14.11.2024 | 14:00

Тымныыттан чаҕыйбат, тоҥтон толлубат хоһуун дьон — «моржалар»!

Тымныыттан чаҕыйбат, тоҥтон толлубат хоһуун дьон — «моржалар»!
Ааптар: Татьяна Захарова-Лоһуура
Бөлөххө киир

«Сэтинньий сэттистиир күүрээннээх күнүн» сарсыныгар Дьокуускай 202-с түөлбэтигэр баар сайыҥҥы сөтүөлүүр сиргэ (пляжка) кыһыҥҥы харбааһыҥҥа өрөспүүбүлүкэ таһымнаах күрэхтэһии буолла. Иккис сылын ыытыллыыта. Сонун күрэхтэһиини Н.Н. Софронеев салайааччылаах СӨ Кыһыҥҥы харбааһыҥҥа федерацията Физическэй култуура уонна маассабай спорт управлениетын өйөбүлүнэн тэрийэр.

Тэрээһин арыллыытыгар эҕэрдэ тылы “Чолбон” эбии үөрэхтээһиҥҥэ спорт оскуолатын дириэктэрин солбуйааччы М.В. Шилов, спорт бэтэрээнэ Д.А. Колодезников эттилэр. Дмитрий Афанасьевич тустаах федерация аҕа саастаах чилиэнэ, Новосибирскайга “прикладная математика” идэҕэ үөрэнэр сылларыттан парашют спордунан, үйэ аҥаарыттан ордук кэмҥэ харбааһынынан, хаҥкынан дьарыктанар. Билигин күрэхтэһиини тэрийэргэ, ыытарга көмөлөһөр. Күн бүгүнүгэр диэри “Чолбоҥҥо”, “Самородокка” харбыыр, “Эллэй Боотурга” хаҥкылыыр! Сарсыарда аайы 10-15 тыһ. хардыыны оҥорор. Күрэх кылаабынай судьуйата – Л.Е. Ходулова.

 

Күрэххэ анаан чардаат бэлэмнээбиттэр. Былааннаммыт 12,5 м кээмэйтэн арыый уһаан, 15 м буолбутун эттилэр. Ол аата, дьиҥинэн, 25 м оннугар 30-ча м, 50 оннугар 60-ча м харбаатылар.

 

Cпорт бэтэрээнэ Дмитрий Колодезников, Аида Егорова

Уопсайа 17 киһи кыттыбытыттан түөрдэ – кэрэ аҥаар: Аида Егорова, Наталья Николаева, Жанна Архипова уонна Марина Коваль. Муҥутуур аҕа саастаахтара – 61-дээх Марина. Түөрт эт саастыы 36-лаах уолан баара. Кыттааччылар сорохторо маннык күрэххэ бастакы холонуулара, муустаах ууга харбыы үөрүйэхтэммиттэрэ сыл да буола илик.

Старка иккилии-биирдии буолан түһүнэллэр. Кэлбит бириэмэлэрин суруйан иһэллэр. Кыттааччылары саастарынан арааран, тус-туһунан бөлөххө наардаан күрэхтэһиннэрдилэр. Инньэ гынан, кыттыбыт “кыргыттар” тустаах бөлөхтөрүгэр бары бастаатылар. Холобур, тымныы ууга харбыырынан 2-с сылын дьарыктанар, суот-учуот эйгэтигэр үлэлээх Аида Егорова эр дьону кытта 50 м тиийэ (!) харбаан, кылгас, уһун да дистанцияҕа кыайыыны ситистэ. 4-с бөлөххө харбыыр Марина Коваль, “Дьулуур” сүүрүү кулуубун чилиэнэ, сааһыгар дьүөрэтэ суох эдэр көрүҥнээх, бэрт сэргэх киһи. Тымныы ууга харбыырынан ыам ыйыттан эрэ саҕалаабыт!

Оттон Жанна Архипова атырдьах ыйыттан дьарыктаммыт: “Холонон көрөөрү кэлбитим. Тымныы ууну сөбүлүүбүн. Киирэн таҕыстахха, хайдах эрэ киһи чэпчээн, үчүгэй баҕайы туруктанан хаалар. Күүс-уох эбиллэр, настарыанньа да тупсар”, – диир.

