Учуутал — уопсастыба тутаах киһитэ
Балаҕан ыйын 30 күнүттэн алтынньы 7 күнүгэр диэри Дьокуускай куоракка «Открытое образование – пространство возможностей» диэн XIV өрөспүүбүлүкэтээҕи учууталлар уонна педагогическай уопсастыбаннас сийиэһэ буола турар. Учуутал күнүгэр аналлаах балаһабытыгар бу тэрээһин делегата – Дьокуускай куорат уокуругун Марха 1-гы №-дээх оскуолатын физикаҕа учуутала, “Дети Саха-Азия” норуоттар икки ардыларынааҕы пуонда стипендиата, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэхтээһинин туйгуна, Арассыыйа үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ Лилиана Ивановна Антонова ыалдьыттыыр.
Олохпор суолбун арыйбыттара
– Лилиана Ивановна, бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ.
– Мин 1968 сыллаахха ыам ыйын 27 күнүгэр Бүлүү куоратыгар Надежда Егоровна уонна Иван Иванович Сивцевтэр дьиэ кэргэннэригэр бастакы оҕонон күн сирин көрбүт дьоллоохпун. Бииргэ төрөөбүт төрдүө этибит: икки уол, икки кыыс. Кыра эрдэхпититтэн дьоммутун кытта тэҥҥэ сылдьан хайыһардаан, оттоон, айылҕаны кытта алтыһан көҥүл буола иитиллибиппит. Төрөппүттэрбит дьоҥҥо сыһыаннарын көрөн, бары да амарах сүрэхтээх, дойдубутугар бэриниилээх буола улаатан, ыал ийэтэ-аҕата буоллубут.
Балтым Туйара Ивановна, быраатым Егор Иванович иккиэн Бүлүү улууһун Сосновка сэлиэнньэтигэр Кэт Марсден аатынан интэринээт-дьиэҕэ үлэлииллэр. Бу күннэргэ коронавируһу утары ситиһиилээх үлэлэрин иһин анал бэлиэнэн наҕараадаланнылар. Ийэбит Надежда Егоровна үйэтин тухары уһуйааҥҥа иитээччинэн, методиһынан үлэлээбитэ, Саха АССР, РСФСР норуодунай үөрэхтээһинин туйгуна, Учууталлар учууталлара, Бүлүү куорат бочуоттаах олохтооҕо, өрөспүүбүлүкэтээҕи учууталлар XI сийиэстэрин делегата, Саха сирин стипендиата. Боростуой уһуйаантан 1996 сылга прогимназия тэрийэн, оҕолор оскуолаҕа үрдүк таһымҥа киирэн үөрэнэллэригэр улахан үлэни ыыппыта. Аҕабыт Иван Иванович өрүү хаалан турар тэрилтэлэри өрө тардар салайааччы этэ: Чочуга управляющайынан, Бүлүүтээҕи быткомбинакка дириэктэринэн, Кыргыдайга управляющайынан, арболит сыахха маастарынан, ОДьКХ эйгэтигэр кытары үлэлии сылдьыбыта. Кинини улууска билбэт киһи суоҕун кэриэтэ. Билиҥҥи кэмҥэ “антикризисный управленец” диэхтэрин сөбө буолуо. Ол да иһин мин олохпор төрөппүттэрим дьон туһугар кыһаллалларын көрөн, кинилэр үлэлэригэр бэриниилээхтик үлэлииллэрин иҥэринэн, учуутал идэтин таларбар суол арыллыбыта буолуо.
– Ханна үөрэммиккиний, хантан куорсун анньыммыккыный?
– 1985 сыллаахха Бүлүү 1 №-дээх орто оскуолатын туйгуннук бүтэрээт, Дьокуускайдааҕы Доҕордоһуу уордьаннаах судаарыстыбаннай университет физическэй факультетыгар киирбитим. 1990 сыллаахха Марха 1 №-дээх орто оскуолатыгар үлэбин саҕалаабытым, быйыл 33 сылым. Үлэм киниискэтигэр үлэҕэ киирбитим туһунан биир эрэ бэлиэтээһин баар. 1992 – 1999 сылларга завучтаабытым, онтон кэлин сылларга естественно-математическай предметтэр учууталларын түмсүүтүн салайааччыта, профком бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, социальнай педагог да үлэтин толорор этим. Дьокуускай куорат кытыы нэһилиэктэрин оскуолаларын физик учууталларын координаторабын. Итинник араас хайысханан уһаарыллан, учуутал идэтин баһылаатым дии саныыбын.
