12.03.2022 | 15:36

Ульяна Легусина: «Биир да тыл сүтүүтэ улахан охсуулаах»

Ульяна Легусина:  «Биир да тыл сүтүүтэ улахан охсуулаах»
Ааптар: Вера КАНАЕВА
Бөлөххө киир

Ханнык баҕарар норуот төрөөбүт тыллаах, үгэстэрдээх, култууралаах.  Ол омук омуктан уратыта.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастарын күнүгэр “Таатта улууһун норуотун маастара” анал ааты иҥэрэр, улуус биэс уран тарбахтаах иистэнньэҥин Мария Басова (Уолба), Галина Семенова (Уолба), Анна Бурнашева (Баайаҕа), Клара Читаева (Ытык Күөл), Елена Шадрина (Ытык Күөл) быыстапкаларын үөрүүлээх аһыллыытыгар төрөөбүт тылы чинчийээччилэр  эспэдииссийэлэрэ ыалдьыттаата уонна төрөөбүт тылы электроннай картаҕа киллэрэр устуулары ыыттылар. Эспэдииссийэни Таатта улууһун баһылыгын солбуйааччы А.Г. Гуляева арыаллаата.

Кэпсэтэр киһим эспэдииссийэ кыттыылааҕа, эдэр чинчийээччи, Москватааҕы тыл институтун үлэһитэ, Тааттаттан тардыылаах Ульяна Легусина.

Алгыс балаҕаҥҥа

– Ульяна, бэйэҥ тускунан кылгастык сырдат эрэ. Кимтэн киинээххин, хантан хааннааххын диэн саха киһитин сиэринэн кэпсэтиибитин саҕалыах.

– Төрөөбүт тылым оҕо сааһым ааспыт Тааттатыгар аҕалла. Аҕам Николай Васильевич Легусин Таатта Чөркөөҕүттэн төрүттээх, ийэм Елизавета Сергеевна Колесова – Усуйаанаттан. Иккиэн учуутал идэлээхтэр, билигин Москваҕа бааллар. Бииргэ төрөөбүт бырааттаахпын, балтылаахпын. Бэйэм СГУ филологическай факультетын бүтэрбитим. Идэбинэн нуучча тылын уонна литературатын учууталабын. Москваҕа түүр тылыгар аспирантураҕа үөрэммитим. Диссертациям аата “Долгие гласные на материале памятников  письменности XIX века”. Бу научнай үлэбэр бастакы миссионерскай тылбаастары (Евангелие от Матфея) хайдах тылбаастаабыттарын үөрэтэбин. Дэбигис үлэ буолбатах, дьаныардаахтык үлэлээтэххэ, үөрэттэххэ кыаллар, ситиһиллэр. Онон инники сылларга элбэҕи ааҕыахпын, хасыһыахпын наада.

– Тааттаҕа туох сыаллаах үлэлии кэллигит?

– Төрөөбүт тылбытынан саҥабытын электроннай картаҕа киллэрэр сыаллаахпыт. Арассыыйа Наукаларын Академиятын тылга институтуттан   иккиэ, Дьокуускайтан ХИФУ исписэлиистэрин кытта тохсуо буолан кэллибит. Үс күн үлэлиир былааннаахпыт. Салайааччым Анна Владимировна Дыбо, урал-алтай тыллар салааларын сэбиэдиссэйэ, РАН чилиэн-кэрэспэдьиэнэ. ХИФУ чинчийээччилэрэ туспа Грант бырайыагынан үлэлии кэллилэр. Бырайыактарбыт сүрүнэ – тыл, ол эрээри уратылаһаллар. Биһиги бырайыакпыт “Электронный словарь диалектов тюрских языков России” диэн ааттаах. Арассыыйа Бырабыыталыстыбатын Гранын ылбыппыт. Бу Гран хас да сыллаах. Кэллиэгэлэрбит бырайыактара “Лингивистическая экология Арктики” диэн. Кинилэр социолингвистическай ыйытыктарынан, биһиги диалект хайысхатынан үлэлиибит. Диалект – биир сиргэ олорор дьон тылларын саҥарар араастаһыыта. Холобура, биир тылы илин, киин, хоту улуустар атын-атыннык саҥарар уратыбыт. Түүр тыллаах аймахтыы норуоттар саҥаларынан электроннай тылдьыт оҥоробут. Э. Пекарскай Таатта Дьиэрэҥнээҕэр олорон Д. Попов, М. Ионова, Г. Оросин, С. Новгородов уо.д.а көмөлөрүнэн саха бастакы тылдьытын оҥорбутун курдук, электроннай тылдьыкка таатталары киллэрээри, анаан-минээн кэллибит. Түүр тыллаах уруулуу норуоттарга эмиэ айанныахпыт. Айаммыт ороскуота бырайыак үбүттэн төлөнөр. Бу кэлиибитигэр ХИФУ-лар биир халыыптаах пуормаларын кэттибит. Биир санаалаах эдэр дьон мустан, үлэлииргэ, айанныырга чэпчэки.

