25.06.2022 | 10:00

Удьуортан утум салҕанар

Удьуортан утум салҕанар
Ааптар: Наталья Кычкина
Бөлөххө киир

Төрөөбүт нэһилиэгиҥ дьонун туһунан суруйар хаһан баҕарар эппиэтинэстээх, долгутуулаах буолар. Тугу эрэ сыыһа-халты суруйан, атыннык таһааран дуу биир дойдулаахтаргыттан сэмэлэниэххин да сөп. 
Оттон мин бүгүн өрөспүүбүлүкэбитигэр Ийэ сылынан сибээстээн, Лөгөй нэһилиэгэр үлэлии-хамсыы олорор сэттэ оҕо күн-күбэй ийэтэ, истиҥ, эрэллээх кэргэн, эйэҕэс эдэр эбээ Мария Романовна Сокорутова туһунан кэпсиэхпин баҕардым.

Мария Романовна төрөппүттэрин Кэптэни олохтоохторо бука бары билэллэр, убаастыыллар. Ийэтэ Земфира Егоровна, аҕата Роман Гаврильевич Никифоровтар Партизан Заболоцкай аатынан сопхуоска күүстэрин харыстаабакка үлэлээбиттэрэ. Роман Гаврильевич биригэдьиирдиирэ, олус сатабыллаах салайааччы этэ. Куруук ыксыы-тиэтэйэ сылдьара, сайыҥҥы куйааска хаһыатынан оҥоһуллубут бэргэһэ кэтэрэ, үлэтигэр олус бэриниилээх, ирдэбиллээх буолара, пиэрмэттэн, сайылыктан ордубат, үлэһиттэрин кыһалҕаларын кыһалҕа оҥостон, төттөрү-таары матасыыкылынан кэлэрин-барарын бу баардыы өйдүүбүт. Земфира Егоровна сопхуоска эҥкилэ суох ыанньыксыттаабыта, кэлин атыы-эргиэн эйгэтигэр үлэлээн биэнсийэҕэ тахсан, билигин оҕолоругар, сиэннэригэр өйөбүл, көмө-тирэх буолан олорор.

Төрөппүттэрин удьуордаан Никифоровтар оҕолоро бары да үлэни өрө туппут, сүрдээх эйэҕэс-сайаҕас, нэһилиэк дьоно убаастыыр ыаллара буолан, билигин эбэлэрин-эһэлэрин ааттатан, утумнара салҕанан бара турар. Оннук эрэ буоллун...

— Мария, бэйэҥ тускунан ааҕааччыларга билиһиннэриэҥ дуо?

— Мин Уус Алдан Кэптэнитигэр төрөөн-үөскээн, Лөгөй орто оскуолатын бүтэрэн, билигин силис тардыбыт сирбэр үлэлии-хамсыы, айа-тута олоробун. Оскуола кэнниттэн Дьокуускайдааҕы 2-с нүөмэрдээх педагогическай училищены бүтэрэн, 1997 сылтан ханна да халбаҥнаабакка “Чэчир” оҕо саадыгар  иитээччинэн үлэлии сылдьабын. Кэргэним Өлүөхүмэ улууһун Кыыллаах Арыытыттан төрүттээх Артур Вячеславович Сокорутов, күҥҥэ көрдөрбүт 7 оҕолоохпут, 4 уол, 3 кыыс, 1 саастаах сиэн уоллаахпыт.

Оҕо сылдьан ким буолуоххун баҕарар этигиний?

— Оҕо сылдьан учуутал эбэтэр худуоһунньук буолар баҕа санаалаах этим. Онтум биирэ туолан, билигин оҕолору кэрэҕэ-үтүөҕэ үөрэтэбин.

Эн санааҕар, дьиэ кэргэн диэн хайдах буолуохтааҕый?

— Дьиэ кэргэн диэн хайа баҕарар кэмҥэ, бэйэ-бэйэни убаастаһар, өйөһөр, өйдөһөр, көмөлөсүһэр чугас дьоннор диэн. Бу барыта түмүлүннэҕинэ, бигэ туруктаах дьиэ кэргэн үөскүүр.

Оҕо сааскыттан саамай өйдөөн хаалбыт түгэннэргиттэн кэпсии түһүөҥ дуо?

— Биһиги оччотооҕу оҕолор оҕо сааспыт олус көҥүллүк, истиҥник ааспыта. Санаан ылар кэмнэрбит, умнуллубат түгэннэрбит элбэх буоллахтара. Биир саамай чаҕылхай, умнуллубат түгэнинэн сайыҥҥы сынналаҥнарга агитбиригээдэҕэ сылдьыы этэ. Улахан дьону кытта отчуттарга, ыанньыксыттарга сайылыктарынан, алаастарынан кэрийэ сылдьан кэнсиэр көрдөрөрбүт. Онно сылдьан хамнастанан кыһыҥҥы соммун ылыммыппын өйдүүбүн, наһаа күндүтүк саныыбын.

