04.07.2020 | 17:28

Тулагы-Киллэм баһылыга Егор Попов: “Нэһилиэк сайдарыгар сонун бырайыактар наадалар”

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокуускай куорат хоту өттүгэр киэҥ-куоҥ сиринэн тарҕанан сытар, ураты  историялаах, саха төрүт дьарыгын тутан олорор бигэ туруктаах, нус-хас олохтоох, ону кытта аныгы кэм сиэринэн балысханнык сайдар кэскиллээх Тулагы-Киллэм нэһилиэгэ баар. Бүгүҥҥү нүөмэрбитигэр баһылык Егор Гаврильевич Попов ыалдьыттыыр. 

– Тулагыга сүрүннээн тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанабыт. 900-чэкэ ынах, эмиэ оччо сылгы баар. Урут-уруккуттан сыспай сиэллээҕи, хороҕор муостааҕы иитэн, тыа сирин олоҕун укулаатын тутуһан олоробут.

Уруккута “Якутский” сопхуос сирэ-уота биһиэхэ хаалбыта. 2017 сыллаахха салайааччынан ананан баран, тута нэһилиэк 5 дэриэбинэтин – Тулагы, Киллэм, Сыырдаах, Радиостанция уонна Капитоновка дьонун-сэргэтин кытта көрсүбүтүм. Онно бастакы этиилэрэ сир-уот туһунан этэ. Дьон-сэргэ долгуйар боппуруоһа – Үс Хатыҥ, Сатал, Марха өттүттэн бааһыналарбытын, оттонор сирдэрбитин куорат түҥэтэн бүтэрэн эрэр диэбиттэрэ. Ол иһин кэллэ-кэлээт, сир боппуруоһунан дьарыктанан барбытым. Ол курдук, манна “временно учтенные” диэн ким да сирэ буолбатах, кимиэхэ да сыһыарыллыбытах сирдэри барытын дьаһалта аатыгар сыһыарбыппыт. Быстах болдьоххо, босхо туһаныыга бу сирдэри биһиэхэ сыһыарыҥ диэн куорат Сиргэ-уокка, баайга-дуолга сыһыаннаһыыларыгар департаменыгар сурук суруйбутум. Оччолорго баһылыгынан Айсен Николаев үлэлиир этэ. Кини өйөөн, улахан сирдээх-уоттаах буоллахха эрэ сүөһү элбиэҕэ диэн толкуйтан, Дьокуускай агропояһа диэн тэриллибитэ.

Сайдыы суолунан

Көһөн киирии төһө элбэҕий? Сир бөҕө түҥэтиллэн турар, онон нэһилиэнньэҕит эбиллэр кэскиллээх буолуохтаах.

– Бары билэрбит курдук, Саха сирин нэһилиэнньэтин үс гыммыт биирэ Дьокуускайга олорор. Куорат сайдыан, кэҥиэн наада. Тыаттан киирии элбээн иһэр. Покровскай тракт, Хатас, Бүлүү трагын диэки дьон дьиэ туттара элбэх. Биһиги диэки куорат элбэх оҕолоохторго, бэтэрээннэргэ, онтон да атын уочаракка турар дьоҥҥо сир биэрэр.

Биһиэхэ  13 СОТ уонна СОНТ, аныгылыы эттэххэ, СНТ диэннэр бааллар. Олорго  2000-тан тахса учаастак бэриллэн турар. 805 элбэх оҕолоохторго бэриллибит учаастак баар. Сир түҥэтигинэн, биһиги барыллаан суоттааһыммытынан, нэһилиэнньэбит ахсаана 9000  киһинэн эбиллиэхтээх. Уота-күөһэ, гааһа, суола-ииһэ киирдэҕинэ нэһилиэнньэбит балысханнык эбиллэригэр бэлэм буолуохтаахпыт.

Судаарыстыба уонна чааһынайдар партнерстволара диэн ньыманан 240 миэстэлээх оҕо уһуйаана тутуллубута. Куорат уһуйааннарын курдук оонньуур балаһааккалара, спортивнай саалалара барыта аныгы ирдэбиллэргэ толору эппиэттиир. Нэһилиэнньэбит эбилиннэҕинэ эбии оҕо саада наада буолара буолуо.

