19.03.2020 | 10:59

УЧУУТАЛ – ҮРДҮК ААТ

УЧУУТАЛ – ҮРДҮК ААТ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Киһи бу орто дойдуга олоҕун суолугар дьоһун, өйдөөх, мындыр дьону кытта алтыстаҕына дьылҕата дьоллоохтук салаллар диэтэхпинэ, сыыспатым буолуо.

Бу, бастатан туран, төрөппүттэрэ – ийэтэ, аҕата, иккиһинэн – олох киэҥ аартыгар үктэннэрбит, сырдыкка-кэрэҕэ уһуйбут учуутала.

Оҕоҥ хара маҥнайгыттан үтүө санаалаах, дириҥ билиилээх, муударай учууталга түбэстэҕинэ, кини олоҕо сөпкө салаллыа диэн төрөппүт күлүгэр имнэнэр, киниэхэ үйэтин тухары махтанар.

Мин бүгүн ааҕааччыларбар улахан буукубаттан суруллар Улуу Учуутал туһунан кэпсиэхпин баҕарабын. Быйыл кини 110 сылын биир дойдулаахтара, оҕолоро, сиэннэрэ үрдүк таһымнаахтык бэлиэтээтилэр.

Петр Васильевич Оготоев 1910 сыллаахха кулун тутар 10 күнүгэр Таатта улууһун Амма (билигин Харбалаах) нэһилиэгэр дэриэбинэ утары Амма өрүс нөҥүө турар Төрүккэ хайа тэллэҕэр дьадаҥы кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Соҕотох уол эбит, Маайа диэн икки эдьиийдээх уонна икки балтылаах. Дьоно, эдьиийдэрэ сэллик ыарыытыттан өлбүттэр, бэйэтэ эмиэ ыалдьа сылдьыбыт, онон оҕолорун олус харыстыыра үһү.

Петр Васильевич Уус Алдаҥҥа: Мүрүгэ, Курбуһахха, Чараҥайга, Лөгөйгө учууталлаабыта. Лөгөй орто оскуолатыгар 1953-1977 сылларга олоҕун тиһэх күннэригэр диэри уһуннук уонна таһаарыылаахтык үлэлээбитэ.

РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, Саха АССР оскуолатын үтүөлээх учуутала, 44 сыл устата улуу нуучча тылын уонна литературатын үөрэппитэ.

Энтузиаст-учуутал В.И. Ленин музейын тэрийэн оччотооҕу олохтоох нэһилиэнньэҕэ үтүө сабыдыалы оҥорбута, оскуола үөрэнээччилэригэр киэҥ ис хоһоонноох иитэр-үөрэтэр үлэни ыыппыта. Үлэ, бойобуой Албан Аат хоһун арыйан, Үлэ Кыһыл Знамята уордьаннаах Партизан Заболоцкай аатынан колхуос историятын уонна үлэ дьонун үйэтиппитэ. Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээннэрин, кыргыһыы хонуутугар охтубуттар хорсун,

бойобуой суолларын ытыктыырга уһуйбута. Мин бу Ленинскэй музейга оскуолаҕа үөрэнэ сылдьаммын гид-экскурсовод буолбут дьоллоохпун. Уһун укааска тутан баран, кэлбит ыалдьыттарга, оҕолорго умсугуйан туран кэпсиирим-ипсиирим, уруок кэнниттэн оскуолабыт уһун көрүдүөрүн уһугар баар музейга бириэмэбин атаарарым, элбэҕи билбитим-көрбүтүм. Оччолорго аҕатын кэнниттэн музейы тутан хаалбыт учууталбыт, оҕолору математикаҕа уһуйар Клавдия Петровна Оготова салататынан үлэлээбиппит.

Петр Васильевич Кэптэни уопсастыбаннай олоҕор көхтөөхтүк кыттара. “Знание” уопсастыба билиилээх, хомоҕой тыллаах лектора этэ. Уус-уран самодеятельноска үгүстүк кыттара. Олоҥхоһут, тойуксут этэ, ойуун оруолун толорооччу быһыытынан биллибитэ.

Үтүө киһи аата үйэлэргэ өлбөөдүйбэт

Ааҕааччыларбар үөрэппит оҕолоро учууталларын туһунан, бииргэ алтыспыт дьоно ахтыыларыттан кылгатан бэчээттиэхпин баҕарабын.

