12.01.2024 | 16:00

Уһулуччулаах уһуйааччы, киһи кэрэтэ этэ

Уһулуччулаах уһуйааччы,  киһи кэрэтэ этэ
Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

Истиҥ-иһирэх дууһалаах сахам норуотун Далбар Хотуна – сырдык-ыраас, көмүскэс санаалаах, тугунан да кээмэйдэммэт сылаас-истиҥ сыһыаннаах, орто бараан дойдуга бэйэтин кэмигэр олорбут олоҕун аһыытын-ньулуунун нарын-намчы санныгар сүкпүт, олоххо дьулуурдаах, үлэҕэ бэриниилээх, аймах-билэ, доҕор-атас дьонугар эрэллээх эркин, тус бэйэтин олоххо сыһыанынан холобур буолар үтүө-мааны киһибит, селекционер-зоотехник, Саха АССР үтүөлээх зоотехнига, «Килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээл уонна нуучча чулуу биолога И.И. Иванов төрөөбүтэ 100 сылынан ССРС үбүлүөйдээх мэтээлин хаһаайкалара Мария Георгиевна Маппырова быйыл төрөөбүтэ 100 сылын туолар.

1981 сыл, атырдьах ыйа. Үөрэхпин бүтэрэн, зооинженер идэтин ылан, оччотооҕуга партия обкомун уурааҕар олоҕуран, Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин бирикээһинэн (миниистир М.Е. Николаев), «Сахаплемхолбоһукка» үлэҕэ ананан кэлбитим. Аан бастаан Хотугу оройуоннар икки ардыларынааҕы Племхолбоһукка зоотехнигынан киирбитим. Онно Мария Георгиевнаны кытта бастакы көрсүһүүбүн субу баардыы өйдүүбүн. Баччаҕа кэлиэх быатыгар эбитэ дуу, Мария Георгиевна миигин эрэ бүтүн отделтан (уон үһүө этибит) үөрэххэ ыҥырда, «тоҥ сиэмэҕэ» киириигэ сыһыаннаах эбит. Университекка үөрэнэр сылларбытыгар билигин профессор, академик Афанасий Васильевич Чугунов: «Саха сиригэр племенной үлэҕэ ийэлэрэ-аҕалара буолбут Мария Георгиевна Маппырова, Галина Дмитриевна Никифорова, Ион Павлович Цыпандин, Марфа Васильевна Федорова курдук өрөспүүбүлүкэҕэ үтүөлээх зоотехниктартан дэлби билиитэ-көрүүтэ ылан хаалыахтааххыт», – диэн мэлдьи такайарын өйдүүрбүт.

Мария Георгиевна исписэлиис быһыытынан билиилээҕэ, кыахтааҕа, киһи быһыытынан, тутта-хапта сылдьардыын олус ирдэбиллээҕэ харахха быраҕыллара. Сыл курдук үлэлээт, бүгүн үлэлии сылдьар идэбэр, оччотооҕу Приленскай отделын начаалынньыга Павел Ильич Константинов старшай зоотехнигынан ыҥырбытыгар, тута сөбүлэнэн, Нам оройуонугар ынах сүөһүнү искусственнайдык сиэмэлээһиҥҥэ инструкторынан үлэлии барбытым. Дьэ, ол күнтэн ыла Мария Георгиевна быһаччы салалтатынан үлэлээн барбытым. Билигин санаатахха, күүстээх үлэни ыыппыт эбит. Командировкаттан тахсыбат этибит. Хас командировка кэнниттэн отделбар уонна головной Племхолбоһук кылаабынай зоотехнига Мария Георгиевнаҕа отчуот туттарарым. Хас баран кэллэҕим ахсын, «дьэ, бу сырыыга Мария Георгиевна бары ыйытыыларыгар хоруйдуом» дии саныырым. Онуоха кини хайаан даҕаны мин билбэт өттүбүн син биир булан ылара. Ол курдук, тыа сирин үлэһит дьонун үлэтин-хамнаһын эрэ тэрийэргэ буолбакка, кинилэр туох кыһалҕалаахтарын, тус олохторугар тугунан көмөлөһүөххэ сөбүн барытын ымпыктаан-чымпыктаан, ыйан-кэрдэн, сүбэлээн-амалаан биэрэрэ. Кэлин сөбүлээбитин-суоҕун туттарыттан, көрөрүттэн-истэриттэн тута сэрэйэр буолан барбытым. Аны олус бэлэмнэнэн, билэн-көрөн кэллэхпинэ, олох да аахайбатах курдук тутуннаҕына, кэпсиэхпин наһаа баҕарарбыттан кыһыйар быһыылааҕым. Ол гынан баран мин биири өйдөөбүтүм: хайдах да кыаллыбатах буоллаҕына, олох кырдьыгынан эрэ кэпсиири, ханан да «кырааската» суох сыһыаны, бэриниилээх, эрэллээх, ыарахаттартан толлубакка, ылыммыт соруккун чопчу бириэмэтигэр толорор буолууну ирдиирэ...

