28.12.2022 | 15:00

Тулуур уонна эрэл сүппэтин

Тулуур уонна эрэл сүппэтин
Ааптар: Наталья Кычкина
Бөлөххө киир

Дойдубутугар буола турар анал байыаннай эпэрээссийэ хас биирдии саха ыалын, олохтооҕун долгутар. Оттон ыкса, бэйэ киһитэ сылдьар буоллаҕына, ордук чугастык ылынаҕын. Дэлэҕэ ийэлэр “оҕолорбутун кытта окуопаҕа тэҥҥэ сытар курдукпут” диэхтэрэ дуо. Чарааһаан ылар, уйадыйар кэмнэригэр «биһиги манна сылаас дьиэҕэ олорон аспытын сирэбит-талабыт, сороҕун сиэбэккэ да тоҕобут, оттон оҕолорбут барахсаттар аччыктыы, тоҥо-хата сылдьаахтаатахтара» дииллэрэ, тэлэбиисэргэ эдэрдэр ыллыы, үҥкүүлүү сылдьалларын көрдөхтөрүнэ, арааран да кэбиһэллэрэ бааламмат.

Москваҕа Бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэ иһинэн тэриллибит Биир кэлим координационнай киин (ЕКЦ) үһүс ыйын суукканы эргиччи үлэлии олорор. Бу Колл-киин үлэтин туһунан ааҕааччыларга судургутук кэпсиир буоллахха, Киин анал байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта сылдьар мобилизованнайдарга, байыаннай сулууспалаахтарга, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр бары өттүнэн күүс-көмө буоларга, РФ саҥа субъектара чөлүгэр түһүүлэригэр уонна нэһилиэнньэҕэ гуманитарнай көмөнү оҥорорго тэриллибитэ.

Колл-киин маннык анал үлэлэри оҥорор: суукканы эргиччи сүбэ-ама, өйөбүл уонна байыаннай сулууспалаахтартан, итиэннэ гражданнартан киирбит ыйытыылары быһаарыыга көмө; оҥоһуллубут иһитиннэриини база дааннайыгар уонна статистикаҕа киллэрэн иһии; бары сайабылыанньалары ЕКЦ оробуочай бөлөхтөрүн кытары суһаллык быһаарыы.

Колл-киин суһал линиятын төлөпүөннэрэ:

+79268870852 и +79268868604:

Штаб маннык аадырыска баар: Москва куорат, Мясницкай уул., проезд 3 стр.1, каб. 606. Үлэлиир бириэмэтэ: суукканы эргиччи.

Бүгүн «Киин куорат» ааҕааччыларыгар анаан ЕКЦ үлэтин туһунан Лена Афанасьевна Алексееваны кытта кэпсэттибит.

– Лена Афанасьевна, Биир кэлим координационнай киин туһунан ааҕааччыларбытыгар сиһилии билиһиннэриэҥ дуо?

Биһиги, бастатан туран, Колл-киин балаһыанньатынан уонна инструкциятынан сирдэтинэбит. РФ Бэрэсидьиэнин иһинэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастайааннай бэрэстэбиитэлэ Андрей Сандаминович Федотов быһаччы дьаһалынан, ыйыытынан-кэрдиитинэн үлэлиибит. Байыастар уонна кинилэр чугас дьонноро биһиги төлөпүөннэрбитигэр уонна ватсап, телеграм ситиммитигэр суукканы эргиччи тахсаллар. ЕКЦга уопсайа төрдүөбүт, миигин кытта Күннэй Романовна Иванова уонна Айталина Гаврииловна Бурнашева, Александр Геннадьевич Дягилев үлэлэһэллэр. Киирбит ыйытыылары тутатына «122» федеральнай бырагыраама справочнигар киллэрэбит, ол кэннэ туһааннаах оробуочай бөлөхтөрүнэн тыырабыт. Бу бөлөхтөр ону анал тэрилтэлэргэ ыыталаан, быһаарарга тиэтэйэллэр. Элбэх оҕолоох мобилизованнайдар эбэтэр доруобуйаларынан сөп түбэспэт байыастар кыһалҕаларынан билиҥҥи туругунан 29 ыйытыы Александра Семеновна Рафе аатыгар ыытылынна, кини «координационная рабочая группа» диэн оробуочай бөлөх эппиэттээх сэкирэтээрэ. Бу бөлөх Судаарыстыбаннай Дуумаҕа уонна дьокутааттарга туһулааһыннары суруйан ыытар.