“Кини дьон-сэргэ билиниитин ылыммыт дьоҕурдаах учуутал эрэ буолбакка, айылҕаттан дэгиттэр талааннаах олоҥхоһут, киэҥ билиилээх музеевед, этнопедагог быһыытынан эмиэ биллибитэ. “Эһэ хара аттаах Элэс Боотур” диэн олоҥхото үс омук тылынан тылбаастаммыта (нууччалыы, английскайдыы, корейскайдыы) уонна 2002, 2005 сыллардаахха Москваҕа, Сеулга бэчээттэнэн тахсыбыта. Кини уола, Арассыыйа үтүөлээх артыыһа П.П. Оготоев, аҕатын үлэлэрин түмэн, бэчээттээн үйэлэргэ үйэтиппитэ. “Элэс Боотур” олоҥхо А.Е. Кулаковскай аатынан культура дьиэтигэр, Олоҥхо театрыгар туруоруллан, дьон-сэргэ биһирэбилин ылла.

2000 сылтан саҕалаан Лөгөй орто оскуолата П.В. Оготоев аатын үйэтитэр 4-8 кылаастарга улуус, регион хабааннаах олимпиаданы тэрийэн ыытара үтүө үгэскэ кубулуйда”.

Екатерина Дмитриевна Шарина, Лөгөй орто оскуолатын нуучча тылын уонна литературатын учуутала, СӨ үөрэҕириитин туйгуна.

“Учууталым өйтөн-сүрэхтэн сүппэт кэрэ олоҕу олорон ааспыта. Мин киниэхэ бэһис кылаастан ахсыс кылааһы бүтэриэхпэр диэри 4 сыл нуучча тылыгар уонна литературатыгар үөрэммит дьоллоохпун, онтон 1972 сыллаахха үлэһит буолан оскуолабар биология учууталынан ананан кэлиибэр үөрэ-көтө көрсүбүтэ.

Оччотооҕу саха тыатын оҕото барахсан нууччалыы саҥаны, тылы оскуолаҕа учууталтан эрэ истэрбит, дэриэбинэҕэ нууччалыы саҥарар буолуохтааҕар, наадатын да толору быһаарсар киһи тарбахха баттанар буолара.

Үөрэммит уруоктарым олус сонун ис хоһоонноох, бэйэ-бэйэлэригэр маарыннаспат көрүҥнээх, ньымалаах буолаллара. Эр киһи диэтэххэ олус эмоциональнай, артистичнай этэ, оруолугар уутугар-хаарыгар киирдэҕинэ куолаһын араастаан уларытан ааҕара, араастаан туттара-хаптара. Маннык уруоктар биһиэхэ билигин да харахпытыгар көстөллөр, онтон ол учууталтан төһөлөөх көлөһүнү, сыраны эрэйэрин эн бэйэҥ учуутал буолан туран эрэ, эрэйдэннэххинэ эрэ, таба сыаналыыр эбиккин”.

Федор Дмитриевич Прядезников, ССРС, РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, РФ “Лучший учитель-2006” күрэх кыайыылааҕа.

“Мин Кэптэни оскуолатыгар кыра кылаастан үөрэппит учууталбар П.В. Оготоевка тугунан да сыаналаммат дириҥ махталынан сүгүрүйэбин. “Лицом к лицу лица не увидать. Большое все видится на расстоянии”, - диэн Есенин эппитинии, мин оскуолаҕа сылдьан кини уруоктарыгар элбэх эрэйи көрбүттүү сананар бэйэм, билигин санаатахпына, чахчы да элбэх билиини биллибэтинэн эппитигэр-хааммытыгар иҥэрбит эбит диэн сөҕөбүн эрэ!

Учууталтан эрэ ураты учууталга үөрэммит дьоллоохпор дьылҕабар махтанабын. Кини, бастатан туран, үөрэх программатыгар эрэ ирдэнэр күннээҕи билиини биэриинэн эрэ муҥурдаммакка, үөрэнээччилэрин инники олохторугар туһанныннар диэн ырааҕы эҥсэр сыаллаах үөрэппит эбит диэн билигин өйдүүбүн. Ол иһин киниэхэ үөрэммит оҕолор бары да кинигэни ааҕары сөбүлүүр, тылы туттуу культуратын баһылаабыт, сурукка да мээнэ сыыһаны-халтыны оҥорбот дьон таҕыстахтара.