Аҕам Елизавета Сергеевна Колесова, ийэм Николай Васильевич Легусин

– Үлэ хаамыыта, толоруллуута, ситиһиитэ салайааччыттан тутулуктаах.  Салайааччыгын Анна Владимировна Дыбону билиһиннэр эрэ.

– Анна Владимировна – түүр тылын учуонайа, филология наукатын доктора, РАН чилиэн-кэрэспэдьиэнэ, урал-алтай тылларын салаатын сэбиэдиссэйэ, МГУ историческай факультетын этнология кафедратын профессора. Ону таһынан Илиҥҥи институт уонна античнай экономика үрдүкү оскуолатын, РГТУ Илиҥҥи култууралар профессордара, эксперт. Олоҕун тыл билимин сайдыытыгар анаабыт киһи. Дириҥ билиилээх, тыл үөрэҕин баһылаабыт учуонай. Саха лингвист-учуонайа Семен Новгородов сүүрбэ омук тылын билэрэ, ол курдук Анна Васильевна эмиэ элбэх омук тылын баһылыыр. Кэпсэтиигэ олус судургу. Үлэтигэр уһулуччу бэриниилээх исписэлиис. Быыстапка аһыллыытын кэнниттэн саастаах дьон кэпсээнин бэйэтэ устубута. Иис маастара Мария Николаевна Басованы, төрүт култуураны тарҕатааччы, улуус кыраайы үөрэнээччитэ, педагогическэй үлэ бэтэрээнэ Зоя Лукинична Ючюгяеваны кытта тыллар суолталарын туһунан оллоонноон олорон кэпсэттэ, олохторун кэпсээнин уһулла. Анна Владимировна Саха сиригэр кэлэ сылдьыбыта. Тыа сиригэр бастакы кэлиитэ. Тааттаҕа сылдьыбытыттан олус астынна. Быыстапка аһыллыытыгар боҕуруоскай, үөрэ отторунан ыраастаныы сиэрин-туомун оҥорбуттарын сэҥээрдэ. Таатта улууһун баһылыга М.М. Соров  Анна Васильевнаҕа,  тумус туттар киһибит, духуобунай лидербыт, ойууһут, уус Мандар Уус саҥа кинигэтин бэлэх ууммутуттан олус долгуйбута, үөрбүтэ. Кини: “Таатта – төрүт  култуура, тыл, духуобунас киинэ. Тыл уонна норуот култуурата норуот баайа буолар. Биир эмэ норуот тыла, култууратын сүтүүтэ – бу хас биирдии киһи сүтүгэ, дьадайыыта. Итинник сүтүгү таһаарбат инниттэн хас биирдиибит үлэлэһиэхтээх. Төрөөбүт тылын таптыахтаах, ытыктыахтаах. Айылҕаны харыстыыр экологтар курдук биһиги, тыл экологтара, тылы уонна култуураны сүтэрбэт туһугар үлэлиибит. Биһиги сыалбыт – “тыыннаах” тылы  хомуйуу, аныгы кэмҥэ саха тылын туругун, оройуоннааһын  сабыдыалын билии. Электроннай карталарга төрөөбүт тылбытынан саҥарарбытын киллэриэхтээхпит. Ким баҕарар картаны баттаан, ханнык дойду  дьоно хайдах саҥаралларын  истиэн сөп. Онон бу бастакы эспэдииссийэ улахан суолталаах. Манна социолингвистика, психолингвистика, этнология уонна ханыылыы наукалар ньымалара туһаныллыахтара. Улахан болҕомто Арктика олохтоохторун сүтэн эрэр тылларыгар, култуураларыгар ууруллан,  турбут кыһалҕаны туоратарга үлэ ыытыллыахтаах”, - диэн үлэбит сүнньүн быыстапка аһыллыытыгар билиһиннэрбитэ. Бу хайысхаларынан үлэ бардаҕына эрэ, тылбытын быыһыыбыт.  Ил Дархан А.С. Николаев саха тылын уруоктарын чааһын элбэтэргэ уураах таһаарбытын ис сүрэхпиттэн биһириибин.

