26.05.2022 | 14:00

Туйаара Кучу: «Cаха буолан төрөөбүппүнэн киэн туттан»

Туйаара Кучу:  «Cаха буолан төрөөбүппүнэн киэн туттан»
Ааптар: Маргарита Степанова (Акимова)
Бөлөххө киир

Кэлин бастакы пятилеткалар тутууларыгар үлэлээбит, Аҕа дойду Улуу сэриитин фроннарыгар хорсуннарын көрдөрбүт, сэрии кэннинээҕи сылларга норуот хаһаайыстыбатын чөлүгэр түһэрсибит, айылҕа баайдарын арыйсыбыт уонна баһылаабыт, саҥа куораттары, сэлиэнньэлэри туппут кыһыл хаалтыһы баана сылдьыбыт оччотооҕу оҕолору аахтахха, өрөспүүбүлүкэ пионериятын кэккэтигэр пионердар төһөлөөх халыҥ аармыйалара баар буола сылдьыбыта буолуой?!

Бу бааммыт кыһыл хаалтыскын

Туохтааҕар да ордук харыстаа,

Кини биһиги Знамябытыныын

Биир өҥнөөҕүн эн санаа.

 

Бу барыта биһиги олорон ааспыт историябыт страницалара.

Пионерия дойдутун кыһыл хаалтыстаахтарын ортотугар туйгун үөрэхтээх, активист, атыттартан бастыҥ пионердар Бүтүн Сойуустааҕы лааҕырдарга сынньанар чиэскэ тиксэллэрэ. Биир оннук кэми санатан, биһиги бүгүн Бүтүн Сойуустааҕы "Орлёнок" пионерскай лааҕырга сынньаммыт Туйаара Яковлева-Кучу Туйааралыын кэпсэтэбит.

– Туйаара, эйиэхэ бу аан маҥнайгы самолекка олорсууҥ этэ дуу?

Оннук бөҕө буоллаҕа дии. Хаһан да дэриэбинэбиттэн ырааппатах оҕо буоллаҕым. Оччолорго мин, Яковлева Туйаара, Сунтаар оройуонун Аллыҥа оскуолатын туйгун үөрэнээччитэ, этэрээт Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, 1983 сыллаахха ыам ыйыгар Бүтүн Сойуустааҕы "Орленок" оҕо пионерскай лааҕырыгар сынньана барар үрдүк чиэскэ тиксибитим.

Сунтаар оройуонуттан үһүө этибит. Дьокуускай куоракка түһэр ыала суох буоламмын, Обком дьиэтигэр тирии бүрүөһүннээх дьыбааҥҥа хонон туран баран, сарсыарда ааттаах эрдэ аэропортка киирэн, улахан да улахан көтөр аалга олорсон, соҕуруу Сочи куоракка көттүбүт.

– Аан бастаан тугу сөҕө көрдүҥ?

– Миэхэ, тыа оҕотугар, барыта сонун этэ. Хас биирдии хардыыбын сөҕө-махтайа көрөрүм. Аатырбыт "Орленок" лааҕырга тиийэн, "Звездная" диэн дружинаҕа түбэстим. Араас дойду оҕолоро түмсүбүт сирдэрэ эбит. Тиийээппитин кытта барыбытын баанньыкка илтилэр. Ыйааһыммытын, уҥуохпутун кээмэйдээтилэр. Суунан-тараанан, сирэйдиин-харахтыын сырдаан, лааҕырбыт форматын кэтэн, чыҥха атын дьон буола түстүбүт. Ол күн билсиһии киэһэтигэр, арай, биһиги көрдөхпүтүнэ, Алла Пугачева “Арлекино” ырыатын ыллаата. Кэнсиэр кэннэ аны ырыаһыппыт Алла диэн биһиги этэрээппит баһаатайа буолан соһутта. «Орленок» лааҕырга дойду үрдүнэн чаҕылхайтан чаҕылхай баһаатайдар сүүмэрдэнэн кэлэллэрин биһиги оччолорго билбэт этибит эрээри, кинилэр хас биирдии оҕоҕо сылаас сыһыаннарыттан, үлэлэригэр эҥкилэ суох бэриниилээхтэриттэн сэрэйиэххэ сөп этэ.