Биир агрооскуолалаахпыт. Бырабыыталыстыба отчуотун аайы туруорсан-туруорсан, быйыл саас отчуокка кэлэ сырыттахтарына эмиэ этинэн, инновационнай хайысхалаах оскуоланы тутуохха диэн быһаарыы ылыммыттара. Оскуолабытыгар билигин 600 оҕо үөрэнэр буоллаҕына, нэһилиэнньэ элбиирин учуоттаан, оскуола тутуутугар өссө наадыйыахпыт дии саныыбын.

–  Сааскы халаан уутугар сыл аайы барар сирдэрдээххит. Хайдах дьаһанаҕыт?

– 2001 сыллаахха улахан уу кэлэн, дьон-сэргэ сүрдээх хоромньуну көрсүбүтэ. Тулагы барыта ууга барбыта.

Онон саас аайы бэлэмнэнии үлэтин ыытабыт. Учениелары тэрийэн ыытабыт. Ынах сүөһүнү куттала суох, эрдэ бэлэмнэммит сирдэргэ үүрэргэ үөрэнэбит. Киллэм уонна Сыырдаах кулууптарыгар 2 быстах болдьоххо олорор пууну бэлэмниибит. 1 резервнэй пуун Радиостанция уһуйааныгар тэриллэр.

Уопсайынан, олохтоох нэһилиэнньэ, халаан уутун алдьархайын эттэринэн-сииннэринэн билбит буолан, сүрдээх тэрээһиннээхтик уонна эппиэтинэстээхтик бэлэмнэнэр. Айылҕа модун күүһүн билбит дьон биһиги сэрэтэр, бэлэмнэнэр үлэбитигэр сүрдээҕин көмөлөһөллөрүн махтанан туран бэлиэтиэхпин баҕарабын.

Уопсайа 13 ууну сөптөөх таһымҥа хаалларарга аналлаах дамбалаахпыт. Ону көрөрбөр-истэрбэр күүс-көмө, сүбэ-ама биэрэр киһибэр Валерий Яковлевич Сивцевка уонна Бочуот знага, Кыһыл Знамя уордьаннар кавалердара, 3 улуус, 6 нэһилиэк бочуоттаах олохтооҕо Максим Николаевич Сибиряковка махталбын тиэрдэбин.

 – Быйыл оккут төһө үүннэ?

–  Ити үөһээ этэн аһарбытым курдук сирбит соҕуруу өттүгэр, Нэлэгэр, Молотовка эҥээр уу кыһалҕата сытыытык турарын бэлиэтиэм этэ. Ону куорат Тыатын хаһаайыстыбатын управлениетыгар сурук суруйан уулааһын (мелиорация) боппуруостарын быһаараллара наадалааҕын тоһоҕолоон, улахан үлэ ыытыллара күүтүллэр.

Быйыл арыыларбытын, ходуһалары уу ылан, сир-дойду ньүөлсүйэн, кырдьаҕастар этэллэринэн, "үрдүк ходуһа уута" кэлэн, күн-дьыл туран биэрдэҕинэ, оту өлгөмнүк ылыахпыт. Дьон төһө да дьиэҕэ хаайтаран олордор, бу уонча сыл уу киллэрбэккэ гынан баран быйыл угуттаан, сүргэлэрэ көтөҕүллэн, үөрэ-көтө самаан сайыны көрүстэ.

Быйыл суолу өрөмүөннээһин хайдах баран иһэрий?

– Эппитим курдук, биһиги 5 тус-туспа, ыраах-ыраах турар нэһилиэктэри холбоон, биир Тулагы-Киллэм нэһилиэгэ дэнэбит. Уопсайа биһиги көрөр-истэр суолбут 28 км уһуннаах – бөһүөлэк иһинээҕи суоллар диэн ааттаналлар. Суол-иис оҥоруутугар куораттан бүддьүөт көрүллэр буолан күчүмэҕэйдэрдээх. Суолбут үксэ кутуу, биир эрэ уулуссабыт асфальт бүрүөһүннээх.

