01.06.2024 | 18:00

Умнуллубут аспытын сөргүтүөххэ

Умнуллубут аспытын сөргүтүөххэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Оскуолалар, уһуйааннар ыһыахтара үгэннээн тураллар. Сотору улахан ыһыахтар кэлиэхтэрэ. Ону кытта сахалыы сандалыбытыгар тугу астыырбытын былаанныыбыт. Үгэс буолбут бүлүүдэлэртэн хал буолбут буоллаххытына, өбүгэлэрбит умнулла быһыытыйбыт астарын сөргүтэргэ ыҥырабыт.

Искэхтээх эбэтэр хааннаах алаадьыэ

Алаадьы тиэстэтигэр ханнык баҕарар бөдөҥ балык искэҕин кутан буһардахха, ураты уонна тотоойу бүлүүдэ буоларын билэбит.

Оттон сорох хотугу норуоттар былыр искэх оннугар хааны эбэллэр эбит. Маныаха кыыл таба хаана ордук барсар диэн суруйаллар. Эмиэ туспа тыыннаах бүлүүдэ буолан тахсар.

Мэйии: ыһаарыламмыт, буспут уонна сиикэйдии

Этнограф учуонай Сомоҕотто эрдэтээҥи үлэлэригэр сахалар аһылыктарыгар мэйии баара суруллар. Хас да бүлүүдэни бэлэмнииллэр эбит: “Сыалаах мэйии” – мэйиини сыаҕа, арыыга ыһаарылыыллар; “Уулаах мэйии” – мэйиини ууга буһараллар; “Сылаас мэйии” – мэйиини сиикэйдии сииллэр.

Маны таһынан мэйиини эриллибит, кырбаммыт эти кытта булкуйан, очоҕоско кутан “симии” диэн аһы астыахха сөп.

Бутугас

4 ыст. арыы уута, 1 ыст. бурдук, 1 ыст. уулаах отон туттуллар.

Оргуйа турар арыы уутугар быыстала суох ытыйа туран кыра-кыралаан бурдукпутун кутабыт. 5-7 мүнүүтэ устата тэптэрэбит, отоммутун эбэбит (эбэтэр бу отоммут уутун эрэ ыган кутуохпутун сөп).

Бутугас сылаастыы туспа бүлүүдэ быһыытынан биир киһиэхэ 100-150 г суоттанан кыра кытыйаҕа кутуллан бэриллэр.

Хатарыллыбыт көтөр этэ

Ханнык баҕарар кус этэ барсар. Моойуттан саҕалаан ып-ыраас гына үргүүбүт, тириитин олох алдьаппаппыт.

Биир сиринэн сэрэнэн быһа сотон, иһин ыраастыыбыт, хаанын сууйабыт.

Түөһүн ортотунан хайыта быһабыт, тиэрэ тутан маһынан тиирэ тардабыт.

Тиирэ тардыллыбыт кус этэ дьуухаланы бэлэмниир курдук тыаллаах, сылаас халлааҥҥа, аһаҕас сиргэ ыйанар. Салгыҥҥа ыйыырбытыгар эппитин  тууһаабаппыт – туус ууну тутар. Бэлэм буолбут эти сөрүүн, кураанах сиргэ харайан илдьэ сылдьыллар. Сиирбитигэр куһуоччуктарга кырбастаан баран оргуйбутунан туустаах ууга аҕыйах мүнүүтэ уган ылабыт. Аныгы үйэҕэ ханнык баҕарар гарниры уонна кимчи диэн аһыы хаппыыстаны кытта олус барсар.

«Чохочу» эбэтэр «чоҕочу»

Сүөһү иһин чараас итир сыатыгар сууламмыт быар. Итиргэ быары, бүөрү, кырбаммыт эти, быары кытта иһин, быары кытта этин кырбастаан, туустаан-тумалаан баран бэрэски курдук суулуубут уонна ынах арыытыгар (мас арыыта да барсар) ыһаарылаан ылабыт. 

Суулаан баран мас тырыыҥканан туттарыллар (аныгы үйэҕэ маны зубочистка солбуйар).

Кыра-кыра гына кээмэйдээх буһарар ордук. Улахан гына суулаан ыһаарылаан баран, сандалыга халбаһы курдук бысталаан ууруохха эмиэ сөп.

Чохочуну сылаастыы сиир ордук.

Хотугу норуоттарга чохочуга маарыҥныыр бүлүүдэни тайах, таба быарын сыатыгар суулаан оҥороллор.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Элбэх оҕолоох ыалга улахан көмө
Сонуннар | 28.08.2024 | 15:36
Элбэх оҕолоох ыалга улахан көмө
Киин куорат баһылыга Евгений Григорьев уонна Сайсары уокуругун управатын салайааччыта Владимир Слепцов Бессоновтар дьиэ кэргэннэригэр Билии күнүнэн бэлэхтэрин туттардылар. Ыал аҕата билигин анал байыаннай дьайыыга сылдьар. Бессоновтар биэс оҕолоохтор – биир устудьуон уонна түөрт оскуола үөрэнээччитэ. Бу күн оҕолорго үөрэх тээбиринин бэлэхтээтилэр, оттон ыал кыратыгар маҥнайгы кылаас үөрэнээччитигэр аналлаах набору...
Кыыдаана Игнатьева:  «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Дьон | 06.09.2024 | 12:00
Кыыдаана Игнатьева: «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Куорат устун хааман иһэн эбэтэр массыынаҕа, оптуобуска олорон элбэх мэндиэмэннээх таас дьиэлэр тас эркиннэригэр уруһуйдаммыт хартыыналарга хараххыт хатанар дуо? Аҕыйах сыллааҕыта Киров уулуссатыгар турар икки уопсай дьиэ оннук тупсан хаалбытын соһуйа, эмиэ да сонургуу көрбүппүт. Онтон ыла сыл аайы Дьокуускайга арт-эбийиэк элбии турар. Бүгүн киин куоракка МУРАЛ диэн куорат тас...