Учуутал идэтин ыларбар тутаах дьонум диэн физикаҕа учууталбын Сивцева Людмила Ивановнаны, преподавателлэрбин Раиса Иннокентьевна Петрованы, Валерий Гаврильевич Сыромятниковы, бастакы учуутал быһыытынан практикаларбын салайбыт Римма Васильевна Романованы, Виктор Филиппович Потаповы, бастакы дириэктэрдэрбин Аравиди Алла Викторовнаны, Степанова Наталья Романовнаны ааттаталыахпын баҕарабын. Кинилэр инникини көрүүлэрэ, киэҥ билиилэрэ, куруук креативнай усулуобуйаҕа үлэлиирбит олус диэн интэриэһинэй этэ.
Саҥа ФГОС туһунан
– Билиҥҥи ФГОС ирдэбиллэрин биһиги 90-с сылларга ааспыппыт диэтэхпинэ, улаханнык сыыһыам суоҕа. Алла Викторовна оскуола дириэктэрин быһыытынан оҕо бэйэтэ айан таһаарар эйгэтин, үөрэхтээһин сонун хайысхатын тэрийэн, сүдү үлэни ыыппыта. Билигин ол бириинсибинэн куораттааҕы 33-с оскуола, Техническэй лицей сайда тураллар. Ол курдук аан маҥнайгынан “погружение”, “уровневай оценка” диэн өйдөбүллэри туһанан, бөлөҕүнэн үөрэтиини, инклюзивнай үөрэхтээһини киллэрбиппит, физикаҕа эрдэ үөрэтиини саҕалаабыппыт. Хохлунова Нина Степановна, оччолорго физмат предметтэригэр үөрэхтээһин салалтатын исписэлииһэ, 2-с кылааска эксээмэҥҥэ оҕолор хоруйдуулларын көрөн олус сөхпүтэ. Физика тулалыыр эйгэни үөрэтэр предмет буоллаҕа дии. Онон алын сүһүөххэ «Естествознание», «Окружающий мир» предметтэригэр физика боппуруостара киирэ сылдьаллар. Аны оҕо сайдыыта биир сиргэ турбат, отой түргэнник барар.
– Үөрэнээччилэр тугу ыарырҕаталлар диэн көрөҕүнүй? Тугу сүбэлиэҥ этэй?
– Биһиги курдук кумааҕы кинигэни аахпаттар, электроннай кинигэни ордороллор. Илиинэн-атаҕынан тутан-хабан үлэлииллэрэ аҕыйах. Кэлиҥҥи кэмҥэ лабораторнай үлэлэрбит, практикумнарбыт саҥа ФГОС киирбитигэр сорох хайысха үөрэнээччилэрбитигэр ыытыллыбат. Ол суотугар биир чаастаах базовай физикалаах оҕо үөрэххэ туттарсарыгар БКЭ алын баалын ылбат түгэннэрэ баар. Анал үөрэхтээһиҥҥэ талбыт предметтэригэр 10-12 чаас толору үөрэннэхтэринэ эрэ ситиһии кэлэр.
Үгүс оҕо физика предметэ саҕаланыаҕыттан репетитор көмөтүнэн үөрэнэр, билиини ылар кыахтанна. Аныгы цифровизация үйэтигэр интэриниэт нөҥүө кими баҕарар кытта дьарыктаныан сөп. Оннук анал канааллар баар буоллулар.
