Улуус историята — биир киһи олоҕор
Бу күннэргэ Кэбээйи улууһугар тыыл, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, оройуон Бочуоттаах олохтооҕо, оройуон, өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарын солбуллубат уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнэ Никифор Дмитриевич Терехов 90 сааһын киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтээтилэр. Бүгүҥҥү «Килбиэн» балаһабытыгар улуус «Дабаан» хаһыата ытык кырдьаҕаска аналлаах ахтыылары ыыппытын бэчээттиибит.
Айылҕа айбыт бэлэҕинэн
Мин Никифор Дмитриевиһы кытта ааспыт үйэ 50-60 сылларыттан, колхозтар туругуран үлэлиир-хамсыыр кэмнэриттэн, 60-тан тахса сыл билсибит эбиппин.
Колхозтаах оҕото колхозтаах буолуохтаах диэн өйдөбүл чиҥник киирбит кэмэ буолан эбитэ дуу, оччолорго 3-4 кылаас оҕолоох төрөппүттэргэ, көмө киһилээххит диэн, эбии былаан ирдэнэрэ. Онтон 5-с кылаастан былааннаах звено үлэһитинэҕин. Ол быһыытынан мин звеноҕа үһүс сылбын оттоһо сырыттахпына, атырдьах ыйыгар, үрдүк үөрэҕи саҥа бүтэрбит учуутал уол оттоспута. Үөрэҕэ саҕаланара чугаһаабытыгар киһибитин «ким Кэбээйини атынан булларар” диэн боппуруос турда. Онуоха миигин эксээмэннээтилэр, суолу-ииһи төһө билэрбин ыйыталаһан, Тыайаҕа диэри билэр эбит, улахан тукулааҥҥа мумматаҕына, тиэрдииһи, диэн түмүктээтилэр быһыылаах. Кыахтаах, сымнаҕас Бачамыас диэн аты биэрдилэр.
Күһүҥҥү кэм бэйэтин бэлиэтин – лаглайбыт хатыҥнарга аҕыйах араҕас сэбирдэҕинэн иэмэх ыйаталаабыт. Кус саҥа үөрдүһэн, мас көтөрдөрө отонноох, сугуннаах сирдэри булан, ууга да, тыаҕа да сэргэхтик айанныыгын. Улуу Эбэбитин Илин баһынан иилии эргийэн, били кутталлаах, улахан тукулаан туорааһыныгар кэллибит. Оччотооҕуга кыһыннары-сайыннары суол ити биһиги иһэр сирбитинэн, атынан эрэ сылдьыллара. Биир эмэ ДТ-54 тыраахтар баара тукулаан кумаҕар кыайан барбат. Ол кутталлаах сирбит тоҕус туоһун кумах куйаарыгар сытар ат сааҕынан сирдэтинэн туораатыбыт. Аты мииммэккин, сиэтэҕин эрэ. Биһиги ити сирбитин 1 ч. 50 мүн. курдук айаннаан баран, эриэхэ маһын быыһынан уу көстүбүтүгэр, мумматахпытын билэн, үөрэн чэпчии түстүбүт. Бу Сиикэрэлээх диэн тукулаан анныгар сытар кыһын тоҥмот, бөдөҥ сордоҥноох, киллэрэр да, таһаарар да сибээһэ суох бэс чагда кытыллаах дьикти күөл. Уута ырааһынан чугас эргин тэҥнээҕэ суох. Кинини табан ааһар айан суола сабыллыбыта үйэ аҥаарыттан лаппа орто. Кэлин иһиттэххэ, газ трассатын тутааччылар дьиэлэнэн-уоттанан, балыктаан аһаан ааһаллар үһү.