Наталья Николаева, ХИФУ Математика институтун наукаҕа үлэһитэ:

– Кулун тутартан сыыйа дьарыктанан, этим-сииним бэлэм буолла. Уу билигин 0 С кыраадыс, саамай тымныы кэмэ. Бастакы кыттыым буолан, кыратык долгуйабын. Хайаан да кыайыахтаахпын диэн буолбакка, бэйэни, бэйэ кыаҕын тургутан көрүү диэххэ сөп. Эрдэ эт-сиин дьарыгын кэнниттэн олус көһүйэрим. “Тымныы уунан кутуннахха оннук буолбат” диэни истэн, икки сыллааҕыттан итии-тымныы уунан душтанар буолбутум. Букатын тымныынан түмүктүүрүм. Оннукка түргэнник чөлгөр түһэҕин.

Кулун тутарга манна марафон буолуохтааҕа. Арай онно кытта кэлбитим, террагынан сибээстээн тохтотон кэбиспиттэр. Төннөн иһэн ойбоҥҥо сөтүөлүү сылдьар дьону сэргээн, кинилэри кытта кэпсэттим. “Сарсын кэлээр”, – диэтилэр (күлэн мичийэр). Бастакы нэдиэлэбэр тымныы ууга төбөбүн илиппэккэ эрэ киирэн саҕалаабытым. Онтон олоччу умсар буолбутум.

Олус үчүгэй түмсүүлээхпит. Саха сиригэр тымныы уунан дьарыктанааччы элбэх эбит. Бары интэриэһинэй көрүүлээхтэр, тымныы киһи этигэр-сиинигэр дьайыытын, көмөтүн туһунан наука өттүттэн эмиэ үөрэтэн көрбүттэр бааллар. Күн өрүү-өрүү, сорохтор күн аайы, сарсыарда 7 чааска кэлэн, манна ойбоҥҥо умсабыт. Өрөбүлгэ сарсыарда 8 чааска кэллэххэ да, дьон син биир баар буолар. 30 эргин саастаах эр дьон элбэх. Эдэр да кыргыттар бааллар. Сорохторо сатаан харбаабаталлар да, көннөрү умсан, сэргэхсийэн бараллар. 50-60 саастаахтар да элбэхтэр. Манна дьарыктанааччылар эттэрэ-сииннэрэ, тас көстүүлэрэ саастыылаахтарыттан быдан эдэр, туруктара тэтиэнэҕин киһи тута бэлиэтиир. 45-тээх диэбитиҥ, 60-тан тахсыбыт буолар. Манна дьарыктаналларын таһынан, чөл олоҕу тутуһаллара, атын да көрүҥнэргэ эрчиллэллэрэ көмөлөһөн эрдэҕэ.

65-тээх Гаврил Луковцев Чурапчыттан төрүттээх, кыттааччылартан муҥутуур аҕалара. “Моржалаабыта” 4-с сыла. Биир дойдулааҕа, улууска 1994 с. “моржалар” “Чэбдик” кулууптарын тэрийбит, 25 сыл муустаах ууга дьарыктаммыт Афанасий Дорофеевы ахтан ааста. Сыллата саас, күһүн буолар харбааһыҥҥа кыттар эбит. Былырыын эмиэ бастаабыт. Онтун бэрт сэмэйдик “4-с бөлөххө күрэстэһээччим суох этэ” диир:

– Идэтийэн дьарыктаммаппын. Көннөрү доруобуйам тупсарын туһугар кэлэн умсан ылааччыбын. Бассейыҥҥа сылдьыбаппын. Сайын олорор дьиэм аттынан киирэн, өрүскэ харбыыбын. Сүрүн эрчиллиим ол. Муустаах ууга харбыыр олох атын, ураты. Хайысхаҕын сүтэрэриҥ кэбэҕэс. Ол иһин ити көрбүккүт курдук, туора сиргэ харбаан тахсыы эмиэ баар. Күһүҥҥү күрэхтэһиигэ ууттан тахсан баран, бэл, байааттаҥныыр курдук буолааччылар. Тымныы киһи хаанын эргиирин эмискэ тохтотон кэбиһэр курдук. Бэлэмэ суох киһи өйүн да сүтэриэн сөп. Ол иһин экстремальнай көрүҥҥэ киирсэр. Иҥиир да тардыан сөп. Сэрэхтээх. Ол эрээри туһата эмиэ элбэх. Таҕыстыҥ да, олох тымныыга, кытаатан хамсаныаххын наада. Баар түгэнигэр итии чэй иһэҕин. Биһиги таһырдьа сыгынньахтанар-таҥнар этибит. Оннукка дьиэҕэр хааман-сиимэн тиийэн, искэр иҥмит тымныыгын таһааран баран, сылаас чэйи истэххэ, туругуҥ тупса түһэр. Сэргэхсийэҕин.