Билигин “Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар” диэн национальнай бырайыак чэрчитинэн 3 сүрүн улахан уулуссаларбыт өрөмүөннэниэхтээхтэр. Барыта бу сайын буолуохтаах. Сыырдаахха Уваровскай уулуссата 1 км курдук уһуннаах, Радиостанцияҕа Связистов уулусса 800 м, Тулагыга Порядин уулуссата 400 м аҥаара асфальт, аҥаара саҥа технологиянан тутуллуохтаахтар.

– Эһиэхэ Урутаан сайдыы территорията (ТОР) тэриллибитэ, олохтоохтортон төһө киһи үлэҕэ киирдэ? Нэһилиэнньэ сүрүн дьарыга тыа хаһаайыстыбата буоллаҕа...

Биһиги куораттан 28 эрэ килэмиэтир ыраахпыт, асфальт суолунан. Ол иһин куоракка киирэн үлэлээччи элбэх. Биһиги нэһилиэкпитигэр “Кангалассы” Урутаан сайдар территория арыллан турар, ол биир бөдөҥ резиденэ – сылы төгүрүччү үлэлиир “Саюри” тэпилииссэ баар. Онно биһиги нэһилиэкпититтэн 20-чэ киһи үлэлиир.

Билигин ТОР “Кангалассы” – ТОР “Якутия” диэн ааттанан өссө кэҥээн турар, Саха сирин соҕуруу өттө, Бэстээх эҥин холбоспуттара. Билигин Капитоновкаҕа баар ТОР-га пластик түннүктэри, кырааскалары, “Липснеле” оһоҕу оҥорор, кирпииччэ, панель оҥорон таһаарар, о.д.а. резиденнэр бааллар. Онон сибээстээн, биһиэхэ түргэн оптоволоконнай интэриниэт ситимэ тардылынна, онтон үөрэбит.

Тулагы-Киллэм уопсай сирэ, генеральнай былаанынан, 2696 га иэннээх, ол иһигэр Радиоцентр 1235 га,  Сыырдаах 609 га, Киллэм 488 га, Капитоновка 362 га. Тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар бааһынай хаһаайыстыбаларыгар бэриллэн турар сир иэнэ 6871 га. Охсуллар ходуһабыт – 1629 га. “Фермер” ОСПК 911 га сирдээх, уруккута “Туймаада Агроснаб” уонна “Сахаплемобъединение” билигин “Агрохолдинг Туймаада” буолан турар тэрилтэлэргэ 1092 га уонна  1141 га бэриллэн турар.

Урукку “Якутский” сопхуос сирин бэйэтигэр илдьэ хаалбыт, биһиги махтанарбыт диэн сирин онно-манна түҥэтэн, ИЖС-ка биэрэн кэбиспэтэх, СХПК “Олимп” диэн баар. Бааһыналарын хорутан, ыһыллыы-тоҕуллуу саҕана быраҕыллыбыт бааһыналары чөлүгэр түһэрэ сылдьар бөдөҥ хаһаайыстыбаны Наталья Борисовна Зотова салайар. Кини 6000 кв. км тэпилииссэлэрдээх, хортуоппуйунан, оҕурсунан, хаппыыстанан күүскэ дьарыктанар.

Өссө биир бөдөҥ тэрилтэбит – Василий Васильевич Пермяков  салайааччылаах “Туймаада” массыына, тыраахтар станцията. Элбэх тиэхиньикэлээх, элбэх үлэһити тутар уонна сүрүннээн сири хорутууга  үлэлиир.

Сылгы иитиитигэр биир киэн туттар киһибит Иван Юрьевич Федоров хаһаайыстыбата буолар. Кини билигин саха сылгытын иитэн сүрдээх суолталаах үлэни ыыта сылдьар.

