Учуонай Никита Зимов: «Мэччирэҥ экосистиэмэтэ Арктикаҕа тыын суолталаах...»
Килиимэт уларыйыыта, ирбэт тоҥ ириитэ – Арктиканы эрэ аймаабат, бүтүн аан дойдуну долгутар сытыы кыһалҕа. Глобальнай сылыйыы хоту ордук түргэнник баран иһэр. Ол содула туохха-туохха тиэрдиэ биллибэт. Учуонайдар онтон дьиксинэллэр, айылҕабыт айгырыа, экономикабыт өрүттүбэттии эмсэҕэлиэ диэн хайдах эмэ бытаардар (тохтотор кыаллара саарбах – Аапт.) суоллары тобула сатыыллар.
Уһук хоту туундараҕа күөх от чэчириэн, үүнээйи эгэлгэтэ сиэдэрэйдик силигилиэн, эргиччи маҥан хаардаах эҥсиллэр киэҥ куйаарыгар кыыла-сүөлэ элбиэн сөп дуо? Өр сыллаах чинчийии, кэтээн көрүү түмүгэр ханнык баҕарар экосистиэмэни кэхтиигэ тиэрдибэккэ, тилиннэрэр, тупсарар да кыахтаахпыт.
Саха сиригэр Черскэйдээҕи Плейстоценовай паарка мэччирэҥ сирдэри элбэтэн, хотугу эргимтэ экосистиэмэтин оннунан хаалларар соруктаах үлэлиир. Сэтинньи 30 – ахсынньы 12 күннэригэр Дубайга ыытыллар Холбоһуктаах Нациялар Тэрилтэлэрин килиимэт уларыйыытын тула 28-с конференциятыгар Арассыыйа дэлэгээссийэтэ Саха сирин бырайыагын көмүскүөҕэ. Ол туһунан бүгүҥҥү нүөмэрбитигэр паарка салайааччыта, учуонай Никита Сергеевич Зимов Өрөспүүбүлүкэтээҕи медиа-кииҥҥэ буолбут пресс-конференцияҕа кэпсээбитин сэргээн ааҕыҥ.
"Билигин айаннаан иһэн отунан аһылыктанар бөдөҥ кыылы дэҥҥэ эрэ көрсөҕүн. Хата, ол оннугар бырдах кыйма курдук элбэх."
Симэлийбити тилиннэриэххэ, сүппүтү төннөрүөххэ сөп
– 15 тыһыынча сыл анараа өттүгэр Сэлии истиэбэ (Мамонтовая степь) аан дойду үрдүнэн саамай улахан экосистиэмэ этэ. Новосибирскай арыыларыттан Кытайга диэри, Канадаттан Европаҕа тиийэ киэҥ сири тайаан сытара. Бу олус элбэх кыыллардаах баай экосистиэмэ этэ. Оннооҕор биһиэхэ манна, уһук хоту дойдуга, хас биирдии квадратнай миэтэрэ иэннээх сиргэ отунан аһылыктанар уончалыы бөдөҥ кыыл баара. Оннук сиэдэрэй көстүүнү билигин Африкаҕа баар Серенгетини кытта тэҥниэххэ сөп. Бу экосистиэмэ биохимическэй эргииргэ (чуолаан углеродка, парниковай гааска) улаханнык дьайара. Билигин да Саха сиригэр сир кырсыгар ол кэмҥэ мунньуллубут углероду булуохха сөп. Холобур, Сэлии истиэбиттэн Сибиир ирбэт тоҥугар хаалбыт сир кырсыгар 500 миллиард туонна органическай углерод баара биллибитэ. Хомойуох иһин, хотугу дойдуга икки атахтаах кэлиэҕиттэн бу экосистиэмэ сүтэр-симэлийэр аакка барбыта. Кыыл-сүөл (чуолаан отунан аһылыктанааччы) ахсаана аҕыйаан, мэччирэҥ сирдэр улам иччитэхсийэн испиттэрэ.
