16.10.2022 | 10:00

Уһук Илиҥҥэ соҕотох SakhaCamper

Бэрт соторутааҕыта Саха сирин усулуобуйатыгар сөп түбэһэн оҥоһуллубут «SakhaCamper” диэн массыынаҕа иилиллэр бырысыап баар буолбутун сэргии иһиттим. Урут маннык көлүөһэ үрдүгэр дьиэлэри омук киинэлэригэр эрэ ымсыыра көрөрбүт. Кырдьык, олох сайдар. Биһиэхэ даҕаны кемпердар оҥоһуллар кыахтаахтар эбит!
Уһук Илиҥҥэ соҕотох SakhaCamper
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Маркель Буртахов ыра санааны үлэ-хамнас оҥостубут дьоллоох дьонтон биирдэстэрэ. Урутаан кэпсээтэххэ, бырайыагын биир уратытынан бырысыабы бүтүннүү олохтоох табаартан таҥмыта уонна Уһук Илин регионугар суос-соҕотох айан таһаарааччы буолара буолар.

 

Бэйэ кыаҕын таба туһаныы

— Маркель, дорообо! Саха киһитин сиэринэн бэйэҕин билиһиннэр эрэ.

— Хаһыаты сэргээн ааҕааччылар дорооболоруҥ! Мин Үөһээ Бүлүү улууһун  Боотулуу нэһилиэгиттэн төрүттээхпин.  Ийэм Варвара Афанасьевна соҕотох уолунабын. Кэргэним Диана диэн ааттаах, туйахпын хатарар үс уоллаахпын.

Уонтан тахса сыл анараа өттүгэр Боотулуу орто оскуолатын бүтэрэн, Дьокуускайга үөрэххэ туттарса кэлбитим. Ол саҕана СГУ горнай факультетыгар МЧС идэтигэр туттарсан, куонкуруһу ааһан киирбитим. Устудьуоннуу сылдьан тиэхиньикэни,  инженерияны сэргээн саҕалаабытым. Ити кэмнэргэ интэриниэт, сибээс улаханнык сайда илик буолан, киһи наадыйар информациятын буларыгар, саҥаны үөрэтэригэр ыарахаттардаах этэ. Ол да буоллар элбэҕи хасыһан, итии дойдуларга  «автодом» диэнинэн сылдьалларын сэргээбитим. Сэмээр хайдах оҥоһуулааҕын үөрэтэр этим. Устунан тимир үлэтигэр сыстан барбытым. Ол сылдьан элбэххэ үөрэммитим. Салгыы тимири иһэрдиигэ,  үөрэммитим электрика үлэтинэн дьарыгырбытым. Дьыл-хонук ити курдук ааһан испитэ...

2016 сыллаахха “Саха Липснеле” диэн хочуол собуотугар үлэҕэ киирбитим, онно сылдьан ЧПУ станок үлэтин, 3d моделированиены чинчийэн үөрэппитим. Мунньуммут билиибин-көрүүбүн барытын биир салааҕа түмэр сыалтан «Лофт” диэн  миэбэл оҥоруутунан дьарыгырар чааһынай тэрилтэ арыммытым.

Тастан киирэр табаары солбуйуу?

— “SakhaCamper”  бырайыак хаһааҥҥыттан үлэлиирий, ис өттүн кэпсии түс эрэ.

— 2019 сылтан “SakhaCamper” бырайыакпынан үлэлиибин. “SakhaCamper” – киһи тиэйэ сылдьар дьиэтэ, массыынаҕа соһуллар бырысыап.  Норуокка биллэринии, “дом на колесах”. Биһиги аныгы киһи ирдэбилигэр толору хоруйдуур бары өттүнэн табыгастаах, тупсаҕай көстүүлээх дьиэлэри атыыга таһаарабыт. Ол курдук, бырысыап иһигэр утуйар миэстэлээх, мал угар ыскааптардаах, ас астанар куукуналаах. Куукунатыгар гаас оһохтоох, иһит сууйар раковиналаах, туттарга итии уонна тымныы уу баар буолар.  Холодильник, тэлэбиисэр, ис-тас сырдатар уот күн панелынан хааччыллар. Ону таһынан хомуллар олоппос, остуол, онтон да атын дьиэ тээбиринэ уонна тиэхиньикэтэ кэмпилиэгэр киирэр. Маннык дьиэни  суол баар сиригэр ханна баҕар тиэнэ сылдьыахха сөп.

