Уокка сиэтиини эмтиир матырыйаал
Өрөспүүбүлүкэтээҕи лицей үөрэнээччитэ Уруйаана Сокольникова Н.И. Лобачевскай аатынан Бүтүн Арассыыйатааҕы научнай конференцияҕа үһүс миэстэни ылла. Кини ХИФУ Наукатын дьиэтин уонна “Сириус. Лето” федеральнай барыгыраама кыттыгастаах ыытар “Полимердар уонна композиттар” куруһуокка дьарыктанан оҥорбут бырайыагын көмүскээтэ.
Уруйаана Сокольникова - Өрөспүүбүлүкэтээҕи лицей 10-с кылааһын үөрэнээччитэ:
– Мин дакылаатым полилактидтан оҥоһуллубут пленка физико-механическай өрүттэрин чинчийии туһунан этэ.
Кылгастык быһаардахха, биһиги полилактидтан 10, 100 уонна 200 микрометр халыҥнаах пленкалары оҥорон, “матрикс дермального эквивалента” диэн тирии бааһыгар туһалаах матырыйаалы таһаарбыппыт. Маныаха биһиги “экструзия” диэн оҥорон таһаарыы бэрт уустук технологиятын туһаммыппыт.
Алта араас халыҥнаах пленка көрүҥүн таһааран баран, Shimadzu диэн анал массыынаҕа физико-механическай кыаҕын үөрэппиппит уонна 10 мкм халыҥнаах пленка ордук барсарын быһаарбыппыт. Бу пленка уунаҥнас уонна бөҕө-таҕа. Төһө да чараас буоллар, структурата сааһыламмыт буолан, кытаанах.
***
Уруйаана Намтан төрүттээх, 9 кылааһын Нам улуустааҕы гимназиятыгар бүтэрэн баран, Өрөспүүбүлүкэтээҕи лицей биолого-химическэй кылааһыгар туттарсан киирбит. Үөрэх дьыла саҕаланыаҕыттан “Полимердар уонна композиттар” куруһуоктарыгар утумнаахтык дьарыктанар. Инникитин химик-технолог идэтин талар былааннаах.
Уруйаана Сокольникова бырайыага уокка сиэтии бааһыгар улахан төһүү буолар кэскиллээх. Синтетика матрикс уонна клеточнай компонент холбоһуктара буолан, уокка буһууну эмтииргэ медицинэҕэ хото туттуллуон сөп. Бу матырыйаал аһаҕас бааһы сыһыарар, тирии туох да бээтинэтэ уонна чэрэ суох оһоругар көмөлөһөр кыахтаах диэн кэпсиир.
Эдэр чинчийээччигэ бырыайыагын сайыннарарыгар ситиһиилэри баҕарабыт!