27.10.2022 | 18:07

Тулаайах сүрэхтэр

Тулаайах сүрэхтэр
Ааптар: Айыына Ксенофонтова
Бөлөххө киир

Ньукулай балыыһаҕа сыппыта, суорҕан-тэллэх киһитэ буолбута ыраатта. Бу хараҕын уота өһөн хаалбыт сааһыра барбыт киһи соторутааҕыта эрэ тэтиэнэх сылдьыбыта. Ону баара, Дьылҕа хаан ыйааҕа диэн тыйыс эбит.

Билигин куурбут-хаппыт бэйэтэ хаһан эрэ киил мастыы киппэ көрүҥнээҕэ, уһун курбуу уҥуохтааҕа. Сырдык ыраас хааннаах, куудара баттахтаах уолтан кыыс аймах сүрэҕэ толугуруу мөхсөрө. Ол эрээри кини отутун лаппа ааһыар диэри ойохтоммотоҕо. “Водовозка” үлэлиир Коля кэрэ аҥаардар харахтарын далыгар сылдьыбыта. Эдэр кыргыттар иһэр уулара бүппүт аатыран, субу-субу кыһыл былаахтарын тоһуйаллара, уол кэллэҕинэ, бэрэски, бөрүөк астаан күндүлүүллэрэ, баардарынан-суохтарынан маанылыы сатыыллара. Сулумах дьахталлар “туохпут эрэ алдьанна, кэлэн көрүөҥ дуо” диэн субу-субу ыҥыраллара. Уол ким да көрдөһүүтүн быһа гыммата, улгумнук толороро. Кырдьаҕастар: “Нохоо, орулуур отуккун аастыҥ, сирэн-сирэн сиргидэххэ тиксээйэҕин”, – диэн сэмэлииллэрэ. Коля күлэн мичийэн кэбиһэрэ, истибэтэҕэ буолара.

Арай биир сыл оскуолаҕа учууталынан ананан кэлбит Венера аҕыйах ый иһигэр эдэр киһи сүрэҕин сүүйбүтэ. Коляҕа холоотоххо, кыра, хачаайы, бүрэ дьүһүннээх, этэргэ дылы, балаҕан аайы баар кыыһы ойох ыларын истэн, дэриэбинэ ааттаах кырасаабыссалара соһуйан эрэ хаалбыттара. “Аата, булан-булан...”, “Атын кыыс көстүбэтэх муҥа дуу?”, “Дьэ, хайдах олороллорун көрүөхпүт” диэн кэпсэтэллэрэ иһиллэрэ. Ол аайы Коля кыһаммата, киниэхэ Венераттан ордук кэрэ кыыс суоҕа.

Саҥа ыал утуу-субуу кыыстаах уол оҕоломмута. Ньукулай аҕа буолбут дьоллоох күнэ бэҕэһээ эрэ курдуга. Уоһа ыпсыбат, атаҕа сири билбэт буолуор диэри үөрбүтэ, кэлиэх-барыах сирин булбатаҕа. Көтүөн кыната эрэ суоҕа. Кыысчааннарын Күннэй, уолларын Сарыал диэн сахалыы ааттаабыттара.

Уларыта тутуу, ыһыллыы-тоҕуллуу сылларыгар үгүс киһи үлэтэ суох хаалбыта. Учууталлар хамнастара ыйы-ыйдаан кэлбэтэ. “Водовоз” хамнаһын иһэ-таһа биллэрэ. Колялаах ынах, сибиинньэ, куурусса иитэллэрэ. Венера суохтан баар оҥорор, кыраттан да элбэҕи астаан таһаарар сатабыллаах хаһаайка этэ. Идэһэни туйаҕар, кутуругар диэри туһаҕа таһаарара. Сайын аайы оҕуруот аһын арааһын олордон, үүннэрэн, күһүн аайы кыстыыр астарын хаһааналлара. Онон бастаан утаа бүрэтинэн сириллибит Венера норуокка “маладьыас кыыс” аатырбыта.

Күннэйдэрэ, чахчы даҕаны, күн курдук кэрэ кыыс буола улааппыта. Кырдьаҕастыын, эдэрдиин биир тылы түргэнник булар, эйэҕэс, сайаҕас майгылаах кыыһы бары сөбүлүүллэрэ.  Сарыал аҕыйах саҥалаах, бүгүрү үлэһит, сүрдээх кыанар, спорка дьоҕурдаах уол буолбута.