Бу бааһынай хаһаайыстыбаларбытыгар, тэрилтэлэрбитигэр улахан көмөнү Дьокуускай Предпринимательствоны өйүүр пуондата оҥорор. Тыа хаһаайыстыбатын управлениета Тыа Хаһаайыстыбатын министиэристибэтин бырагыраамаларыгар кытыннарар. Онно биир сүрүн мэһэйдэрэ – сирдэрэ 3 сылтан үөһэ арендаҕа сылдьар буолуохтаах. Оттон биһиэхэ куораттан сири “на безвозмездное пользование” диэнинэн биэрэллэр. Салгыы биһиги эмиэ “безвозмездное пользование” диэнинэн предпринимателлэрбитигэр биэрэбит. Кинилэр тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин бырагырааматыгар киирэллэригэр арендаҕа ылбыт сирдээх буолуохтаахтар.

Ол иһин сүрүн кыһалҕабыт сири уһун сылларга арендаҕа биэрии буолар. Билиҥҥи сокуонунан бу барыта аукцион, куонкурус нөҥүө барыахтаах. Бааһынай хаһаайыстыбаларбыт ити куонкурустарга кытталлара күчүмэҕэйдэрдээх, тоҕо диэтэххэ, Арассыыйа хайа баҕарар муннугуттан харчылаах дьон кэлэн, аукцион биллэрэн истэхпитинэ сирбитин-уоппутун ылыахтара диэн сэрэхэдийэбит. Ол иһин бастаан дьаһалтаҕа “безмозмездно” сир ылан баран, кинилэргэ биэрэбит. Билигин Үп департамена уонна Сир департамена буоламмыт, хаһаайыстыбаларбыт бырагыраамаларга кытталларыгар араас үүтү-хайаҕаһы була сатыыбыт.

Тыа сирин сайыннарыы бырагыраамаларыгар кыайан киирсибэппит

Куорат кытыы нэһилиэктэрэ уонна управалар диэн быһаччы куорат баһылыгар бас бэринэбит. 2020-2025 сс. үлэлиир “Комплексное развитие сельских территорий” судаарыстыбаннай бырагыраамаҕа, куорат территориятыгар баар буоламмыт, тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар нэһилиэктэр ахсааннарыгар кыайан киирсибэппит. Дьиҥэ, биһиги төрүт дьарыкпытын тутан, Саха сирин хайа баҕарар тыа сиригэр баар бөһүөлэгин курдук дьаһанан олоробут. Бырагыраамаҕа үрүҥҥэ харанан “Дьокуускай куорат уокуруга киирбэт” диэн сурулла сылдьар. Дьокуускай уокуругар тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарар агломерация баар. Ол аата оҥорон таһаарыыттан саҕалаан, батарар, атыылыыр салаата барыта баар. Онон,  куорат баһылыгын өйөбүлүнэн, Ил Дархан аатыгар сурук суруйбуппут. Салгыы Ил Дархан өйөбүлүнэн, Арассыыйа Тыа хаһаайыстыбатын миниистиригэр Степашиҥҥа эмиэ сурук барда. Этэҥҥэ буоллаҕына, ити федеральнай бырагыраамаҕа Тулагы, Хатас, Маҕан киирсиэхпитин сөп. Оччоҕуна куорат да бүддьүөтүгэр, өрөспүүбүлүкэ да бүддьүөтүгэр чэпчиэхтээх. Сэттэ хайысхалаах бырагыраамаҕа кыттар кыахтаннахпытына, баҕа санаабыт олоххо киириэхтээх.

Тулагы-Киллэм – ураты историялаах сир

Тулагы-Киллэм туспа суоллаах-иистээх, дириҥ историялаах дойду. Үс Хатыҥ – саханы төрүттээбит Эллэй олохсуйбут сирэ. Омоҕойтон туспа баран, Сайсарыттан Үс Хатыҥҥа кэлбит диэн буолар. Норуот номоҕун сурукка-бичиккэ киллэриэххэ диэн, Арассыыйа норуоттарын култуурунай-историческай нэһилиэстибэлэрин биир кэлим реестригэр киллэрбиппит. 16 эбийиэк киирбитэ. Ол аата бу сиргэ туох да тутуллубат,  сокуонунан харыстанар сир буолар.