Саҥа ФГОС-ка үөрэнээччи предметнэй билиини эрэ буолбакка, бэйэтин туругун сайыннарарыгар, практикоориентированнай буоларыгар үөрэтии, айылҕаттан бэриллибит дьоҕурун сайыннарыы курдук ирдэбиллэрдээх. Учебниктарбытыгар олоххо туһалаах билиилэр киирэн тураллар, оҕо сайдыытыгар сөп түбэһэр ыйытыктардаах. Сүрүн хайысхата – төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буоларга иитии. Быйылгыттан хас бэнидиэнньик аайы оскуолаларга Арассыыйа, Саха сирин өрөгөй ырыалара ылланар, «Разговоры о важном» кылаас чаастара ыытыллаллар.
Үөрэҕи таһынан үлэ элбэҕи биэрэр
– Оскуолаҕыт иһинэн анал истипиэндьийэ туттарар үтүө үгэстээх эбиккит. Сүрүн бырайыактаргыт, атын оскуолалары кытта үлэҕит туһунан сырдатыаҥ дуо?
– 2016 сылтан Алла Викторовна Аравиди, Георгий Дмитриевич Аравиди, мин буоламмыт математикаҕа, информатикаҕа, физикаҕа ситиһиилэрин иһин бастыҥ үөрэнээччилэргэ анал истипиэндьийэ туттарабыт.
Оскуолабытыгар «Интеллектуальные игры в семье» диэн бырайыагы үлэлэтэн, кэллиэгэлэрбин кытта оскуолаҕа араас тэрээһиннэри – алын сүһүөх оҕолоругар математикаҕа дьиэ кэргэн олимпиадатын (сал. Данилова В.Г.), “Читающая семья” (сал. Огудова К. А.), бэйэм 1-11 кылаастарга "Самый умный" интеллектуальнай куонкурустары тэрийэн ыыппыппыт.
Дьокуускай кытыы нэһилиэктэрин оскуолаларын икки ардыларыгар сылын ахсын "Юные Ломоносовцы" уокуруктааҕы турниры тэрийэбит, быйыл онус сылын ыытабыт.
Ону таһынан быйыл Марха микрооройуонугар Баишева Лена Матвеевна салайааччылаах "Трезвость – норма жизни" диэн Арассыыйа бэрэсидьиэнин гранынан үлэбитин түмүктээн эрэбит. Манна сүрүн тэрийээччи быһыытынан баарбын.
Онон үөрэнээччилэр сайдыыларыгар үөрэҕи таһынан тэрээһиннэр элбэҕи биэрэллэригэр саарбаҕалаабаппын.
– Сыралаах үлэҥ таһынан, уопсастыбаннай олоххо көхтөөххүн билэбин.
– Киһи олоҕор уопсастыбаннай үлэ суолтата улахан. Ол курдук, Дьокуускай куорат 763 нүөмэрдээх быыбардыыр учаастагын бэрэссэдээтэлэ, 1985 сыллаахха оскуоланы бүтэрбиттэр түмсүүлэрин кыттыылааҕа, Мархатааҕы уопсастыбаннай сэбиэт чилиэнэ буолан, күннээҕи олоҕум бэрт чаҕылхайдык ааһар. Элбэх киһини, биир үөлээннээхтэрбин кытта дуоһуйа алтыһан, эдэрдии эрчимнээх санаабытын ыһыктыбаппыт, барыны бары кыайабыт.
Быйылгы култуурунай нэһилиэстибэ сылыгар уонна Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар анаан, биһиги “ВЫПУСК-85” иккис бырайыакпытын балаҕан ыйыгар Былатыан Ойуунускай төрөөбүт сириттэн – Тааттаттан саҕалаатыбыт. Бу төрөөбүт дойдубут историятын, үтүө үгэстэрин үөрэтэн, билэн, истэн оҕолорбут, инники көлүөнэбит сайдыытыгар ыҥырыы буолар.