Александр Пушкин 200 сааһыгар аналлаах идэтийбит ааҕааччылар республикатааҕы күрэхтэригэр бастыырбар Петр Васильевич үтүөтэ-өҥөтө баарыгар саарбахтаабаппын. Кини суруйтарбыт тылдьыттарыгар, ыыппыт конкурстарыгар, биэчэрдэригэр, үөрэппит уруоктарыгар тылга таптал сөҕүрээбэт төлөнө күлүбүрүү умайан, өйбүтүгэр-сүрэхпитигэр сөҥөн сылдьарын дьыл-хонук суурайар кыаҕа суох”.

Борис Иванович Борисов, Ньурба народнай драмтеатрын артыыһа, СӨ үтүөлээх артыыһа.

Лөгөйдөр үтүө үгэһи салгыыллар

Ааспыт нэдиэлэҕэ, кулун тутар 11 күнүгэр, Лөгөй орто оскуолатыгар Петр Васильевичка аналлаах, үтүө үгэскэ кубулуйбут нуучча тылыгар улуустааҕы олимпиада үрдүк таһымнаахтык, киэҥ хабааннаахтык буолан ааста. Ол курдук быйылгы олимпиадаҕа 23 оскуолаттан, 213 оҕо кыттыыны ылла.

Аҕаларын аатынан ыытыллар олимпиадаҕа Петр Васильевич оҕолоро, сиэннэрэ тахсан, тэрээһин таһымыттан сүрдээҕин астынан, үөрэн кэллилэр. Кыра кыыһа Мария Петровна сэһэргиир:

“ Олимпиада, аҕабытыгар анаммыт тэрээһин олус үрдүк таһымнаахтык ыытылынна. Маныаха оскуола дириэктэрэ Иван Иванович Никоновка, нэһилиэк баһылыга Марк Васильевич Местниковка, Лөгөй орто оскуолатын учууталларыгар, үлэһиттэригэр, ахтыы киэһэтигэр кэлэн ахтыы оҥорбут нэһилиэк олохтоохторугар түгэнинэн туһанан хаһыат нөҥүө дириҥ махталбытын биллэрэбит. Бэйэбит ааппытыттан бастаабыт оҕолорго, учууталларыгар анал суруктаах мэтээллэри, блокнот, ручка туттардыбыт. Оскуолаҕа, олохтоох библиотекаларга инникитин быыстапкаҕа тутталларыгар аҕабыт туһунан матырыйааллары, хаартыскалары биэрдибит. Оскуолаҕа анаан аҕабыт олимпиадата сыл аайы ыытылларынан баннер оҥоттордубут.

Тэрээһиҥҥэ кэлбит, ахтыы оҥорбут, аҕабыт үөрэппит, бииргэ үлэлээбит дьонугар, нэһилиэк олохтоохторугар өйдөбүнньүк сэмэй бэлэхтэри туттардыбыт. Куораттан олоҥхоһут Семен Черноградскай, бырааппыт Петр Оготоев уола хомусчут Айтал Мырсанов барсан олоҥхолоон, хомустаан иһитиннэрдилэр. Оскуола оҕолоро аҕабыт хоһоонноруттан монтаж ааҕан, ыллаан, аҕабыт олоҥхотуттан "Эһэ хара аттаах Элэс Боотур" олоҥхолоон иһитиннэрдилэр.

УНО методиһа Петр Петрович Готовцев кэлэн олимпиадаҕа, ахтыыга тэҥҥэ сылдьыһан, тыл этэн тэрээһиммитин өссө үрдүк таһымнаата, киниэхэ туһунан махтал тиэрдэбит. Олохтоох оскуолабыт остолобуойугар дэлэй астаах остуол тула олорон аҕабыт туһунан истиҥ ахтыылары оҥордубут, иһиттибит уонна эһиилгэ дылы диэн бары астынан, дуоһуйан тарҕастыбыт”.

Дьэ ити курдук Лөгөй нэһилиэгин, Уус Алдан улууһун тарбахха баттанар ытыктыыр, убаастыыр Учуутала Петр Васильевич Оготоев сырдык аата үйэлэргэ ааттана, кэнчээри, кэлэр ыччакка холобур буола туруоҕа.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...