22.02.2022 | 19:00

Уолу/кыыһы арааран иитэрбит сөп дуо?

Уолу/кыыһы арааран иитэрбит сөп дуо?
Ааптар: Розалия ТОМСКАЯ
Бөлөххө киир

Уолу/кыыһы арааран иитии тиэмэтэ уопсастыбаҕа киэҥник ырытыллар. Дьахтар уонна эр киһи хайдах буолуохтаахтарын оҕоҕо кыра эрдэҕиттэн өйдөтүөхтээхпит диэн экспертэр суруйаллар.

 

Гендернэй иитиини пропагандалааччылар туох дииллэрий?

Кинилэр уолаттар уонна кыргыттар мэйиилэрэ атын-атыннык үлэлиир диэн суруйаллар. Ол аата олоҕу сыаналыыллара атыннык сайдар, ол иһин тус-тупса иитии ирдэнэр дииллэр. Оҕо нейроннай сибээстэрэ өссө ситэ илик буоланнар, кинилэри хайдах иитэрбититтэн сайдыылара тутулуктаах диэн санаалаахтар.

Уолаттарга тугу тиэрдиэхтээхпитий? Кини көмүскээччи, булааччы-талааччы буоларын, сыалы-соругу ситиһэргэ дьулуур наадатын, ыарахаттары туоруурга күүстээх буоларга үөрэтиэхтээхпит. Дьиэ иһигэр киһи барыта бэйэтэ эбээһинэстээх. Уол уһуннук айгыстыбат, былааннаммыты толорон иһэр.

Эр киһини эр киһи эрэ иитэн таһаарар. Чиэс, дойду, дьиэ кэргэн иннигэр ытык иэс, эппиэтинэс, эппит тылга эҥкилэ суох туруу өйдөбүллэрин аҕа эрэ уолугар иҥэрэр.

Кыыска ийэ ордук чугас. Кини кэрэ эйгэтигэр улаатыахтаах, наҕыллык-намыыннык сайдыахтаах.

Уолу/кыыһы арааран иитиини утарааччылар туох дииллэрий?

Иитиини уопсайынан утарар дьон бааллар. Ол аата оҕо көҥүл буолуохтаах, ким да киниэхэ ханнык да сыаннастары долоҕойугар тоҥсуйан киллэриэ суохтаах. Хас биирдии оҕо тус-туһунан сайдыылаах, ол сайдыытын тэтимэ эмиэ атын-атын – ким эрэ эрдэ сайдар, ким эрэ – бытааннык. Ону шаблоҥҥа, биир кэлимсэҕэ киллэрэ сатаан оҕону тоһутар, кум-хам тутар наадата суох.

Маныаха саамай муударай быһыыланыы – оҕону сайдар суолун устатын тухары өйүөххэ, бэйэбит идеяларбытын соҥнообокко, бэйэтин суолунан барарын салайан эрэ биэриэххэ дииллэр.

Оҕону киһи иэйиитинэн, өтө көрөр күүһүнэн, тапталынан иитиэхтээх. Оҕо туох буолан тахсыан баҕарарбытын буолбакка, кини тугу баҕарарын билиэхтээхпит.

 

Анатолий Бурнашев – Саха сиригэр гендернэй иитиини саҕалааччы, “Сахат” уонна “Аман” уолу/кыыһы арааран үөрэтэр оскуолалары, сахалыы гендернэй уһуйааны төрүттээччи:

 – Уолу-кыыһы арааран иитиини кэргэмминээн 2012 сыллаахха саҕалаабыппыт. Бастаан уһуйаан, салҕыы оскуола арыйбыппыт. Оскуолабытыгар биһиги уһуйааммытыгар сылдьыбыт оҕолору таһынан тастан киирээччилэр эмиэ бааллар.

Манна биири быһаарыахпын наада – биһиги бу гендернэй иитиини төрөппүттэр баҕаларынан арыйбыппыт. Ол билиҥҥи иитэр-үөрэтэр систиэмэ мөлтөөбүтүттэн буолбатах, эбэтэр барытын тосту-туора уларытар баламат санааттан эмиэ буолбатах. Санааларынан сиппит-хоппут төрөппүттэр гендернэй иитиини сэргииллэр. Ийэлэр, аҕалар баҕарар буоланнар, тэрилтэлэрбит үлэлии тураллар.