2018 сылга Гуманитарнай чинчийии институтун, СОРАН доктора Розалия Иннокентьевна Бравинаны кытта дуогабар түһэрсэн, хаһыылары оҥорбуппут. 14-15 үйэтээҕи Кулун атах култууратын кэминээҕи матырыйааллар булуллубуттара. Биһиги музейбыт эппиэттэспэт буолан, матырыйаал барыта Наука академиятыгар барбыта. Биһиэхэ ыспыраапкатын биэрэллэр.

2022 сылга, Сахабыт сирэ төрүттэммитэ 100 сылыгар ананар “Эллэй – прародитель народа саха” диэн 7 хайысхалаах бырайыактаахпыт. Киинэ уһуллуута; Үс Хатыҥы сылы эргиччи үлэлиир туристическай комплекс оҥоруу; саха сылгытын, саха олоҕун-дьаһаҕын көрдөрөр аһаҕас халлаан анныгар үлэлиир музей; Киллэм базатыгар нууччалар уонна сахалар аан бастаан көрсүспүт сирдэригэр  саха балаҕана, нууччалыы охсуу дьиэ, о.д.а. кэккэ былааннар бааллар. Барыта олоххо киириэ диэн эрэнэбит.

Оҕолорбут Үрүҥ күөл (норуокка биллэринэн “Озеро Круглое”) үөрэппиттэрэ. Туймаада хочотугар баар 30 миэтэрэҕэ тиийэ дириҥнээх соҕотох күөл. Бразилияҕа тиийэ бырайыак көмүскээн, улахан бириискэ тиксэн кэлбиттэрэ. Флоратын, фаунатын барытын үөрэтэн рекреационнай зона оҥорор бырайыактаахпыт. Эллэй бу күөл кытыытыгар туран Үрдүк Айыылартан алгыс ылбыт, онтон Үс Хатыҥҥа баран олохсуйбут эбит.

Музей тутуохпутун баҕарабыт. Дьокуускай куорат музейа олохтонноҕуна, ол салаата буолар баҕалаахпыт. Туспа музей арыйар уустук соҕус.

Арчы дьиэтин тутуохтаахпыт. Бырайыага, сметата барыта оҥоһуллубута. Бочуот дуоскалаах Көлүөнэлэр болуоссаттарын тутуохпутун баҕарабыт.

Биир бааһынай хаһаайыстыбабытыгар экотуризм хайысхатын сайыннарар былааннаахпыт. Табылыннаҕына, инвестордар көстүөх курдуктар. Үлэлии турар хаһаайыстыба базатыгар сатыы, бэлэсипиэтинэн, атынан сылдьар маршруттары оҥоруохтаахпыт. Дьон дуогабар түһэрсэн, сылгыларын, ынахтарын кэлэн көрөн бараллар. Үрүҥ аһы оҥорор сыах баар буолар. Ол аата туристическай кластеры кытта агрокластер силбэһиэхтээхтэр.

Мин санаабар, табыллар былааннар. Сир боппуруоһун быһаардахпытына кыаллар суол.

Нэһилиэк олоҕор улахан көмөнү Уопсастыбаннай сэбиэппит оҥорор диэн хайаан да этиэхпин наада. Тулагыны саамай ыарахан сылларга, ыһыллыы-тоҕуллуу кэмнэригэр салайан олорбут Виктория Михайловна Шарина, куорат Ытык сүбэтин чилиэнэ Ксения Львовна Баишева, бэтэрээннэр сэбиэттэриттэн Любовь Петровна Скрыбыкина сүбэлэрэ-амалара үлэбитигэр улахан көмө, өйөбүл буолаллар. Ытык дьоммут хайа баҕарар кыһалҕаҕа туспа көрүүлээх, сүбэлээх-амалаах буолаллара биһиги үлэбитигэр улаханнык туһалыыр.

Пляж – биир сытыы кыһалҕа

– Тулагы олохтоохторо куйаас күннэр сатыылаатылар да, куорат дьоно биһиги туонабытыгар, пляжпытыгар кэлэн олохпутун аймыыллар диэн сыл аайы этинэллэр. Быйыл да оннук хартыына хатыланан эрэр. Биир да пляж көҥүллэнэ илик, оттон Тулагыга сөтүөлүүр сир оргуйан олорор. Олохтоох дьаһалта туох миэрэлэри ыларый?