Алгыс сиэрэ-туома

– Бу бырайыаккыт  ис тутулун, сыалын  ааҕааччыларга билиһиннэр, сырдат  эрэ.

– Аан дойду үрдүнэн икки атахтаах эрэ тыл нөҥүө саҥарар, кэпсэтэр. Урукку кэмнэргэ саха фольклорун, тылын, үгэстэрин чинчийбит улуу убайдарбыт  П.А. Ойуунускай, А.Е. Кулаковскай, фольклорист, кыраайы үөрэтээччи Сэһэн Боло, бастакы букубаар ааптара, лингвист-учуонай, Сэмэн Новгородов уо.д.а. истибиттэрин, чинчийбиттэрин сурукка тиһэн хаалларбыт буоллахтарына, билиҥҥи сайдыылаах кэм дьоно куйаар ситимигэр бу үөрэппит матырыйааллары уган үйэтитэбит, харайабыт. Бүгүн кэпсэппит Таатта олохтоохторун уһатыылаах аһаҕас дорҕоонунан саҥарбыт саҥалара компьютерга киирэн, анал бырагыраамаҕа угуллуоҕа. Кинилэр ааттара, саастара барыта ыйыллыаҕа. Кэнэҕэскитин оҕолоро, сиэннэрэ истиэхтэрэ турдаҕа.

– Бу үлэлии сылдьар бырайыаккар тус бэйэҥ туох үлэни ыыттыҥ, тугу ситистиҥ?

– Бырайыакпыт үлэлээбитэ иккис сыла. Бастакы сыл Хакассияҕа сылдьыбыттара. Ол бириэмэҕэ мин дойдубар үлэлээбитим. Социальнай дьиэҕэ олорор кырдьаҕастары уонна доруобуйаларын чөлүгэр түһэрэр кииҥҥэ эмтэнээччилэри кытта кэпсэтэргэ санаммытым. Тоҕо диэтэргин, онно өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыттан кэлэн олороллор, эмтэнэллэр уонна бириэмэлээхтэр, ханна да ыксаабаттар. Биир киһини, кылгаабыта, чаас аҥаара устабын. Нууччалыы тылы ыйытабын, ол тыл сахалыы тылбааһын этэллэр. Тылы туттуулара сүрүннээн биир эрээри, түөлбэ тыла иһиллэн ааһар. Үксүгэр судургу тыллары тутталлар эбит. Диктофон нөҥүө үлэлиибит. Эрдэ тыллары суруйан бэлэмниибин. Аһаҕас, аһаҕас уһатыылаах тыллары сыымайдаан суруйабын. Оччотугар үлэлииргэ чэпчэки. Биир тылы үстэ этэллэр, аргыыйдык, түргэнник субуруппакка эрэ. Онтон ыраастаан компьютерга быраҕыллар. Сыыйа туһааннаах бырагыраамаҕа киирэр.

Таатта улууһун маастардара

– Бүгүн саха дьахтарын уран тарбахтарынан тигиллибит дьэрэкээн оһуордаах таҥастары, киэргэллэри көрдүҥ. Тыл уонна таҥас туох ситимнээхтэрий ?

– Омук төһөнөн былыргы төрүттээх тыллаах даҕаны, таҥаһа, киэргэлэ ураты буолар. Тыл институтугар омуктар кэтэр таҥастарын үөрэтэр салаа эмиэ баар. Анаан үөрэтэллэр, чинчийэллэр. Ханнык омук ханнык өҥү, оһуору туттарын чинчийэллэр. Элбэх научнай ыстатыйалар суруллаллар. Бэйэм сахам таҥаһын кэтэрбин сөбүлүүбүн. Атын омуктарга тэҥнээтэххэ, биһиги таҥаспыт олус сиэдэрэй, тигиитэ уустук, оһуора-мандара элбэх. Тыл курдук омук таҥаһа сүппэтин туһугар үлэлиир учуонайдар эмиэ бааллар. Төрүт ииһи сүтэрбэт мөккүөргэ сылдьааччылар элбэхтэр. Бүгүн “Таатта улууһун норуотун маастара” бочуоттаах ааттары ылбыт ытык-мааны дьоммут саха дьахтарын дьоҕурун, сатабылын, кыаҕын толору көрдөрдүлэр. Иискэ хас биирдии оһуор суолталаах, туспа кэпсээннээх, сэһэннээх. Саха таҥаһын кэтэҥҥин ыһыахха бараҕын, ыһыах барыта тыл, үгэс эргийэр киинэ. Алгыс, оһуохай, тойук, чабырҕах, үгэ, ырыа, хоһоон ааҕыытын түһүлгэлэрэ, хапсаҕай, тустуу, ыстаҥа, ат сүүрдүүтүн ыһыыта-хаһыыта – бу барыта төрөөбүт тылбыт умнуллубат биһигэ. Ааспыт ыйга Москваҕа ыытыллыбыт “Уникальная Россия” уус-уран промышленнай быыстапкаҕа биир дойдулаахтарбын көрсүбүтүм. Сахам киһитэ оҥорбут быһаҕа, хомуһа, тикпит таҥаһа, ситиитэ, кыспыт чорооно, туой иһитэ – ураты сылаас, кэрэ, дьикти.

