14.12.2023 | 16:00

Учуутал хараҕар уоттаах буолуохтаах

Учуутал хараҕар уоттаах буолуохтаах
Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

Соторутааҕыта Дьокуускайга өрөспүүбүлүкэтээҕи “Бастыҥ кылаас салайааччыта – 2023”  тыҥааһыннаах күрэхтэһии буолан ааста. Кыайыылааҕынан Дьокуускай куораттааҕы уокурук Маҕан орто оскуолатын нуучча тылыгар уонна литератураҕа учуутала Эльвира Сергеевна Борисова буолла. 
Саха сирин бастыҥ кылаас салайааччытын кытта оҕону иитии, идэни сөпкө талыы, учуутал идэтин туһунан кэпсэттибит.

– Мин Өлүөхүмэ оройуонун Дабаан сэлиэнньэтиттэн төрүттээхпин. Маҥнайгы учууталым Татьяна Гаврильевна Аржакова диэн этэ, киниттэн холобур ылан, учуутал буолуохпун баҕарбыт  буолуохтаахпын. 2-3 кылаастан саҕалаан бырааттарбын, балыстарбын үөрэтэн учууталлаан биэрэр этим. Онтон улаатан истэҕим аайы, биллэн турар, ол баҕа санаам хаста да уларыйбыта – артыыс, ырыаһыт, режиссер, продюсер, суруналыыс идэлэригэр ымсыырбытым, ол эрэн учуутал идэтин ордорбутум. Уонна үһүс кууруска сылдьан идэбин сөпкө да талбыт эбиппин диэн бигэ санааны ылыммытым. Ийэм Надежда Семеновна Тыкынаева олоҕум хас биирдии кэрдииһигэр өйөбүлэ улахан буолан, киниэхэ  махталым муҥура суох.

Учуутал буолбуппуттан биирдэ да кэмсинэ иликпин. Тоҕо диэтэххэ, учуутал идэтигэр араас идэ барыта түмүллэн сылдьар. Идэбэр сөбүлүүр дьарыгым барыта баар – билиҥҥи үйэ учуутала режиссер курдук видеоустуулары оҥорор, хореограф курдук үҥкүүлэри туруорар, ырыаҕа да уһуйар, суруналыыс да курдук үлэлээн ылар.

Алтыс кылааска үөрэнэ сырыттахпына Хаҥалас Покровскайыгар көһөн кэлбиппит. Гуманитарнай кылааска үөрэммитим. Кылааһым салайааччыта Галина Васильевна Платонова этэ, нуучча тылын уонна литературатын учууталынан Альбина Иннокентьевна Котельникова буолбута – кинилиин билигин да сылаас сыһыаннаахпыт.

Покровскай 1-кы нүөмэрдээх оскуолатыгар үлэбин саҕалаабытым, икки сыл үлэлээн баран дьиэ кэргэммин кытта Дьокуускайга көһөн кэлбитим, Маҕан оскуолатыгар үлэлии киирбитим. Алта оҕолоохпут – үс кыыс, үс уол.

Кылаас салайааччыларын күрэхтэһиилэрэ хайдах ааста?

– Күрэхпит 4 түһүмэхтээх. Бастакы – бэйэни билиһиннэрии. Иккис – “Дьоһуннаах кэпсэтии” кылаас таһынан дьарык, мин тиэмэм буллинг туһунан этэ, оҕолору кытта аһаҕастык кэпсэппиппит.

Үһүс түһүмэх – бэйэ бырайыагын билиһиннэрии. Бэйэм кылааспар бэһистэн киллэрбит, үһүс сылбын үлэлэтэр бырайыакпын кэпсээбитим. Бэһис кылааска атын-атын кылаастан оҕолор кэлэн холбоспуттара, онуоха кинилэри түмэр үлэ наада буолбута. Билиҥҥи оҕолор интэриниэккэ роликтары көрөллөрүн олус сөбүлүүллэр. Ону туһаҕа таһаараары уонна оҕолорбун түмээри, “Видеомастерская” диэн бырайыагы үлэлэппитим. Манна тэхиньиичэскэй сатабылга барытыгар үөрэнэрбит таһынан, сценарий суруйабыт, информация хомуйабыт, кадрга сөпкө туттуу-хаптыы, оратордааһын, монтаж о.д.а барыта киирэр.

Тэттик киинэлэри устабыт. Быйыл Крымҥа ыытыллыбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы күрэскэ биир киинэбит миэстэлэспитэ. Былырыын өрөспүүбүлүкэҕэ “Спасем жизнь вместе” күрэххэ наркотигы утарар социальнай устууларынан  бастаабыппыт.