Биһиги ити күөлбүтүгэр отунан-маһынан сирэйдэнэн оргууй аҕай чугаһаан көрбүппүт, аҕыс үөрдээх туруйалар хаамса сылдьаллар. Биһигини билэн, бэһи быыһынан көтөн киирэн бардылар. Ол турдахпытына, биэрэк бэрдьиилэлэрэ мэһэйдээбитэ буолуо, биһигиттэн 70-80 м сиргэ эмискэ көрүүгэ туруйа курдуктар көһүннүлэр, төрдүөлэр... түү, өҥ, хаамыы, хамсаныы, дьүһүн мааны. Сотору биһигини билэн, бэлиэ соҕустук кыра-кыралаан кыҥкынаһан ыллылар. Били туруйалар курдук дьигиҥнэһэн, хамсанан, хаһыытаһан барбаккалар эрэ, ол кыҥкынас дьикти нарын куоластарын аргыс оҥостон олус кэрэтик, сырдыгынан сыдьаайан, ыраас, чэбдик көстүүлэрин ийэ сиртэн өрө дайа көтөҕөн, күөл кумахтаах биэрэгин кыйа, бэс кырдалы батыһа, хотугулуу-арҕаа туһаайан, көтөн күөрэйэн таҕыстылар. Биһиги ити алыптаах көстүүгэ балыйтаран, хамсаабакка туран хааллыбыт. Онон Никифор Дмитриевичтиин ити айаҥҥа аргыстаһан, кыталыктары астына көрбүттээхпит. Билигин икки атах “кыһамньытынан» кыталыгы көрбүт киһи биһиги эргин иһиллибэт. Тус бэйэм оҕо төрөөн, киһи буолан кыталыгы үстэ эрэ көрбүтүм.
Дьэ биһиги ити курдук Лүүчүнүнэн, Өбүгэнэн, Үүнэр олоҕунан, Ааллаах үрэҕинэн, Дьүлэйинэн Тыайаҕа хонон, Луҥханан, Бачыым аатырар бадарааннаах толоонунан, Мэйигинэн, Байҕалынан, Хачаҥкылааҕынан, Чырыыданан, Малыыданан, Бырасыылабынан айаннаан, Кэбээйибитин булбуппут. Мин сорудахпын толорбутум.
Күндү учууталым, аҕа табаарыһым, доруобай сылдьаҥҥын, хаалыктаах хаамыыгын хаалларыма, кыракый үрүсээххин сүгэн, сонуну-нуомаһы сомсо сырыт, өйүҥ-санааҥ баайынан, үөрэ-көтө сылдьаҥҥын, кэрэ кэпсээҥҥин кэҕиннэримэ, кэрэхсэбиллээҕи кэҥэтэ сырыт!
Үйэлээх-сааскар тойон-хотун дьоннордуун үлэ туһугар үлүмнэспиккин үөлээннээхтэриҥ, ыччаттарыҥ ахтыахтара бу бэлиэ күҥҥүнэн. Мин бэйэм ирээппин эйигин кытта айаннаабыт бэлиэ түгэммин аҕынным! Дьоллоох буол, доруобай сырыт!
Арыктаахтан үөрэнээччиҥ,балыс саастаах табаарыһыҥ Дмитрий Николаев
Биһиги күндү күтүөппүт
Күтүөппүт Никифор Дмитриевич, эдьиийбит Матрена Николаевна дьоммут ыалдьан өлбүттэрин кэннэ биһиэхэ ийэлии-аҕалыы сыһыаннаһан, үөрэхтээх, үлэһит буоларбытыгар кыһаллаллара, көмөлөспүттэрэ.
Никифор Дмитриевич, бэйэтэ кэпсииринэн, эрдэ тулаайах хаалан, эһэлээх эбэтигэр иитиллибит. Онтон аймахтара Терехов Дмитрий Семенович ииппит. Оҕо сааһа сэрии кэмигэр ааһан, элбэх ыарахаттары көрсүбүт. 1942 сыллаахха 8 сааһыгар оскуолаҕа киирбит. Кыра эрдэҕиттэн үлэҕэ эриллибит. Улахан дьону батыһан Эбэлэригэр куйуурдууллара – балыктыы, мундулуу киирэллэрэ үһү. Мөлтөх, чараас таҥастаах кырачааннар бултаан дьоннорун аһаталлара. Үөрэх кэнниттэн сайын окко, бурдукка улахан дьону кытта тэҥҥэ үлэлииллэрэ. Никифор фермаҕа ыанньыксыттыыр эдьиийигэр куруук көмөлөһөр эбит.