Ньукулаайаптар кэлин кэтэх хаһаайыстыбаларын кэҥэттибиттэрэ, дэриэбинэ кытыытыгар саҥа уһаайба ылан, дьиэ-уот, баанньык, гараас туттубуттара. Ыал аҕа баһылыга массыына атыылаһан, нэһилиэккэ биир бастакынан таксилыыр буолбута. Улуус киинигэр, куоракка дьону илдьэрэ-аҕалара.

Оҕолор көрүөх бэтэрээ өттүгэр оскуоланы бүтэрэн, үрдүк үөрэххэ туттарсан киирбиттэрэ. Күннэй пединститукка, оттон Сарыал – юридическайга. Колялаах Венера тапталларын, истиҥ сыһыаннарын сыл-хонук эбии бөҕөргөппүтэ. Киэһэ аайы дьиэлэрин таһынааҕы халдьаайыга хаамсаллара, өрүү иннэлээх сап курдук сылдьаллара. Эр киһи кэргэнин сарсыарда үлэтигэр атаарара, күнүс бииргэ эбиэттииллэрэ.  Коля аҥаардас ийэҕэ улааппыт, эдэр сааһыгар букатын да тулаайах хаалбыт буолан, дьиэ кэргэнин туохтааҕар да өрө тутара. “Аҕа тапталын билбэтэҕим, онон бэйэм оҕолорбор өрүү үтүө холобур буолуом” дии саныыра. Үүт тураан олохтоох ыал дьоллоро, хомойуох иһин, уһаабатаҕа.

Сайын аайы устудьуон оҕолоро каникуллуу кэлэллэрэ. Оттоон, сир астаан кыстыктарыгар бэлэмнэнэллэрэ. Биир оннук сайыҥҥы куйаас күн аҕалара толору дьонноох улуус киинигэр айаннаабыта, ол иһин окко киирбэтэхтэрэ. Сарыал доҕотторун кытта өрүскэ сөтүөлүү барбыта. Венера Күннэйин кытта чугас тыаҕа дьэдьэннии тахсыбыттара. Алдьархай буоларын билбиттии, сарсыардаттан кыырпах да былыта суох халлаан эбиэт кэннэ эмискэ уларыйбыта, этиҥ эппитэ, чаҕылҕан чаҕылыйбыта, дохсун ардах түспүтэ. Дьэдьэнньиттэр тыаттан куотар аакка барбыттара.

Дьиэлэригэр чугаһаан истэхтэринэ, ыаллара Малаанньыйа утары сүүрэн кэлбитэ. “Венера, иэдээн, иэдээн!” – диэн биир кэм хатылыы турбута. Онтон эмискэ: “Сарыал... өрүскэ...” – диэбитэ. Венера дьэдьэннээх иһитин тоҕо туппута, кубарыйан хаалбыта. Ханна эрэ ыраах Күннэйэ: “Мамаа, олор, баһаалыста, уоскуй”, – диирэ иһиллэрэ.  Салгыы барыта түүл-бит курдук буолбута. Оҕо эрдэҕиттэн спорт бары көрүҥэр дэгиттэр, элбэх күрэхтэһии чемпиона, университет волейболга хамаандатын хапытаана Сарыал 19 сааһыгар ууга былдьанан, олохтон хомолтолоохтук туораабыта.

Алдьархай аргыһа суох буолбат дииллэрэ кырдьык эбит. Венера сүрэҕинэн мөлтөөн, балыыһаттан арахпат буолбута, иинэн-хатан, хайа охсор аҥаара эрэ хаалбыта. Коля кэргэнин ыарыылаан, аттыттан арахпата, таксилыырын тохтоппута. Күннэй үөрэҕин салҕаабыта, ол кыһын Саҥа дьылга күтүөт билиһиннэрэ аҕалбыта. Венералаах Саасканы уолларын курдук үөрэ көрсүбүттэрэ. Кыыстара оҕо күүтэрин истэн, соторутааҕыта эрэ оҕолорун сүтэрбит ийэлээх аҕа дьоллоно түспүттэрэ. “Быраатым сыла да буола илик”, – диэн кыыс сыбаайбалыыртан кыккыраччы аккаастаммыта. Онон эдэрдэр көннөрү саахсаламмыттара, куоракка хос куортамнаан олорбуттара.

