох тахсарынан оҥоруу, бу түгэҥҥэ тугунан тыынаргын таһаарыы – дьиҥнээх айар кэм. Ис туруккун  иһиттэххинэ,  киниэхэ эрэннэххинэ, итэҕэйдэххинэ, дьиҥнээхтик дьиҥ бэйэҕин тутан ылар түгэҥҥиниин көрсөҕүн. Бу буолар эбит айар кутуҥ.

Онон, кырдьык, киһи ууну-уоту ортотунан аастаҕына, олоҕор улахан уларыйыы эбэтэр атын кэрдиис кэм саҕаланар эбит диэххэ сөп.

Света, хартыыналарыҥ туһунан көрүүлэргин үллэстэ түс эрэ.

– Эппитим курдук, идэбинэн физикпын. Биһиги бары сирдээҕи дьоммут. Физика сокуона – айылҕа сокуона. Көстүбэт эйгэ баар. Ону бары араастаан ылынабыт, холобура, «астрал» диибит. Уонна өйбүтүгэр бу эйгэни кытта дьайсыы оҥоробут. Ол эрээри мин, холобура, эзотерика, ойууннааһын даҕаны  буоллун, туохха тирэҕирэллэрин өйдүөхпүн баҕарар этим. Оттон физиканы духуобунаһы кытта холбоотоххо, оруобуна тахсан кэлэр. Мин санаабар, киһи төбөтүгэр кэлбит санааларын орто дойду олоҕор оҥоруохтаах, оччоҕуна кини «человек гармония» буолар. Оттон мин төбөбөр кэлэр санаалары тылбынан буолбакка, хартыынанан таһаарабын. Сирдээҕиттэн саҕалаан, итэҕэл, космос, квантовай физика хайысхаларынан.

– «Арай бу хартыыналар хамсыыр буоллуннар?» диэн кэпсэтииттэн саҕыллыбыт бырайыак туһунан сэһэргээ.

– Биир күн дьүөгэм Галя «Арай эн хартыыналарыҥ хамсыыр буоллуннар?» диэбитэ сүрэҕим ортотунан сайа охсон киирдэ. Ыра санаа баар буолбута. Иккиэн харахпытыгар хамсыыр хартыыналары ойуулаан көрбүппүт. Өссө  муусуканан доҕуһуоллуохха диэн эбии санаа баар буолбута. Оччолорго уон эрэ хартыыналаах этим. Ол гынан баран бу ыра санааны олоххо киллэрэргэ бастакы хардыылары оҥорбутунан барбыппыт. Мультимедийнэй быыстапка биһиги куораппытыгар ханна туруон сөбүн билсииттэн саҕалаабыппыт.

Түмүгэр быыстапкабыт куораппыт биир саамай улахан «Арассыыйа – мин историям» түмэлигэр дьиҥнээх норуот бырайыагын быһыытынан турбута.

Уопсайа 45 хартыынаны 13 саалаҕа көрдөрбүппүт. Хас биирдии саала уота-күөһэ, доҕуһуола, киэргэтиитэ тус-туһунан. Түмэл исписэлиистэрин көмөлөрүнэн хартыыналарбытын хамсаппыппыт. Хамсыыр, эбиитин уот-күөс, муусука  доҕуһуоллаах хартыына көрөөччүгэ ордук тиийимтиэ, өйдөнүмтүө буолар эбит. Оннооҕор алта-аҕыс саастаах оҕолор «мин маны барытын билэбин» дииллэрэ сөхтөрбүтэ. Көрөөччүгэ ордук өйдөнүмтүө буоларын туһугар планшекка хартыына ис хоһоонун, тиэмэтин эбии суруйбуппут.

Бу бырайыак олоххо киириитигэр өйөбүл буолбут «Саха-Азия оҕолоро» пуонда салайааччыта М.П. Сивцевка уонна «Арассыыйа – мин историям» мультимедийнэй паарка дириэктэрэ Д.И. Соловьевка о.д.а. түгэнинэн туһанан махталбын тиэрдэбин.

Көрөөччү махтала айар үлэһити кынаттыырын биллим. Онон бэйэбэр өссө  күүскэ итэҕэйэммин, былаан элбэх. СӨ тас дойдуну кытта сибээскэ министиэристибэтиниин  ыкса үлэлэһэбит, английскайдыы, кытайдыы тылбаастаан, тас дойдуга тахсыы, сайт оҥоруу курдук үлэ барар. Элбэх киһи көрдөһүүтүнэн онлайн быыстапка бэлэмниибит.

Соторутааҕыта Ю.Г. Шафер аатынан космофизическэй чинчийиилэр уонна аэрономия институтугар аспирантураҕа киирдим. Квантовай физиканы уруккаттан даҕаны интэриэһиргиирим. Бу нөҥүө элбэх ыйытыыга хоруй ылыахха сөп дии саныыбын. Бастакы дипломнаах идэбэр олоҕуран, салгыы бу хайысхаҕа өссө дириҥник, киэҥник үлэлэһиэхпин баҕарабын.

Света, аҕыйах кэминэн физика уонна духуобунас дьүөрэлэһиилэрин туһунан эйигиттэн өссө да истиэхпит диэн эрэнэбит.

 

Хаартыскалар: дьоруой тус архыыбыттан.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....