14.05.2022 | 15:00

Улуу Кыайыы өйдөбүнньүктэрэ

Улуу Кыайыы өйдөбүнньүктэрэ
Ааптар: Розалия ТОМСКАЯ
Бөлөххө киир

Дьокуускайга Аҕа дойду Улуу сэриитигэр анаммыт пааматынньыктар:

Ытык ийэҕэ – Ийэ скверигэр;
«Ильмень үрдүнэн туруйалар» – Ильменскэй уул. скверигэр;
Суруналыыс, Сэбиэскэй Сойуус геройа Н.А. Кондаковка – “Саха” НКИК скверигэр;
Саха снайперыгар – 202-ис микрооройуоҥҥа;
Сэрииттэн кэлбит Кыайыы саллаатыгар – тутулла турар Кыайыы пааркатыгар.
Снайпер И.Н. Кульбертиновка – Кыайыы пааркатыгар.

Уоттаах сэриигэ хорсун быһыыларынан аатырбыт дьоммут ааттара Дьокуускайга эмиэ үйэтитиллэн  тураллар:

1. Сэбиэскэй Сойуус геройа Клавдий Краснояровка – кини аатынан уулуссаҕа;

2. Сэбиэскэй Сойуус геройа Федор Поповка – 20-ис нүөмэрдээх оскуола скверигэр;

3. И.В. Сталиҥҥа – “Анаабыр Алмаастара” хампаанньа тиэргэнигэр;

4. Сэбиэскэй Сойуус геройа Николай Степановка – Култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар;

5. Сэбиэскэй Сойуус геройа Валерий Чкаловка – кини аатынан сквергэ.

 

Кыайыы болуоссатын мөккүөрдээх историята

Кыайыы болуоссата – Ытык сир. Бу мантан саха буойуттара Аҕа дойдуну көмүскүүр уоттаах сэриигэ аттаналлара.

1970 сыллаахха, Улуу Кыайыы 25 сыллаах үбүлүөйүн көрсө тутуллубута.

1995 сыллаахха Триумфальнай арка тутуллубута.

Кыайыы болуоссатын бастакы өйдөбүнньүгэ – Т-34 тааҥка. Бу тааҥканы хаһан туруорбуттара билигин да мөккүөрү үөскэтэр. Сорох источникка 1977 сыл ыам ыйын 9 күнэ ыйыллар, сороххо – 1973 сыл суруллар. Бу мөккүөр тааҥканы болуоссат иһигэр хаста да миэстэтин көһөрө сылдьыбыттарыттан тахсыбыт буолуон сөп. Сөргүтүү, өрөмүөн үлэтин түмүгэр тааҥка билиҥҥи миэстэтин булбута биллэр.

Тааҥка пааматынньыга “Советская Якутия” диэн Бастакы Украинскай фроҥҥа сэриилэспит танковай холуонна кэриэһигэр ананар. Маны таһынан, Саха сирин олохтоохторо хомуйбут харчыларыгар өссө “Алданский горняк” танковай холуонна сэриилэспитэ. Онон бу икки түгэни кэлэр көлүөнэлэргэ санатар сыаллаах турар пааматынньык буоларын умнумуоҕуҥ.

Аттаах бухатыыр. Пааматынньык туруохтаах сиригэр бастакы таас 1975 сыллааха ууруллубут. Мемориальнай комплекс элбэхтик өрөмүөннэммитэ, онон 2010 сыллаахха, Улуу Кыайыы 55 сыллаах үбүлүөйүгэр стела граниты кэппитэ. Бу стела саха халандаарын моһуонунан оҥоһуллубут.

1985 сыллаахха үөһэнэн көтөн иһэр аттаах бухатыыр (норуокка Манчаары диибит) оҥоһуллубута. Пааматынньыкка оҥоһуллубут аттаах бухатыыр уобараһа хара дьайы барытын кыайбыт олоҥхо геройа Ньургун Боотуртан ылыллыбыт диэн баар.

Саха бухатыыра – фашистары утары хорсуннук кыргыспыт саха саллаатын символа.

Пааматынньык кэннигэр Сэбиэскэй Сойуус геройдара, Албан аат уордьан толору кавалердара буолбут саха буойуннарын барельефтара, хас улуус кыайыыга кылаатын кэпсиир боруонсаҕа кутуллубут билиитэлэр, үйэлэргэ сөҕүрүйбэт уот бааллар.

 

PS: Норуокка кэпсэнэринэн, стелаҕа баар бухатыыр фигурата бастаан башкир национальнай геройугар Салават Юлаевка ананан оҥоһуллубут, онтон сириллэн сахаларга тиксибит диэн баар. Бу кэпсээн төһө оруннааҕа билигин да биллибэт.

