19.01.2024 | 12:00

Уопсастыбаннай тырааныспар — норуот хонтуруолугар

Телеграмҥа “Автобусы Якутск” (t.me/bus_ykt) норуот бөлөҕөр 5500 тыһыынча киһи олорор. Манна нэһилиэнньэни долгутар тыын боппуруос – уопсастыбаннай тырааныспар тула кэпсэтии барар. Итиннэ сыһыаннаах иһитиннэриилэри, биллэриилэри, үҥсүүлэри, санаалары булан ааҕыахха сөп.
Уопсастыбаннай тырааныспар —  норуот хонтуруолугар
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Администратор “биир сомоҕо буоллахпытына эрэ биһигини истиэхтэрэ” диэн суруйар. “Туохтан да куттанымаҥ, сокуону кэспэппит. Биһиги пассажирдары тиэйии иһин төлүүбүт, онон кинилэр биһиэхэ үлэлииллэр! Сотору атын эйгэлэри эмиэ хабыахпыт! Барыта норуот хонтуруолугар буолуоҕа, саҥарбакка олорон, тулуйан бүтүөххэ!” – диэн ыҥырыылаах. 

Дьэ, эрэ, куорат олоҕор төһө туһалаах бөлөх эбитий? Барыта кураанах куолу, үҥсүү, этиһии эрэ дуу, оруннаах, ыллыктаах этии баар дуу?

Сыана уонна хаачыстыба...

Бырайыас сыаната үрдүө дуу, оннунан хаалыа дуу? Бу боппуруос сыл аайы Саҥа дьыл иннинэ күөрэйэр. Чааһынай тиэйээччилэр уу харчынан төлөбүр 50 солк. диэри үрдүүрүн туруорсаллар. Ол туһунан куорат баһылыга 2023 сылы түмүктүүр пресс-конференциятыгар иһитиннэрбитин суруйан турабыт.

Дьэ, доҕор, бу тиэмэ тула кэпсэтиигэ норуот биир кэм “оргуйан” олорор. Онтон аҕыйах этиини талан, тылбаастаан таһаарабыт.

Олег:

– Мин 50-60-70 солкуобайы төлүүргэ бэлэммин. Баҕар, кирдээх, тымныы да буоллуннар (оптуобус иһигэр арыый сылаас ини), ол эрээри оптуобустар эрэ сырыттыннар. Суоппардар – дьон, кинилэр эмиэ дьиэ кэргэттэрин аһатыахтарын, судаарыстыба хааһынатын толоруохтарын, нолуок төлүөхтэрин наада. Сылдьар арыттара “имигэс”, ол эбэтэр суукка ханнык кэмигэр сылдьалларыттан тутулуктаах буоллун ээ. Онно эбии түүн 23.00 ч. сарсыарда 06.00 ч. диэри түүҥҥү рейстэр чааска биирдэ айаннаатыннар. Ол эрээри, мин санаабар, оптуобус барыта куорат бүддьүөтүгэр көһө илигинэ кыһалҕа кыайан быһаарыллыа суоҕа. Оччоҕуна биирдэ интервал, төлөбүр, оптуобустан атын оптуобуска босхо олорсуу (пересадка), нуормалаах график, түүҥҥү рейс, маршрут туһунан кэпсэтиэххэ сөп. 

Ольга Копырина:

– Оптуобустар кирдээхтэр, кыһын салоннара тымныы, таһырдьа да, оптуобуска да олорор син биир курдук. Сылаас оптуобуска биирдэ эмит түбэһэҕин. Өр айанныыр буоллаххына, ону ордук билэҕин. Оттон сайын ип-итии, сыт-сымар амырыын, олорор сирдэрэ сыа-арыы, кип-кирдээх, олох хомуйбаттар, сууйбаттар-соппоттор. Киһи сиргэнэн тутуһуон да баҕарбат.

Сыана – хаачыстыба эппиэттэспэт. Норуоту туһанан, барыһырар эрэ санаалаахтар. Бастаан өҥөнү оҥорор хаачыстыба тупсуохтаах. 40 солк. диэн сөп, онтон 10 солк. үрдүүрэ элбэх. Ол оптуобустар үлэлэригэр хайдах да дьайыа суоҕа, хайдах күүппүппүт курдук күүтэн туруохпут. 

