22.02.2022 | 17:30

Уол оҕону иитии төрдө-төбөтө

Уол оҕону иитии төрдө-төбөтө
Ааптар: Наталья Кычкина
Бөлөххө киир

Саха саарына буолар уол оҕону иитии төрдө-төбөтө дьиэ кэргэҥҥэ, чуолаан аҕаҕа сытар. Сахалар былыр-былыргыттан уолга суолта биэрэллэрэ. Уол оҕо орто дойдуга олох олороору, удьуорун ууһатаары кэлэр. Кыра сааһыттан сирдээҕи аналын истэ, сэрэйэ, билэ улаатар. Өйүн-санаатын туттаҕына – ырытан, ырыҥалаан барара, толкуйу тобулан таһаарара элбээн иһэр. Бүгүҥҥү балаһабытыгар уол оҕону ииппит уонна иитэр төрөппүттэр санааларын билсиэҕиҥ.

Антуанетта Егорова, үс уол ийэтэ, эбээ, Сэбээн Күөл:

– Уол оҕоҕо саамай наадалаах спорт. Мин кэргэним М.Н. Абрамов үс уолун спорка сыһыаран ииппитэ. Бастатан туран, сөпкө туһаннахха, доруобуйа тупсар уонна бэрээдэк өттүнэн сөптөөх иитии буолар диирэ. Спорка сыстыбыт оҕо өй-санаа, эт-сиин өттүнэн сайдыылаах буола улаатар, олоххо-дьаһахха, бары өттүнэн бэлэм киһи тахсар. Аармыйаҕа да бэрт чэпчэкитик сулууспалаан кэлэр. Кэлин, ыал аҕата буоллаҕына, күүстээх санаалаах, барыга бары сыһыаннаах, бэлэмнээх буоллаҕына, киһи эрэ үөрэр. Бу түмүгэ – иллээх толору дьиэ кэргэн, уопсастыбаҕа наадалаах дьон буола үүнүү.

Уол оҕоҕо улахан оруолу  аҕа иитиитэ, сыһыана суолталаах дии саныыбын. Ийэ киһи доруобуйаны, чөл олоҕу көрүөхтээх. Ыраас, сылаас дьиэ, минньигэс ас. Уолу өйдөөхтүк атаахтатыахха наада, сөбүнэн таптаан, сөбүнэн өйдөтөн. Сорох ийэлэр киһини таһынан атаахтаталлар, буруйу оҥордохторуна, тугун-ханныгын быһаара барбакка көмүскэһэллэр, таһыйаллар, мөҕөллөр. Оҕо оннукка өсөһөн хаалар. Уол оҕо мэниктиирэ ханна барыай, ону барытын сөпкө быһааран өйдөтүөххэ наада. Кини айылҕатынан мындыр, ырааҕы көрөр толкуйдаах. Онно сөпкө иитэн, такайан, салайан иитэн таһаарыахтааххын. Маны барытын таба туһаннахха, уол иитиитигэр туох да уустуктары көрсүмүөххэ сөп.

Уол оҕо эппиэтинэстээх буола улаатыахтаах. Инникитин аҕа баһылык буолуо дии, ол иһин эппиэтинэһэ улахан диэн өйдөбүлү кыратыттан иҥэриэххэ наада. Ийэ сиригэр, төрөөбүт дойдутугар бэриниилээх буолуохтаах. Уол оҕо, эр киһи биһиэхэ, кэрэ аҥаардарга, дурдабыт-хаххабыт буолар, кини ону кыра эрдэҕиттэн билэ улаатыахтаах.

Куорат уолаттара тыа оҕолоруттан уратылара харахха быраҕыллар. Күүстээх үлэни кыайбаттар, дьиэҕэ хаайтаран гаджетка умса түһэн олороллор, онтон доруобуйалара тупсубата биллэр. Бу кэлиҥҥи кэмҥэ олус сатарыйыы барда дии саныыбын. Иитии да өттүнэн, эт-хаан да сайдыытынан. Сулууспаҕа ытык иэстэрин толорууттан куотунуу, доруобуйаларынан сыыйыллыы элбээтэ. Онон уол оҕону хайаан да спорт эйгэтигэр сыһыарыҥ, спорт эрэ көмөлөһүө, спордунан дьарыктаныҥ, уолаттаргытын  дьоһун дьон гына иитиҥ!