Оҕолоруҥ тустарынан кэпсиэҥ дуо? Төһө майгыннаһалларый эбэтэр олох атыттар дуу?

— Саамай улахаммыт Алина 25 саастаах, олус холку, сэмэй майгылаах, иккис сылын история, общество учууталынан  үлэлии сылдьар. Билигин күтүөппүт Ньургун дойдутугар  Муомаҕа бааллар.

Иккис оҕобут Владислав 23 саастаах, кыра эрдэҕиттэн тустуунан дьарыктаммыта, спортка сыһыаннаах, бэйэтин кыанар буолан, оскуоланы бүтэрээт, тургутууну ааһан, Кытайдааҕы циркэ искусствотын колледжын бүтэрэн, үһүс сылын Марфа, Сергей Расторгуевтар ааттарынан судаарыстыбаннай циркэ артыыһынан үлэлии сылдьар, Кристина диэн кэргэннээх.

Үһүс оҕобут Юлия 21 саастаах, эмиэ тустуунан дьарыктана сылдьыбыта, “Азия оҕолоро” кыттыылааҕа, билигин Уус Алдаҥҥа ыытыллыахтаах 8-с спортивнай оонньууларга иккис хамаандаҕа сүүмэрдэнэн, улууһун чиэһин көмүскээри сылдьар. “Институт водного транспорта” бүтэрэн, гидротехник идэлээх. Кэргэнэ Петя армияҕа сулууспалыы сылдьар, сиэммит 1 саастаах.

Кыра кыыспыт Кристина 19-таах, юридическай колледж устудьуона, бэйэтэ туһунан сэмэй  майгылаах оҕобут.

Бэһис оҕобут Арсен 9 кылааһы бүтэрдэ, ыллыырын сөбүлүүр,  ырыа күрэхтэрин дипломана, лауреата, спордунан сөбүлээн дьарыктанан эрэр. Алтыспыт Антон, 3-с кылааһы бүтэрдэ, эмиэ ыллыырын, футболлуурун сөбүлүүр. Саамай кырабыт, муннубут бүөтэ Филипп 4 саастаах, уһуйаан иитиллээччитэ.

Оҕолорбут бэйэ-бэйэлэригэр наһаа майгыннаспат курдуктар, бары туһунан уратылаһаллар, кыралар убайдарын, эдьиийдэрин холобур оҥостон улааталлар.

Нэһилиэкпит биир тарбахха баттанар, дьон убаастыыр эдэр ыала буолаҕыт. Оҕолоргут талааннаахтар, бэйэҥ кэргэҥҥиниин туора турбакка барытыгар кыттан иһэҕит. Артур ыллыыр, тамадалыыр. Бириэмэҕитин хайдах аттараҕыт?

— Биһиги дьиэ кэргэн араас тэрээһиннэргэ, куонкурустарга кыах баарынан кытта сатыыбыт, “главное участие” диэн девизтээхпит. Бириэмэ ардыгар олох суох буолар, ол гынан оҕолорбут сайынныннар, бэйэлэрин сөбүлүүр дьарыктарын буллуннар диэн, туохха барытыгар кыттыҥ диэн сүбэлиибит-амалыыбыт. Бириэмэбит суох да буоллаҕына, түүннэри да олорон ону-маны оҥорон, тигэн, толкуйдаан кытта, кытыннара  сатыыбыт.

Кэргэҥҥин кытта хайдах, ханна билсибиккитий?

— Биһиги Артурдуун педучилищеҕа үөрэммиппит: мин – иитээччи, кэргэним – музыкальнай салааҕа. Ол сылдьан билсэммит, аналбыт, дьылҕабыт, сэттэ оҕо төрүүр быата тардан, ыал буолан олоробут.

Оҕо иитиитигэр туох сүрүн быраабылалары тутуһаҕыт?

— Биһиги оҕоҕо наһаа бобуу-хаайыы диэни тутуспаппыт, көҥүл соҕустук иитэ сатыыбыт, биллэн турар, аһара барбакка. Кылаабынайа, киһилии, сэмэйдик, бэрээдэктээхтик, чиэһинэйдик сылдьыҥ диибит, бэйэ-бэйэҕитин өйдөһүҥ, көмөлөсүһүҥ, дьиэҕэ үлэлэнэр үлэлэр эбэһээт толоруллуохтаахтар диэн мэлдьи этэбит, сүбэлии сылдьабыт.

