14.01.2023 | 13:00

Уһулуччулаах учуутал, талааннаах табаарыс

Уһулуччулаах учуутал, талааннаах табаарыс
Ааптар: Георгий Иванович Попов, Тулагытааҕы М.П. Обутова-Эверстова аатынан Култуура киинин хормейстера, СӨ култууратын туйгуна, педагог-музыкант
Бөлөххө киир

Биһиги, музыканнар, хормейстердар уонна музыка учууталлара киэн туттар киһибит, улууканнаах уһуйааччыбыт Владимир Семенович Жирков үтүө аатын үйэлэргэ үйэтитээри, кини сырдык-ыраас ыра санаатын, кэлэр кэнчээри ыччакка анаабыт дьоһун-мааны олоҕун, үлэтин-хамнаһын бар дьоҥҥо, норуокка туһаайан сырдатарга сананным.

Владимир Семенович Жирков 1945 сыллаахха атырдьах ыйын 9 күнүгэр Эдьигээн оройуонугар төрөөбүтэ. Дьокуускайдааҕы 2 №-дээх орто оскуоланы уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи оҕо музыкальнай оскуолатын байаан кылааһын бүтэрэн баран, 1962 сыллаахха Дьокуускайдааҕы педагогическай училище музыкальнай салаатыгар туттарсан киирбитэ, онно түөрт сыл ситиһиилээхтик үөрэммитэ. Салгыы Иркутскайдааҕы судаарыстыбаннай педагогическай институт музыкальнай факультетын бүтэрэн, көччөх гынан көтүппүт училищетыгар төннөн кэлэн, 1970 сыллаахтан педагогическай үлэтэ саҕаламмыта.

Эдэр педагог сайдан, ситэн-хотон, 1983 сыллаахтан музыкальнай салаа завуһунан анаммыта. Кини талаанын, салайар дьоҕурун кэлэктиибэ уонна үрдүкү салалтата тута бэлиэтии көрбүтэ. Владимир Семенович сатабыллаах салайааччы буолан, дьону түмэ тардар уонна музыкальнай салааны үрдүк таһымҥа өрө көтөҕөр. Ол курдук, музыка, ырыа учууталларын бэлэмниир саҥа судаарыстыбаннай стандартары, национальнай үөрэтэр концепциялары олоххо киллэрэр уонна Д.Б. Кабалевскай музыка уруоктарын үөрэтэр көмө бырагырааматын хото туһанары ситиһэр. Ону таһынан, кини өҥөтүнэн уонна салалтатынан тыа оскуолаларыгар «Саха фольклора, төрүт култуурата» диэн эбии муусука учууталларын бэлэмниир үөрэх бырагырааматын киллэрэн, өрөспүүбүлүкэҕэ олус туһалаах уонна суолталаах бырайыагы көмүскээн, саха музыкальнай култуурата, фольклора салгыы сайдарыгар дьоһун суолу-ииһи хаалларбыта. Кэлин, 2003 сыллаахтан, завуһуттан тохтоон, методическай үлэнэн үлүһүйбүтэ. Музыкальнай методика уруоктарын үөрэтэн, элбэх хоровой хомуурунньуктары, методическай босуобуйалары, хорга аналлаах ырыалар тупсарыыларын, аранжировкаларын оҥоруунан утумнаахтык дьарыктаммыта.

Улуу нуучча норуотун уһулуччулаах педагога В. А. Сухомлинскай эппитин курдук, Владимир Семенович эмиэ онно олоҕуран: «Музыкаҕа иитии, бу музыкааны эрэ иитии диэн буолбатах, чуолаан киһини киһититии...» – диэн соруктары туруоран, учуутал буолуохтаах устудьуоннары иитэр-үөрэтэр үгэстээҕэ.