Уҥа улуус баһылыгын солб. А.Г. Гуляева

– Киҥкиниир Москва куорат эдэр киһи үлэлииригэр хайдаҕый? Москваҕа хас сыллаахха, туох сыаллаах барбыккыный?

– Москваҕа 2010 сыллаахха барбытым, түөрт сыл буолан баран аспирантураҕа үөрэнэ киирбитим. Аспирантураны 2017 сыллаахха бүтэрбитим. Билигин тыл институтугар алын научнай сотруднигынан үлэлиибин. Үлэбин ис-испиттэн сөбүлүүбүн. Киһи тартаран үлэлиир. Дойдубут киин куоратыгар олорон үлэлиирбинэн киэн туттабын. Сайдыылаах сиргэ олорорго, үлэлииргэ табыгастаах. Сайдыы киһиэхэ дьайара күүстээх. Элбэх омугу кытта алтыһыыҥ да киһи сайдарыгар сабыдыаллыыр. Хас биирдии омук бэйэтин тылын, үгэһин илдьэ сылдьар буоллаҕа. Институт үлэһиттэрэ бары тыл тыыннаах хааларын туһугар үлэлии-хамсыы сылдьар дьоммут. Норуот туһугар. Эн саха буол, нуучча буол, хакаас буол. Москваҕа олорор дьиэлээхпин, ол иһин үлэлиирбэр харгыстары көрсүбэппин.

Анна Дыбо Орто Амма нэһилиэгин дьахталларын кытта

– Сахаҥ тылын дириҥэтэн үөрэтэ сылдьар киһи быһыытынан, тылбыт уруулуу омуктартан  хайдах иһиллэрий дии саныыгын?

– Сахам тыла олус кэрэтик иһиллэр. Баай устуоруйалаах, дириҥ силистээх. Биир тыл араас өйдөбүлү, суолтаны, киэҥ ис хоһоонноох кэпсэтиини, ырытыыны үөскэтиэн сөп. Хас биирдии тыл бэйэтэ туспатык иһиллэр, саҥарыллар, суруллар дьиктилээх. Биир да тыл сүтүүтэ улахан охсуулаах. Ол иһин хас биирдии тыл иһин охсуһуохтаахпыт, үлэлиэхтээхпит.  Маннык улахан бырайыакка үлэлии сылдьарбыттан астынабын.

– Тоҕо төрөөбүт тылбын дириҥэтэн үөрэтэбин диэн бэйэҕэр ыйытык туруораҕыҥ дуу?

– Аҕам уус-уран тыл биһигэр Тааттаҕа төрөөбүт, саха тылын уонна литературатын учуутала идэлээх буолан, мин тылга сыһыаным, сүгүрүйүүм төрөөбүт сахам тылын бараммат баайын үөрэтэрбэр олук уурбута буолуо дии саныыбын. Аҕам төрүттэрэ ис-истэриттэн  сахалыы тыыннаах, куттаах, элбэх кэпсээннээх дьон. Эһэм Василий Николаевич Лягушин Чөркөөххө Сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ. Дьаһаллаах, кэпсэтиилээх киһи киһитэ этэ. Аҕам кинини батан оскуоланы салайан, дириэктэринэн таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Эн туох идэлээх буоларыҥ хааҥҥынан бэриллэр диэн этиигэ сөбүлэһэбин. Сорох кырдьаҕастар оҕо улаатан туох, хайдах киһи буоларын быһаараллара эмиэ баар буолар.

П.А.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай мусуойга

– Аспирантураҕа эйигин кытта биир эмэ саха ыччата үөрэммитэ дуо?

– Аспирантураҕа үөрэнэр кэммэр саха суоҕа, институкка да соҕотохпун. Хаанынан аймаҕым саха үөрэнэрэ буоллар диэн баҕалаахпын.