 

Сокол Иннокентьевич Марков, түөрт уол аҕата, Мэҥэ Хаҥалас:

Уол оҕону айылҕаҕа сыһыаран иитиллиэхтээх. Төрөөбүт дойдутун историятын, аҕа уус төрдүн-төбөтүн, дьиэ кэргэн ис тутулун билиэхтээх. Билигин кэтээн көрдөххө, тыа сирин уолаттара өй-санаа, эт-хаан өттүнэн быдан сайдыылаахтар, иитиилээхтэр. Мин бэйэм түөрт уоллаахпын, оҕолорбун ити эппит үгэстэрбэр сыһыартыыбын, олоххо барытыгар бэлэмнээх гына иитэргэ кыһаллабын. Уол оҕоҕо, киниэхэ эрэ буолуо дуо, билиҥҥи ыччакка барытыгар гаджет дьайыыта диэн төрөппүттэр бары билинэбит, ылынабыт. Оҕолорбут саха тылын кэрэтин, сүмэтин умнар кутталланнылар, тыаҕа кытары сахалыы саҥалаах оҕо аччаары гынна. Ону сэргэ сорох уолаттар кыыс курдук быһыы-таһаа буолбуттара көстөр, бу эмиэ улахан дьиксиниини үөскэтэр. Маннык уолаттар хайдах аҕа буолан дьоннорун иитэн-аһатан, булан-талан олоруохтарын өйүм хоппот. 

 

Сүбэ кырдьаҕас, тыа сирин олохтооҕо:

– Уол оҕону тыа сиригэр иитии ордук көдьүүстээх. Киһи манна бэйэтин көрүннэҕинэ эрэ тыыннаах сылдьар, үлэлээх-хамнастаах буолар. Тыа киһитэ барахсан маһын кыстыкка бэлэмниирин, иһэр мууһун ылынан тэлгэһэтигэр тиэйэрин, хаары уулаан дьиэ-ис тас үлэтигэр туттарга бэлэмниирин тыа оҕото кыратыттан көрө улаатар, улаатан баран ону тэҥҥэ оҥорсор буолар. Бу үлэни толоро, оҥоро үөрэммит оҕо ханнык баҕарар үлэҕэ сыстаҕас, олоххо өйүнэн-санаатынан,  бэйэтин да олоҕор бэлэм буола улаатар.

Оттон куорат оҕото, төһөнөн олоҕо тупсуулаах, үчүгэй да, бэлэмҥэ үөрэнэн, тугу да кыайбат буолар, айылҕаттан тэйэр туруктанар. Онон эр киһи буоларга уол оҕо ыарахан үлэҕэ эриллэн-мускуллан, быччыҥ-иҥиир буолан иитиллэр.

Оҕону кытта үлэнэн алтыһыы – төрөппүт эбээһинэһэ. Аҥаардас ийэ билигин тоҕо эрэ элбээтэ. Уол оҕо соҕотох ийэҕэ иитиллибитэ биллэр содуллаах: аҕа, эр киһи майгыта диэни, ыарахан үлэни  билбэккэ улаатар. Дьиҥинэн, уол оҕо аҕатын көрө улаатара, аҕатын батыһа сылдьан үлэҕэ иитиллэрэ ордук. Эр киһитэ суох дьиэ кэргэҥҥэ уол, баҕарбытын да иһин, билбэтэҕэ-көрбөтөҕө элбэҕэ бэрт буолан, эр киһи иитиитин толору ылбат, ыарахан үлэ диэнтэн толлор. Онон куорат оҕотун, кыаллар буоллаҕына, тыа сиригэр элбэхтик сырытыннаран, тыа үлэтин, тыа олоҕун билсиһиннэрэр олус тоҕоостоох буолуо этэ.