Иван Федоров, “Сахаэнерго” үлэһитэ:

– Николай Николаевич (Софронеев) кыһыннары муустаах ууга харбыырын көрөн, кинини көрдөөн булан, дьарыктаммытым 3-с сыла. Күрэхтэһиигэ иккис кыттыым. Былырыын иккис буолбутум. Үчүгэй тэрээһин. Икки дистанцияҕа кииристим. Быйыл бэлэмнээх этим (уол быйыл икки уһуҥҥа бастаата! – Л.). Бассейыҥҥа уонна сайынын бэйэм манна харбаабытым. Бассейыҥҥа атын, муустан киһи кыайан тэбиммэт, тымныыга быччыҥыҥ хам тутар (спазм). Ону кыайа тутуоххун наада. Бассейыҥҥа тиэхиньикэтигэр үөрэнэҕин. Кыһынын ойбоҥҥо киирэн эппин-сииммин тымныыга үөрэтэбин, эрчийэбин. Доруобуйаҕа, эт-хаан өттүнэн сайдарга туһалаах.

Михаил Сидоров 2018 сылтан “моржалыыр”. Сааскыга, күһүҥҥүгэ кыттыбытын эттэ. Кыһыҥҥыга бастакы кыттыыта, кыайыыта.

Күрэх кыттыылаахтарыгар – мэтээл, дьупулуом, “Спорт мастер” сэртипикээтин, оттон бастаабыттарга “Чолбон” бассейыҥҥа 1 ый босхо дьарыктанар сэртипикээт туттардылар.

“Моржалар” этэллэринэн, быйыл сылаас күн туран биэрдэ. Тыала суоҕа. (Төлөпүөн сыһыарыыта -17 С көрдөрөрө. Былырыын -27С үһү.). Харбыыһыттар таҥастарын усталларыгар-кэтэллэригэр, итии чэй иһэ, үссэнэ түһэллэригэр тимир оһохтоох дьоҕус балок, сылааһынан үрэр тэриллээх балаакка бэлэмнэммит. Ол да буоллар сотору кэминэн туораттан көрө, күүтэ сылдьар дьон дьагдьайан барбыппыт. Сөп ээ, 2,5 ч буоллубут дуу? ГИМС, Бэрээдэги араҥаччылыыр уолаттары, эмчити кытта сотору-сотору сылаас балааккаҕа иттэн тахсарбыт.

Оттон соторутааҕыта аҕай муустаах ууттан тахсыбыт харбыыһыттар кыратык да тоҥмут сибикилэрэ суоҕа. -50 С тымныыны, бурҕаҥнас туманы да баардыылаабат дьон буоллаҕа. Кинилэртэн өрө көтөҕүллүү, олохтон дуоһуйуу, ситиһииттэн үөрүү сылаас тыына илгийэрэ. Бу эбээт – киһи киһиттэн уратыта, күүстээх санаа, дьарык көмөтүнэн, улуу эбэ, ийэ айылҕа сүдү күүһүттэн сомсуу, бэйэни күүһүрдүү, чэбдигирии үтүөкэн холобура.

 

Эр дьоҥҥо түмүк маннык буолла:

25 м уһуҥҥа 
1-кы “а” бөлөххө Андрей Дмитриев бастаата. 2 м. – Валентин Березкин, 1-кы “б” бөлөххө – Иван Федоров – 1 м., Егор Дегтярев – 2 м.), Арсентий Мельников – 3 м., Игорь Иванов  – 4 м. 
2-с бөлөххө 1 м. – Ариан Апросимов, 2 м.  – Михаил Гуляев. 
3-с бөлөххө 1-кы м. – Михаил Сидоров, 2-с м. – Алексей Ефремов. 
4-с бөлөххө Гаврил Луковцев – 1-кы м.
50 м уһуҥҥа
1 “а” бөлөххө – Андрей Дмитриев 1 м., 1 “б” бөлөххө – Иван Федоров – 1 м, Егор Дегтярев – 2 м. 3-с бөлөххө – Олег Попов, 4-с бөлөххө – Николай Софронеев бастаатылар.

Олег Попов

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....