18.12.2022 | 13:00

Улуу худуоһунньуктар хартыыналара — оҕо кыраҕы хараҕынан

Леонардо да Винчи, Рафаэль, Пикассо хартыыналарын худуоһунньук эрэ барыта хатылыан, кистэлэҥнэрин арыйыан баҕарар. Аан дойду чулуу айымньыларын таабырынын оҕолор кытта таайарга холоноллор.
Улуу худуоһунньуктар хартыыналара — оҕо кыраҕы хараҕынан
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Соторутааҕыта Хатастааҕы Оҕо искусствотын оскуолатын “Живопись” салаата тэрийэн ыыппыт “Картины великих художников глазами детей” аһаҕас дистанционнай күрэҕэ түмүктэннэ. Үһүс төгүлүн ыытыллыбыт куонкурус сыл аайы кыттааччыта элбээн, далааһына кэҥээн иһэр. Быйыл Алдан, Амма, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Мииринэй, Өймөкөөн, Өлүөхүмэ, Томпо, Усуйаана, Чурапчы, Хаҥалас, Кэбээйи, Уус Алдан, Мэҥэ Хаҥалас улуустарыттан уонна Дьокуускайтан, Табаҕаттан уонна Хатастан барыта 156 оҕо кытынна. Бу сырыыга оҕолор ийэ уобараһын үйэтиппит чулуу үлэлэри бэйэлэрин көрүүлэринэн тиэрдэргэ холоннулар.

“Эдэркээн худуоһунньуктар улуу маастардар үлэлэрин үтүктэллэрэ дьоҕурдарын, сатабылларын сайыннаралларыгар олус наадалаах. Үөрэх кыһаларыгар маннык практика мээнэҕэ киирбэтэх буолуохтаах. Тоҕо диэтэххэ худуоһунньуктар былыр-былыргыттан куоппуйаларынан үөрэнэллэрэ, оннук ойуулуур-дьүһүннүүр искусство уопсай быраабылаларын, сокуоннарын уонна ньымаларын баһылыыллара. Күрэххэ кыттыбыт оҕолор үлэлиир кэмнэригэр улуу маастардартан элбэххэ үөрэммит буолуохтаахтар диэн эрэнэбит”, – диэтилэр тэрийээччилэр.      

Куонкуруска киирбит үлэлэри СӨ култууратын туйгуна, Арассыыйа Худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, В. Васильев аатынан бириэмийэ лауреата, П.П. Романов аатынан Дьокуускайдааҕы художественнай училище живописька салаатын сэбиэдиссэйэ Мария Николаевна Иннокентьева уонна СӨ култууратын туйгуна, ДьХУ декоративно-прикладной искусствоҕа уонна норуот оҥоһуктарыгар салаатын сэбиэдиссэйэ Нюргустана Владимировна Филиппова сыаналаатылар. Кинилэр кыттааччылар таһымнара үрдүгүн бэлиэтээтилэр, эдэркээн худуоһунньуктарга айар үлэнэн салгыы дьарыктаналларыгар, уруһуй күрэхтэригэр инникитин да кытта туралларыгар баҕа санааларын тиэртилэр. Дьүүллүүр сүбэ үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрэ үчүгэйдик бэлэмнэнэн, П.П. Романов аатынан Дьокуускайдааҕы художественнай училищеҕа туттарсан киирэллэригэр сүбэлээтэ.

Тэрийээччилэр куонкуруска оҕолору көҕүлээн кытыннарбыт преподавателлэргэ, салайааччыларга барҕа махталларын биллэрдилэр.

Худуоһунньук норуоттар икки ардыларынааҕы күнүгэр уонна СӨ Ийэ сылыгар аналлаах куонкуруска киирбит уон бастыҥ үлэни үөрэ-көтө бэчээттиибит. Көрүҥ, сэргээҥ.

ГРАН-ПРИ – Карина Наумова, 16 саастаах
Эмиль Мюнье «Нежные объятия», 1887 с.
Хатастааҕы Оҕо искусствотын оскуолата. 
Уһуйааччы: Макарова С.М. 
Вероника Шилова, 12 саастаах
Пабло Пикассо «Мать и дитя», 1902 с.
Депутатскайдааҕы Оҕо искусствотын оскуолата, Усуйаана улууһа. Уһуйааччы: Сивцева А.А.
Диана Загорулько, 11 саастаах
Г. Климт «Три возраста женщины», фрагмент «Материнство», 1905 с.
Депутатскайдааҕы Оҕо искусствотын оскуолата, Усуйаана улууһа. Уһуйааччы: Фролова  И.Г.
Сахаайа Гуринова, 10 саастаах
Рафаэль Санти «Сикстинская мадонна», 1513с.    
Светлэйдээҕи Оҕо искусствотын оскуолата, Мииринэй улууһа.
Уһуйааччы: Яковлева Н.М.
Марина Лыткина, 11 саастаах
Афанасий Осипов «Хозяйка очага» левая часть триптиха «В краю предков», 1971 с.
Депутатскайдааҕы Оҕо искусствотын оскуолата, Усуйаана улууһа. Уһуйааччы: Сивцева А.А.
Фая Мостахова, 14 саастаах
Леонардо да Винчи «Мадонна Литта», 1481-1495 сс.
М.Е. Николаев аатынан Өктөмнөөҕү научнай үөрэтэр киин, Хаҥалас улууһа.
Уһуйааччы: Слепцова И.И.
Полина Оконешникова, 14 саастаах
Владимир Маковскай «Свидание матери с сыном», 1883с.
Сангаардааҕы Оҕо искусствотын оскуолата, Кэбээйи улууһа.
Уһуйааччы: Оконешникова Н.С.
Амелия Полятинская, 9 саастаах
Кузьма Петров-Водкин «Мать», 1915 с.
Бэрдьигэстээхтээҕи Оҕо искусствотын оскуолата, Горнай улууһа. 
Уһуйааччы: Васильева А.В.
Алина Старостина, 16 саастаах
Висенте Ромеро Редондо «Материнская забота» 
А.А. Черемных аатынан Амматааҕы Оҕо искусствотын оскуолата
Уһуйааччы: Жиркова К.Н.
Любомир Степанов, 14 саастаах
Иван Горюшкин-Сорокопудов «Мать с ребенком», 1910-сс.
Хатастааҕы Оҕо искусствотын оскуолата 
Уһуйааччы: Егорова Е.П.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....