Аныгы Арктиканы көрүҥ. Тыытыллыбатах айылҕалаахпыт диибит даҕаны, билигин хаалбыт кыылларбыт ити экосистиэмэни кыайбаттар. Айаннаан истэххэ да отунан аһылыктанар бөдөҥ кыылы дэҥҥэ эрэ көрсөҕүн. Хата, ол оннугар кыйма курдук элбэх бырдах баар буолуоҕа. Дьиҥэр, итини хат тилиннэриэхпитин, төннөрүөхпүтүн сөп. Кыыл-сүөл ахсаанын искусственнай да ньыманан элбэттэххэ, мэччирэҥ сирдэри төннөрүөххэ сөп. Быһа түһэн эттэххэ, биһиги Плейстоценовай пааркабыт онон дьарыктанар.
«Ирбэт тоҥ» диир кыахпыт да суох буолан эрэр
Ити үөһэ ахтыбыт экосистиэмэлэрим килиимэт уларыйыытыгар урут да, инникитин да сабыдыаллыыр кыахтаахтар. Мэччирэҥ экосистиэмэтэ Арктикаҕа ордук улахан тыын суолталаах. Тоҕо? Арктика килиимэтэ, сир үрдүн бүттүүнүн көрдөрүүтүн ортотунан ыллахха, кыччаабыта үс төгүл түргэнник сылыйар. Ол эбэтэр биһиги ирбэт тоҥмутун “ирбэт тоҥ” диир кыахпыт да суох буолан эрэр. Судургутук быһаардахха, салгын температурата сылыйан истэҕин аайы онтубут ирэн иһэр. Ол содула иэдээҥҥэ тиэрдэр чинчилээх. Маннык көстүү холобурунан Баатаҕай кэдээлин (Батагайский кратер, Батагайка) ааттыахха сөп. Дьокуускай эргин, уопсайынан, Саха сирин олохтоохторо ирбэт тоҥ ириитин содулун илэ харахтарынан көрбүт буолуохтаахтар – сир сиҥниитин, кутаҕа кубулуйуутун, аҥхайдары, суол-иис алдьаныытын, о.д.а. кыһалҕалары.
Ирбэт тоҥҥо аата-ахсаана биллибэт элбэх углерод баар. Ол сылыйан, ууллан бардаҕына органическай углерод сытыйбытынан, парниковай гаастары таһаарбытынан барар. Холобур, күөллэри ылан көрүөххэ. Анаэробнай усулуобуйаҕа метан үөскээн, сиэри таһынан мунньуллар.
"Мэччирэҥ сири элбэттэхпитинэ, 2100 сылга диэри ирбэт тоҥу 80% хаалларар кыахтаахпыт."
Мунньуллуоҕунааҕар сүтэрэрбит элбэх курдук...
Хаар сир кырсын уонна ирбэт тоҥу хам тоҥорууттан харыстыыр күүстээх. Холобур, халыҥ хаарынан бүрүллэ сытар сир кырсын температурата быдан сылаас, оттон ону барытын хайдах эрэ гынан күрдьэн, ыраастаан кэбистэххэ, ирбэт тоҥ температурата 5 кыраадыһынан намыһах буолуоҕа. Оттон бу үлүгэр элбэх хаары хайдах хаһыаххыный? Арай мэччирэҥ сирдэргэ кыыллары ыыттахха, кинилэр хаары хаһан, тэпсэн, сир кырса тоҥон, ирбэт тоҥ харыстанан, оннунан хаалар кыахтанар. Маныаха сыһыаннаах чинчийиилэр ыытыллыбыттара. Ол түмүгэ маннык – мэччирэҥ сири элбэттэхпитинэ, 2100 сылга диэри ирбэт тоҥу 80% хаалларар кыахтаахпыт.
Иккиһинэн, килиимэккэ быһаччы дьайыыны таарыйыахха. Сир үрдэ төһөнөн сырдык да, күн оччонон кыратык сылытар. Мэччирэҥ сирдэр тыалардааҕар уонна ыарҕалаах сирдэрдээҕэр быдан сырдык буолаллар. Ол саас ордук ырылхайдык көстөр. Холобур, муус устар, ыам ыйдарыгар хойуу мастаах хараҥа ойуурга тиит умнастарыгар күн ордук күүскэ тыгар, оттон мэччирэҥ сирдэр хаарынан көрөн сыталлар.