 

Баҕа санааттан – бизнескэ

— Хайа баҕарар дьыала идеяттан саҕыллара саарбаҕа суох.

— Инники этэн аһарбытым курдук, миэхэ маннык дьиэни оҥорор ыра санаа омук сирдэригэр сүүрэр автодом-массыыналары көрүөхпүттэн саҕыллыбыта. Биһиги суолбутугар, айылҕабытыгар сөп түбэһэр гына итиниэхэ майгынныыр дьиэлэри хайдах гынан оҥоруохха сөбүй диэн толкуйдар элбэх сылы ылбыттара. Онон барыта баҕа санааттан саҕаламмыта диир оруннаах. Маҥнайгы дьиэбин бэйэм дьиэ кэргэммэр оҥостон, итэҕэһин-быһаҕаһын үөрэппитим.

X1 модель

Аныгы үйэҕэ киһини станок солбуйар

— Бу маны барытын хас киһи оҥорор?

— Быйыл Саха сирин технопааркатыгар резидент буоллубут. Технопааркаҕа тирэҕирэн үлэлиибит. Билигин киин куорат Дзержинскэй уулуссатын, 76 дьиэтигэр баарбыт. Тэрилтэ састаабыгар салайааччы, бырайыактыыр исписэлиис, тимир үлэһитэ, столяр, иистэнньэҥ киирэллэр. Сүрүн, уустук үлэни билиҥҥи үйэҕэ ЧПУ станоктар кыайаллар.

 

Ырыынагы кытта тэҥҥэ хааман

— Элбэх киһи сыанатын интэриэһиргиир буолуохтаах, төһө буолар?

— Манна араас матырыйаал барыта туттуллар: тимир, алюминиевай корпус, ыстаал араама уо.д.а. Ис өттө мастан оҥоһуллар. Матырыйаалбыт улахан кээмэйэ Саха сириттэн таҥыллар, сорох чаастарын Арассыыйа иһиттэн сакаастаан ылабыт. Быһа холоон, ортотунан, биир кемпери атахха туруорарга 250 үлэ чааһа наада.

Сыаната 380 тыһыынчаттан саҕалаан 490 тыһыынчаҕа тиийэ буолуон соп. Сыана кэмпилиэгэр туох киирэриттэн тутулуктаах. Саамай табыгастаах X1 диэн модель буолар, биһиги тыйыс усулуобуйабыт  үгүс суолларыгар сөп түбэһэр бырысыап. Ыйааһына 350 киилэ, ханнык баҕарар В категория правалаах киһи илдьэ сылдьыан сөп. Салгыы внедорожнай К1 көрүҥү атыыга таһаарар былаан баар. Билигин тургутууну ааһа сылдьар.

 

К1 модель

Уһук Илиҥҥэ – соҕотох

— Биһиги суолбут-ииспит быстар мөлтөх дии, ону тулуйар дуо?

— Бары бырысыаптар тест-драйв ааспыттара, онон тулуйаллар.

— Мин интэриниэккэ маннык бырысыабы өссө ханна оҥороллорун көрдүү сатаатым да, булбатым.

— Арассыыйа иһигэр биэс оҥорор тэрилтэ баар. Онтон Уһук Илиҥҥэ кемпердэри биһиги эрэ оҥорор эбиппит. Балаҕан ыйыгар Владивосток куоракка буолан ааспыт VII-с Илиҥҥи экономическай форумҥа биир бырасыаппытын бэйэбит тиэйэн илдьэн көрдөрбүппүт. Чугас сытар регионнар бэрэстэбиитэллэрэ сүрдээҕин сөхпүттэрэ, сыаналаабыттара. Билигин сакаас тохтоло суох киирэр, үлэ күөстүү оргуйар.

Туризм сайдар биир суола

— Инникитин туох былааннааххын?

— Сахабыт сиригэр туризм эйгэтэ күүскэ сайдыан баҕарабын. Кэлиҥҥи кэмҥэ олохтоохтор да, атын регионнар дьонноро да ис туризмҥа интэриэстэрэ лаппа улаатта. Сыал-сорук, сүрэх, амбиция баарын тухары өссө күүскэ үлэлиир уонна тас ырыынакка тахсар былааннаахпыт.

— Кэпсээниҥ иһин махтал, ылсыбыт дьыалаҕар ситиһиилэри, дабайыылары баҕарабыт!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....