 

Болуоссат ортотунан герой-куораттар аллеялара субуллар.

Мемориал ааптардара: Скульптордар В.Петербуржцев, А.Степанов, архитектордар И.Слепцов, И.Андросов.

Норуот туппут мемориала

2015 сыллаахха балаҕан ыйын 2 күнүгэр, сэрии түмүктэммит күнүгэр, “Туймаада саллаата” улахан мемориальнай комплекс бырайыага олоххо киирбитэ. Куорат дьаһалтатын көҕүлээһининэн, куорат бүддьүөтүттэн харчы тыырыллан уонна олохтоохтор хомуйбут харчыларыгар тутуллубута.

Комплекс киирэр ааныгар куолакаллаах аан аартык – сэрии саҕаламмытын уонна кыайыынан түмүктэммитин символа. Уопсайа 20 тыһыынча саллаат аата үйэтитиллибит.

2016 сыллаахха Уһук Илиҥҥэ бастыҥ мемориал аатын сүкпүтэ. 2020 сыллаахха манна саха снайперын туругурдар пааматынньык эбии турбута.

Бырайыак ааптара: архитектор И.С. Андросов. Скульптордар: Э.И. Пахомов, П.П. Никитин.

2005 сыллаахха 5 фигураттан турар боруонсаттан скульптурнай бөлөх оҥоһуллубута: сэриигэ баран иһэр 3 саллаат уонна кыра оҕолоох ийэ. Кинилэр турар гранитнай постаменнара сахалар сэриигэ барар кытылларын символа буолар.

Кыайыы болуоссатын сүрүн стелатыгар баар силистэринэн үөһээ таҥнары ыйаммыт мастар туһунан мөккүөр 2010 сыллаахтан саҕалаан билигин да барар. Сорохтор, саха итэҕэлинэн, бу куһаҕан бит дииллэр. Сорохтор, саха бухатыырдара абааһылары кытта охсуһалларыгар тиит мастары силистиин туурута тардан ылан күөрэччи быраҕаттыыр модун күүстэрин көрдөрөр дииллэр. Таҥнары дуу, сөпкө дуу туруоруллубут сэргэ туһунан эмиэ сэттэ араас санаа баар.

Саха АССР 100 сылын көрсө тутуллан бүтүөхтээх 
Кыайыы паарката силигэ ситэ илик.

Быйыл Саха сиригэр 25 сэрии кыттыылааҕа Улуу Кыайыы күнүн уруйдуу көрүстэ, олортон 19-һа Дьокуускайга олороро биллэр.  Уоттаах сэриигэ кыттыбыт, илэ харахтарынан көрбүттэрин үллэстэр дьоммут ахсаана сыллата аҕыйаан иһэр. Онон история кэрэһитэ буолан турар пааматынньыктар тугу кэпсииллэрин ыччакка тиэрдэр, оҕолорбутугар кэпсиир ытык иэстээхпит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Сирэй-харах анньыбакка, күлүү-элэк оҥостубакка...
Сонуннар | 04.10.2024 | 18:00
Сирэй-харах анньыбакка, күлүү-элэк оҥостубакка...
Ийэ тылын билбэт, төрүт үгэһиттэн тэйбит киһи өбүгэтин кытта ситимэ быстарын туһунан суруйдубут ини, суруйбатыбыт ини. Оттон оҕотугар төрөөбүт тылын иҥэрбэт төрөппүт бэйэтэ да билбэтинэн күҥҥэ көрдөрбүт көмүс чыычааҕын көтөр кынатын сарбыйар...  Бу иннинэ «Саха тыла 400» уопсастыбаннай хамсааһын көҕүлээһининэн, Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтатын өйөбүлүнэн «Саха сирин киин куоратыгар тыл...
Сыл тоҕус ыйыгар «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал 7,5 тыһыынча дьиэ кэргэҥҥэ бэриллибит
Сонуннар | 03.10.2024 | 21:38
Сыл тоҕус ыйыгар «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал 7,5 тыһыынча дьиэ кэргэҥҥэ бэриллибит
Арассыыйаҕа буола турар Оҕо саас сылын ааспыт тоҕус ыйыгар Саха сиригэр 7 499 ыал «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаалы тутта, диэн үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтигэр иһитиннэрэллэр. Санатар буоллахха, Ил Дархан Айсен Николаев дьаһалынан өрөспүүбүлүкэ 100 сылынан олохтоммут «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал биэс сылга уһатыллан, 2022 сыл тохсунньу 1...