Уопсай сүбэнэн этэрээппитин “Ритм” диэн ааттаатыбыт. “Пусть слышится в ритме ХХ века биение наших сердец!” диэн девиз таллыбыт.

– Дьоҥҥун ахтаҕын дуу эбэтэр, барыта үчүгэй баҕайытын иһин, наадыйбаккын дуу?

– Дьиэбиттэн тэлэһийбэтэх оҕо бастаан утаа тэһийиэ суох курдук буоллум, ытыах санаам кэлэр, муммут кус оҕотун курдук сананным.  Хата, дьолбор, Саха сириттэн барбыт улахан кылаас кыргыттара кэлэн көрсөн, кэпсэтэн, бүөбэйдээн, баттахпын өрөн бараллара. Аны санаатахпына, саха оҕото айылҕатынан аһыныгас буолан, кыра-хара кыысчааны аһына көрбүттэрэ буолуо.  Клубника хомууруттан миэхэ анаан кэһии аҕалбыттарыгар үөрдүм да этэ! Римма Никифорова диэн Уус Алдан Кэптэни кыыһын өйдүүбүн. Ити курдук син аралдьыйан, үөрэнэн бардым. Үҥкүүһүттэр этэрээттэригэр түбэстим. “Мой лохматый серый песик... Б-И-Н-Г-О звать его” диэн билсиһии оонньуутугар чох хара харахтаах уол кэлэн: «Привет, тебя же зовут Туяра? Я – Пашка из Кысыл Сыыра Вилюйска”,- диэбитигэр үөрдүм аҕай. “Танец маленьких утят”, “Старый добрый жук”, “Эльбрус”, “Антошка” диэн ырыаларынан үҥкүүлээн тэйэбит. Полька, краковяк, вальс, сиртаки диэн үҥкүү арааһын онно билбитим. Ийэм Х.Н. Николаева Аллыҥа кулуубун дириэктэрэ, аҕам норуот ырыаһыта, оһуокайдьыт С.Я. Яковлев-Ырыа Ыстапаан  айар эйгэҕэ сыһыаран ииппиттэрэ туһалаабыта.

– Лааҕыр уратыта диэн, интэриэһинэн дьарыктар баар буоллахтара?

– Дружина үрдүнэн күн аайы тэрээһин арааһа ыытыллар. Сарсыарда, ойон тураат, муусука доҕуһуоллаах сэрээккэлиибит. Хас биирдии оҕо бэйэтин интэриэһинэн эбии дьарыкка суруйтарар.  Барабанщиктар куруһуоктарыгар дьарыктанан, смена бүтүүтэ  барабааны син бэркэ охсорго үөрэнним. Аны "Пресс-киин" диэни интэриэһиргээн, долгуйа-долгуйа бастакы дьарыкка таас халҕаны арыйан киирбиппин өйдүүбүн. Ыстатыйа, эссе, фельетон суруйарга, интервью ыларга үөрэнэн, журналист диэн идэ баарын биллим.

– Атын омук оҕолорунаан нууччалыы кэпсэтэргэр ыарырҕаппытыҥ дуо?

– Аллыҥам оскуолатын  учууталлара З.Н. Буркина, Ф.Н. Чирикова, Л.П. Семенова, В.Г. Наумова, Р.И. Исаева үчүгэйдик үөрэппиттэрэ олус туһалаабыта. Кимтэн да хаалсыбакка тэҥҥэ нууччалыы  кэпсэтэбин, күннээҕи наадабын син быһаарсабын. Белекма диэн калмык кыыһын нуучча тылын билбэтин иһин туораталларын көрөн, уруурҕаан, көмүскэстим, сыыйа дьүөгэлэстим.