7 кылааһы ситиһиилээхтик бүтэрэн, Сангаарга үөрэнэ киирбит. Биһиги эдьиийбит эмиэ 7 кылаас кэнниттэн Сангаарга үөрэнэ кэлбит. Онно көрсүһэннэр, суругунан билсибиттэр.
Эдьиийбит бастаан Читаҕа үөрэнэн, онтон Ленинградка ординатуратын баран, быраас идэтин ылбыт. Никифор Дмитриевич СГУ-га математика учууталын идэтин ылан, үлэтин дойдутугар Кэбээйигэ саҕалаабыт. Эдьиийбит үөрэҕин бүтэрбитигэр министиэристибэ эдэр исписэлиистэри Сунтаарга үлэҕэ ыыппыт. Оччолорго номнуо бастакы уоллара Сергей төрөөбүт. Сунтаарга иккис уоллара Борис төрөөбүтэ. Онтон төрөөбүт оройуоннарыгар ыҥырыллан үлэлии кэлбиттэрэ. Ол саҕана Сангаарга 10 тыһыынчаттан тахса киһи олороро. Үһүс уол Игорь Сангаарга төрөөбүтэ. Эдьиийбит түүннэри-күнүстэри араас командировкаларга, куурустарга сылдьара, оройуон балыыһаларын кэрийэн, көмөлөһөрө, бэрэбиэркэлиирэ. Матрена Николаевна кэлин САССР үтүөлээх бырааһын үрдүк аатын ылбытыгар Никифор Дмитриевичка олус махтанара.
Күтүөппүт Никифор Дмитриевич уолаттарын куруук илдьэ сылдьара: сир астыыллара, балыктыыллара, бултууллара, транспорт ыытарга, өрөмүөннүүргэ үөрэтэрэ. Оҕолорун үлэнэн иитээри, Хаалбыска сир ылан дьиэ туппуттара. Сайыны быһа бултууллара уонна оттоон сылгы иитэллэрэ. Сайын күүлэйдии тиийдэхпитинэ, уолум Коля убайдарын, күтүөтүн кытта балыктыырын, кустуурун сөбүлүүрэ.
Никифор Дмитриевич учуутал идэлээх буолан Кэбээйигэ, Дьокуускайга, Сунтаарга, Сангаарга элбэх оҕону үөрэппитэ. Оҕолорго техниканы баһылыырга үгүс өрүттээх, айымньылаах үлэни ыыппыта. Элбэх оҕо киниттэн аан бастаан электро техника, массыына ыытарга үөрэммитэ, ону көрүү-харайыы мындырыгар үөрэппитэ, үгүстэр ити дьарыктарын идэҕэ кубулуппуттара. Кэлин Сангаарга үөрэх салалтатыгар киирэн, оскуола оҕолорун иитии-үөрэтии боппуруостарынан айымньылаахтык дьарыктанан, өрөспүүбүлүкэҕэ тиийэ сэҥээриини ылбыта. Оройуон оскуолаларын сайыҥҥы үлэлэрин оройуон, өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар сырдаппыта.
Никифор Дмитриевич элбэх кинигэ ааптара. Архыыптартан оройуон олоҕун, дьоннорун туһунан матырыйааллары булан, сырдатан, үгүс дьон махталын ылар.
Кини олоҕун, үлэтин оҕолоро, сиэннэрэ, үөрэнээччилэрэ салгыыллар. Уоллара Сергей Сангаарга предприниматель, икки оҕо тапталлаах аҕата. Боря үрдүк үөрэхтээх, ыал, Хаалбыска олорор, икки оҕолоох, сиэннэрдээх. Үһүс уол Игорь медицинскэй техника инженерэ, Германияҕа үөрэммитэ, икки оҕолоох ыал, Дьокуускайга олорор.