Уопсайа 8 оробуочай бөлөҕү кытта үлэлэһэбит: «Координациялыыр бөлөх», «Быраабы, сокуону, бэрээдэги араҥаччылыыр уорганнары, сэбилэниилээх күүстэри кытта үлэ», «Бааһырбыттары кытта үлэ», «Байыаннай сулууспалаахтары хааччыйыы», «Сураҕа суох сүппүттэр кыһалҕаларынан үлэ», «Социальнай өйөбүлү оҥоруу». Ону тэҥэ тирэх пуун үлэһиттэрин кытта ыкса сибээскэ баарбыт.

Сорох ыксаллаах боппуруостары тутатына бэйэбит быһаарабыт мобилизованнайдар дьиэ кэргэттэригэр оттук мастарын, иhэр муустарын тиэйтэрии, бородууктанан хааччыйыы, ас-үөл наборун илтэрии, байыастар ийэлэрин, аҕаларын тустаах исписэлиистэри кытта көрүһүннэрии, дьиэлэрин докумуонун олохтоох дьаhалта юристарын кытта оҥорторуу о.д.а. Уопсайынан, волонтердары уонна дьаһалта баһылыктарын, оройуон байыаннай хамыһаардарын кытта быһаччы үлэлэһэбит.

2023 сылга чааhынай дьиэҕэ гааһы киллэриигэ көмөлөһөр, Дьиэ-уот сыһыаннаһыыларын департаменыгар учуокка турааччылар докумуоннарын чуолкайдааhыҥҥа үлэлэһэр былааннаахпыт. Маннык ис хоһоонноох боппуруостары суһаллык быһаара сатыыбыт.

– Чахчы, элбэх тыын кыһалҕаҕа үлэлэһэ олороҕут. Мантан саамай ыараханнык быһаарыллар ханнык боппуруостар баалларый?

Биллэн турар, саамай уустук кыһалҕа байыастарбыт сүтүүлэрэ, сибээскэ тахсыбат буолуулара уонна сураҕа суох сүтүүлэрэ.

– Киин төлөпүөннэрэ суукканы эргиччи үлэлиир. Ордук туохха көрдөһөн эрийэллэрий?

Байыастарга гуманитарнай көмө көрдөөһүнүгэр элбэхтик эрийэллэр, биир кэмнээх төлөбүрдэрин ылбатах дьон биллэллэр, байыастары кытта сибээстэрин сүтэрбиттэр тахсаллар.

– “Сахаволонтердары” кытта ыкса үлэлэһэ олороҕут. Ол туһунан?

Сахабыт сирэ ыраах буолан, биир дойдулаахтарбытыгар, мобилизованнайдарга, доброволецтарга «Сахаволонтер» бары өттүнэн көмө оҥорор. Бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэттэн Вера Сергеевна Свешникова управлениетын үлэhиттэрэ эчэйбит байыастары кытта госпиталларга сылдьыы бэрээдэгин “Сахаволонтердары” кытта ыкса ситимнээхтик ыыталлар, уолаттар докумуоннарын толороллоругар, төлөбүрдэрэ кэмигэр түhэригэр көмөлөһөллөр.

Бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэ уонна Биир кэлим координационнай киин иһинэн тэриллибит «Сахаволонтёр» хамсааһыны «Саха» НКИХ Москватааҕы филиалын салайааччыта Туяра Николаевна Константинова иилээн-саҕалаан, бэйэтин тус үлэтин таhынан бу улахан суолталаах уонна күннээҕи наадалаах боппуруостары суһаллык быhааран, наардаан, ис сүрэҕиттэн кыhаллан үлэлии сылдьар. Түгэнинэн туһанан, волонтердарга махталбытын тиэрдэбит. Хас биирдии киһиэхэ ийэтэ, кэргэнэ, чугас дьоно кэлэллэрэ кыаллыбат. Онон балыыһаҕа сытар уолаттарбыт саамай күүтэр дьонноро – волонтердар.

Бу курдук дьон бэйэтин үтүө баҕа санаатынан кыттыһара олус долгутуулаах.