Племхолбоһук начаалынньыга Иван Иванович Афанасьев миигин хомсомуол тэрилтэтин сэкирэтээринэн анаабыта. Ол кэмҥэ 40-тан тахса хомсомуол чилиэннээх уонна биир оччо партията суох ыччаттаах этибит. Дьэ, онно олус таһаарыылаахтык үлэлээбиппит. Мария Георгиевна үлэлиир тэрилтэтигэр олус бэриниилээҕин билбиппит. Мин күҥҥэ иккилиитэ физзарядка оҥорторор этим. Онно кини аан бастакынан тахсарын көрөннөр, кэлэктиип турар-турбат киһитэ бары биир да мүнүүтэни хойутаабакка тахсар этилэр.

Бастакы ыһыахпытыгар Мария Георгиевна бэйэтин отделыгар күрэххэ барытыгар кыттыбытын, хорга кыттыспытыгар: «Тыый, Маппырова илэ бэйэтинэн кытынна дии!» – диэбиттэрин уонна биһиги бастакы миэстэни ылбыппытын өйдүүбүн. Онтон спорт күрэҕэр дьону сүүмэрдииргэ кыттыспыта, кини тылыттан ким да аккаастаммат этэ, оннооҕор кэлэктиип үлэһиттэрин кэргэннэрэ, оҕолоро, ыалдьыттара кытталлара. 

Быыстапкаҕа сарыы тириинэн бэрчээкки тикпитинэн кыттан, Марха сэбиэтин бастакы бирииһин ылбытын күн бүгүн курдук өйдүүбүн. Кырдьык да, оччолорго уран тарбахтаахтарга оннук улахан болҕомто уурулла илик этэ.

Бу санаатахха, 60 сааһын туолаат, бэйэтэ тылланан үлэтиттэн уурайбыта. Онуоха исписэлиистэр наһаа соһуйбуттара, төһө эмэ Иван Иванович ыыппакка буолбутун үрдүнэн күүһүнэн уурайбыта. Ол да буоллар Иван Иванович баарын тухары сыллата 2-лии, 3-түү ый үлэҕэ ылан, Москваҕа туттарар сыллааҕы отчуоту Мария Георгиевна бэйэтэ оҥорон ыытара. Кэлин бу отчуоту оҥорорго миигин үөрэппитэ, итиэннэ үлэлиир остуолун кытта миэхэ биэрбитэ. Кини үөрэппит исписэлииһэ хас да эбит эрээри, миигин 2,5 ыйдаах кууруска Москваҕа үөрэттэрэ ыыппыттаах.