Уолаттар аҕаларын утумнаан бары техникаҕа сыһыаннаах үрдүк үөрэхтээхтэр, булчуттар, амарах аҕалар, эһээлэр. Олох салҕана турар.
Икки сиэн Надя, Уйгулаана эбэлэрин утумнаан быраас үлэтин талбыттар: Надя Мэҥэ Хаҥалас Майатыгар аллерголог быраас, Уйгулаана Владивостокка үөрэнэ сылдьар. Эһэтин аатынан сиэн уол Никифор Сергеевич эһэтин баҕа санаатын толорон летчик идэтигэр үөрэнэн, халлааҥҥа көтөр.
Эдьиийбит ыалдьыбыт кэмигэр күтүөппүт Никифор Дмитриевич кыра оҕолуу көрбүтүгэр махталбыт улахан. Биһиэхэ, эбээ буолбут дьоҥҥо, сүбэлии, көмөлөһө сылдьарыгар махтанабыт.
Биһиги эйигинэн киэн туттабыт!
Чугас дьонуҥ тапталларыгар уйдаран, уһун үйэни баҕарабыт.
Кыргыттарыҥ Ольга Николаевна, Октябрина Николаевна
Тумус туттар киhибит
Никифор Дмитриевич Тереховы биһиги кыраайы үөрэтээччи, историк, этнограф быһыытынан үрдүктүк сыаналыыбыт.
Ол иһигэр Кыайыы 50 сылыгар 2005 с. «Кэбээйилэр кыайыыга кылааттара», 2010 с. «Кэбээйилэр сайдыыны тиэтэтээри» диэн Аҕа дойду Улуу сэриитин уоттаах кыргыһыыларыгар, чурапчылары кѳһѳрүү ыар кэмнэригэр биир дойдулаахтарбыт кылааттарын туһунан кинигэлэрэ, улууспут историятыгар аналлаах элбэх ыстатыйата өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар тиийэ тахсан, дьон сэҥээриитин ылбыттара.
Кэбээйи оройуонугар оҕону үлэнэн иитиигэ улахан үлэ барара. Никифор Дмитриевич 1978-1989 сс. оройуоннааҕы үѳрэх салаатыгар үлэнэн иитиигэ уонна үѳрэтиигэ инспекторынан бэрт таһаарыылаахтык үлэлээбитэ.
Ити кэмнэргэ ҮСЛ (үлэ, сынньалаҥ лааҕырдарын), үлэ кабинеттарын (животноводство – кыргыттарга, трактороведение – уолаттарга) тэрийии күүскэ барбыта. Тиһиктээх үлэ ыытыллан, 1989 сыл кулун тутар 21 күнүгэр Кэбээйи уонна Мукучу орто оскуолаларын үлэнэн иитиигэ уопуттарын Саха АССР Υѳрэҕин министиэристибэтин коллегията үрдүктүк сыаналаабыта. Ити үтүѳ холобурдарын түмэн, Н.Д. Терехов 2015 с. «Кэбээйилэр бүттүүн оҕо иитиитигэр» диэн кинигэтин сүрэхтээбитэ.
П.Д. Степанов аатынан улуустааҕы кыраайы үѳрэтэр музейбытыгар 2013 с. Никифор Дмитриевич толору комплектаах ат, оҕус соһор биир лемехтаах булуугу бэлэхтээбитэ билигин биир дьоһун экспонат буолан, кѳрѳ кэлбит дьон сэҥээриитин ылыан ылар.
Н.Д. Терехов улууспут, өрөспүүбүлүкэбит салалтатын иннигэр билигин даҕаны бэйэтин кѳрүүтүн чопчутук туруорсар, этии киллэрэр, санаатын үллэстэр тумус туттар киһибит.
Υтүѳ киһибит Никифор Дмитриевич ѳссѳ да ѳр сылларга чэгиэнник сылдьан, айымньылаах, таһаарыылаах үлэҥ тахса турдун, доруобай, этэҥҥэ буол!
П.Д. Степанов аатынан Кэбээйитээҕи кыраайы үөрэтэр музей дириэктэрэ Григорий Егоров