«Киин куорат» хаһыат нөҥүө ийэлии улахан махтал тылбын Светлана Владимировна уонна Владислав Алексеевич Диодоровтарга аныыбын. Саха сирин араас улуустарыттан уолаттарга дойдуларын аһын аҕалан, Москва, Санкт-Петербург, Ростов-на-Дону куораттарынан улахан көмөнү оҥордулар. Бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэҕэ туоннанан аһы-үөлү аҕалан, барытын оннун булларыы, госпитальга сытар байыастарга илдьэн үллэрии – улахан сыраны эрэйэр үлэ. Ол быыһыгар ийэлэри кытта көрсүһүү, сүбэ-ама буолуу, онтон да араас көмөнү бииргэ оҥоробут.

– Байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьар оҕолоох төрөппүттэргэ тугу сүбэлиэ этигиний?

Тулууру уонна эрэли. Бу анал эпэрээссийэҕэ сылдьар оҕолор төрөппүттэрэ, бары даҕаны былырыын баччаларга олохпут бу курдук салаллыа диэн сэрэйэн да көрбөт этибит.

Ийэлэр, аҕалар, кэргэттэр уолаттарыгар эрэллээх буолуохтаахтар, кинилэр сырдыгы эрэ саныахтаахтар. Оҕолорун кытта түөрт ый сибээһи сүтэрэ сылдьыбыт төрөппүттэр барахсаттар бааллар. Бу оҕолор хайдахтаах курдук быһыыга-майгыга түбэспиттэрин, ыарахан балаһыанньаҕа киирбиттэрин ийэ, аҕа, төрөппүт буолан тураммыт эрэ өйдүүбүт, аһынабыт, чугастык ылынабыт. Хайа киһи сүрэҕэ ытырыктаппат, дууһата ытаабат буолуой?! Ийэ чараас сүрэҕэ кытаатыан, санаата уоскуйуон наада. Эрэл бүтэһик өлөр диэн мээнэҕэ эппэттэр, эрэл кыыма хаһан баҕарар баар. Онон бу манныкка түбэспит оҕолор ийэлэригэр, аҕаларыгар, чугас дьонноругар харыстабыллаахтык сыһыаннаһыахха наада.

– Байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьан бааhырбыттар, салгыы сылдьар кыахтара суохтар бааллар. Кинилэри төннөрүүгэ төрөппүт аан бастаан ханна, кимиэхэ тиийэн сүбэ, көмө көрдүөн нааданый?

Бу олус уустук ыйытыы. Бастатан туран, саллаат эбэтэр байыаннай сулууспалаах Оборона министиэристибэтин саллаата  буолар, кинилэр боростуой дьон буолбатахтар диэн өйдүөххэ наада. Чуолаан маннык кыһалҕа тирээтэҕинэ, кинилэр, бастатан туран, байыаннай чааска бэйэлэрин ааттарыттан рапорт суруйуохтаахтар. Онтон дьэ байыаннай чааhыгар үлэ саҕаланар: ыалдьыбыт сулууспалааҕы байыаннай госпитальга киллэрэллэр, онтон эмтэнии түмүгүнэн хайаатар даҕаны байыаннай-врачебнай хамыыһыйаҕа ыыталлар, онтон салгыы, байыаннай дьайыыга сылдьар кыаҕа кырдьык суох буоллаҕына, дьэ, сулууспаттан туораталлар. Ити боппуруос наһаа уустук.

– Лена Афанасьевна кэпсээниҥ иһин махтал! «Киин куорат» хаһыат ааҕааччылара эһиги үлэҕитин, көмөҕүтүн куруук билсэ, ааҕа олороллор, эһигинэн олус диэн киэн тутталлар, махтаналлар. Арассыыйа норуота хаһан да тэмтэрийэр, кэннинэн кэхтэр диэни билбэтэҕэ, сахалар бэйэбит мындырбытынан, булугас өйбүтүнэн ханна да буолларбыт хайҕанабыт, хаһан да бэйэбитин түһэн биэрбэккэ, биир сомоҕо буолан сылдьарбыт кыайыыны аҕалыа диэн бүк эрэнэбит.

Оннук. Бүгүҥҥү уустук кэмҥэ бары бииргэ туруннахпытына, кыайыахпыт! Уолаттарбыт ахтылҕаннаах төрөөбүт алаастарыгар, дойдуларыгар бары этэҥҥэ эргиллэллэригэр баҕарыаҕыҥ! Кэлэр 2023 сылбыт Кыайыы, Эйэлээх олох диэн тылларынан арыалланнын!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...