Аан бастаан кэлэн баран нэһилиэнньэни кытта көрсөрбөр сиртэн-уоттан атын биир ураты боппуруоһунан оскуола аттынан баар боротуокаҕа көҥүлэ суох пляж туһунан этэ. Бу тиэмэни олохтоохтор сытыы кыһалҕа быһыытынан бэлиэтээбиттэрэ.

Бастакы сылларга үөрэтэн көрөн баран, бобуу, хаайыы, хааччахтааһын кыһалҕаны кыайан быһаарбат эбит диэн түмүккэ кэлбитим.  Ол иһин ханнык эмэ предпринимателлэри үлэлэтэн, көҥүл ылан, пляһы сайыннарар санааны ылыммыппыт. Бу саас хас эмэ бырайыагы көрөн, үөрэтэн, аукцион оҥорорго бэлэм этибит.

 Бу сир Тулагы-Киллэм дьаһалтатыгар сыһыарыллан турар. Биһиги сокуоҥҥа олоҕуран аукцион ыытыахтаахпыт. Техзаданиебыт, аукциоммут бэлэм олордоҕуна, коронавирустан сылтаан былааммыт барыта кэһилиннэ.

Быйыл ордук элбэх киһи кэлэр буолла. Тоҕо диэтэххэ, быйыл уу таһыма сүрдээх үрдүк турар. Биһигиттэн тэйиччи “Третий участок” диэн сөтүөлүүр туона билигин уу анныгар сытар, ол иһин онно кыайан тиийбэккэ, бары биһиэхэ кутулуннулар. Хатас, Пригороднай, 202 сөтүөлүүр сирдэрэ аһылла иликтэр, ол иһин Тулагыга тоҕуорустулар.

Уопсастыбаннай сэбиэккэ бу сири көҥүллүөххэ, кимиэхэ эрэ биэрэн үлэлэтиэххэ, хонтуруоллуохха сөптөөх диэн боппуруос туруорбутум. Көрүүлээх-истиилээх буоллаҕына, сирбит ыраас туруо, олохтоох нэһилиэнньэ дохуот киллэриниэ этэ диэн былааннаабыппыт даҕаны, барыта  дьаҥтан сылтаан тохтоон хаалла.

Билигин олохтоохторбут  түүҥҥү олохторун аймыыр, кири-бөҕү хаалларар дьон утары араас миэрэлэри ыла сатыыбыт. Соторутааҕыта суолу бүөлүү тимир остуолба туруорбуппутун көтүрбүттэрэ, бетон сыбаайалары суолу туора уурарбытын сыҕарытан кэбиһэллэр. Эмиэ  кумах илдьэн кутуохпут, биллэриилэри иилиэхпит, өйдөтүү үлэтин ыытыахпыт.

Тулагы сиригэр-уотугар кэлэн сынньанааччыларга этиэм этэ: үс ый тухары дьиэҕэ хааллан олорбут дьон ханна эрэ тиийэн сынньаныахтарын, айылҕаҕа тахсан сөтүөлүөхтэрин баҕаралларын бэркэ диэн өйдүүбүн. Син биир массыыналаах эрэ дьон кэлэр, онон бөхтөрүн бэйэлэрин кытта илдьэ бараллара буоллар. Маннык “ыалдьыттар” кэннилэриттэн дьаһалта үлэһиттэрэ, волонтердар, олохтоохтор тахсан бөх хомуйабыт. Ону таһынан итирии-кутуруу, түүннэри музыка холбоон дьон уутун аймааһын кытта тахсара кистэл буолбатах. Бу күннэргэ култуураларын таһыма намыһаҕын көрөн эрэбит.

Бу бэйэлээх кутталлаах дьаҥ тарҕаммыт кэмигэр сөтүөһүттэр харыстанар миэрэлэри туһамматтара салыннарар. Социальнай тэйиччи туттууну тутуһуохтара, мааска, бэрчээкки диэни кэтиэхтэрэ дуо, ама...

