09.02.2023 | 14:00

«Туундара үрүҥ аанньала» көрөөччүнү долгутта...

Киин оройуоннарга төһө да медицина тэтимнээхтик сайынна диэтэрбит, ыраах улуустарга кыһалҕа билигин даҕаны элбэх.
«Туундара үрүҥ аанньала» көрөөччүнү долгутта...
Ааптар: Наталья ПРОТОПОПОВА
Бөлөххө киир

Ол кыһалҕаны быһаараары «Земскэй быраас» диэн бырайыак үлэлиир даҕаны, тустаах исписэлиис тиийбэтэ, ыарахан ыарыһахтары ыраах нэһилиэнньэлээх пууннартан аҕалар санавиациятааҕар, сиринэн суол, тырааныспар суоҕа – олохпут бүгүҥҥү көстүүтэ. Айан кыһалҕатын быһаарар сыалтан ыарыһахтары кыһыҥҥы өттүгэр Дьокуускайга, Мииринэйгэ таһар оптуобус туруорсаллара эмиэ баар суол. Биир тыын суолталаах боппуруоһунан ордук хоту улуустартан химиятерапияҕа эмтэнэ кэлэр искэн ыарыылаахтар айаннарын төлөбүрэ, түһэр сирдэрэ эмиэ турар, бу тула туспа үлэ барар, улахан болҕомто ууруллар.

Ааспыт нэдиэлэҕэ, олунньу ый 2 күнүттэн, Дьокуускай куорат бары киинэ тыйаатырдарыгар “Туундара үрүҥ аанньала” диэн Баһылай Харысхал пьесатыгар олоҕуран уһуллубут киинэ көрөөччү дьүүлүгэр таҕыста. Үйэ аҥаара анараа өттүгэр Өлөөн эргэ амбулаториятын көтүрэ сылдьан оробуочайдар былыргы саһарбыт суруктары булбуттара. Бу – Ленинград куораттан үлэлии кэлбит эдэркээн фельдшер кыыс ийэтигэр суруктара эбит... Өр кэмҥэ кини ким буоларын быһаарбатахтара... Биллибитин курдук, Өлөөн туундаратыгар буолбут дьиҥнээх түбэлтэ эбит.

1937 сыл. Капитолина Облезова диэн эдэр эмчит кыыс биир эрэ чымадааннаах Ленинград куораттан Өлөөн улууһун Дьилиҥдэ бөһүөлэгэр үлэлии кэлэр. Репрессия үгэннээн турар буолан, Ленинградтааҕы мединститут 19 саастаах устудьуон кыыһын ийэтэ ыраах Саха сиригэр хоту улууска ыытар. Капитолина Дьокуускайга кэлэн саха бастакы лүөтчүгэ Валерий Кузьмины көрсөр, кини кыыһы Арктикаҕа тиэрдэр. Эдэр эмчити олохтоохтор эмиэ да үөрэ, эмиэ да атыҥырыы, куттана көрсөллөр. Медицина төрдүттэн суох, эмп-томп да аҕыйах сирин дьоно, биллэн турар, бырааһы, буолаары буолан атын омук оҕотун кытта кэпсэтэллэриттэн да толлоллор, ыарыыларын да кыайан кэпсээбэттэр... Киинэҕэ ойууланар быһыы-майгы ол саҕана өрө турбут оспа ыарыытын кэмэ эбит. Киинэ ааптардара маны барытын киһи эрэ уйулҕата хамсыах курдук ырылхайдык көрдөрөллөр. Эдэркээн, аһыныгас сүрэхтээх, төһө да ыарахан усулуобуйаҕа үлэлээтэр, хоту дойду олохтоохторугар үгүстүк көмөлөһөр, эмтиир, сүбэ-ама буолар Капитолина күүстээх санаатын сөҕөҕүн, дьиҥнээх дьоруойдуу быһыыны оҥорбут ээ дии саныыгын.

Киинэҕэ сүрүн дьоруой оруолун Арктикатааҕы судаарыстыбаннай Култуура уонна искусство институтун устудьуона Анастасия Короленко олус итэҕэтиилээхтик оонньоото. Көрөөччүнү долгутар, уйадытар, үгүһү толкуйдатар айымньы буолан тахсыбытыгар эдэр артыыс кылаата сүҥкэн.