Билигин карбоновай полигон туһунан элбэх кэпсэтии барар, ол аайы бары маһы өлгөмнүк олордуохтаахпыт дии саныыбыт. Чахчы, сорох регионнарга ити сөптөөх дьаһал курдук. Соҕуруу мас түргэнник улаатар, үрдүк уонна баараҕай буолар, углероду мунньунара ордук көдьүүстээх. Биһиэхэ, хоту хайдаҕый? Маспыт намыһах, үүнэрэ сэдэх уонна бытаан. Хомойуох иһин, эбиитин ойуур баһаардарыттан сылтаан умайаллара да элбэх. Онон мунньуллуоҕунааҕар, төттөрүтүн, сүтэрэрбит элбэх курдук. Оттон мэччирэҥ сир экосистиэмэтигэр хайдаҕый? Үүнээйилэр сиргэ баар биомаассалара кыра, умайар суоҕун кэриэтэ. Кинилэр түргэнник үүнэллэр, онон элбэх ууга наадыйаллар, силистэрэ да дириҥ буолар. Итинэн сылыктаатахха, хоту дойду сиригэр быдан элбэх углерод мунньуллар кыахтаах.
Данияттан – бизоннары, Ямалтан – овцебыктары
Сорохтор учуонайдар үксүн тылларынан эрэ үлэлииллэр дии саныыллар. Биһиги атын соҕуспут (күлэр), үксүн сиргэ сылдьар дьоммут.
1996 сыллаахха Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбата биһиги бырайыакпытыгар анаан 160 кв. км иэннээх сири биэрбитэ. Ону сорҕотун күрүөлээбиппит, кыыллары ылан ыыппыппыт. Пааркабытыгар тайахтары, саха сылгыларын, хотугу табалары, калмыцкай боруодалаах ынахтары иитэбит. Ону таһынан “экзотическай” кыыллардаахпыт. Холобур, икки сыллааҕыта Монголияттан тэбиэннэри аҕалбыппыт. Хата, олохтоох усулуобуйаҕа бэркэ үөрэннилэр, дьиэтийдилэр. Бэл диэтэр, түүлэрэ хойунна. Бу иннинэ зубрдаах этибит. Як аҕала сылдьыбыппыт, соччо табыллыбатах уопуппут диэххэ сөп.
Быйыл Андрей Мельниченко аһымал пуондатын өйөбүлүнэн овцебыктары уонна истиэп бизоннарын аҕалар олус уустук бырайыакпытын олоххо киллэрдибит. Ол курдук саас Дания пиэрмэтиттэн 24 истиэп бизонун атыыласпыппыт. Венгриянан Арассыыйаҕа уһуннук айаннаан кэллилэр. Бу иннинэ улахан бэлэмнэнии үлэтэ ыытыллыбыта диир тоҕоостоох. Манна даҕатан эттэххэ, бизоннары тиэйэн, көһөрөн аҕалыыга бу номнуо үһүс экспедициябыт. Ол курдук, 2019 уонна 2021 сылларга эмиэ ити пиэрмэттэн аҕалан турабыт. Бастакыларбыт хайыы үйэ төрүөх биэрдилэр.
Итини сэргэ, быйыл сайын элбэх үлэ ыытылынна. Ол курдук от ыйыгар Ямалга тиийэ сылдьыбытым. Онно Ингилор айылҕа паарката баар, олус кэрэ сир. Быһа холоон 10 кв.км иэннээх, күрүөлээх-хаһаалаах сиргэ 90-ча овцебыгы иитэн тураллар. Кэпсэтии быһыытынан ылар кыылларбытын бэйэбит тутан аҕалыахтаах этибит. Онон сайыҥҥы күннэргэ биһиги бадараан, маар устун сүүр да сүүр. Инньэ гынан 13 ньирэй уонна биир былырыын төрөөбүт атыыр торбос Хотугу муора суолунан уһуннук айаннаан, аҕыйах хонуктааҕыта аҕай кэллилэр.
(Биллэн турар, тыынар тыыннаахтары оччо ыраахтан көһөрөр эттэххэ эрэ дөбөҥ. Кыыллары аһатан-сиэтэн, көрөн-харайан, сөптөөх усулуобуйа тэриллибитин сиһилии кэпсээтэ. Уһун айаҥҥа турар сирдэрэ ыраас, кураанах буолуохтаах, ону тутуспатахха, харчыны халтайга кутуоххун сөп. – Аапт.).