Бу дьон бары маҕаһыыннарга киирэн тахсаллар, онно олохтоохторбут, кырдьаҕастарбыт күннэтэ сылдьаллар. Сөтүө саҕаланыан иннинэ дьаҥы утары миэрэлэри ылынан, сүрдээҕин дьаһанан олорбуппут. Бу нэдиэлэтээҕи дааннайынан, биһиги нэһилиэкпитигэр 6 улахан киһи уонна 2  оҕо коронавирустаабыттара бигэргэннэ. Онон ыарыы тарҕаныыта ама соҕус дии саныыр этибит, ол көрдөрүү улаатан тахсыа диэн дьаарханан эрэбит.

Ол иһин эһиил, туох да буолбутун иһин, хас да предприниматель бырайыактарынан массыына тохтуур сирдээх, оҕо сөтүөлүүр зоналаах, анал сыгынньахтанар, душтанар, киирэн тахсар сирдэрдээх, аһыыр кафелардаах сир оҥоруохпут. Барыта спортивнай хайысхалаах буолуон баҕарабын – хапсаҕайдыыр сир, воркаут балаһаакка, волейболлуур сир, о.д.а. Пляж диэхпитин баҕарбаппыт, рекреационнай спортивнай зона диэтэхпитинэ, судургу соҕустук ааһыахтаахпыт. Дьаһалта өттүттэн нэһилиэнньэҕэ үлэ миэстэтин таһаарар баҕа санаалаахпыт.

Оптуорунньукка пляж бөҕүн хомуйдубут. Киирии суолун хапытаалынайдык бүөлээтибит. Бетоннай хаххалары кытта икки массыына кумаҕы аҕалан куттубут. Оптуорунньукка итирик хампаанньа “сынньана” кэлбитин түмүгэр биир киһи ууга былдьанна. Ол иһин суолу бүөлээһиҥҥэ маннык кытаанах миэрэлэри ыллыбыт.

Коронавирус элбэххэ үөрэттэ

 – Онлайн үөрэҕи, онлайн үлэни төһө кыайдыбыт дии саныыгын? Онлайн ыһыаххыт хайдах ааста?

Коронавирус дьаҥа тарҕаммытыгар биһиги хаһан да түбэһэн көрбөтөх түгэннэрбитин көрүстүбүт. Тэйиччи үлэлээһин диэни саҥа биллибит, видеоконференция сибээһин хото туһанабыт. Мин видеоконференциянан ыытыллар мунньахтары сэргээтим, тоҕо диэтэххэ урут куоракка 28 км айаннаан, суолга пробкаҕа туран, 30-45 мүнүүтэлээх мунньахха киирээри, 3-4 чааһы барыыр эбит буоллахпына, билигин барыта тэтимирдэ.

Үөрэхтээһин өттүгэр этэр буоллахха, Капитоновкаҕа интэриниэт мөлтөх буолан, дьон төлөпүөннэрин трафиктарын бэйэлэрэ уйунан оҕолорун үөрэттэрдилэр. Кыаммат дьоҥҥо планшеттары түҥэппиттэрэ. Тулагы, Киллэм интэриниэтэ син үлэлиир буолан, үөрэнэ  сатаатылар. Онон үөрэх дьыла орто соҕустук түмүктэннэ.

Үлэ өттүгэр этэр буоллахха, ким эрэ ыалдьар түгэнигэр, бары изоляцияҕа барбаппыт туһугар, сүбэлэһэн баран, аҥаарбытын тэйиччи олорор үлэҕэ көһөрбүппүт. Оннук аҥаардаһан, уочаратынан 15-тии күн үлэлээн кэллибит. Онон бу ыарыы коммуникацияны таба туһанарга, кэпсэтии-ипсэтии түргэнник барарыгар, нэһилиэнньэни кытта үлэҕэ интэриниэти туһанарга үчүгэй өрүттэри көрдөрдө.

