31.10.2024 | 18:00

Уол оҕону олоххо бэлэмнээһин

Уол оҕону олоххо бэлэмнээһин
Ааптар: Маргарита АКИМОВА
Бөлөххө киир

История кэрдиис кэмнэрэ уларыйдахтарын аайы, эр киһи уопсастыбаны үөскэтэр, салайар, тутар, көмүскүүр күүс быһыытынан суолтата эмиэ уларыйан иһэр. 
СӨ үөрэҕин министиэристибэтинэн бигэргэтиллибит өрөспүүбүлүкэ оскуолаларыгар булгуччу үөрэтиллэр региональнай "Үрүҥ Уолан" бырагыраама ааптара, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Аллараа Бэстээх орто оскуолатын учуутала, Арассыыйа үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ, Москваҕа ыытыллыбыт учууталлар IX-с сийиэстэрин дэлэгээтэ Андрей Андреевич Нестеров оскуолаҕа уол оҕону олоххо бэлэмниир ураты ньымалардаах.

Андрей Андреевич, туох санааттан "Үрүҥ Уолан" бырагыраама баар  буолуон баҕарбыккыный?

1992 сыллаахха сойуус ыһыллан, иэдээн олох кэлбитэ. Онон оҕолорго хайдах эрэ көмөлөспүт киһи диэн санаа баара. Биһиги көлүөнэ түбэспиппитигэр кинилэр түбэспэтэллэр диэн санааттан, көмүскүү, араҥаччылыы сатаан, бу барылы айбытым. Оччотооҕу үөрэнээччилэрим билигин махтал бөҕө буолалларыттан сөптөөх хайысханы тутуспут эбиппин диэн саныыбын.

Үөрэхтээһин эйгэтигэр хайдах кэлбиккиний? Бастакы үлэ кэмнэрэ ханна ааспыттарай?

1986 сыллаахха Свердловскай куоракка пединституту бүтэрбитим. Онон "начальнай байыаннай үөрэхтээһин уонна физкултуура учуутала"  дипломнаах Сахам сиригэр кэлбитим. Бастаан үлэбин саҕалаабыт сирим Томпо оройуонугар Хаандыга орто оскуолата этэ. 900 ахсааннаах үөрэнээччилээх улахан оскуолаҕа дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччынан үлэбин саҕалаабытым. Оскуолам үрдүнэн 26 үөрэнээччи бэрээдэктэринэн учуокка турар эбит этилэр. Миэхэ, саҥа үлэлээн эрэр эдэр исписэлиискэ, оҕону "киһи киһитэ" буоларга иитиигэ оҕолор балаһыанньалара улахан толкуйу, тирэҕи биэрбитэ. Бэйэм идэм хайысхатынан спорка уонна байыаннай үөрэхтээһиҥҥэ күүстээх уонна ситимнээх дьарыктары саҕалааммын, үлэм  сүнньүн туппутум. Ити сыл Хаандыга оскуолата Саха сириттэн Бүтүн Сойуустааҕы "Орлёнок" байыаннай-спортивнай күрэхтэһиигэ кыттан, 4-с миэстэни ылан кэлбиппит.

Арай барыта эриэ-дэхси эбитэ буоллар, күннээҕинэн уруокпун биэрэ-биэрэ сылдьыахпын эмиэ сөп этэ. Онон педагогика киэҥ ыырдаах суолугар бастакы хардыыларбын оҥорбут сирим Томпо.

«Үрүҥ Уолан» бырагыраама ааптара буолаҕын. Дьэ, бу туһунан кылгастык ахтан ааһыах дуу?

1989 сыллаахха үөрэммит оскуолабар Дьабыылга үлэлии тиийбитим. Оскуола аайы иитэр үлэни норуот педагогикатыгар, олох чахчытыгар олоҕуран тэрийдэхпитинэ, үрдүк култууралаах, хайа баҕарар омугу кытта тэҥҥэ алтыһар, үтүө суобастаах, киһилии сиэрдээх, эт-хаан өттүнэн сайдыылаах, саҥа уопсастыбаны тутарга бэлэмнээх, туохха барытыгар хаһаайынныы сыһыаннаах, бэйэтин  омугун култууратын, үгэһин, сиэрин-туомун билэр, тутуһар, атын омуктар култуураларын убаастыыр, төрөөбүт дойдутун ытыктыыр, аныгылыы өйдөөх-санаалаах көлүөнэни  иитэн таһаарыахтаахпыт диэн санааттан бу бырагыраама барыла баар буолбута.

