05.12.2021 | 12:00

Тылы үөрэтэр ньыма — төрүт дьарык

Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

Татьяна Анатольевна түөрт оҕолоох Скрябиннар дьиэ кэргэн ийэтэ:

Улахаттарбыт үһүөн Дьокуускайдааҕы гимназияҕа үөрэнэллэр: улахан уолбут Кирсан – 10 “б”, Софрон – 7 “а”, Аня – 1 “б” кылааска уонна кыра оҕолоохпут. Оҕолору сахалыы иитэр сүрүн ньымабыт – туохха барытыгар бэйэбитин кытта тэҥҥэ илдьэ сылдьыы, алтыһыы. Окко-маска, үлэҕэ-хамнаска, сынньалаҥҥа – барытыгар бииргэ сылдьабыт.

Уолаттарбыт сэттэ саастарыттан сайын аайы эһээлээхтэригэр Хаҥалас улууһун 2-с Дьөппөнүгэр оттуу бараллар, онно сибээһэ, интэриниэтэ суох сиргэ хаһан от үлэтэ түмүктэниэр диэри сылдьаллар. Эһэлэрин Дмитрий Архиповиһы кытта отууга олороллор – ол аата ыарахантан чаҕыйбат буоларга, ханнык баҕарар үлэни тиһэҕэр тиэрдэргэ үөрэнэллэр.

Муус ылыытыгар, мас киллэриитигэр, дьиэ таһын хомуйууга даачаҕа үлэлииллэр. Үгэс быһыытынан идэһэҕэ сылдьыһаллар, былырыын убаһаны бэйэлэрэ астаан көрбүттэрэ. Онтон сахалыы быһах бэлэхтээҥ диэн үлэспиттэригэр, баҕа санааларын толорбуппут, онон быйылгыттан идэһэни толору бэйэлэрэ астыыр буоллулар. Маны таһынан, дьиэ кэргэнинэн сыл аайы сир астыыбыт, арааһын барытын хомуйан хаһаанабыт, кыһын битэмииннээх аһылыктанабыт – кыраттан элбэх тахсар диэн өйдөбүлү иитэбит.

Дьокуускайга оҕону сахалыы уһуйааҥҥа, оскуолаҕа биэрии өрүү күчүмэҕэйдэрдээх, эрэйдээх соҕус буолар. Төрөппүттэр онтон саллаллар дии саныыбын. Биһиги оҕолорбутун гимназияҕа киллэрээри ойоҕос тостор уочараттаах кэмнэри ааспыппыт, оскуолабыт таһыгар аҕабыт, “перекличкаҕа” баар буолаары, хонон турар этэ. Төһө да пропискалаах буоллаххына, ипсииһэккэ бастакы буолуохтааххын диэн.

Үчүгэй оскуолаҕа үөрэттэрээри, төрөппүт дьиэ атыылаһарыгар прописканан ханнык оскуолаҕа түбэһэрин хайаан да учуоттуохтаах эбит. Оттон былырыын маҥнайгы кылааска кыыспытын суруттарарбытыгар барыта электроннай ньыманан барбыта – наһаа табыгастаах, сынньалаҥ буолбут дии санаабыппыт. Эрдэ туран бэлэмнэнэн, алта мүнүүтэ иһигэр толорон, сайабылыанньабытын ыыппыппыт.

Биир оҕобут нууччалыы тыллаах уһуйааҥҥа сылдьыбыта. Онон сахалыы оскуолаҕа бастаан буукубуларга эҥин бутуллар курдук этэ, кэлин син биир барытын ситиспитэ – ийэ тыла иҥэн сырыттаҕа дии. Сахалыы тыллаах кылааска барабыт диэн эрдэттэн билэр этибит, ол иһин дьиэбитигэр ийэ тылбытынан эрэ кэпсэтэбит, оҕолорбутугар төрүт эйгэни тэрийэбит.

Билиҥҥи үйэҕэ оҕо тулалыыр эйгэтэ барыта атын омук тылынан барда. Кутулла турар информациялара, саҥа сүүрээннэрэ барыта сахалыы буолбатах. Биһиги да оҕолорбут төлөпүөнүнэн тутталлар, ютуб көрөллөр, ол эрээри ийэ тылларын илдьэ сылдьаллар, ордук сахалыы кэпсэтэллэр – маныаха төрөппүт оруола улахан дии саныыбын. Оҕо соҕотох хааллаҕына, тэһийбэт буолан, гаджеттарга убанар, ол иһин биһиги барытыгар бэйэбитин кытта илдьэ сылдьабыт, аҕабыт, бэл, үлэтинэн барар командировкаларыгар оҕолорун, кыыс уол диэн араарбакка, аргыс гынар.