– Пионерскай тэрилтэ иһинэн КИД диэн баар буолааччы. Эһиги оскуолаҕа да баара буолуо?

– Оннук. Ол кулууп үлэтин туһата баһаама. "Орленокка" араас дойду оҕолорун кытта алтыһарбар оскуолабытыгар омук тылын учуутала Т.С. Иванова тэрийбит “Радуга” КИД (Клуб интернациональной дружбы) иһинэн ыытыллар бэрт сэргэх дьарыктар, тэрээһиннэр,  омук оҕолорун кытта суруйсарбыт тирэх буолбуттара. Ол кулууп чэрчитинэн балтым Таня Николаева Украинскай ССР кыыһын кытта доҕордоспута. Киниэхэ ол ыраах олорор дьүөгэтэ национальнай көстүүмнээх уоллаах кыыс куукула бэлэх ыыппыта. Биир олус үчүгэйдик өйдөөн хаалбыт улахан тэрээһиним – Союзнай өрөспүүбүлүкэлэр күннэрэ. Кылааһынан үллэстэн, ол омуктар кэтэр көстүүмнэрин тиктэрэн, астарын астаан, кинилэр тылларынан ырыаны-хоһоону үөрэтэн, үҥкүүлэрин көрдөрөн, бырааһынньык тэрийбиппит. Дьонум айаҥҥа, ийэм дойдутугар Эдьигээҥҥэ сылдьар кэмнэрэ буолан, биһиги аҕам эдьиийин аахха хаалбыппытын Эдьиий Таанньа миигин аҕам быраата Сэмэннээххэ ыыппыта. Онно саҥас Мааппалыын бэйэм кэпсэтэн, эдьиийим Надялыын Латвия уонна Литва көстүүмнэрин тиктэрбиппит.

– Пионер буолла да, барытыгар бэлэм буолуохтаах диэн өйдөбүл бигэтик өйгө-санааҕа иҥмит кэмэ буоллаҕа. Маннык түгэҥҥэ эйиэхэ ким ордук оруоллааҕай?

– Ханнык да балаһыанньаҕа, табыллыбат, сатаммат диэн суох диэн үөрэҕи аҕам Степан Яковлевич бэйэтин холобурунан көрдөрөрө олохпор билигин да туһалыыр. Дьиэ кэргэн иһинэн истиэнэ хаһыатын таһаарар этибит. Хас бырааһынньык аайы хайдах сатыырбытынан хоһооннору тиһэн, уруһуйдаан киэргэтэн, ийэбитин үөрдээччибит. Кылааспар редколлегия чилиэнэ буолан, хаһыат оҥорорго аҕам көмөлөһөөччү. Дьүөгэм Лена Петрова наһаа үчүгэйдик уруһуйдуура. Төрөппүттэрбит биһиэхэ “Бэлэм буол”, “Пионерская правда”, “Веселые картинки”, “Мурзилка” уо.д.а. хаһыаттары, сурунааллары суруйтаран, билиибит-көрүүбүт  кэҥииригэр олук уурдахтара. Оскуолабытыгар тимуровскай хамсааһын чэрчитинэн кырдьаҕастарга мас хайытан, саһаан туруоран көмөлөһөр этибит.

– «Орлёнокка” сылдьан өссө билииҥ хаҥаан, сайдан кэллэҕиҥ дии?