1992 сылга Дьабыылга  үөрэхтээһин эйгэтигэр улахан конференция буолбута.  НВП уруогун предмет быһыытынан суох онорбуттара. Мин ити конференцияҕа аһаҕас дьарык оҥороммун, бэйэм санааларбын этиммитим.

Оччотооҕуга үөрэх миниистирэ Егор Петрович Жирков истэн, көрөн баран, "бырагыраамата оҥор" диэбитэ. Дьэ, толкуй бөҕөҕө түстэҕим дии. Аҕыйах хонугунан оҥорбутум. Бырагыраамам барыла бастаан "Манчаары сиэттэрэ" диэн этэ, онтон атын улуустар өйдүөхтэрэ суоҕа диэн санааттан, "Үрүҥ Уолан"  диэн уларыйбыта.

Бу туһунан 1993 сыллаахха "Сахаада" хаһыакка норуот дьүүлүгэр тахсыбыта. Онно уопсай балаһыанньанан биһирэбили ылан, салгыы араас таһымнаах тургутуулары ааһан, Арассыыйаҕа көмүскээбитим. Түмүгэр "Үрүҥ Уолан" барыл үөрэх бырагырааматыгар киирбитэ.

Саха судаарыстыбаннай университетыгар  "Үрүҥ Уолан учууталын" бэлэмниир салаа арыллыбыта.

Аныгы үйэҕэ уол оҕо кыра эрдэҕиттэн иитиллэн, эр киһи буолан, дьиэ кэргэнин иитэр-аһатар, көмүскүүр-харыстыыр киһи киһитэ буоларыгар үлэ итинник саҕаламмыта.

Андрей Андреевич, бу сүрдээх киэҥ, дириҥ бырагырааматтан саамай сүрүннэригэр тохтоон аастахха хайдаҕый?

Биһиги бырагыраамабыт 5-11 кылаас уолаттарын олоххо бэлэмнииргэ көмөлөһөр аналлаах. Уол оҕо актыыбынаһын үрдэтии, идэтин сөпкө таларыгар, олоххо миэстэтин буларыгар тирэх оҥоруу.

Күннээҕи дневник оҥотторуу ирдэбил биир көрүҥэр киирсэр. Уол күнүн аайы толорон, бэйэтэ оҥорбут дьайыыларын ырыта-толкуйдуу үөрэнэригэр, онно сыһыаннаах хаачыстыбалары сайыннарарыгар кыах биэрэр.

Практическай сатабылга, үлэни торумнуу үөрэнэргэ эмиэ туһунан хайысхалаах үлэ барар. Сыыйа оҕо санаатыттан тэйэн, олох-дьаһах араас сатабылларыгар хаһаайынныы санааны сайыннарыы, эппиэтинэһи сүгүү. Кыыска харыстабыллаах сыһыан, өйдөһүү. Араас таһымнаах тэрээһиннэргэ кыттыы, тэрийсии. Салгыы судейство, жюри курдук эппиэтинэстээх үлэлэргэ кыттыы. Бу элбэхтэн аҕыйах холобур үөрэхпит уол оҕоҕо киһи быһыытынан хаачыстыбалары иҥэриигэ туһуланарын туоһута. Бэйэтигэр эрэллээх, тирэхтээх, санаатынан күүстээх буола улаатарын туһугар. Биллэн турар, эт-хаан өттүнэн сайдыы манна эмиэ киирсэр.

Уолаттарга аналлаах "полевой" усулуобуйалаах сбордарга тохтоон аастахха?