Бу бырайыак иитэр-үөрэтэр үлэтэ олус киэҥ – духуобунай, социальнай, идэни сөпкө талыыга төһүү буолар, патриотическай хайысхаларынан барабыт. Холобур, суруйааччылар үбүлүөйдэрин билэллэр, идэлэр тустарынан (тохсунньуга асчыт, муус устарга буровой массыына машиниһын идэтин туһунан кэпсэтиэхтээхпит). Сыл аайы “Смотри, это Россия!” күрэххэ кыттабыт.

Бу бырайыагым кылааһым олоҕор олус үчүгэйдик сабыдыаллаата. Ону психологтары кытта ыытар чинчийиилэрбит да көрдөрөллөр.

Төрдүс түһүмэххэ пресс-конференция форматыгар ыйытыыларга хоруйдаабыппыт. Иитии тула элбэҕи кэпсэппиппит.

Күрэхпитин улахан экспертнэй жюри дьүүллээбитэ. Ону таһынан идэни үрдэтинэр куурус ааспыппыт.

Маннык күрэхтэр учууталга тугу биэрэллэрий?

– Үлэҕин анааран көрөҕүн. Тугу ситистим, тугу сатаатым диэн анаалыстанаҕын. Туох итэҕэстээххин толорунуохтааххын билэҕин. Уопут атастаһабыт. Биһиги күрэхпит күөн күрэстэһии курдук ааспытын да иһин, кыттааччылар бары олус чугасыһан хаалбыппыт, бэйэ-бэйэбитигэр көмөлөсүһэн, бу үс тыҥааһыннаах күнү аастыбыт.

Сэтинньигэ муниципальнай күрэххэ кыттан кыайбытым. Ол иһин Саха сиринээҕи күрэххэ ааспытым. Бары хамаанданан утуйар уубутун умнан туран бэлэмнэммиппит. Салайар кылаастаах уонна элбэх оҕолоох буоллаххына, уустук соҕус эбит.

Саамай ыйытыыларга хоруйдуур түһүмэххэ долгуйбутум

– ханнык ыйытыылары биэриэхтэрин сөбө биллибэт этэ, нуорма-быраап аахталарыттан саҕалаан, иитии туһунан барытын ыйыталлар.

Миигин өйөөбүт хамаандабар, дириэктэрбэр Николай Николаевич Унаровка, завучпар Сардаана Романовна Жирковаҕа, үөрэх чааһыгар салайааччы Галина Егоровна Мурзабаеваҕа, Татьяна Евгеньевна Конкинаҕа, Екатерина Семеновна Васильеваҕа, Сардана Владимировна Гуриноваҕа махтанабын. Кэргэним, оҕолорум эмиэ олус көмөлөстүлэр, дьиэ-уот үлэтин, үөрэхтэрин барытын бэйэлэригэр ылынан, миигин маннык күрэххэ кытыннардылар.

 

Үөрэнэр усулуобуйабыт олус тубуста

Маҕан оскуолатыгар 300 кэриҥэ үөрэнээччилээхпит. Эбии дьарыктар билиҥҥи үйэ ирдэбилигэр бары эппиэттииллэр, уруһуй, хор, вокал, инструменнарга дьарыктаныы, дуобат, робототехника, 3D-моделирование, видеомастарыскыай, талааннаах оҕолору сайыннарыы, волейбол, баскетбол, спорт национальнай көрүҥнэрэ, театр о.д.а. – барыта тэриллэр. Дьокуускайга киирэн футболга, музыкальнай оскуолаҕа үөрэнэр оҕолордоохпут.

Федеральнай бырагырааманан оҥоһуллубут хапытаалынай өрөмүөн кэннэ оскуолабыт олус тубуста. Наһаа сылыйда, кэҥээтэ, сырдаата. Урут кырыыһабыт ардах түстэр эрэ тэстэр буолара. Дириэктэринэн хаһаайыстыбаннай эр киһи кэлбитэ тута билиннэ.

Оскуолабыт иэнэ кыра буолан, икки симиэнэнэн үөрэнэбит. Кэҥээтэҕинэ, бары биир симиэнэнэн үөрэниэхпит этэ.

 

Билиҥҥи оҕо идэтин эрдэ талар

– Билигин оҕо идэтин эрдэ талынара ордук дииллэр. Эн санааҕар, ханнык кылааска оҕо номнуо быһаарыммыт буолуохтааҕый?

