30.01.2021 | 07:15

УМТИЧААНА ТУҺАЛААХ СҮБЭЛЭРЭ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Боярышник - долохоно. Сорох сиргэ майааһынньык дииллэр.

Боярышник сибэккитэ уонна сиппит отоно эмп быһыытынан туһаныллар, аска да туттабыт. Куртах, оһоҕос, быар ыарыыларыгар тутталлар. Ону таһынан сүрэҕи уонна мэйиини кислородунан хааччыйыыны түргэтэтэр, тымырдары кэҥэтэр, ньиэрбэ ыгылыйыытын уоскутар, сүрэх тэбиитин тэҥниир, утуйбат киһи утуйара тупсар, хаантан холестерины аччатар. Ыарахан ыарыы кэннэ уопсай турук тупсарыгар көмөлөһөр. Бары атын от эмтэр курдук олус ыарахан туруктаах бүөр уонна сүрэх ыарыһахтарга көҥүллэммэт.

Маннык чэй оҥостон иһиэххитин сөп: сибэккитэ, отоно (хайата баарынан), моонньоҕон отоно, сэбирдэҕэ, дөлүһүөн, дьэдьэн аһа уонна сэбирдэҕэ – барытын тэбис-тэҥ гына ылаҕыт, мэлийэн, булкуйан көөнньөрөҕүт уонна чэй курдук иһэҕит. Ити мэйии эргийиитигэр, гипертониктарга, атеросклерозка, утуйбат буолууга, сүрэххитигэр уонна быччархай олус көбөр түгэнигэр көмөлөһүө.

Мин долохоно отонун барыанньалыыбын, уҥуоҕун арааран ылан хатарабын, онтубун дьэдьэн уонна хатыҥ сэбирдэҕин кытары булкуйан чэй гынабын, барбыт чэйи сөбүлүүр буолан син биир “Принцесса Нури” эбэ түһэбин. Ити курдук сөп буолуо дии санаатахпына, атын отунан уларытабын.

Дьэдьэн отоно уопсай туругу бөҕөргөтөр

Сэбирдэхтэрин, силиһин эмиэ ылыахха сөп. Күүстээх мочегоннай, организмҥа мунньуллубут тууһу арааран таһаарар кыахтаах. Сүһүөх сорох ыарыытыгар, быар, ноор мөлтөөтөҕүнэ туһалыа. Эмиэ атеросклероһу утарсыа. Сибиэһэй сога, отоно битэмиин тиийбэтигэр, настойка куртах бааһыгар, таас баар буоллаҕына, сүрэх атеросклероһугар, гипертониктарга, хаан аҕыҋаҕар туһаныллар. Таастаах киһи мээнэ испэт, алдьатан, доруобуйаҕын өссө айгыратыан сөп. Көннөрү кумаҕы таһаарар. Дизентерияҕа иһиллэр. Төрөөбүт дьахтар матката чөлүгэр түһэригэр көмөлөһөр. Дьэдьэн отонун саамай ситэн турар кэмигэр хаана аҕыйах киһи элбэҕи сиэхтээх, ити кэмҥэ отоно муҥутуур күүстэнэр. Өссө сирэйгэ тахсар араас бээтинэни сотон эмтиэххэ сөп. Сэбирдэҕин иһэн цинганы кыайаллар. С битэмиинэ элбэх. Сүрэх тымырдарыгар эмиэ туһалыыр.

Кытыан туһунан

Кытыан эмтээх, ыраастыыр, саҥа энергияны оҥорор үүнээйи быһыытынан билэбит.Ол эрээри бассаапка көрдөххө, киһи бары туһатын эрэ кэпсэтэллэр. Кытыан мутукчатынааҕар отоно дьааттааҕын эмиэ билиэххитин наада. От-мас барыта эмтээх, төһөнөн эмтээҕий, оччонон дьааттаах, ол аата куһаҕан буолбатах, кэмнээх уонна сороҕор бобуута элбэх. Ыарахан дьахталларга, уу үөскүүр ыарыылаахтарга, бүөр ыарыылаахтарга (нефрит, нефрозонефрит), кыра оҕолорго көҥүллэммэт. Сүһүрбүт киһи хотуолуон, куртаҕа ыалдьыан, хааннаах сыптарыйыан, сотору-сотору хабаҕыран ииктиэн баҕарыа, маткаттан хаан барыан, сүрэх үлэтин мөлтөөһүнэ тахсыан сөп. Сороҕор титириэн, өйүн сүтэриэн сөп. Уһун кэмҥэ иһиллибэт. Бэйэ доруобуйатын билэр эрэ киһи сөпкө истэҕинэ туһалыа, оттон буруолатан сыт таһаарар, дьиэҕэ ууран турар куттала суох, төттөрүтүн ыраастыыр дьоҕурун сүтэрбэт, эбиитин дьиэҕит салгынын саҥарда туруо.