Уол эрэ маны бары кэтэһэр кэмэ. Олох, үлэ, аармыйа ыарахаттарын тулуйа үөрэнэллэрин, инникиттэн эр санааларын сайыннарыы барар. Искусственнай, естественнэй араас моһоллору баһылыыр толкуйдары тобулуу, ыксаллаах быһыыга-майгыга уолуйбакка сөптөөх быһаарыныыны ылыныы, суһал эмчит көмөтүн оҥоруу, оһолломмуту сөптөөхтүк транспортировкалыыры сатааһын, эмтээх оту туһаныы о.д.а. олоххо көрсөр түгэннэргэ олоҕуран хонуктаах байыаннай-хонуу усулуобуйатыгар  маннык үөрэтэр сбордар буолаллар.

Уол оҕо уйанын-хатанын маннык тэрээһиннэр сүрүннээн, кырыылаан, чопчулаан биэрэр буоланнар, оҕо сайдыытыгар улахан миэстэни ылаллар.

1994 сыллаахха иккитэ ыҥырыллан, Аан дойдутааҕы конференцияҕа АХШ Аляскаҕа баран кыттыбытым. 67 дьарыгы ыыппытым.

Онно саха омук үгэстэрин, сиэри-туому, булка дьарыгы, Саха сирин билиһиннэрбитим.

Сыл аайы ыытар тэрээһиҥҥэр тохтоон ааһыах. 27 сыл диэн сүрдээх уһун кэм ээ.

Аллараа Бэстээх оскуолатыгар үлэлээбитим сүүрбэ сыл буолла. "Факел" диэн байыаннай-патриотическай кулуубу салайабын.

1998 сыллаахха биир дойдулаахпыт, бастакы норуот хамыһаара Петров Н.В. 100 сааһыгар анаан 12 уолу хайыһарынан 100 км куоракка диэри пробегы тэрийбитим. Онтон ыла сыл аайы ыытабын. Быйыл 27-с сылбытын оҥоруохтаахпын.

Дьыл-күн баран  иһэр. Ол курдук үөрэҕирии ирдэбиллэрэ эмиэ уларыйаллар. Урукку курдук, нууччалаатахха, "универсальнай" предмет аны суох. Быйылгы  үөрэх дьылыттан ОБЖ диэн предмет оннугар ОБЗР диэн саҥа эрээри, соннук чаастаах предмет киирдэ.

"Үрүҥ Уолан" бырагыраама ханнык да кэмҥэ уол оҕону иитиигэ туһалааҕа биллэр. Эбии үөрэхтээһиҥҥэ куруһуок, үөрэх таһынан дьарык быһыытынан  энтузиаст учууталлар үлэлиир кэмнэрэ кэллэ.

Үөрэппит оҕолоргуттан байыаннай өттүнэн идэ ылбыттар, үлэ оҥостубуттар бааллар дуо?

Күн бэҕэһээ дойдубар муҥхаҕа сырыттым. Манныкка киһи көрөр, эн үөрэппит уолуҥ туох-хайдах киһи буолбутун. Кинилэр төһө даҕаны ыал аҕалара, сорохторо эһэлэрэ да буоллаллар, миэхэ өрүү оҕолор. Маннык түгэннэргэ урукку, оскуолатааҕы кэмнэрин үтүө тылынан ахталларыттан үлэҕиттэн дуоһуйууну ылаҕын, дууһаҕын үөрүү туруга кууһар.

Кылаабынайа, олоххо миэстэлэрин булунуулара буоллаҕа дии учуутал үлэтин түмүгэ. Булгуччу бу хайысханан идэ баһылааһын диэн буолбатах.

Чугас хайысхалаах үөрэхтэргэ үөрэммит, идэ оҥостубут үөрэнээччилэрим да аҕыйаҕа суохтар. Холобурдаан эттэххэ, Максим Д. Байыаннай академияҕа, Евгений Ч., Владимир Б. Милииссийэ үрдүкү оскуолатыгар, Саша Г. авиацияҕа, Никита Д. таможняҕа үөрэммиттэрэ. Николай П., Александр П., Иван Ф. быыһыыр сулууспа үлэһиттэрэ. Маннык аахтахпына, баһаам бөҕө буоллаҕа дии.

Учууталга саамай үрдүкү наҕараада бу үөрэнээччиҥ махтала. Мантан үрдүкү наҕараада баарын билбэппин.

 

Хаартыскалар: дьоруой тус архыыбыттан

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...