– Билиҥҥи оҕо идэтин эрдэ быһаарынара 50/50 буолар, аҥаардара номнуо талар, аҥаардара үөрэниэн да баҕарбат буолуон сөп... Ол иһин оскуолаҕа билигин идэни салайынар үлэ күүскэ ыытыллар буолла. Тэрилтэлэргэ экскурсиялар, араас идэлээх ыалдьыттары ыҥыран кэпсэтии, төрөппүттэр идэлэрин билиһиннэрэллэрэ – барыта оҕоҕо көмө буолар сыаллаахтар. “Билет в будущее” диэн эбии дьарык бырагыраамата киирдэ.

8-ыс кылаас сыл иккис аҥаарыгар оҕо инники идэтин чопчу талар. Мин тугу сатыыбын, мин туохха талааннаахпыный, миэхэ туох нааданый диэн барытын өйдүүр.

ВПР, ОГЭ, БКЭ дии-дии төрөппүтү да, оҕону да наһаа куттуур буоллулар. Маныаха эн туох санаалааххыный?

– ВПР, ОГЭ, БКЭ уонна манна эбии түмүктүүр бэсиэдэ, түмүктүүр өйтөн суруйуу диэннэр бааллар – сорох учууталлар да, оҕолор да, төрөппүттэр да утуйар ууларын аймыыр долгуйар долгуйуулара. Мин оҕону куттуур наадата суох диибин. Манна “учуутал-үөрэнээччи-төрөппүт-оскуола салалтата” бииргэ үлэлиэхтээхтэр. Барыта улахан эппиэтинэс, инникини быһаарар тургутуктар буолалларын бары өйдүүллэр.

– Оскуола оҕотун үөрэххэ мотивациятын хайдах үрдэтиэххэ сөбүй?

– Билиҥҥи оҕолор мотивациялара үрдүк, идэлэрин эрдэ быһаарынан кэбиһэллэригэр да ол көстөр.

Уопсайынан, мотивация, БКЭ, ОГЭ, идэни талыы боппуруостарыгар барытыгар биһиги оҕобутугар чугас доҕор, көмөлөһөөччү буолуохтаахпыт.

 Баттаабакка, күһэйбэккэ, үөхсүбэккэ, кини оҕо буоларын умнуо суохтаахпыт. Учуутал уонна төрөппүт сүрэҕэр таптал баар буоллаҕына сатанар.

Оттон биирдиилээн предмеккэ интэриэһи уруогу таһынан дьарыктарынан күөдьүтэбит. Эбии үөрэхтээһин идэни таларга, оҕо үөрэнэр баҕатын үрдэтэргэ көмөлөһөр.

Учуутал хараҕар уоттаах буолуохтаах. Ол уота оҕо сүрэҕин уматыахтаах.

 

Оҕону таптыахха эрэ наада

– “Төрөппүт-оҕо-оскуола” үлэтин хайдах тэрийэҕин? Билигин көҕө суох төрөппүт элбэх дииллэр, бары үлэҕэ умса түһэллэр, бары кирэдьииттээхтэр...

– Мин төрөппүттэрим олус көхтөөхтөр. Билиҥҥи төрөппүт үксэ үөрэхтээх, киэҥ билиилээх, ол иһин учууталы кытта үлэлииргэ иннинэн буолар төрөппүт, төттөрүтүн, элбэх дии саныыбын. Мин бэйэм 4 оҕом төрөппүттэрин түмсүүтүгэр баарбын. Онон да быһан эттэхпинэ, билиҥҥи төрөппүт олус көхтөөх.

–  Төрөппүттэргэ тугу сүбэлиэҥ этэй?

– Олох биирдэ бэриллэрин, оҕолорбут биирдэ эрэ кыра буолалларын өйдүөххэ. Үлэ хаһан баҕарар элбэх буолуоҕа. Үлэҕит, күннээҕи түбүккүт кэннэ хайаан да оҕолоргутугар болҕомтоҕутун ууруҥ. Эбии үлэни ылан көмпүүтэргэ остуолга умса түһэн олоруоххут, тэлэбииһэр иннигэр сытыаххыт кэриэтэ оҕоҕутун кытта бириэмэҕитин атаарыҥ. Оҕонон дьарыктанартан сылайымаҥ, туох эрэ ыарахан сүгэһэр курдук ылынымаҥ. Оҕолорбутун таптыахха, оҕолорбутугар үтүө холобур, кырдьыксыт буолуохха – дьиҥнээх дьол бу буоларын өйдүөххэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...