Аҕабыт уолаттарын, мас мастааһына, муус ылыыта буоллун, куруук илдьэ сылдьан үлэҕэ үөрэтэр-такайар. Онон оҕолорбут ханнык да үлэттэн чаҕыйан, толлон турбаттар. Оҕо төрөппүтүн кытары ыкса ситимнээх, куруук илин-кэлин түсүһэ сылдьар буоллаҕына, үлэҕэ иитиллэр, үөрэнэр.

Эн санааҕар, оҕолоргор саамай сүрүнэ тугуй – таҥас-сап, хааччыллыылаах, баай олох дуу эбэтэр ийэ, аҕа, убай, эдьиий таптала дуу?

— Оҕолорго ийэ, аҕа, эдьиий, убай тапталлара улахан оруолу оонньуур. Дьиэ иһигэр истиҥ сыһыан, таптал, доруобуйа баар буоллаҕына, атына үлэттэн-хамнастан кэлэ туруо буоллаҕа.

Дьиэ кэргэниҥ халыҥаан, элбээн истэҕин аайы олоҕу көрүүҥ уларыйар дуо?

— Элбээн истэхпит аайы олоҕу көрүү, биллэн турар, уларыйар, оҕолоруҥ инникилэрин саныыгын, хайдах гынан күүс-көмө, өйөбүл, сүбэ-ама буоларгын толкуйдуугун. Ол курдук, этэргэ дылы, оҕолор кыраларыгар бары аттыгар бааллар, кыһалҕаҥ да кыра курдук, оттон улаатан, ыал буолан уйаларыттан көтөн баран истэхтэрин аайы кинилэр тустарыгар кыһалларыҥ, саныырыҥ элбиир, тэҥҥэ улаатар.

Улахан дьиэ кэргэни, элбэх оҕону былааннаабыккыт дуо?

— Ол туһунан былаан суоҕа, айылҕа биэрбитинэн оҕолонон испиппит, онтон билигин хайабыт да кэмсиммэт, оҕолорбутунан толору дьоллонон олоробут.

Кийиит уонна хотун тиэмэтин элбэхтэ суруйааччыбын. Эн кэргэниҥ ийэтиниин сыһыаҥҥыт хайдаҕый?

— Кэргэним ийэтэ Елена Еремеевна олох көмүс ийэ, эбээ, хос эбээ  диэн сыаналыыбын. Эбэбит биһигини кытта 12 сыл бииргэ олорбута. Үлэлии тахсарбар сиэннэрин көрөн-истэн, бүөбэйдэһэн, минньигэс ас астаан, Саҥа дьыл аайы барыларыгар ааҕа маскарад тигэн, наар миэстэлэһэр этилэр, онон наһаа улаханнык көмөлөспүтэ, абыраабыта. Мин хотуммуттан элбэххэ үөрэнним. Түгэнинэн туһанан, Елена Еремеевнаҕа, ону тэҥэ билигин биһиги аттыбытыгар баар, күүс-көмө буола сылдьар күн-күбэй ийэбэр Земфира Егоровнаҕа барҕа махталбын, тапталбын этэбин, өссө уһуннук, доруобайдык, дьоллоохтук олордуннар диэн алгыспытын ыытабын.

Саамай сөбүлүүр, түмсэр бырааһынньыккыт ханныгый?

— Дьиэ кэргэн саамай сөбүлүүр уонна мустар бырааһынньыкпыт, биллэн турар, Саҥа дьыл буоллаҕа. Бу күн бука бары бэйэ-бэйэбитигэр бэлэх бэрсэбит, үөрэбит-көтөбүт, минньигэс астаах сандалы тула олорон сонуммутун, ситиһиилэрбитин үллэстэбит.

— Төрөппүттэргэ үс сүрүн сүбэҥ.

— Ийэни, аҕаны, кырдьаҕаһы убаастыырга үөрэтиҥ. Ирдэбиллээх буолуҥ. Оҕо үлэни буоллун, уруогун буоллун, бэйэтэ толороро наада, төрөппүт ирдииринэн буолбакка.

— Мария, быыс буолан кэпсэппиккэр махтал, эһиги дьиэ кэргэн туохтан да толлубакка иннигит хоту айаннатан иһиҥ, бука бары дьоллоох буолуҥ, оҕолоргут үөрүүлэрэ, ситиһиилэрэ куруук кынаттыы турдуннар, удьуор уускут тэнийэ, халыҥыы, хаҥыы турдун!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...