26.05.2022 | 17:00

Учуонайдарбыт кыстыыр бурдук суордун таһаардылар

Учуонайдарбыт кыстыыр бурдук суордун таһаардылар
Ааптар: Розалия ТОМСКАЯ
Бөлөххө киир

Аҕыйах хонуктааҕыта саха учуонайдара “Чолбон” диэн аатынан оруос бурдук саҥа суордун регистрациялаатылар. Арассыыйа судаарыстыбаннай реестригэр киирбит «Чолбон»  – 15 сыллаах дьаныардаах үлэ түмүгэ. Урутаан эттэххэ, сотору аны дьэһимиэн суордун патеннаары сылдьаллар.

Елена Семеновна Владимирова – М.Г. Сафронов аатынан СӨ Тыа хаһаайыстыбатын научнай чинчийэр институтун Туораахтаах култууралары селекциялыыр уонна сиэмэтин таһаарар бөлөҕүн салайааччыта:

– Бу биһиги таһаарбыт оруоспут – кыһыҥҥы, ол аата күһүн ыһыллар уонна, хаар анныгар кыстаан, сайын устата ситэн силигилээн, эһиилги күһүнүгэр биирдэ хомуллар бурдук.

Биһиги институппут бэтэрээнэ, үтүөлээх агроном, ТХНЧИ научнай үлэһитэ Евдокия Ивановна Вахрамеева бу суорду таһаарыынан 2000 сыллар саҥаларыттан дьарыктаммыта. Оччотооҕуга соҕуруу дойдулартан холобур буолар сиэмэлэри аҕалан олордон саҕалаабыта. Кини утумнаах үлэтин бастакы соруга – кылгас уктаах бурдугу үүннэрии этэ. Тоҕо диэтэххэ, соҕуруу курдук уһун уктаах бурдук биһиэхэ ардах, силлиэ анныгар тостон, сытан хаалар, ону комбайн да сатаан хомуйан ылбат эрэйэ буолар.

Суорду таһаарыы диэн уһун унньуктаах уонна олус сыралаах үлэ – биир суорду 10-ча сыл устата оҥорон таһаарабыт. Араас көрүҥү, суорду холбуубут (скрещивание), онтон биһиги усулуобуйатыгар барсары талан ылабыт, ол тухары  тыһыынчанан ахсааннаах гибриди таһааран, олортон саамай табыгастаахтарын, бары өттүнэн туһалаахтарын уонна барыстааҕын ылабыт. Холобур, бу “Чолбон” оруос 15 сыл устата оҥоһулунна.

Дьиҥэ, сиэмэбитин өссө 2015 сыллаахха судаарыстыбаннай тургутан көрүүгэ ыыппыппыт, 2018 сыллаахха тыа хаһаайыстыбатын наукатын саҥа ситиһиилэрин реестригэр киирбиппит; онтон араас мэһэйдэри, күчүмэҕэйдэри көрсөн, салҕыы пандемия буолан, тардыллыбыппыт. Бу олох аҕыйах хонуктааҕыта эрэ Судаарыстыбаннай реестргэ киллэрдибит.

Оройуоннаммыт кыһыҥҥы оруос тымныыттан, тыалтан куттаммат. Урут ыһылла сылдьыбыт оройуоннаммыт суортардааҕар үүнүүнү биэриитэ икки бүк үрдүк. Быйыл сайыны быһа бэлэмнэнэн, туһааннаах үлэни ыытан, Амма уонна Хаҥалас бааһыналарыгар ыһыахпыт. “Амгинское” Акционернай уопсастыба 20 га кэриҥэ сири үүннэрэр былааннаах сиэмэ чулуу партиятын номнуо ылбыта.

Биһиги үлэбит элбэхтик уонна киэҥник сырдатыллыбат буолан, бар дьоммутугар биллибэккэ хаалар өрүтэ олус элбэх. Дьиҥэ, саха учуонайдара эбиэс, сэлиэһинэй, дьэһимиэн саҥа көрүҥнэрин оҥорон таһаарабыт. Холобура, дьэһимиэн өссө биир саҥа суордун быйыл патеҥҥа ыытыахтаахпыт.

Бу оҥорон таһаарар суортарбыт килиэп астыырга кытта барсар үрдүк хаачыстыбалаахтарын чорботон бэлиэтиэхпин баҕарабын. Ол эрэн биһиги сүөһү аһылыгын ирдэһиинэн дьарыктанар буоламмыт, үксүн сиилэскэ, сенажка эбилик быһыытынан туттуллан кэллилэр.

***

Билигин дойдубут үрдүнэн бүрүүкээн турар балаһыанньаҕа, санкциялар ытарчалыы ылан истэхтэрин аайы, бэйэ оҥорон таһаарыытын сайыннардахпытына эрэ киһи буолар суолун тобулар кыахтаахпыт дииллэр. Оччотугар саха учуонайдара таһаарбыт бурдуктара инникитин барыбытын абырыан сөп эбит

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....