Оттон  Кыайыы күнэ, Ыһыах барыта онлайн буолбутун олох сөбүлээбэппин. Бу бырааһынньыктарга хас биирдии бэтэрээммитин массыынанан громкоговорителинэн аатын ааттаан туран тус бэйэтин, кинини эрэ соҕотохтуу эҕэрдэлээн, дьиэтин аттыгар кэнсиэрдээн кэлбиппит эмиэ бэйэтэ ураты көстүү буолла.

– Арай хааччаҕа суох үп көрүллэрэ буоллар, бастатан туран,   Тулагы-Киллэм ханнык кыһалҕатын быһаарыаҥ этэй?

Саамай интэриэһинэй боппуруоска үөрэ-көтө эппиэттиибин. Биир улахан кыһалҕабыт – сир. Бу сиргэ үлэлиэн баҕарар бааһынайга, холобур, саха сылгытын  иитэр бүтэһик магикан да диэххэ  сөптөөх  киһиэхэ, сылгы, ынах бородууксуйатын барытын бэлэмнээн таһаарар база туттуохтарын баҕарабын.

Оҕуруот олордор дьоҥҥо салапаан сабыылаах тэпилииссэ буолбакка, үчүгэй тэпилииссэ, аттыбытыгар турар “Саюри” тэпилииссэлэрин курдук аан дойду технологияларынан тутуллубут тугу барытын кэмчилиир, барыта автоматизированнай тэпилииссэлэниэхтэрин баҕарабын.

Уонна биир саамай улахан ыра санаабыт – овощехранилище баар буолуохтаах. Былыргы хоспох курдук өйдөбүлү быраҕан кэбиһэн баран, аныгы тутууну саныахха наада. Холобур, билигин ынах, сылгы этин атыылыыр буоллаххына, барытын сертификациялаан, убойнай сыаҕынан аһардыахтааххын. Ол иһин оҕуруот аһынан дьарыктанар дьоммутугар бэйэтэ лабораториялаах овощехранилище тутуллуон баҕарабын. Уопсайынан, агрокластер диэн олоххо киирэр кыахтаах, кэскиллээх  бырайыак.

Уонна ити тутуулар аттыларыгар тупсаҕай, толору хааччыллыыллаах дьиэлэр туруохтара этэ. Эргэ дьиэлэри көтүрэн, саҥа дьиэлэри тутуом этэ.

Тулагылар сынньалаҥнарын атаарар кииннэрэ суох. Биир ДЮСШ баар, биир оскуола спортсаалата баар. Куорат таһынааҕы нэһилиэктэр спартакиадаларыгар былырыын биһиги чемпионнаабыппыт. Ол оҕо тэрилтэлэригэр дьарыктанан ситиһиилэнэр спортсменнарбыт кыайбыттара.

Нэһилиэк кэҥииринэн улахан баһаарынай ДЕПО тутуом этэ. Баһаар диэни илэ харахпынан көрбүт киһибин. Бу соторутааҕыта биир дьиэ уокка былдьанна. Манна кыамталаах анал массыыналаахпыт, ДЕПО-лаахпыт буоллар...

Туристическай кластерга элбэх харчыны угуом этэ. Олохтоох нэһилиэнньэни үлэлиир, эргийэн кэлэр үп буолуо.

Мин өйдөбүлбүнэн, ОДьКХ, суол-иис, уот-күөс, ититии өттүн эрэ көрөр татым диибин. Нэһилиэк сайдарыгар инвестиционнай бырайыактар, эдэр ыччаты олохсута хаалларыан сөптөөх толкуйдаах хамсааһыннар наадалар.

Айсен Сергеевич куорат баһылыгынан олорон саҕалаабыт Агропояс бырагырааманы Сардаана Владимировна өйүүр, өйдүүр. Куорат уонна өрөспүүбүлүкэ дьаһалтата биир санаанан салайтаран, нолуоктанар база тэриллиэхтээх, орто салаа бизнес сайдарыгар усулуобуйа оноһуллуохтаах. Агрокластерга сир оҥоруутуттан саҕалаан,  идэһэлиир сыах,  оҥорон таһаарар сыах уонна быһа атыылаһааччыга тахсыы тэриллиэхтээх.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...