Биир сомоҕо буолар кэммит кэллэ
– Учуутал билигин көннөрү предмети эрэ биэрээччи буолбатах, уопсастыба сайдыытыгар улахан оруоллаах киһи. Кини билиитэ-көрүүтэ, тутта-хапта сылдьара, ис-тас туруга былыр-былыргыттан үөрэнээччилэригэр холобур буолар. Билиҥҥи кэмҥэ идэлээх эрэ учуутал буолбакка, учуутал буолуон баҕарар атын да идэлээх киһи учууталлыан сөп. Анал куурустарга үөрэнэн, хайа баҕар предмеккэ практикоориентированнай уруогу таһынан үлэ быһыытынан да тус бэйэтин көрүүтүн биэрэр кэмэ үүннэ.
Дьон барыта билигин долгуйуу, уолуйуу уонна кэтэһии туругар сылдьар. Онон учууталлар буола турар дьайыылары хайдах баарынан көнөтүнэн ылынан, бэйэбит сыһыаммытын уларытан, судургутук өйдүүргэ дьаныһыахтаахпыт. Саамай сүрүнэ – күннээҕи түбүккэ болҕомто ууруу, ол эбэтэр оҕоҕо, дьиэҕэ-уокка, үлэҕэ. Уопсайынан, билиҥҥи ыарахан кэмҥэ бэйэ-бэйэни өйдөөн, өйөөн биир сомоҕо буолуохтаахпыт.
Билиҥҥи бассаап үйэтигэр кими баҕарар кытта санааҕын үллэстэн, кэҥии быһыытыйыаххын сөп. Ол эрэн бигэргэммэтэх сонуннары үрүт-үрдүттэн ыытыһар сыыһа дии саныыбын. Бэйэҥ дьиҥ чахчы истибиккин-көрбүккүн дьоҥҥо тириэрдэр ордук. Хас биирдии тыл бэйэтэ ис хоһоонноох, туолар айылгылаах. Онон өрүү үчүгэйгэ угуйар, кэскиллээх кэпсэтиилэр буолуохтаахтар дии саныыбын.
– Буола турар сийиэс сүрүн тосхоллорун кэпсии түс эрэ.
– Бу күннэргэ «Открытое образование – пространство возможностей» диэн өрөспүүбүлүкэ учууталларын уонна педагогическай уопсастыбаннаһын XIV сийиэһэ буола турар. Манна үөрэхтээһиҥҥэ саҥа сүүрээннэри киллэрэн, 2030 сылга диэри үөрэҕирии систиэмэтин сайыннарыыга туһуламмыт Стратегия олоххо киирэригэр былаан бигэргэниэҕэ. СӨ Ил Дарханын иһинэн Төрөппүт сэбиэтин бастакы мунньаҕар оҕону иитиигэ баар кыһалҕалар быһаарыллыахтаахтар, соруктары ситиһиигэ табыгастаах ньымалар тобуллуохтаахтар. Аҥаардас сийиэс күннээҕи бырагыраамаларынан көрдөххө, киэҥ далааһыннаах үлэ барара көстөр.
– Тус ситиһиигинэн тугу ааттыаҥ этэй?
– Тус ситиһиим, күннээҕи олоҕум төрөппүттэрбин үөрдэргэ ананар. Ол курдук өрөспүүбүлүкэтээҕи «Семья года-2010» куонкуруска «Куорат бастыҥ ыала» номинацияҕа кыайыылааҕынан тахсыбыппыт. Бу Антоновтар дьиэ кэргэн саамай киэн туттар ситиһиибит. Эһиил быр-бааччы олорбуппут номнуо 30 сыла буолар.
– Ааҕааччыларбытыгар баҕа санааҥ?
– Хаһыат ааҕааччыларыгар, билэр дьоммор эйэ дэмнээх олоҕу баҕарабын, толкуйдаабыккыт туолан истин, чөл, чэгиэн олохтонуҥ, үрдүктэн үрдүк чыпчаалга тахсан иһиҥ, эрэллээх, тапталлаах буолуҥ, төрөөбүт дойдубут сайда, үүнэ турарыгар төһө кыайаргытынан үлэлэһиҥ!
– Лилиана Ивановна, Учуутал күнүнэн эҕэрдэлиибин, дириҥ хорутуулаах кэпсэтииҥ иһин махтанабын. Үрдүктэн үрдүк ситиһиилэри баҕарабын!