Олох чугас доҕордоһуубут анал музейы тэрийииттэн саҕаламмыта. Иван Иванович иккиэммитин ыҥыран ылан бииргэ үлэлиирбитигэр сорук туруорбута. Мария Георгиевна бу үлэҕэ ис сүрэҕиттэн ылсыбыта, миигин ханнык киһилиин хайдах кэпсэтэрбэр тиийэ үөрэтэрэ, тугунан бу киһини бэйэбэр тардыахтаахпын сиһилии быһаарара, бэйэтэ эрдэттэн кэпсэтэн баран ыытара. Дьэ, онно өссө төгүл өйдөөбүтүм, Мария Георгиевна хайдах курдук дьону билэрин, кинини олус убаастыылларын, киниэхэ сүгүрүйэллэрин. Онтон тыа сиригэр олорор сүөсүһүттэр, исписэлиистэр, салайааччылар кини үлэҕэ ирдэбиллээҕин, үлэ киһитигэр истиҥ сыһыанын, ардыгар кытаанах да буоллар саамай сөпкө ирдиирин сорохтор хойут өйдөөбүттэр. Кэлин санаатахпына, кими да холуннарбытын, куһаҕан-хаҕыс тылынан саҥарбытын төрүт өйдөөбөппүн. Тыа сирин үлэһит дьонун истиҥник, наһаа килбиктик-иһирэхтик санаан ааһарын, бука барыларын ааттарын-суолларын киһи кинигэ ааҕа олорорун курдук тиийимтиэтик кэпсиирин сөҕө-махтайа истэрим. Кини өрөспүүбүлүкэ норуотун хаһаайыстыбатын хайа баҕарар салаатыгар билбэт, сүгүрүйбэт киһитэ диэнэ суоҕа. Мария Георгиевна аатын ааттаатым даҕаны, «пароль» курдук ханна баҕарар наһаа истиҥник көрсөллөрө.

Аны кини Племхолбоһук исписэлиистэрин оҕолоругар, сиэннэригэр түүлээх таҥастарын тигэн, абырахтаан биэрэрэ, суоппардарга, техүлэһиттэргэ туспа истиҥ сыһыаннааҕа. Кэлин, сааһыран баран: «Өйдөө, ити эн дьонуҥ, миигиттэн эйиэхэ көһөллөр, аны эн көмөлөһүөхтээххин, оҕолоругар, сиэннэригэр мэлдьи кыһаллар буолаар дуу...» – диэн баран балайда өр саҥата суох олороро. Итиэннэ мин кимиэхэ хайдах сыһыаннаһыахтаахпын, тугунан көмөлөһүөхтээхпин сүбэлиирэ. Сылаастык-сымнаҕастык мүчүк гынан, төбөтүн кыҥначчы туттан, хараҕын араарбакка көрөрүн санаатахпына, күн бүгүҥҥэ диэри бөтө бэрдэрэн, хараҕым уута түһэн барар... Кэпсэтэ олорон: «Мин өллөхпүнэ оннук гынаар...», – диэтэҕинэ ытаан барааччыбын. Оннук чугас, ийэлии-кыыстыы истиҥ сыһыаннаах этибит.

Татьяна Протопопова,
«Сахаагроплем» СБТ зоотехнига, СӨ үтүөлээх зоотехнига

 