Эр киһи ыал аҕата буолара – олох сокуона. Онон тугу барытын сатыыр, кыайар, булугас-талыгас толкуйдаах буолуохтаах. Дьон сатыырын сатыахтаах, ханнык да үлэ буоллун, чаҕыйыа суохтаах. Массыына өрөмүөнэ, мас кэрдиитэ, тимири уһаарыы курдук эр киһи дьарыгар уолаттардаах аҕалар оҕолоргутун сыһыара сатааҥ, тэҥҥэ илдьэ сылдьан үлэнэн үөрэтиҥ. Тугу барытын сатыыр аҕаны оҕото, көрө сылдьан, бэйэтэ да үтүктэн үөрэнэр. Оттон соҕотох ийэ уолун эр киһилии иитэрин туһугар кинини эт-хаан хамсаныылаах куруһуоктарыгар, спорт дьарыктарыгар сырытыннарыан сөп, эбэтэр араас үлэни баһылаабыт дьоҕурдаах дьоҥҥо, тастыҥ убайга, таайга сыһыарыан наада дии саныыбын.

Мин кыра уолбун оскуола саастааҕар Мандар Уус лааҕырыгар сырытыннарбытым. Мандар Уус хас биирдии саха киһитэ быһахтаах буолуохтаах диэн мындырдык толкуйдаан, уолаттары быһах оҥотторо үөрэппитэ. Онно оҕом бэйэтин илиитинэн тутан-хабан, бастакы эр киһи бэлиэтин бэйэтигэр бастакы быһаҕын оҥостон, үөрүүтэ баһаам этэ. Мандар Уус курдук улахан ууска уһуйуллубутун, билбитин-көрбүтүн олоҕун устатыгар холобур, кэрэ кэпсээн оҥостон өйдүү сылдьыа турдаҕа.

Уол оҕо эт-хаан өттүнэн толору ситиэхтээх. Билигин сорох уолаттары көрдөххө, хачаайылара сүрдээх, ити наһаа ньээҥкэлээһинтэн, харааннааһынтан буолуон сөптөөх. Уол оҕону спорт араас дьарыгар биэриэххэ наада, онно кини этэ-сиинэ айылҕатынан сайдыахтаах, онуоха ийэлэр болҕомтолорун толору ууран, көмө буолуохтарын наада. Оччоҕо уол оҕо куһаҕан дьаллыкка ылларбат, мээнэ табаарыстары батыспат, этэ-сиинэ толору сайыннаҕына, өйө-санаата ырааһырар, бэрээдэктэнэр, олоҕу сөпкө тутуһар буолар. Төрөппүт бэйэтин кытта оҕотун айылҕаҕа үгүстүк сырытыннарыан наада, төрүт үгэстэри тутуһарга ыйан-кэрдэн, уол оҕо инникитин, эр киһи буолар киһи тугу билиэхтээҕин, тугу тутуһуохтааҕын кэпсээн, үтүө, тахсыылаах дьону холобурдаан үөрэтии – иитии эмиэ биир көрүҥэ. Оҕо хараҕа кыраҕы, улахан киһи тугу гынарын син биир көрөн-истэн үтүктэ улаатар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Сонуннар | 23.10.2024 | 10:05
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускай куорат Хатас нэһилиэгин «Кэрэчээнэ» уһуйаанын төрүт култуураҕа уһуйааччыта В.Н. Старкова «Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэтин сүрэхтэниитэ киин куорат 24 уһуйааныттан уонна Горнай улууһуттан барыта 50 истээччи кыттыылаах буолан ааста. Тэрээһин алгыстаах алаадьынан, мустубут ыалдьыттарга уһуйаан ис тутулун, «Айыы ыллыга» барыл хайысхаларын, ол хайысхаларынан иитээччилэр үлэлэрин билиһиннэрииттэн...