"Кэлэр сүүс сылга глобальнай сылыйыы аан дойду экономикатыгар киһи өйүгэр баппат элбэх хоромньуну аҕалара күүтүллэр. Учуонайдар ааҕалларынан-суоттуулларынан, оччотооҕу валюта кууруһунан хас эмэ триллиардка тиийиэн сөп."
Сылгыларга арыый ыарахан
Кэтээн көрбүппүтүнэн, бизоннар биһиги усулуобуйабытыгар түргэнник үөрэнэллэр, дьиэтийэллэр. Аны үчүгэйэ диэн, докумуонунан ынах сүөһүгэ киирэллэр, онон ыраах сиртэн тиэйэн аҕаларга бары өттүнэн табыгастаах. Холобур, зубрдарга ирдэбил атын, көҥүл ыларга уустук. Тиэхиньикэ, юридическай да өттүнэн истиэп бизоннарын аҕалар судургу соҕус.
Паарка кыыллара астарын былдьаспаттар, иллээхтик-эйэлээхтик олороллор. Улахан харсыһыы суохха дылы. Холобур, бизоннар от аҕыйах диэтэхтэринэ, талахтаах сиргэ сыҕарыйан биэрэллэр. Үөт элбэх. Арай сылгыларга арыый ыарахан соҕус, кинилэр отунан эрэ аһылыктанар буоллахтара. Онон кинилэргэ үүнүү тыын суолталаах диэххэ сөп. Манна биири тоһоҕолоон бэлиэтиэхпин баҕарабын. Мэччирэҥ сиргэ кыыл хайа көрүҥүн ыытаргыттан үүнүү хайдах буолара улахан тутулуктаах. Ону бары өттүттэн чинчийэн, үөрэтэн үлэни ыытар ордук дии саныыбын.
Саха сиригэр бизоннары, овцебыктары аҕалыы элбээтэ. Бу сыллар тухары балачча уопутурдубут. Биһиги атын пааркалары кытта атастаһыы үлэтин ыытар, доҕордоһор баҕа санаалаахпыт. Айылҕа харыстабылын министиэристибэтин кытта сибээс олохтуурга бэлэммит.
"Арктикаҕа от уонна туораахтаах үүнээйилэр кыыл көмөтө суох лабыктаны, муоҕу, мастары кытта күрэстэһэр кыахтара суох."
Биологическай эргиир түргэтиэн сөп...
Бу эргиир төһө түргэниттэн айылҕа хаамыыта хайдах барара улахан тутулуктаах. Хоту айылҕа дьадаҥы аатырар. Ол үүнүү бытааныттан диэн буолбатах. Биһиэхэ, хотугу эргимтэҕэ, сайын фотосинтез наһаа күүстээх, күн суукка кэриҥэ олус суостаахтык тыгар. Сүрүн кыһалҕа – килиимэппит тыйыс, тымныы, салгыммыт кураанах буолан, сытыйыы-ымыйыы хаамыыта олус бытааннык барар. Азоту, фосфоры, минеральнай уоҕурдууну иҥэриммит от хаһан сытыйыар диэри атын үүнээйилэр тахсалларыгар, этэргэ дылы, суоллара бүөлэнэр. Бу эргииргэ кыыллар туох уларыйыыны аҕалалларый? Сытыйыы-ымыйыы хаамыыта тымныыга, тыйыс усулуобуйаҕа буолбакка, кыыллар куртахтарыгар барар. Судургутук быһаардахха, онно киирбит азот, фосфор молекулата кыыл аһы буһарар систиэмэтин нөҥүө төттөрү тахсар, ити этиллибит биологическай эргиир хаамыыта арыый түргэтиир. Ол иһин, кэтээн да көрдөххө, мэччирэҥ сиргэ от, туораахтаах үүнээйи үчүгэйдик үүнэр.