– Оннук. Күннээҕи дьарык быыһыгар экскурсияларга  сылдьарбыт. Үөһэ хайаҕа тахса сылдьан араҕас өҥнөөх роза сибэкки өлгөмнүк үүнэрин сөҕө көрбүппүн өйдүүбүн. "Икарус" оптуобуһунан Новороссийск Герой-куоракка тиийэн, тыыным хаайтарбытын өйдөөн хаалбыппын. Санаабар, салгын отой суох, биэрэккэ быраҕыллыбыт балык курдук сананным. Кэнники улаатан баран өйдөөбүтүм, арыы чараҥ тыалардаах, ыраас дьэҥкир салгыннаах Аллыҥа барахсан оҕото улахан куорат кирдээх салгынын сөбүлээбэтэхпин эбит. Баҕар, «Долина смерти” ыарахан тыынын уйбатаҕым да буолуо. Умнуллубат өйдөбүл – “Малая Земля” устун экскурсия. Патриотическай иитии оруола улахан буолан, историяны билии, төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буолуу – пионер иннигэр турар улахан сорук этэ.

Тыйыс тымныылаах хоту дойду оҕото өҥүрүк куйааска куруук утатан, уу көрдөөн тахсабын, сыккыс уутун көрдөрбүн эрэ, наар ону ыймахтыыр аатыгар сылдьабын. «Пепси-кола» утах оччолорго наһаа үчүгэй амтаннаах этэ. Олус тотоойу, ураты астан хас да киилэ ыйааһыным эбиллэн, уҥуохпунан үрдээн кэлбитим. Килиэп арыыта да суох минньигэс амтанын билигин да саныыбын, оннук амтаны булан амсайа иликпин. Биллиилээх дьону кытта көрсүһүүлэри, түүҥҥү костердар тула олорон алтыһыыны, кросс сүүрүүтүн, үҥкүү дьарыгын, Хара муораҕа сөтүөнү олус сөбүлээбитим. Дельфиннэр кэлэн, сөтүөлүү сылдьар оҕолору кытта оонньоһоллор этэ. Арай биир сарсыарда турбуппут, тапталлаах дельфиннэрбит өлөн хаалбыттар, өрөҕөлөрө эрэ маҥхаһан сыталлара. Онно хомойон ытаабыппын умнубаппын.

– Омук оҕолоро хомуска оонньообуккун, бука, сөхпүт буолуохтаахтар.

– “Саха сирин туһунан кэпсээр, хомуска оонньоор”, - диэн ийэм мас хаалаах кып-кыра хомус оҕотун биэрэн ыыппыта. Ол хомуспун наар илдьэ сылдьан, оҕолорго оонньоон иһитиннэрэбин, сорохтор тоҕо эрэ харахтара ууланар. Саамай уйан Володя Козлов диэн уол кэлиэхпиттэн барыахпар диэри сырса сылдьан, ийэбэр хомуска оонньоон  иһитиннэриэм этэ диэн тобуктаан туран көрдөһөн-ааттаһан,  хомуспун бэлэхтэппитэ. Оҕо сылдьан уол оҕо курдук майгылаах этим, барыта баарынан, көнөтүнэн сылдьарым. Ол иһин доҕотторум үксэ уолаттар этэ. Марат диэн Дагестан уола значок арааһын бэлэхтээбитэ. Ол кэмҥэ биири өйдөөбүтүм. Майгыҥ көнө, кими да кытта хадаардаһа, иирсэри кытта иирсэ сылдьыбат, кыамматы атаҕастаабат буоллаххына, онно эбии бэйэҥ омуккун өрө тутар, төрөөбүт тылгын билэр, илиигинэн тугу барытын сатыыр буоллаххына, атын омук оҕолоро эйиэхэ ытыктабыллаахтык сыһыаннаһаллар диэн. Сахалыы саҥаны сэҥээрэн, тыллары үөрэттэрэр оҕолор эмиэ бааллара.

Бүтэһик күммүтүгэр костер тула олорон, бу кылгас кэм устата бэйэлэрин чаҕылхайдык көрдөрбүт оҕолору, ол иһигэр миигин, куоластааһын түмүгүнэн "За активную работу" диэн бэлиэнэн  наҕараадалаабыттара. Арахсарбытыгар, элбэх да элбэх оптуобус аттыгар “орлятскай круг» иһигэр куустуһан туран, бука бары уйадыйан, ытаһан, дойдубутугар төннүбүппүт.