Племенной үлэни маҥнайгы тэнитээччи этэ

Мин Мария Георгиевнаны оҕо сааспыттан билэбин. Ол курдук, ийэм өр сылларга ыанньыксытынан үлэлээбит буолан, Бэйдиҥэҕэ сүөһү боруодатын тупсарыы үлэтэ хайдах тэнийэн испитин кыра эрдэхпиттэн билсибитим. Оччолорго племенной үлэни Төҥүлүтээҕи племенной рассадник (кэлин племенной станция) иилээбитэ-саҕалаабыта. Ол курдук, Уус Алдан оройуонун Өлтөх нэһилиэгин Мичурин аатынан уонна Бэрт-Ууһугар «Победа» холкуостар бастыҥ үүттээх сүөһүлэригэр тирэҕирбитэ. Тэрээһин үлэтин бастакы саҕалааччыларынан Мария Георгиевна Маппырова, Галина Дмитриевна Никифорова, зоотехниктар Татьяна Константинова Борисова, кэлин Мария Петровна Алексеева этилэр. Бастаан үрдүк кылаастаах симментал боруода атыыр оҕустары аҕалан, олохтоох сүөһүнү буоһаппыттара. Салгыы ол сиэнчэрдэрин ууһатан, олохтоох усулуобуйаҕа толору эппиэттэһэр, үрдүк бородууксуйалаах сүөһүнү иитиигэ тэрээһин үлэ туһуламмыта. Бэйдиҥэ «Өлүнньэхтээх», «Сайылык» пиэрмэлэригэр саҥа төрүөх племенной ынахтартан үүтү ыаһыҥҥа үрдүк көрдөрүүлэри аан бастаан Мария Михайловна Говорова, Варвара Антоновна Шестакова ситиспиттэрэ. Мария Михайловна Говорова 1939 сыллаахха чыпчаал ситиһиитин иһин Сэбиэскэй Улахан энциклопедияҕа киирэн турар. Онтон Варвара Антоновна Шестакова Бочуот знага уордьанынан наҕараадалыммыта. Иккиэн Москваҕа Бүтүн Сойуустааҕы норуот хаһаайыстыбатын быыстапкатыгар кыттыбыттара. «Чирэпчи» племенной пиэрмэтин бастыҥ ыанньыксыта Елизавета Ивановна Бурцев, саха дьахталларыттан аан бастакынан 1957 сыллаахха Социалистическай Үлэ геройун аатын ылбыта.

Ол кэмнэрдээҕи зоотехниктар үгүстүк да кэлэллэрин-баралларын, наһаа ирдэбиллээхтик үлэлииллэрин, ыанньыксыттары мэлдьитин үөрэтэ-такайа сылдьалларын сөҕө саныыбын. Ордук Мария Георгиевна кэлэрин иһиттэхтэринэ, эрдэттэн бэлэмнэнии, сүпсүгүрүү бөҕө буолара. Бэл, хотоннорун баҕаналарын сууйан-сотон, испиэскэлээн түбүгүрэллэрэ, оттон ынахтарын көрөллөрүн-истэллэрин, ыраастыылларын туһунан этэ да барыллыбат.

1957-1958 сылларга мин бэһис кылааска аймахтарбар Николай Ефимович Шергиннаахха олорон Төҥүлү оскуолатыгар үөрэммитим. Ити дьыл дьонум эрдэ Маттаҕа көһөннөр, биир ый устата ыалбар Мария Георгиевналаахха олорон үөрэхпин салҕаабытым. Кини ийэтэ Евгения Ивановналыын олороллоро. Миигин оҕолорун курдук кыһаллан-мүһэллэн, көрөн-харайан олордубуттарын наһаа сылаастык саныыбын.

Өрөспүүбүлүкэбит тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ политикатын миниистирэ Артем Александровка, «Сахаагроплем» СБТ салайааччыта Алексей Жирковка аҕа көлүөнэ племенной сүөһүнү иитиспит сүөсүһүттэр, племучуотчуктар, селекционер-зоотехниктар, салайааччылар, араас сылларга үлэлээн-алтыһан кэлбит биир идэлээхтэрин аатыттан, биир дойдулааҕа, өрөспүүбүлүкэ племенной сулууспатын бэтэрээнэ Клара Георгиевна Антоновалыын сүбэлэһэн баран, «Сахаагроплем» СБТ баар өрөспүүбүлүкэҕэ эрэ буолбакка, Уһук Илиҥҥэ соҕотох племенной үлэни, бастыҥ хаһаайыстыбалары, үлэһиттэри сырдатар, үөрэтэр-уһуйар аналлаах музейга тэрийсибит, тус кылаатын киллэрбит чулуу уһуйааччыбыт Мария Георгиевна Маппырова аатын иҥэрэргэ этии киллэрэбит.

 

Марфа Одорусова,
Уус Алдан Өлтөх нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо,  СӨ Экономикатын министиэристибэтин уонна Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин бэтэрээнэ, туйгуна

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...