Уокуруктартан хаары тиэйии салҕанар
Тупсаҕайдык оҥостон олоруу быраабылатыгар уларыйыылар киирбиттэрин уонна учаастактар кыраныыссаларын тыырыы туһунан ааспыт нүөмэргэ Олохтоох дьаһалта Территориялары кытта үлэлиир департаменын салайааччыта Владислав Слепцов сырдаппыта. Кини бүгүҥҥү күҥҥэ сүрүн үлэнэн хаар таһыыта буоларын тоһоҕолоон бэлиэтээбитэ. Кэпсэтиигэ Департамент салайааччыта хаары тиэйиигэ үбүлээһин эбиллибитин, былырыын 7 мөл. солкуобай кэриҥэ эбит буоллаҕына, быйыл 47 мөл. солкуобайга тэҥнэспитин үөрэ иһитиннэрбитэ.
Былырыын өтөрүнэн буолбатах «аномальнай» элбэх хаар түспүтүн бары өйдүүбүт. Быйыл даҕаны, сааһыары, киһи мыыммат хаара түһэ турар. «ЯкутДорСтрой» АУо иһитиннэриитинэн, хаары тиэйии үлэтэ күүһүрдүллүбүт эрэсииминэн ыытыллар. 2023 сыл алтынньы 18 күнүттэн 2024 сыл кулун тутар 21 күнүгэр диэри полигоҥҥа 534 тыһ. кубометртан ордук хаар тиэйиллибит. Итинтэн 300-тан тыһ. кубометртан тахсаны «ЯкутДорСтрой» АУо таспыт. Ити күннээҕи туругунан полигон 71% туолбут.
Киин куоракка хаар тиэйиитин хаамыытын уокуруктар салайааччыларыттан ыйыталастыбыт.
Андрей Петров, Строительнай уокурук Управатын салайааччыта:
– «ИП Терентьев В.Р.» кытта түһэрсиллибит муниципальнай хантараактар чэрчилэринэн хонтуруолунай тэрээһиннэри ыытабыт – ити уопсайа 268 264 солк. суумалаах (тохсунньу ыйдааҕы) уонна 2024 сыл бастакы аҥаарынааҕы 7 768 868,52 солк. суумалаах тротуардары ыраастааһыны.
Тэхиньиичэскэй сорудахха олоҕуран, 14 уулусса ыраастаныахтаах (Жорницкай, Халтурин, Кальвица, Петр Алексеев, Дзержинскэй, Лермонтов, Поярков, Семен Данилов, Пирогов, Строителлэр, Свердлов, Хатыҥ Үрэх шоссета, Хатыҥ Үрэх шоссетын 4 км (Окружной шоссе). Хантараак болдьоҕун устата нэдиэлэҕэ биирдэ 32 547м2 иэннээх учаастак ыраастаныахтаах.
2024 сыл тохсунньу, олунньу, кулун тутар ыйдарыгар бэдэрээтчит маннык үлэлэри ыытта: ыйдааҕы былаанынан 13 0188 м2 ыраастанна, нэдиэлэтээҕи былаанынан – 32 547 м2, 515 м3 хаар таһылынна, сыл саҥатыттан – 2 111 м3 хаар.
Икки муниципальнай хантараак чэрчитинэн «Базис Строй» ХЭТ Строительнай уокурук территориятыттан 5 666 040.12 солк. суумаҕа 17 768 м3 хаары тиэйиэхтээх (билиҥҥи туругунан 11 293м3 – 63,5%-ны тиэйдэ. Итиэннэ «ИП Огонеров Е.Е.» кытта 870 359,82 солк. суумалаах хантараагынан 2 880м3 тиэйиллиэхтээҕиттэн билиҥҥи туругунан 2750 м3 тиэйилиннэ.
Бүгүҥҥү күҥҥэ бастакы уочаратынан намыһах уонна ууга барар сирдэртэн хаары ыраастааһын соруга турар:
– Космонавтар уул., 1, 3/1, 5/1, 9, 11, 12,14;
– Пионерскай уул., 6/1, 6/2, 16/1, 18, 18/1, 21, 23, 25, 35, 37, 38, 52;
– Якутскай уул., 4А, 4/1, 4Б, 33, 35, 37, 39/1, 45, 47, 55;
– Семен Данилов уул., 20, 20/1, 22, 24, 26, 28;
– 8 Марта уулусса дьиэлэрэ бары;
– Рыдзинскай уул. (кыбаартал иһинээҕи суоллар).