Кытыантан оҥоһуллар эмтэр

Настойка. 10-12 отону ыстакаан уунан саба кутан 4 чаас туруораҕыт. Маны остолобуой ньуосканан күҥҥэ 3-4-тэ иһиллэр. Бу бронхикка, тымныйыыга, сүрэх ыарыытыттан этиҥ дарбайар буоллаҕына, ис үлүннэҕинэ, үөс тааһырыытыгар, куртах-оһоҕос үлэтэ мөлтөөтөҕүнэ уонна тас өттүгэр быччыҥ, сүһүөх ыарыытыгар соттон эмиэ эмтэниэххэ сөп.

Хаппыт отон хаайтарбыт ииги таһаарар. 15 г отону 400 мл тымныы оргуйбут уунан саба кутан баран, 2 чаас туруораҕын, ол кэннэ эмиэ ост.ньуосканан күҥҥэ 3-4-тэ иһэҕин.

200 г ууга 15 г отону мөлтөх уокка 10 мүнүүтэ оргутан, чаас аҥаара туруора түһэн баран хабах ыарыытыгар иһиллэр. Кытыан лабаатынан ванна оҥостор буоллахха, бастаан 2 чаас курдук ууга уган сытыара түһүллэр, ол кэннэ 20 мүнүүтэ оргутуллар. Сиидэлээн баран туһанаҕын. Утуйуох иннинэ оҥостуллар, 10-12 процедураны күн өрүү-өрүү хатыланар. Ити тирии ыарыылаах дьоҥҥо, аллергияҕа туһалыа. Отону кураанахтыы сииргитин билэҕит.

Тыква

Боростуойдук уонна өлгөмнүк үүнэр үүнээйи. Ол эрээри туһатын киһи ааҕан сиппэт.70-с сылларга ийэбит тэпилииссэтин иһигэр олус улахан тыквалары үүннэрэрин сатаан астаммакка, кыстатан баран баар-суох гынара. Кэлин бэйэм голосемянка диэн арбузка майгынныыр тыквалары олордорум тэлгэһэ киэргэлэ буолара, сиэмэтин эрэ ыларбыт. Кэнники уонча сылга тыкваны биир олус туһалаах үүнээйи быһыытынан сыаналаан, элбэҕи олордобун. Ас арааһын астана үөрэннибит, доруобуйаҕа олус туһалааҕын биллибит. Ол курдук, С, В, Р, Е, А, Т битэмииннэр бааллар, каротинынан моркуобу баһыйар араас минеральнай эттиктэринэн баай. Тыква бары көрүҥүн сүрэх ыарыһахтарга, гипертониктарга сии сылдьалларыгар сүбэлииллэр. Инсульт, инфаркт ыарыылары утарсар, сэрэтэр. Организмтан тууһу, холестерины таһаарар. Быары ыраастыыр, бүөргэ үчүгэй, ииги таһаарар. Астманы сымнатар, мэйии үлэтин тупсарар, искэн ыарыыларын утарсар эбэтэр салгыы сайдарын хааччахтыыр. Харахха туһалыыр. Мэлдьи сии сырыттахха ордук туһалаах.

Ол да буоллар, тыкваны олус бэргии сылдьар куртах, оһоҕос ыарыылаахтар, диабеттаахтар сиикэйдии сииллэрэ бобуллар. Сэрэнэн буһаран сиэхтэрин сөп. Тиис тас бүрүөһүнүн алдьатар буолан согун иһэн баран тииһи сайҕаныллар.

Тыква доруобуйаҕа туһата элбэх буолан, кэнники кэмҥэ оҕуруот мааны аһа аатырда.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...