“Туундара үрүҥ аанньала” киинэ 2018 сылтан саҕалаан уһуллубут. Былырыын Благовещенскай куоракка “Амурская осень” диэн Арассыыйатааҕы бэстибээлгэ кыттан, Амурскай уобалас Култуураҕа министиэристибэтиттэн “За обращение к теме гуманизма и сохранение исторической памяти” уонна Анаадырга  ыытыллыбыт “Золотой ворон” диэн VI-с Арктикатааҕы норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээлгэ анал бириистэри ылбыт. Киинэ нуучча тылынан уһуллубут. Онон, Арассыыйа ханнык баҕарар куоратыгар көрүөхтэрин сөп.

Бу күннэргэ мин Өлөөн улууһун Култуураҕа управлениетын начаалынньыга Надежда Прокопьевна Николаеваны кытта кэпсэтэ сырыттым. Биллэн турар, киинэ хайдах төрөөн, үөскээн тахсыбытын, үлэ хаамыытын, хоту дойдуга медицина билиҥҥи балаһыанньатын туһунан кэпсэттибит. 

– Бу киинэ уһуллан, оҥоһуллан тахсыыта бэйэтэ туспа историялаах. 1979 сыллаахха Баһылай Харысхал Сааскылаахха көтөн иһэн Өлөөҥҥө тохтоон ааспыт. Онно Райсэбиэккэ киирэ сылдьан Өлөөн улууһун историятын интэриэһиргиирин эппит. Кини оччолорго “Эдэр коммунист” хаһыат кэрэспэдьиэнинэн үлэлиир эбит. Онуоха олохтоохтор Баһылайга биир эдэркээн быраас кыыс кэлэн үлэлии сылдьыбытын туһунан кэпсээбиттэр. Бу историяны Харысхал наһаа сэҥээрэ истибит уонна, Өлөөн туһунан иһиттэ да, куруук ол кэпсээни саныы түһэр эбит. Онтон 2016 сыллаахха пьеса суруйар. Ол кэнниттэн Ил Түмэн дьокутаата Елена Христофоровна Голомареваҕа ааҕарыгар, көрөрүгэр ыытар. Елена Христофоровна бу пьесаны ааҕан баран наһаа долгуйбут, уйадыйбыт уонна Баһылай Харысхалы оччотооҕу улуус баһылыга Александр Степанович Ивановы кытта билиһиннэрэр. Кэлин Култуура министиирэ Владимир Иванович Тихоновка киирэ сылдьыбыттар. Ону таһынан Баһылай Харысхал Култуура салаатын сэбиэдиссэйэ Мария Афанасьевна Анисимованы кытта билсэн, бу түбэлтэни сырдатар. Ол кэнниттэн “Сахафильм” салайааччыта Дмитрий Шадрины кытта кэлэ сылдьыбыттара. Киинэ режиссера Александр Лукин. Устар бөлөххө уопсайа 15, онтон тэрийэр кэмитиэккэ 41 киһи үлэлээтэ, киинэҕэ 237 киһи уһулунна. 2018 сылтан саҕалаан үлэ ыытылынна. Хоту дойду олоҕо, медицина атаҕар турар бастакы сыллара, дьаҥ, ыарахан усулуобуйа о.д.а. барыта көстөр. Түгэнинэн туһанан ханнык баҕарар ыраах, хоту сытар улуустарга медицина боппуруоһа олус сытыытык турар диэхпин баҕарабын. Ити киинэни көрбүт киһи эмиэ элбэҕи өйдүүр. Билигин даҕаны балыыһаҕа исписэлиис тиийбэт. Диспансеризация үлэтин бэйэбит быраастарбыт сыл аайы ыыталлар. Соторутааҕыта биһиги улууспутугар бүөр бырааһа кэлэн үлэлээбитин бэлиэтиэхпин баҕарабын. Манна элбэх киһи көрдөрүнэн доруобуйатын тупсарбыта буолуо диэн эрэллээхпин. Онон инникитин ыраах улуустарга өссө үчүгэй сөптөөх болҕомто ууруллара буоллар диэн баҕа санаалаахпыт.

Салгыы аны киинэ режиссера Александр Лукины кытта кэпсэттим.