1976 сыллаахтан Владимир Семенович – Үөрэх үлэһиттэрин идэлэрин үрдэтэр институт лектора, үрдүк таһымнаах методист учуутал. Саха сирин биллиилээх дирижер-хоровига, новатор, учууталлар учууталлара. Кини элбэх хор кэлэктиибин уус-уран салайааччыта, хормейстера. Ол курдук, С.Ф. Гоголев аатынан педагогическай колледж музыкальнай салаатын холбоһуктаах хорун уонна уолаттар хордарын солбуллубат салайааччытынан, РФ үөрэҕириитин туйгуна, учууталлар учууталлара Пилецкая Альбина Афанасьевналыын иккиэн өр сылларга эйэ дэмнээхтик, иннэлээх сап курдук арахсыспакка, бииргэ батысыһан үлэлээтилэр. Устудьуоннар хордара аатырыан аатырар, куруук инники күөҥҥэ сылдьар, киһи холобур оҥостор кэлэктиибэ. «Айхал эйиэхэ, төрөөбүт дойдубут!» диэн өрөспүүбүлүкэҕэ бастакынан ыытыллыбыт патриотическай ырыа күрэҕин Гран-при хаһаайыннара, СӨ Ил Дарханын анал бирииһин ылыан ылбыттара, тутуон туппуттара.

Үтүөтэ-өҥөтө үгүс

Владимир Семенович сатабылынан «Саха» НКИХ көмүс пуондатыгар 20-тэн тахса хоровой ырыа харалла сытар. Ол эрэ буолбатах, кини саха самодеятельнай композитордарын, мелодистарын ырыаларыгар 100-тэн тахса араас аранжировканы, хоровой обработканы, тупсарыыны, переложениены, ырыалар сахалыыттан нууччалыы, нууччалыыттан сахалыы тылбаастарын уонна ырыа айааччылар аата-ахсаана биллибэт элбэх ырыаларын нуотаҕа түһэртээбит үтүө өҥөлөөх. Аркадий Алексеев, Валерий Ноев, Марфа Данилова, Виталий Андросов, Василий Протодьяконов курдук ааттаах-суоллаах мелодистар ырыаларын хорга оҥортолоон, бүтүн өрөспүүбүлүкэ хордара бары уостан түһэрбэккэ ыллыыр буоллулар. Егор Поликарпов «Сүрэххэ тыыннаахтар» (2016с.) диэн икки чаастаах патриотическай ырыаларын хомуурунньугун Владимир Семенович олоччу хорга анаан оҥорбута. 2016 сыллаахха, С.Ф. Гоголев аатынан Саха педагогическай колледж төрүттэммитэ 100 сылыгар анаан, «Саха педагогическай коллеһын устудьуоннара ыллыыллар» диэн халыҥ, 170-тан тахса сирэйдээх хор репертуарыттан таҥыллыбыт хомуурунньугу (І чааһын) оҥорон таһаарбыта. Үгүс айымньылар манна аан маҥнай бэчээттэнэн, уус-уран, педагогическай сыаннас быһыытынан өрөспүүбүлүкэҕэ тарҕаммыттара. 2019 сыллаахха Дьокуускайдааҕы педагогическай колледж 105 сылыгар анаан «Земляника» диэн оҕолорго аналлаах ырыалар хомуурунньуктарын таһаарбыта. Ону тэҥэ,  Владимир Семенович «Дьоллоох ырыам – Дьокуускай» диэн К. Уткин-Нүһүлгэн тылларыгар, «Обелиски» диэн С. Данилов  хоһоонугар айбыт уонна да атын ырыалара өрөспүүбүлүкэ араас музыкальнай хомуурунньуктарыгар киирэн, күн бүгүҥҥэ диэри ылланаллар. Маны таһынан, Владимир Семенович М. К. Аммосов аатынан СГУ (ХИФУ) хоровой капеллатын салайааччыта, оччотооҕуга Пионердар дьиэлэригэр, билиҥҥи Оҕо айымньытын дыбарыаһыгар куораттааҕы уолаттар хордарын уонна «Ньургуһуннар» Дьокуускайдааҕы кыргыттар холбоһуктаах хордарын салайааччытынан өр кэмнэргэ үлэлээбитэ. Кини баай уопута, айымньылаах үлэтэ-хамнаһа, киэҥ билиитэ-көрүүтэ, сатабыла, маастарыстыбата кини ииппит-үөрэппит оҕолоругар, ыччаттарыгар, үрдүк таһымнаах исписэлиистэргэ, музыка учууталларыгар иҥэн-сөҥөн сылдьара – өрөспүүбүлүкэ музыкальнай култууратын сайдыытыгар сүдү кылаата. Бу барыта музыкальнай искусство нөҥүө сиэрдээх личноһы, атыннык эттэххэ, киһини киһитийиигэ үөрэтэр-такайар аналлаах, үрдүк духуобунас буолара саарбаҕа суох.

