«Улаханнык саҥарыаҥ — улаханнык уобуоҥ»
Ийэм эдьиийэ ону-маны эрдэттэн былаанныыры, туох эрэ дьоһуннаах дьыалаҕа бэлэмнэнэри тоҕо эрэ сөбүлээбэтэ. Ол туһунан ийэм бу курдук кэпсээбитэ.
Куоракка олорор таайбыт оҕото халыҥ аймахтан үрдүк үөрэххэ аан бастакынан улахан куонкуруһу ааһан киирэн, муҥура суох үөрүү-көтүү аргыстанан, кэһиибитин тутан, таас дьиэлэригэр ол үтүө күнү кыратык бэлиэтээри көтүөккэлэһэн тиийдибит. Саҥаспыт барахсан остуол хотойорунан ас-үөл арааһын астаабыт. Кэлбит ыалдьыттар бары алгыс тылларынан бэлэхтэрбитин туттаран, аһаан-сиэн тарҕаһаары олордохпутуна, ыаллара дьахтар бэйэтэ тылланан киирдэ. Ыҥырыыта суох ыалдьыппын диэн кыбыстыбакка, аһаан-сиэн кимиритэн барда.
Ону сөбүлээминэ, эдьиийим бас-баттах тыллаһааччы буолла: “Эн бэйэҥ оҕоҕун киһилии көрөн-истэн, маннык бырааһынньыгы тэрий ээ, оччоҕо биһиги эмиэ бу эн курдук ыҥырыыта суох кэлэн остуолгар олоруо этибит буоллаҕа. Ама, хайаан үүрдэҥий?” – диэн үгэ-хоһоон кэриэтэ өтөрү-батары саҥарда. Дьахтарбыт сөбүлээбэтэхтии көрдө-иһиттэ, туох эрэ диэн уоһун иһигэр ботугураата, ситэри аһаабакка тахсан барда.
Ааны сабаатын кытта, саҥаспыт ити дьахтар оҕото аҕыйах сыллааҕыта кинилэр арыгылаабыттарын түмүгэр бэйэтинэн ааһан иһэр массыынаҕа соруйан киирэн биэрбитин туһунан кэпсээбитэ. Эдьиийбин тоҕо мээнэ саҥараҕын, нэһиилэ сылдьар дьахтары тоҕо аһыммаккын диэн мөхпүтэ.
Бу түгэн кэнниттэн эдьиийим олоҕо күөрэ-лаҥкы барбыта. Бэйэтин массыына түҥнэри көтөн, өр баҕайы суорҕан-тэллэх киһитэ буолан, арыычча өрүттэн, аҕыйах сылтан бэттэх дьон көмөтүнэн дьиэ иһигэр туран сылдьар буолбута. Кини кэпсииринэн, ол саҥарбыт түүнүгэр түүлүгэр дуу, илэ дуу, хара күлүк кэлэн маҥнай төбөтүн, онтон атаҕын күүскэ да күүскэ баттаталаан көрбүт.
Сарсыарда турбута, төбөтүн ыарыыта сүрдэммит. Атаҕа нүөлүйэн ыалдьарга дылы эбит. Оннук сылдьан, бэйэтэ тумаҥҥа балыйтаран массыынаҕа киирэн биэрбит, нэһиилэ тыыннаах хаалбыт. Күнү көрдөрбүт собус-соҕотох уолугар, саҥа ыал буолаары сылдьар киһиэхэ, икки этээстээх дьиэ туттарар. Эбиитин ол дьиэтин толору миэбэлинэн хааччыйар, үп-харчы бөҕөтүн кутар. Ол уола командировкаҕа сылдьан, сураҕа суох сүтэн хаалар...