Уопуттаах оҕуруотчуттар сүбэлииллэр
Үөн-көйүүр нашатырнай испиир сытын сөбүлээбэт, тыына хаайтарар. Сатабыллаах хаһаайкалар, уопуттаах оҕуруотчуттар ону бэркэ билэллэр, быыкаа өстөөхтөрү аммиагынан кыайаллар.
Суурадаһыны туттуох эрэ иннинэ бэлэмниир ордук. Эрдэ оҥорон уурдахха, аммиак паар буолан көтөр, онон туһалыа суоҕун сөп. Аны олус элбэҕи бэлэмнээн баран, ситэри туһаммакка, “чэ, сарсын ыстарыам” диир сатаммат. Оннооҕор биир чаас турдаҕына, туһатын сүтэрэр дииллэр.
Сотору кэминэн оҕуруот үлэтэ саҕаланыаҕа. Онон бу сүбэлэри кырынан ылыҥ!
Кирээдэ «олохтоохторун» куттуур
Уопуттаах оҕуруотчуттар медведка диэн үөнү түргэнник үүрэр ньыманы кыайа-хото тутталлар эбит. Ол ыҥырыыта суох “ыалдьыт” нашатырнай испиир сытын сөбүлээбэт буолан, кирээдэни ырааҕынан тумнар үһү. Аммиак суурадаһынын ууга (1:2 эбэтэр 1:3) суурайаҕыт уонна өрбөҕү инчэтэн, үөн сылдьар сирдэригэр уурталааҥ. Медведка тута куотуоҕа, ол эрээри аммиак көттөҕүнэ, син биир төннүөҕэ. Онон субу-субу куттуур ордук диэн суруйаллар.
Кымырдаҕаһы кыйдыыр
Дьиҥэр, кымырдаҕас үгүс үүнээйигэ уонна маска туох да буортута суох, ол эрээри өтүөнэни (тля) таһар. Ол иһин суох оҥорор ордук. Бастаан даачаҕытыгар (тиэргэҥҥитигэр) баар кымырдаҕас уйаларын булуҥ. 10 лиитирэ ууга 100 мл нашатырнай испиири (төһө элбэх уйа баарыттан көрөн оҥоруҥ) булкуйуҥ уонна кэрийэ сылдьан уйаларыгар кутуҥ.
Бу суурадаһынынан дьиэҕэ үөскүүр кымырдаҕастары эмиэ кыйдыахха сөп. Муостаҕытын уонна плинтустаргытын сотуҥ. Хараххытын уонна тыынар уоргаҥҥытын харыстааҥ. Хайаан да түннүгү, ааны аһан дьиэҕитин салгылатыҥ. Аммиак сыта чаас аҥаарынан ааһыаҕа, ол эрээри быыкаа кымырдаҕастары син биир куоттарыаҕа.
Астаах мастарга өтүөнэ (тля) үөскээтэҕинэ
Биир биэдэрэ ууга 1 ост.нь. нашатырнай испиири уонна хаһаайыстыбаннай мыыланы түөркэлээн кутуҥ. Үчүгэйдик суураллыар диэри булкуйуҥ. Киэһэ эбэтэр былыттаах күҥҥэ ыстарар ордук. Мас сэбирдэхтэригэр уонна лабааларыгар хаалбыт суурадаһын кымырдаҕастары куоттарыаҕа. Олор – маска уонна сэппэрээккэ өтүөнэни таһааччылар.
Моркуоп сахсырҕатын үүрэр
10 лиитирэ ууга 2,5 мл нашатырнай испиири суурайыҥ уонна тута кирээккэлэргэ кутуҥ. Төһө кыалларынан биир да үүнээйини арыылаан хаалларбат буола сатааҥ. Маннык обработканы икки нэдиэлэҕэ биирдэ оҥоруоххутун сөп. Дуозатын элбэппэт ордук. Арай сахсырҕа олох наһаалаатаҕына, 10 лиитирэ ууга 5 мл нашатырнай испиири эбэн кутуоххутун сөп. Туһалаабатаҕына, анал препараты атыылаһарга күһэллэҕит.
Личинкэ өстөөҕө
Проволочник диэн ааттаах личинкэ биэрэс уонна помидор арассаадата кытаата илик силиһигэр кутталлаах. Ол иһин бу ньыманы тэпилииссэҕэ көһөрөр кэмҥэ туһаныҥ диэн сүбэлииллэр. Суурадаһыны оҥорорго наада: 10 лиитирэ ууга 10 мл аммоний моногидратын кутуҥ уонна 30 мүн. туруоруҥ. Тоҕо диэтэххэ аммиага көтө түһүөхтээх. Онтон биирдэ үүнээйи силиһигэр кутаҕыт.
Клубниканы быыһыыр
Уһун тумуһу (долгоносик) куоттарар сүбэни туһаныҥ. 10 лиитирэ ууга 2 ост.нь. нашатырнай испиири булкуйуҥ. Бу суурадаһынынан кирээдэни саас эрдэ, өстөөхтөр төлөһүйэ иликтэринэ ыстарар ордук. Клубника сибэккилэнэр кэмигэр туттар табыллыбат.