Павлова Наталья:

– Оптуобустар санитарнай туруктара нуормаҕа эппиэттээбэт, суоппардар үксүн сатаан ыыппаттар, салоннарыгар табахтыыллар. Соторутааҕыта биир соччото суох быһыыны-майгыны көрдүм. Суоппар оскуола оҕотун хаайан турбута, пассажирдар айдаарбыттарыгар, нэһиилэ таһаарбыта. Эмиэ ити оптуобуска дьахтар охтон түспүтэ, муостата олус халтараан этэ, эбиитин суоппар эмискэ туормастаабыта. Өҥө нуормаҕа хоруйдаабат буоллаҕына, сыана тоҕо үрдүөхтээҕий? Утарабын, өссө төгүл утарабын! Бу 15-с нүөмэрдээх оптуобус туһунан суруйдум.

Константин:

– Туох баар каартаны, проездной билиэти суох оҥоруохха. Төлөбүр уу харчынан эрэ буоллун. Баҕар, оччоҕуна үлэ тупсуоҕа. Онто да суох оптуобуска адаҕа элбэх. 

«Куобахтар» дуу, уоруйахтар дуу?

Наталья:

– Бүгүн оптуобуска икки мөкү түгэни көрдүм. Икки дьахтар бырайыас төлөөбөккө тахсан бара турда. Нуорка саҕынньахтаахтар, уостара кырааска бөҕө уонна... төлөөбөккө ойдулар. Хайдах итинник буолуохха сөбүй. Холобур, маҕаһыынтан ылбыт табааргын төлөөбөккө таҕыстаххына, уоруйах буолаҕын. Оптуобуска эмиэ оннук. Ким бырайыаһын төлөөбөт – ол уоруйах. 

 

Холуннарыы буолбатах...

Кэтээн көрдөххө, оптуобус суоппардарын туһунан тиэмэҕэ ордук киэҥ кэпсэтии тахсар. Болҕомтолоох айанньыттар оптуобустар судаарыстыбаннай нүөмэрдэрин кытта ыйан суруйаллар эбит.

Сорох суоппардар тохтобуллары көтүтэллэр, ааһа бара тураллар диэн үҥсүү үгүс. Кэлин ааннарын арыйбаттар, инники аанынан киирээри үтүрүһүү буолабыт, бачча тымныыга дьон тахсарын-киирэрин кэтэһэн турабыт диэччи да аҕыйаҕа суох. Аны сорох оптуобустарга тохтобуллары биллэрбэттэрэ эбэтэр сорохтор иһитиннэрэр-биллэрэр тэриллэрэ үчүгэйдик иһиллибэтэ олоххо баар, оруна суох холуннарыы буолбатах. Бачча тымныыга, тумаҥҥа, хараҥаҕа куораты биэс тарбаҕын курдук билэр киһи да балыйтарыан сөп. Оттон мөлтөхтүк көрөр, куһаҕаннык истэр дьон эбэтэр киин куоракка сыл баһыгар-атаҕар кэлэр куоратчыттар муналлара-тэнэллэрэ ханна барыай. Аны сыыдамнык сылдьалларыттан ааспыт аҕам саастаахтары санааҥ. Кыра оҕолорун көтөхпүт ийэлэри... 

 

Маһы тиэйэр курдук сылдьымаҥ!

Нина:

Оптуобус суоппардара! Баһаалыста, салоҥҥа табахтаамаҥ! Буолаары буолан билигин, түннүк барыта ыга сабыллан турдаҕына... Эһиги нэһилиэнньэҕэ өҥө оҥороҕут, биһиги ортобутугар оҕолор, кырдьаҕастар бааллар. Киһи барыта табахтаабат, буруотуттан бопторор дьон баар буолуохтарын сөп, сорохтор астмалаахтар, онтон да атын ыарыылаахтар. Ол эрээри аараттан “пассивнай” табахсыт буоларга күһэллэллэр, ол иһигэр оҕолор эмиэ! Уопсастыбаннай сиргэ табахтыыры бобор сокуон тахсыбыта ыраатта, оптуобус – уопсастыбаннай сир! Тиһэх тохтобулга тиийиҥ уонна таһырдьа тахсан наҕылыччы табахтааҥ ээ. Тоҕо 1 чаас тулуйа түһүө суохха сөбүй... Пассажирдар тоҕо табах дьаатын сиэхтээхтэрий? Эбэтэр суоппары хаартыскаҕа түһэрэн, оптуобуһун нүөмэрин ыйан туран Роспотребнадзорга суруйуохтаахпыт дуу?  