– Кырдьаҕас Чөркөөх оскуолатыгар үөрэммит кэмҥин сырдат эрэ.

– Саха саарыннарын көччөх гынан көтүппүт Чөркөөх – өбүгэм ытык сирэ буолар. Ахтар, саныыр оҕо сааһым сайына Чөркөөххө ааһара. Онус кылааска үөрэммитим. Киэҥ билиилээх, сатабыллаах учууталларга үөрэммит дьоллоохпун. Кылааспытын хаан-уруу эдьиийим Светлана Ананьевна Петрова салайбыта, онтон саха тылын уруогар Алексей Петрович Саввин үөрэппитэ. Бэйэтэ айар куттаах буолан, тылга сыһыана, үөрэтиитэ  ураты этэ. Бииргэ үөрэммиттэр сибээспитин быспаппыт, күннэтэ билсэ олоробут. Бииргэ үөрэммит оҕолорум Наташа Аввакумова, Тарас Жегусов, Федя Собакин, Дима Эльберяков, Гоша Решетников, Лена Вырдылина, Лена Прохорова, Дуня Элякова бары идэ ылан, үлэлии-хамсыы, ыал ийэлэрэ, аҕалара буолан этэҥҥэ олороллоруттан үөрэбин.

– Киһи олоҕун бэйэтэ салайар. Олорорго, үлэлииргэ инники былааннардаах, баҕа санаалаах буолар. Инники былааҥҥын билиһиннэр.

– Олохпун тылы үөрэтиигэ аныыр санаалаахпын. Тыл саҥарарга, суруйарга эрэ анамматах, үйэттэн үйэҕэ тыл үөрэтиллиэхтээх, чинчиллиэхтээх. Кэм кэрдии тылы уларытар, ардыгар сымсатар. Ону олох хаамыытынан, сайдыытынан куйаар ситиминэн саҥанан үйэтийиэхтээх. Умнууга хаалбыт тыллар сөргүтүллэн, тиллэн  иһэллэрэ буоллар, тылбыт умнуллубат дьылҕаланыа этэ. Тыл эрэ баар буоллаҕына норуот баар. Тылбытын норуоппут култуурата, үгэһэ тутар. Үлэбитинэн анал бырайыактарга кыттыһан, идэбитигэр сонун сүүрээннэри киллэрэбит. Ол иһин өссө умсугутуулаах.

Тюрколог А.Дыбо

Тыл билимин үлэһитигэр, биир дойдулаахпар Ульяна Легусинаҕа айымньылаах үлэни баҕарабын. Саха буоларгынан киэн тутун, төрөөбүт тылыҥ тыынын уһатарга туох баар кыаххын анаа. Саха тылын баайын, уранын курдук, олоҕуҥ устуоруйанан баай, кэрэхсэбиллээх буоллун, ыччатыҥ бэйэҥ курдук ийэ тылынан саҥардын диэн алгыс тылбын аныыбын.

Эспэдииссийэ чилиэннэрэ Таатта улууһун киинигэр Ытык Күөлгэ, Дьохсоҕоҥҥо, Чөркөөххө, Кыйыга – барыта 150 киһини хабан тыл бырайыагар  үлэлэттилэр. Онон кинилэр да, олохтоохтор да астынныбыт.  Чинчийэр бөлөх П.А. Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай мусуойга (сал. М.Г. Аржаков) уонна улуус кыраайы үөрэтэр мусуойугар (сал. М.А. Попова) экскурсияҕа сырыттылар, асчыт, саламаат маастара М.Е. Бондарева арыылаах саламаатын, бастыҥ кымысчыт Р.Е. Терякова иҥиирдээх кымыһы билиһиннэрэр маастар-кылаастарын көрдүлэр, саха төрүт аһын амсайдылар, онтон “Алгыс” саха балаҕаныгар (сал. К.И. Христофоров) “Удьурҕай”  олоҥхо бөлөҕүн (сал. Р.С. Маркова) толоруутугар олоҥхо иһиттилэр, алгыс сиэрин-туомун билистилэр.

Эспэдииссийэ чилиэннэрэ салҕыы Дьокуускайга үлэлиэхтэрэ.

Бу курдук сахабыт тыла, бэйэбит саҥабытынан куйаар ситимиттэн иһиллэн, үйэлэргэ суруллан, өлбөт үөстэннин, симэлийбэтин. Маннык кэрэхсэбиллээх бырайыактар норуоттар тыллара сүппэтин туһугар айылла турдуннар, үөртүннэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...