Тураах оҕото
Арай биирдэ кыната тостубут, сатаан көтөр кыаҕа суох тураах оҕото дьиэбитигэр баар буолла. Арааһа, ходуһаттан кэлэн иһэн булбуппут быһыылаах.
Тураахпытын аһатабыт, харайабыт. Сайыны быһа улаатта. Дьиктитэ диэн, киһи тылын өйдүүр курдук туттар. Күн аайы ханна эрэ сүтэр, арааһа, эбии аһыҥалаан сии барара буолуо. Дьэ, ол эрээри аһылык буолла да, хантан эрэ дааҕырҕаан тиийэн кэлэр. Бэрээдэгэ сүрдээх, аһылыкка хойутаабат. Кэлин олох дьиэтийэн, өссө баракаас оҥорор буолла. Эбэбит сарсыарда туран таҥнарыгар мэһэйдэһэр, дьээбэлиир. Күнү быһа тиһиликтэммит бачыыҥкатын, былаатын бааныар диэри тураахпыт түргэн үлүгэрдик сүүрэн кэлэн бачыыҥкатын быатын сүөрэ охсон кэбиһэр. Аны оргута уурбут сылабаарын кыраанын аһан “туһалыыр”. Туораах хомуйар улахан от күөҕэ алдьаммыт чаанньыктаах этибит, ол кэннигэр баран эбэбититтэн саһан олорор буолар. Чуорук утуйа сыттаҕына, сэрэнэн кэлэн кутуругун тардан көрөн баран, эмиэ чаанньыгын кэннигэр саһа сүүрэр.
Күн аайы баракааһа элбээн, эбээ сылабаар өрөр кэмигэр тураахпытын күүлэ үөһэ таһаартарар буолла. Тураахпыт онно сүгүн олоруо дуо, кыра-кыралаан көтөн түһэргэ үөрэннэ. Онтон устунан сүттэ.
Арай күһүҥҥү биир сарсыарда көрбүппүт, тиэргэммит иһэ турааҕынан туолбут. Оҕуруот үрдүгэр, маска олороллор. Дьиктиргээбиппит аҕай, онуоха эбэбит: “Ити ииппит турааххыт соҕуруу барыан иннинэ эһиэхэ махталын биллэрэн, доҕотторун илдьэ кэлэ сырытта”, – диэтэ.
Эбэбит барахсан, биир да кылаас үөрэҕэ суох эрээри, айылҕаны таптыырга, кини көтөрүгэр-сүүрэригэр харыстабыллаахтык сыһыаннаһарга ииппит эбит.
Оксана Константинова, Сунтаар