 

Ыарахан ыарыыны аахсыбакка...

Күн курдук сырдык санаалаах, ый курдук ыраас өйдөөх, мэлдьи минньигэс мичээринэн мичилийэ, сылаас сыһыанынан сыдьаайа сылдьар уһулуччулаах учууталга үөрэммит дьоллоох, алтыспыт аналлаах эбиппин... Кэлин үлэһит да буолан баран, Владимир Семеновичтыын куруук алтыһарбыт. Кэлиҥҥи сылларга ыарахан ыарыыга ылларбыта. Ол да буоллар айымньылаах үлэ үөһүгэр айа-тута, үлэлии-хамсыы сылдьаахтаабыта. Ыарахан ыарыы ыыппакка, ытарчалыы ыга ылан, ыксаан, икки-хас сыллааҕыта үлэтин тохтоторго күһэллибитэ. Былырыын баччаларга мин биир дойдулааҕым, сахалартан бастакы Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Ф.К. Попов төрөөбүтэ 100 сылыгар «За свободу сражается воин Саха» диэн нууччалыы-сахалыы байыаннай-патриотическай ырыалар хомуурунньуктарын таҥан таһаарарбар Владимир Семенович көмөтө, өҥөтө олус элбэх. Манна Дьоруойга анаммыт ырыалары хорга анаан оҥорбуппут. Хоровой искусство туһа диэн, ыарыыны да аахсыбакка, дьиэтигэр ыҥыран ылан, сылаас, үүттээх чэйинэн маанылаан, минньигэс амтаннаах аһынан күндүлээн көрсөөхтөөбүтэ. Хомуурунньукка үөрэ-көтө рецензеннээбитэ, аатыгар тиийэ кини толкуйдаабыта. Хомойуох иһин, бу кини бүтэһик үлэтэ буолбута...

2022 сыл ахсынньы 16 күнүгэр түүн 03.00 чааска билиини-көрүүнү иҥэрбит, кэрэҕэ-сырдыкка уһуйбут күндүтүк саныыр учууталым Жирков Владимир Семеновиһы ыарахан ыарыы дэгиэ тыҥыраҕынан кытаахтаан илдьэ барбыта...

 

Кини аата умнуллубатын!

Владимир Семенович Жирков – үрдүк категориялаах учуутал. Кини тапталлаах училищетыгар 50-тан тахса сыл үлэлээн, олоҕун барытын музыка кэрэ эйгэтигэр, хоровой искусствоҕа уонна педагогикаҕа анаата. РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, Бүтүн Арассыыйатааҕы хоровой уопсастыба Бочуоттаах чилиэнэ, Бүтүн Сойуустааҕы, Бүтүн Арассыыйатааҕы муусука уопсастыбатын Бочуоттаах чилиэнэ, үлэ бэтэрээнэ, «Култуура уонна искусство эйгэтигэр өҥөтүн иһин» бэлиэ хаһаайына, методист учуутал.

Учуутал убайбыт биһигини куруук сырдыгы сырсарга, туйгуну тутуһарга, үрдүккэ-үтүөҕэ үөрэппитэ, үүнүүгэ-сайдыыга салайбыта. Кини эппит кэс тыла кэпсэлгэ киирэр кэскиллээх буоллун, тыыннаах, тырымнас ырата ымыы чыычаах кэриэтэ илдьит буолан көттүннэр. Аанньал курдук амарах санаатынан, өркөн өйүнэн, таһыччы талаанынан күүс-көмө, өйөбүл-тирэх  буолбутугар махталым муҥура суох. Музыкальнай искусство кэрэ эйгэтигэр үөрэппит ыччатыгар, биһиги өйбүтүгэр-сүрэхпитигэр кини сырдык аата умнуллуо суоҕа!

Уһулуччулаах учууталбыт, талааннаах табаарыспыт, тапталлаах куоратыҥ буора сымнаҕас сыттык, сылаас суорҕан буоллун. Уһуктубат уһун уугар минньигэстик утуй. Быдан дьылларга быралыйар бырастыы...

 

Түмүкпэр, С.Ф. Гоголев аатынан педагогическай колледж музыкальнай салаатын холбоһуктаах хоругар дуу эбэтэр уолаттар хордарыгар Владимир Семенович Жирков үтүө аатын үйэтитэн иҥэриэхтэрэ дуу диэн бэйэм тус санаабын этэбин.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...