Салайар хампаанньалар тиэргэн территорияларыттан хаар тиэйиитин саҕалаатылар. Ол курдук, бастакынан «Перспектива», «Трасстрой», «Строительное», «Солидарность плюс», «Единство», «Сфера комфорта», «Вертикаль», «Альтаир», «Домашний очаг», «Жилищный стандарт», «АРТ Плюс», «Кибор» маннык аадырыстарга үлэлииллэр: Рыдзинскай, Строителлэр, Якутскай, Пекарскай, Дзержинскэй, Пирогов уулуссалара уо.д.а. Элбэх кыбартыыралаах 88 дьиэттэн 23-һэ ыраастанна, хаары тиэйии былаана – 17 000 м3, билиҥҥи кэмҥэ 2789 м3, ол эбэтэр 19% тиэйилиннэ.
Дьиэлэр үрдүлэриттэн түһэриллэн тиэйиллибит хаар:
Былаан – 180 м3, тиэйилиннэ – 112 м3 (62%).
Тиэргэн уонна таһынааҕы территориялартан тиэйиллибит хаар:
Былаан – 271 м3, тиэйилиннэ – 128 м3 (47%).
Тиэйиллибит хаар уопсай түмүгэ:
Былаан – 52812 м3, тиэйилиннэ – 26395 м3 (50%).
Инженернэй коммуникациялартан мууһу тиэйии:
Былаан – 540 м3, тиэйилиннэ – 402 м3 (74%).
Санитарнай туочукалары ыраастааһын уонна брикеттэри тиэйии:
Былаан – 2000 м3, тиэйилиннэ – 1075 м3 (54%).
Хаары тиэйтэриигэ түҥэтиллибит толуон кээмэйэ:
чааһынай сектор – 408 м3, тэрилтэлэр – 6 090 м3, барыта: 6 498 м3.
Владимир Слепцов, Сайсары уокуругун Управатын салайааччыта:
– Кулун тутар 21 күнүнээҕи туругунан тиэйиллибит хаар кээмэйэ: чааһынай сектор – 1 235 м3, Салайар хампаанньалар уонна ТСЖ – 7290 м3, тэрилтэлэр – 2005 м3. Муниципальнай хантараагынан 12333 м3 хаар тиэйилиннэ. 174 тиэргэн территорияларыгар хаар ыраастанна. Уокуруктан барыта 22863 м3 хаар ыраастанан тиэйилиннэ.
Петр Попов, Автодорожнай уокурук Управатын салайааччыта:
– Сааскы санитарнай ыраастааһын чэрчитинэн Автодорожнай уокурук Управата тротуардартан хаары ыраастааһыҥҥа уонна тиэйиигэ муниципальнай хантараактары түһэрсибитэ. Кулун тутар 21 күнүнээҕи туругунан, Управа бэдэрээтчиттэрэ уокурук территориятын тротуардарыттан 1 830 куб. м уонна кыбаартал иһинээҕи суоллартан, итиэннэ хаарбах туруктаах дьиэ пуондатыттан 11 170 куб. м хаары полигоҥҥа тиэйдилэр.
Евгений Сидоренко, Гагаринскай уокурук Управатын салайааччыта:
– Гагаринскай уокурук территориятыттан санитарнай ыраастааһын чэрчитинэн кулун тутар 16 күнүттэн 21 күнүгэр диэри 7 135 м3 хаар тиэйилиннэ:
– ГКОУ «РСКШИНО» – 120 м3, 2-с №-дээх ЯГБ – 360 м3, «Колобок» маҕаһыын – 260 м3, «Фрукты – овощи», Кузьмин уул., 26Б – 10 м3, «ТАО» ХЭТ (Севастопольскай, Можайскай уул., 27 сылаас тохтобуллара) – 52 м3, «Пышка» маҕаһыын – 24 м3, «Лера» авторынок – 140 м3, «Олекма» эргиэн киинэ – 90 м3, «Ласка» маҕаһыын – 60 м3, "ОптимистПроф" эргиэн киинэ – 480 м3, «Белое Озеро» ырыынак – 252 м3, «Блюз» эргиэн киинэ – 60 м3, ОДьКХ сайдар киинэ – 90м3, «Водоканал» АУо, АГЗС.
– СХ уонна ТСЖ – 2 378 м3, Мординов уул., 21, 21/1, 23, 23/1, 32/1, Кузьмин уул., 29/4, 30/2, 34/3, Курнатовскай уул., 1/3, Борисовка – 2, 2-10 куорпус, Можайскай уул., 19/3, 21/2, 15/5, 13/9, «Роскатех» ХЭТ, «Альянс» СХ, «Сфера комфорта» ХЭТ.
– Муниципальнай хантараак чэрчитинэн 1 763 куб.м хаар тиэйилиннэ (Газомагистральнай, Мария Раскова, Водопьянов, Пилоттар, Гризодубов, Петров, Сапожников, Космачев уулуссалара, Хатыҥ Үрэх шоссетын 5 км), тротуардартан бэдэрээтчиттэр 224 м3 хаары ыраастаатылар.
Олунньу 1 күнүттэн кулун тутар 21 күнүгэр диэри уопсайа 19 535 куб.м хаар ыраастанан тиэйилиннэ.