Наталья:

– Иллэрээ күн 35-с оптуобуска олорсубутум. Суоппар маһы тиэйэн иһэр курдук айаннаабыта, тахсар ааҥҥа баран иһэн, иккитэ охто сыспытым. Куоталаһаллар дуу эбэтэр бириэмэтин ситэ сатыыр дуу. Бааһынай ырыынагар өр да өр турбута, онтон эмискэ сүүрдүбүтэ. 

Эрэйэрбит элбэх... Оттон үлэлиир усулуобуйа баар дуо?

Сорох арыычча махталлаах соҕус айанньыттар бэйэлэрин эрэ иннилэрин көрүммэккэ, суоппардары көмүскэһэллэр. Хас биирдии тиһэх тохтобулга суоппардарга туалет уонна табахтыыр, аһыыр, сынньанан ылар вагончик баар буоларын туруорсаллар.

Светлана Тихонова:

– Суоппардар, өһүргэнимэҥ. Биһиги оптуобуска олорустубут да, пассажир буолабыт уонна икки өрүттээх сөбүлэҥҥэ киирэбит. Биһиги өҥөҕүтүн атыылаһан ылабыт, оттон эһиги ол өҥөнү оҥороҕут. Онон бүттэ! Биллэн турар, хас биирдиибит эбээһинэһин үчүгэйдик толоруохтаах. Ол эрээри суоппарга ирдэбил быдан кытаанах. Тоҕо диэтэххэ кини – үлэлиир миэстэтигэр. Ол иһин эрэйэрбит элбэх.

Мин ыйытыылаахпын: тиһэх тохтобулларга туалет суох, суоппардарга диэн саатар быыкаа вагончик көрүллүбэт. Манна ким эппиэттиэхтээҕий? Усулуобуйа баар буолуохтаах ини. Онто да суох биһиэхэ ыарахан. Күн-дьыл туруга, суол-иис мөлтөҕө, “пробка”, эбиитин пассажир эрэ барыта эйэҕэс, сайаҕас буолбат.

 

Кураанаҕы кууһар куттал баар...

Сорох түгэҥҥэ оптуобус ханна айаннаан иһэрэ, хас мүнүүтэнэн кэлэрэ – улахан таабырын. “Умный транспорт” (туох да диэбит иһин, абыраллаах ээ) сыһыарыыга аҥаардастыы эрэнэн, хойутуур, хаалар, кураанаҕы кууһар куттал баар. Холобур, оптуобус аҕыйах хардыылаах сиргэ эбэтэр олох даҕаны субу иннигэр хорос гыммытын эрэ кэннэ “кэллэ” диэн биллэриэн, ууга-уокка түһэриэн сөп. Навигатордара үчүгэйдик үлэлээбэт дуу, сибээстэрэ мөлтөх дуу, хайдах дуу...

Биир киһи үҥсүүтэ маннык: “Сорох суоппардар тоҕо эрэ оннук гыналлар, тоҕотун билбэтим, үксүн 5-с уонна 19-с нүөмэрдээх оптуобустар суоппардара. Ханна иһэллэрэ “УТ” көстүбэт эрээри, биир-икки мүнүүтэнэн тиийэн кэлэллэр...”

https://t.me/mtsuykt телеграм ханаал (Муниципальный центр управления г.Якутск) хоруйа: “Киин диспетчерскэй сулууспа иһитиннэриитинэн, оптуобустар салоннарыгар тиэхиньикэ моһуогуран, навигатордара үчүгэйдик үлэлээбэт (сбой) буолан хаалар. Ол утары туоратыллан иһэр, барыта хонтуруолга ылыллар. Маны таһынан, навигатордар үлэлэрэ сибээс хайдаҕыттан (станциялартан) быһаччы тутулуктаах, хомойуох иһин, итинник быһыы-майгы тахсар диэн иһитиннэрэбит”. 