Ыраах сиргэ сылдьаммын, араас майгылаах оҕолору кытта алтыһан, “мин да атын омук оҕотуттан итэҕэһэ суох эбиппин ээ” диэн санаалаах, саха буолан төрөөбүппүнэн киэн туттан, дойду ахтылҕаннааҕын өйдөөн, төрөөбүт тылынан ыраастык саҥарар, бэйэтин норуотун үгэстэрин билэр оҕону хайа да ыраах сиргэ үрдүктүк сыаналыылларын ис куппунан билэн, харыс үрдээн дьиэбэр төннүбүтүм. Оскуолам, кылааһым оҕолоругар кылаас чааһыгар бу сырыым туһунан кэпсээбитим.

– Ол пионер туох үөрэхтэннэ, ситиһиилэннэ?

– 1988 сыллаахха Сунтаар 1 нүөмэрдээх оскуолатын бүтэрбитим. СГУ саха салаатыгар туттарсан, ситиһиилээхтик үөрэнэн, учуутал идэтин ылбытым. 2002 сыллаахха уйулҕаһыт идэтин баһылаабытым. 2010 сыллаахха “Кучу чэй – саха саргыта” диэн чинчийэр үлэбин саҕалаабытым. 2012 сыллаахха “Сэттис халлаан” рестораҥҥа сахалар төрүт аспытын аан дойдуга аатырдыбыт асчыт И.И. Тарбаахап кучу чэй дегустациятын оҥорбута. Бу сыл Москуба куоракка ыытыллыбыт Саха сирин күннэригэр оччотооҕу култуура миниистирэ А.С. Борисов өйөөн, сахалар биһиги эмиэ чэй иһэр култууралаахпыт, анал сиэрдээхпит-туомнаахпыт диэн киэҥ эйгэҕэ аан бастаан таһаарбыппыт. Үлэм чэрчитинэн, өй-санаа үтүө өттүгэр уларыйыытын, үтүө майгы-сигили олохтонор олугун оҕо саастан эрэ ситиһиэххэ сөп диэн санааттан, улуустар уонна куорат оскуолаларыгар кылаас чаастарын ыытабын. Оҕолорго сайын саҥа үүнэн силигилээн эрэр үүнээйини алдьатар буортулааҕын, тоҕо күһүн барыта сиппитин-хоппутун кэннэ хомуйар ордугун быһаарабын, төрөөбүт дойдуларын айылҕатыгар харыстабыллаах сыһыаҥҥа  үөрэтэбин. Кэнчээри ыччаппытын Аар айылҕаны харыстыыр, киниэхэ сүгүрүйэр тыыҥҥа ииттэхпитинэ эрэ, омук быһыытынан  ууһуур-тэнийэр, үүнэр-сайдар кыахтаныахпыт.

– «Орленок» лааҕырга сынньанар чиэскэ тиксибит пионердар билсэҕит дуо?