– Александр, эн режиссер киһи быһыытынан тоҕо чуолаан маннык тиэмэҕэ уһуллуҥ? Бу киинэ нөҥүө эн тугу этэҕиний?

– Бу документальнай аҥаардаах историческай киинэ. Ол гынан баран хас биирдии көрөөччү дууһатын таарыйыа дии саныыбын. Устубут үлэбэр мин бу ыарахан дьылҕалаах кыыс туһунан кэпсиибин. Кини репрессия ыар сылларыгар хоту дойдуга кэлэн элбэх киһини быыһыыр, ол гынан баран, хомойуох иһин, бэйэтин олоҕун толук уурар. Капитолина баара-суоҕа 19 эрэ саастааҕар күн сириттэн күрэнэр...  бэйэтин тапталын, олоҕун аргыһын кыайан көрсүбэккэ... Киинэҕэ кыыс Лидия диэн аатынан оонньуур, онтон дьиҥнээх аата Капитолина Облезова.

– Устуу үлэтэ хайдах ааспытай? Туох уустуктары көрсүбүккүтүй?

– Киинэбитин түөрт сыл кэриҥэ уһуллубут. Ол устата Өлөөн уонна Анаабыр улуустарыгар хаста да баран кэлбиппит. Бу күннэргэ Дьокуускайга уонна өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыгар көстө турар. Ону таһынан киинэни Арассыыйа куораттарыгар эмиэ интэриэһиргииллэр. Табылыннаҕына, Санкт-Петербурга көрдөрүөхпүт. Устуу кэмигэр, биллэн турар, уустуктар бааллар этэ. Биһиги туундараҕа дьыл араас кэмигэр улахан бөлөҕү хомуйан илдьэрбит. Ол быыһыгар ити кэмнэргэ мин “Тыгын Дархан” киинэҕэ иккис режиссер быһыытынан үлэлии сылдьыбытым, бу эмиэ элбэх бириэмэни, сыраны эрэйэрэ. Ханнык баҕарар киинэни устар син биир үлэлээх. Таҥыыта, монтажтааһына, уларытыы, быһыы, тупсарыы – туһунан үлэ. Ону таһынан сүрүн дьоруой Капитолина олоҕо, кини кыһалҕата барыта мин сүрэхпэр, дууһабар наһаа чугастык киирэн, элбэҕи саныырым, толкуйдуурум, санаарҕыырым. Онон, өй-санаа өттүнэн уустуктар бааллар этэ. Медицина ол кэмнэргэ быстар мөлтөх. Кыыс табаһыттары, хотугу аҕыйах ахсааннаах олохтоох омуктары эбэҥкилэри эмтиир. Эпидемия турар кэмигэр дьоҥҥо вакцина биэрэр, ол гынан баран барыларыгар тиийбэт... Бэйэтигэр хаалларбыт вакцинатын кыра кыыска биэрэр. Үтүөрбүт кыыс уола билигин улаатан Өлөөн музейыгар үлэлиир, мин кинини кытта көрсө сылдьыбытым. Бу киинэ өссө тахса илигинэ Харысхал пьесатынан Мииринэй тыйаатыра испэктээк туруорбута. Оонньууну урукку баһылык Александр Иванов сэргии көрөн, киинэ устар туһунан этии киллэрэр. Мин Баһылайдыын “Тыгын Дархан” киинэҕэ үлэлэспит буолан, үчүгэйдик билсэр этибит. Онтон миигин бу “Туундара үрүҥ аанньала” киинэҕэ режиссерунан ыҥырар. Кинини кытта наһаа үчүгэйдик үлэлээбиппит диэн күндүтүк саныыбын. Быйыл Баһылай Харысхалбыт күн сириттэн барбыта оруобуна иккис сылын туолла.

Тус санааларым...

Баһылай Харысхал бэйэтэ бу киинэ күн сирин көрүүтүгэр диэри тиийбэтэҕэ олус хомолтолоох. Баара буоллар, билигин санаатын, көрүүлэрин этэн эрэр буолуо этэ...

Киинэ олус табыллыбыт, устуута, таҥыыта барыта көрөөччү болҕомтотун тардар, киһи кутун-сүрүн тутуон тутар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....