Улуу мөккүөр: ким буруйдааҕый?

Бу эмиэ сытыы кыһалҕа. Валидатор (төлөбүрү ылар электроннай тэрил – Аапт.) алдьанан, айаннаан иһэн аара суолга тахсарга күһэллибит (үүрүллүбүт дуу?) дьон баар буолуохтааххыт. Биирдэ эмит: “Эрэйдээх да тэрил!” – диэн мөҕүтүннэххит. Маннык түгэҥҥэ ким буруйдааҕый? Валидатора алдьанан, уу харчынан төлөбүрү ирдиир суоппар дуу, төлөөбөккө тахса сатыыр пассажир дуу? Дьэ, ити ыйытыы норуот бөлөҕүн, этэргэ дылы, “хайа тардыбыт”, улуу мөккүөрү, араллааны таһаарбыт.

Галина:

– Ол аата валидатор үлэлээбэтэ суоппарга барыстаах буоллаҕа. Бары 40 солк. уу харчынан төлөөтөхтөрүнэ. Дьиҥэр, суоппар кыһалҕата ини. Чэпчэтиинэн туһанар араҥа тоҕо 40 солк. төлүөхтээҕий. Холобур, мин проездной билиэттээх да буоллахпына, тоҕо 40 солк. төлүөхтээхпиний?      

Аата суох (аватыгар кутуйах ойуулаах):

– Ити баан валидатордара. Ол суоппар кыһалҕата үһү дуо? Туруоруҥ диэн күһэйдэхтэрэ дии. Өскөтүн хас биирдии суоппар үлэлээбэт валидатор туһуттан линияттан тахсан бардаҕына, бары да ырааппат инибит.

Үгүстэр айаххытыттан күүгэн тахсыар диэри дьон уу харчыны тута сылдьыбат диэн хаһыытыыгыт. 21-с үйэҕэ бары каартанан төлөһөбүт диигит. Оттон маҕаһыынныырга харчы көстөр. Ол аата оптуобуска эрэ киирэн харчыта суох буолан хаалаҕыт дуо? Хайдах оннугуй?

Сыл аайы валидатор кыһалҕата. Боппуруос быһаарыллара көстүбэт. Ол аайы суоппардар буруйдаах буолаллар. Иккиһинэн, төлөбүр каартанан эрэ диэн ханна суруллан турарый? Ама, уу харчынан ылбат буолбуттара дуо? Социальнай бырайыастаах, билиэттээх дьону өйдүүбүн. Атыттар төлөөмөөрү айдааралларын ылыммаппын.

Тохтобул аайы – биллэриилэри, ыйынньыктары

Оптуобус тохтобулларын туһунан кэпсэтиигэ үксүн таблолар үлэлээбэттэрин, сорох сылаас тохтобуллар кирдээхтэрин, куһаҕан сыттаахтарын үҥсэллэр.

Биир олус сөптөөх этии баар:

– Оптуобус тохтобулларыгар маршрут уларыйбытын туһунан биллэриилэри ыйыахха диэн этиилээхпин. Оннооҕор ханнык оптуобус сылдьара да ыйыллыбат, эгэ кэлэн сылаас павильоннар эбэтэр табло баар буолуо дуо. Онон тоҥо-тоҥо күүтэргэр, төлөпүөҥҥэр сыһыарыыны кэтииргэр эрэ тиийэҕин. Ону да билигин олус тымныы буолан, онно баар иһитиннэрии сөп түбэһиэ суоҕун эмиэ сөп. Холобур, 8-с маршрут уһуллубутун туһунан киһи барыта билбэт эбит. Бүгүн Петр Алексеев уулуссатыгар дьон ол оптуобуһу күүтэ тураллар этэ, хайыы үйэ суох оптуобуһу... Онно эрэ буолбатах диэн сэрэйиллэр. Боростуой табличка даҕаны көмөлөһүө этэ.

 

Түмүк оннугар...

Бу матырыйаал киин куоракка уопсастыбаннай тырааныспар үлэтэ тупсарын, норуот санаата иһиллэрин туһугар сурулунна. Суоппар үлэтин суолтатын түһэрэр, холуннарар хобдох санаанан салайтарбатыбыт. Олоххо баары көрдөрөргө дьулустубут.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....