Уопсайынан, Арассыыйаны ылар буоллахха, билигин дойдубут үрдүнэн 500-тэн тахса гендернэй иитиилээх оскуола үлэлии турар. Ыраахтааҕы Николай II саҕаттан кыргыттары уолаттартан арааран үөрэтэллэр этэ. Ол инниттэн даҕаны бу көстүү киэҥник тарҕанан турар.

Айылҕа хара маҥнайгыттан киһини “дьахтар”уонна “эр киһи” гына айан таһаарбыт. Тоҕо эрэ бэйэтэ-бэйэтиттэн төрүү-ууһуу сылдьар, үөскээн иһэр кыыһа/уола биллибэт харамайы айан таһаарбатах. Киһини соҕотохтуу тыыннаах сылдьар гына айан таһаарыан сөп этэ. Онон айылҕабытынан тус-туспабыт диибин.

 

Евгений Захаров – элбэх оҕолоох аҕа, Дьокуускай олохтооҕо:

– Мин иккис оҕом уһуйааҥҥа гендернэй бөлөххө түбэһэн сылдьар. Бастаан кыыһым кыргыттартан эрэ турар бөлөххө сылдьыбыта, онтон кыра уолум гендернэй бөлөххө барда. Бу иннинэ улахан уолум көннөрү бөлөххө иитиллибитэ. Ол иһин тэҥнээн көрөр кыахтаах эбиппин.

Биһиги дьиэ кэргэнтэн бастакынан гендернэйгэ сылдьыбыт оҕом бөлөҕөр кыыс оҕону сайыннарыыга ордук болҕомто ууруллар этэ диир кыаҕым суох. Уһуйаантан оскуолаҕа уол да, кыыс да элбэх кылааһыгар бардаҕа дии. Онно адаптациятын барарыгар эҥин туох да ыарахаттары көрсүбэтэхпит. Оҕо туохха баҕарар түргэнник киирэр, үөрэнэр эбит.

Оттон кыра уолум сылдьар бөлөҕөр аҥаардас уолаттар эрэ бааллар, иитээччилэрэ син биир дьахтар аймах, эр киһи эйгэтэ сатаан тэриллибэт. Уолаттар бөлөхтөрүгэр эр дьон иитээччилэр бааллара буоллар, эйгэтэ тэриллэр диэхпитин сөп этэ. Холобур, аҕата суох соҕотох ийэ уолаттарыгар туһалаах иитии буолуо этэ.

Туораттан көрдөххө, уолаттар бөлөхтөрө өрө биэрэ сылдьар энергетикалаах, айдааннаах-куйдааннаах соҕус, оттон кыргыттар бөлөхтөрө наҕыл, бытаан, холку тыыннаах буолар эбит.

Уол эбэтэр кыыс эрэ тиэмэтинэн барар, иитии бырагырааматын онон сиэттэрэн оҥорор иитээччилэргэ үлэлэригэр ордук табыгастаах буолуо. Оттон төрөппүккэ, оҕоҕо улахан ураты суох буолар дии санаатым, уһуйааҥҥа аҕыйах сыл сылдьан баран син биир уопсай оскуолаҕа барар буоллахха, кыра оҕону гендеринэн араарбыт улахан туһалааҕын бэлиэтээбэппин.

***

30-40-ча сыллааҕыта “уолгун/кыыскын хайдах иитэҕин?” диэн ыйытыыны да биэрэр олуонатык иһиллиэ этэ. Араарбакка, биир тэҥник, толору дьиэ кэргэҥҥэ иитии өрө тутуллара. Уолаттар аҕаларын эрийэллэрэ, кыргыттар ийэлэрин кытта тэҥҥэ сылдьаллара. Оҕо үтүктэн үөрэнэрин оччоттон этэллэрэ.

Оҕоттон биһиги тугу наадыйарбытын пластилинтан сыбыыр курдук оҥорон таһаара сатыыбыт. Күҥҥэ иккилии куруһуокка, нэдиэлэҕэ үстүү спортивнай секцияҕа таһабыт. Билиҥҥи оҕолор быраабыланан уруһуйдууллар, салайааччылаах оонньууллар, уруоктарын куратордаах ааҕаллар, чааһынан музыкалыыллар, дьону кытта тьютордаах алтыһаллар. Ол кинилэргэ наада дуо? Туох дии саныыгыт?

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...