– Пионерия 100 сыллаах үбүлүөйүн көрсө араас сылларга “Орленок” лааҕырга сылдьар чиэскэ тиксибит Саха сирин   өрүөлчээннэрэ түмсэн, ойор күннээх оҕо сааспыт умнуллубат чаҕылхай кэмин ахтан-санаан, өр сылларга сүтэрсэ сылдьыбыт пионер доҕотторбутун булан, үөрүүнэн кынаттана сылдьабыт. Бассаап ситимигэр бөлөхтөөхпүт. Эбиитин дружиналарынан арахсан, онно эмиэ алтыһабыт. Тоҕо диэтэххэ Бүтүн Сойуустааҕы «Орленок» лааҕыр хас да дружиналаах этэ – “Солнечнай”, “Звезднай”, “Стремительнай”, “Штормовой”, “Комсомольскай” о.д.а. Ааспыт үйэ 60-с сылларыттан – 90-с сыллар устата сылдьыбыт пионердар ахтыыларын ааҕар, хаартыскаларын көрөр, ыллаабыт ырыаларбытын истэр олус долгутуулаах буолар эбит. Былыр үйэҕэ умнан кэбиспиккин хантан эрэ ороон ылан өйдөөн кэлэҕин. Оннооҕор оҕолор ааттарын аа-дьуо санаан кэлэҕин. Бу истиҥ ахтыылар оччотооҕу «Орленокпыт» сылаас тыынын тилиннэрэн, ханна эрэ утуйа сыппыт истиҥ, оҕолуу ыраас иэйиилэрбитин уһугуннаран, дьикти ахтылҕан буолан, ураты турукка киллэрэллэр. Бу кэпсээннэри дьүһүйэн көрөҕүн, ону кытта оҕо саас көмүс күннэрэ тиллэн кэлэллэр. Биллэн турар, олох эридьиэһэ, түһүүтэ-тахсыыта элбэх, бары араас дьылҕалаах дьон буола улааттахпыт. Ол да буоллар, “Орленок” лааҕырбыт чаҕылхай сулус буолан, өйбүтүгэр-сүрэхпитигэр тыыннаахпыт тухары хаһан да умуллуо суоҕа. Уопсайынан биир дьиэ кэргэнтэн бииргэ төрөөбүттэр лаааҕырга сылдьыбыт түгэннэрэ эмиэ баар эбит. Бу оҕолор “Орленок” лааҕырга сылдьан, айымньылаах олох, бэйэ-бэйэҕэ итэҕэйии, көмөлөсүһүү, өйдөһүү, көҥүл санаа оскуолатын ааспыттарын кэпсииллэр, олохторун тухары илдьэ сылдьар компас, ыраас уонна ытык өйдөбүл быһыытынан ахталлар.

Мин эмиэ, оччотооҕу пионерка Туйаара Яковлева, билигин Кучу Туйаара, саха омук чэй иһэр култууратын саҕалаабыт пионер чаевед  буолан олорон, “Орленок” пионер лааҕырга сылдьыбыт күннэрим дьылҕам ураты бэлэҕэ буолан, инники олохпор үтүө эрэ өттүнэн сабыдыаллаабыттарыгар, айар-тутар айылгыбын арыйбыттарыгар ис сүрэхпиттэн  махтана саныыбын. Түгэнинэн туһанан, Саха сирин бары пионердарын, Пионерия хамсааһын кыттааччыларын, Бүтүн Сойуустааҕы “Орленок” лааҕырга сылдьыбыт үөлээннээхтэрбин сүүс сыллаах өрөгөйдөөх үбүлүөйүнэн эҕэрдэлиибин!

– Пионерия 100 сыллаах үбүлүөйүгэр «Орленокка» сылдьыбыттар көрсүһүүлэрэ буолан ааста. Бу туһунан, баһаалыста.

– Наһаа үчүгэй тэрээһин буолла. Билигин орто сааспытын ааспыт дьон оҕо сааспыт биир умнуллубат күннэрин санаан, ахтан ыллыбыт. Тэрээһиммитигэр строевой хаамыынан киирии, этэрээттэринэн речевка, ырыа, рапорт барыта толорулунна. Хайдах эрэ ол урукку оҕо сааһы санатта. «Орленок» кэминээҕи оонньууларбытын оонньоон, оҕо сааска түһэн ыллыбыт. Ордук долгутуулааҕа диэн, бары куустуһан туран «орлятскай круг» оҥорон ыллаатыбыт. Ол кэмнээҕи наһаа үчүгэй, истиҥ ахтыы кэпсэтии буолла.

– Туйаара, олус истиҥ кэпсээҥҥэр махтал!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....