Былыр, биһиги кыра эрдэхпитинэ, дьоммут оҕолорбут нууччалыы сатаан саҥарыа суохтара диэн куттанар этилэр. Наар нууччалыы үөрэтэ, кэпсэтэ сатыыр идэлээхтэрэ, оттон эйгэбит барыта сахалыы буоллаҕа дии. Билиҥҥи оҕо иккис тылынан баран хаалара судургу. Тулалыыр эйгэбит нууччалыы буола турарын тухары, биһиги, төрөппүттэр, тэҥнии сатаан, дьиэҕэ сахалыы эйгэни тэрийэбит – төрүт оонньууларбытын оонньуубут, күннээҕибитин барытын төрөөбүт тылбытынан быһаарсабыт, өбүгэлэрбит олоххо-дьаһахха көрүүлэрин, үгэстэрин иҥэрэбит.

Вилюяна НИКИТИНА – “Ийэ тыл кэскилэ” уопсастыбаннай түмсүү салайааччыта:

Оҕолорбут төрөөбүт тылларынан олох да саҥарбат буолан эрэллэрин бары бэлиэтиибит. Онно тугу гынабыт? Сахалыы уһуйааҥҥа, оскуолаҕа да оҕону сахалыы саҥардар тоҕо сатамматый? Тоҕо диэтэххэ, оҕоҕо ордук истиҥ, ордук чугас, ордук ылынар эйгэтэ – кини дьиэтэ, дьиэ кэргэнэ, ийэтэ, аҕата. Оҕо ийэтин, аҕатын көрөн улаатар.

Сахалыы уһуйааҥҥа оҕолорго сөптөөх иитии үлэтэ (ырыа-тойук, хоһоон-чабырҕах, үҥкүү-хамсаныы, остуоруйа, олоҥхо) барыта барар. Сахалыы оскуолаларга алын сүһүөххэ толору сахалыы учуобунньугунан, сахалыы тылынан үөрэнэллэр. Ол да үрдүнэн оҕолорбут санааларын сахалыы сайа эппэттэр. Оҕо саҥатыгар болҕомтону төрөппүт ууруохтаах, оҕону кытта элбэхтик алтыһар, кэпсэтэр усулуобуйатын тэрийэрэ ирдэнэр. Ону сорох төрөппүт “бу мин оҕом сахалыы саҥарбатыгар мин буруйдаахпын, төрөөбүт тылынан саҥарарыгар мин үлэлиэхтээхпин” диэни өйдүү илик, сыыһатын билиммэт, сатаан ылыммат.

Дьэ, ол иһин төрөппүтү кытта үлэ күүскэ барыахтаах. Төрөппүтү биһиги оскуолаларга эбэтэр уһуйааннарга таба тутуохпутун сөп. Ол аата бу тэрилтэлэргэ төрөппүтү кытта үлэ атыннык тэриллиэхтээх. Ол хайдах буолуон сөбүй? Бу хайысхаҕа үлэни ыытар анал бөлөхтөр тэриллиэхтээхтэр, оччоҕо эрэ ситимнэммит хамсааһын барар. Бөлөх үлэтигэр хайаан да төрөппүттэр бэйэлэрэ уонна оскуола үлэһиттэрэ, салалтата кыттыһар буоллаҕына, үтүө түмүктээх буолар. Ол курдук, мин кыыһым сылдьыбыт “Кэскил” уһуйааныгар, үөрэнэр А. Г. уонна Н. К. Чирээйэптэр ааттарынан Дьокуускай куорат национальнай гимназиятыгар, салалта быһаччы өйөбүлүнэн, оннук бөлөхтөрү үлэлэтэргэ кыттыспытым. Холобур, уһуйааҥҥа ый аайы биллэр-көстөр сахалыы саҥалаах, санаалаах дьону кытта көрсүһүүлэри тэрийэрбит. Гимназияҕа үлэбит кэҥээн, 8 хайысханан араас тэрээһиннэри, күрэхтэһиилэри былааннаан, олоххо киллэрэ сылдьабыт. Кэрдиис (нэдиэлэ) аан күнүгэр (бэнидиэнньик) “Үгэс күнүн” киллэрдибит. Бу күн сахалыы таҥналлар, нуучча тылын кыбыппакка, сахалыы саҥараллар диэн ирдэбил турар. Быыһыктарга остуол оонньуута тэриллэр. Ыйынан кэс тыллар хатыланаллар, сиэр-туом оҥоһуллар. Маны холобур оҥостон, араас хайысхалаан үлэни тэриниэххитин сөп диэн сүбэлиибит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...