Пааркабыт Черскэй бөһүөлэгиттэн тэйиччи сытар, өрүһүнэн сылдьабыт. Биһиги ыалдьыттар кэллэхтэринэ, баран иһэн аара тохтоон, айылҕабытын көрдөрөр үгэстээхпит. Тыытыллыбатах сири уонна паарканы тэҥнээтиннэр диэн. Тула барыта ыарҕа, сэппэрээк уонна туох да үүммэт, суол-иис суох. Онтон пааркаҕа тиийдэххэ – олох атын көстүү.
"Мэччирэҥ сиргэ кыыл хайа көрүҥүн ыытаргыттан үүнүү хайдах буолара улахан тутулуктаах. Ону бары өттүттэн чинчийэн, үөрэтэн үлэни ыытар ордук дии саныыбын."
Урусхалланарын кэтэһэн олорбокко
Билиҥҥи туругунан кыылларбыт киһи көрүүтэ-истиитэ суох сылдьар кыахтара суох. Ол эрээри инникитин итини ситиһэр санаалаахпыт. Бастатан туран, олохтоох усулуобуйаҕа үчүгэйдик үөрэниэхтэрин, толору дьиэтийиэхтэрин, онтон төрүөхтэрин-ууһуохтарын, элбиэхтэрин наада. Билигин сорохтор кыралар, улаата, бороохтуйа иликтэр.
Аны туран, айылҕа сокуонунан ханнык баҕарар экосистиэмэҕэ сиэмэх кыыл хайаан да баар буолуохтаах, оччоҕуна биирдэ уларыйыы барар. Ону учуонайдар дакаастаабыттара ыраатта.
Эһиилгиттэн Андрей Мельниченко аһымал пуондатын өйөбүлүнэн улахан күрүө тутуутун саҕалыахтаахпыт. Билигин 20 кв.км иэннээх сирбит эрэ бүтэйдэнэн турар. Сирбитин кэҥэтэр, барытын күрүөлүүр санаалаахпыт. Инникитин кыылбыт ахсаанын 1000-2000 диэри элбэтэр соруктаахпыт. Дьэ, ол кэннэ биирдэ сиэмэх кыыллары киллэрэр туһунан толкуйдуохпут.
Биһиги дойдубутугар, өрөспүүбүлүкэбитигэр киэҥ нэлэмэн сирдэр иччитэхсийэн тураллар. Оннооҕор уһун айаҥҥа утары биир да тыынар тыыннааҕы, бэл диэтэр, тииҥи даҕаны көрсүө суоххун сөп. Эбиитин глобальнай сылыйыы түмүгэр ирбэт тоҥмут ирэ турар. Өскөтүн билигин ити уларыйыылары утарсыбакка, тугу да гыммакка олорон биэрдэхпитинэ, ирбэт тоҥмут ууллан, хас эмэ сылынан билиҥҥи экосистиэмэбит урусхалланар кутталлаах.
Биллэн турар, биһиги 160 кв.км иэннээх сиргэ килиимэт уларыйыытын бопсор үлэни ыытар кыахпыт суох. Онон инникитин үгүс былааннаахпыт. Эһиил саас Орто Халыма Өлөөкө Күөлүгэр саҥа партия бизоннары аҕалыахтаахпыт. Кинилэр мэччирэҥ сирдэригэр кыыл арааһын элбэтэр интэриэстээхтэр. Кэнэҕэскитин да итинник ылсар-бэрсэр санаалаахпыт.
Быйыл Плейстоценовай паарка Андрей Мельниченко аһымал пуондатын кытта уон сыллаах дуогабар түһэрсибит. Пуонда толорооччу дириэктэрэ Елена Чернышкова:
– Маннык бырайыак түмүгэ тута биллибэт, уһун болдьохтоох үлэ эрэ көрдөрөр кыахтаах. Биһиги пуондабыт Плейстоценовай паарканы кытта өр сылларга таһаарыылаахтык үлэлииргэ бэлэм. Холбоһуктаах Нациялар Тэрилтэлэрэ иилээн-саҕалаан ыытар конференциятыгар кыттан, аан дойдуга кэскиллээх бырайыагы билиһиннэриэхпитин, Саха сирин ураты кэрэ айылҕатын көрдөрүөхпүтүн, инникитин тугу да гымматахпытына ону сүтэрэр кутталлаахпытын тиэрдэр баҕа санаалаахпыт.