Семен Иванов, Промышленнай уокурук Управатын салайааччыта:
– Муниципальнай үлэһиттэр – тиэргэн хомуйааччылар күн аайы халтарааны утары тэрээһиннэри тохтобулларга, суолу туоруур уонна уопсастыбаннай сирдэргэ ыыталлар, тротуардары, туоруур далаһалары, сквердэри, оптуобус тохтобулларын, оҕо балаһааккалырын ыраастыыллар.
Ол курдук, сыл саҥатыттан тиэргэн хомуйааччылар 44 600 м2 хаары ыраастаатылар.
Салайар хампаанньалар олунньу ыйтан 7 427 м3 хаары полигоҥҥа тиэйдилэр, тиһиктээхтик муус чопчулары ыраастыыллар.
Уокурук территориятыгар үлэлиир тэрилтэлэр 14 620 м3, бэдэрээтчиттэр 6 128 м3 (былаан – 6 816 м3), ресурсанан хааччыйар тэрилтэлэр 948 м3, чааһынай сектор олохтоохторо 2 149 м3 хаары тиэйдилэр.
2024 сыл олунньу ыйыттан барыта 31 496 м3 хаар тиэйилиннэ.
Айсен Куличенко, Киин уокурук Управатын салайааччыта:
– Сааскы санитарнай ыраастааһын чэрчитинэн Киин уокурук территориятыттан 7 082 куб.м хаар ыраастанан тиэйилиннэ:
– ЯРКБ – 80 куб.м, Автосервис 828 – 40 куб.м, «Базис Строй» ХЭТ – 40 куб.м, 3-с №-дээх РКБ – 710 куб.м, «Норд» эргиэн киинэ – 240 куб.м, «ИП Огонеров» – 440 куб.м, «ЖКХ Губинский» СХ – 240 куб.м, 2-с №-дээх РБ – 720 куб.м, «ИП Ушакова» – 80 куб.м, «Сибэкки» маҕаһыын – 49 куб.м, «Комдрагметалл» – 260 куб.м, «Инбарт» ХЭТ – 102 куб.м, «Туллукчаан» уһуйаан – 80 куб.м, «Сфера комфорта» СХ – 180 куб.м, «Прометей» СХ – 1205 куб.м, 5-с №-дээх оскуола – 80 куб.м, Пушкин тыйаатыра – 33 куб.м, «Атлант» эргиэн киинэ – 172 куб.м, ДСК СХ – 80 куб.м.
– Муниципальнай хантараак чэрчитинэн кыбаартал иһинээҕи уулуссалартан, суоллартан 1 791 куб.м (Феликс Кон, Шавкунов уулуссалара, 130-с кыбаартал суоллара) уонна тротуардартан бэдэрээтчит 460 м3 хаары тиэйдэ.
Билиҥҥи туругунан Киин уокуруктан барыта 25 250 куб.м хаар ыраастанан тиэйилиннэ.
Владимир Бурцев, Губинскай уокурук Управатын исписэлииһэ:
– Губинскай уокурук территориятыгар, кулун тутар 22 күнүнээҕи туругунан, 26 109 м3 хаар ыраастанан тиэйилиннэ, ол иһигэр Салайар хампаанньалар – 12 920 м3, тэрилтэлэр – 11 589 м3, муниципальнай хантараагынан – 1 600 м3, итиэннэ тротуардартан – 3200 м3. Билиҥҥи туругунан былааммыт 105% туолла.
Егор Кузьмин, Октябрьскай уокурук Управатын салайааччытын эбээһинэһин толорооччу:
– Санитарнай ыраастааһын чэрчитинэн Октябрьскай уокурук территориятыттан бүгүҥҥү күҥҥэ 19354 м3 хаар тиэйилиннэ:
– СХ уонна ТСЖ тиэргэн территорияларыттан – 7 664 м3;
– Тэрилтэлэр – 6850 м3;
– Муниципальнай хантараагынан тротуардартан уонна кыбаартал иһинээҕи суоллартан – 4 600 м3;
– Чааһынай сектортан – 240 м3.
Николай Ксенофонтов, Марха дьаһалтатын баһылыга:
– Марха территориятыгар кулун тутар 1-20 күннэригэр 5 686 м3 хаар тиэйилиннэ. Санитарнай ыраастааһын чэрчитинэн хаары таһыы көрдөрүүтэ:
– СХ – 4500 м3 кэриҥэ хаар, итиэннэ «Перспектива» ХЭТ, «Лидер+» СХ үлэлэстилэр;
– Муниципальнай хантараагынан 1 000 куб. м – «Базис-строй» ХЭТ, «Туймаада» ХЭТ.
Үөһээ этиллибит болдьоххо барыта 11 186 куб.м хаар полигоҥҥа тиэйилиннэ.