Венера ол саас сүрэҕинэн инбэлииккэ тахсыбыта, онон үлэтиттэн букатын уурайбыта. Кэргэнигэр ис-тас үлэҕэ көмөлөһөрө. Коля: “Сыт, сынньана түс”, – диирин истибэтэ. “Ээ, сүрэ бэрт, киһи кыайарын баҕас үлэлиибин”, – диирэ. Сороҕор Коля Венератын иннигэр-кэннигэр түстэҕинэ: “Инбэлииппин санатыма, туһата суох буолуохпун баҕарбаппын”, – диирэ.

Күһүөрү сайын Күннэй уол оҕоломмута, онон төрөппүттэрэ эбээ, эһээ аатын сүгэр дьолго тиксибиттэрэ. Ол сыл академическай уоппуска ылан, дьонугар кыстаабыта. Кэри-куру буолан турбут дьиэ биирдэ сандаара түспүтэ. Венералаах Коля күннэрэ-ыйдара сиэннэрэ Сандалтан тахсара, сүрэхтэрин бааһа арыый да чэрдийэргэ дылы буолбута. Күннэй хаһаайыстыбаҕа көмөлөһөн, ийэлээх аҕатын үлэлэрин чэпчэппитэ.

Эһиилги сылыгар күтүөт үөрэҕин бүтэрэн, хоту улууска ананан барар буолбута. Онон Күннэй устунан үөрэҕин быраҕарга күһэллибитэ. Эдэр дьон оҕолорун көтөхпүтүнэн билбэт улуустарыгар көһөр буолбуттара. Төрөппүттэрэ: “Тоойуом, таах даҕаны биһиэхэ олоруо эбиккин, оҕоҕут кырата бэрт”, — диэн көрбүттэрэ. Күннэй: “Мамаа, эһиги папалыын куруук бииргэ сылдьаҕыт дии. Биһиги эмиэ оннук буолуохпутун баҕарабын”, – диэн күлэн эрэ кэбиспитэ. Венера порка атаара туран: “Сөбүлээбэтэххитинэ, төннөн кэлээриҥ ээ. Эдэр дьоҥҥо манна да үлэ түргэнник көстүөҕэ”, – диэбитэ. Ол курдук Колятын кытта оҕолорун сайыһа көрөн хаалбыттара.   

Биир кыһыҥҥы түүн төлөпүөн өрө тырылаабыта. Күтүөттэрэ эрийэн: “Күннэйи санрейсинэн куоракка ыыттылар”, – диэбитэ. Кыыстара тымныйыаҕыттан хас да күн температурата түспэтэх, сэниэтэ суох, төбөм ыалдьар диэн сыппыт. “Таһырдьа киирэ-тахса сыыстардым, ийэлээх аҕабар кэпсээмэ, долгутума”, – диэн Сааскаттан көрдөспүт. Биир киэһэ оронтон кыайан турбатах. Туга биллибэт ыарыы диэн суһаллык куоракка ыытар буолбуттар. Ийэлээх аҕа куһаҕан сонуну истэн, аймана түспүттэрэ, тута куораттыыр массыына көрдөөбүттэрэ.

... Күннэй комаҕа хас да күн сыппыта уонна өрүттүбэтэҕэ. Мененгит диэн куһаҕан ыарыыны тымныйыыга балыйтаран, көмүс чыычаахтара эдэр сааһыгар сырдык тыына быстыбыта. “Ол иһин даҕаны... сэрэйбитим, ыытыахпын баҕарбатаҕым”, – дии-дии Венера хараҕын уутунан сууммута. Ааттыын да күн курдук кэрэ киһилэрин быраатын уҥуоҕун аттыгар кистээбиттэрэ.

Хомойуох иһин, Коля тапталлаах кэргэнэ уһаабатаҕа, кыыһын сүтэрбит эһиилигэр бу олохтон туораабыта. Хаһан эрэ киппэ көрүҥнээх Ньукулай куурбута-хаппыта, бэл диэтэр, кыччаан хаалбыта, аҕыйах сыл иһигэр биллэ кырдьыбыта. Кылабыыһа диэки нэһиилэ сүөдэҥнээн иһэрин көрдөхтөрүнэ, маҕаһыын иннигэр олорор эмээхситтэр: “Оо, муҥнаах, тулаайах буолар дьылҕалаах эбит, аһыы утахха эрэ ылларбатар ханнык”, – диэн отур-ботур кэпсэтэллэрэ. “Ол иһин наһаа дьоллоохторо, барахсаттар”, – дэһэллэрэ сорохтор.

Күтүөтэ үс сылынан саҥа ойохтонон эрэрин истэн, Ньукулай утарса барбатаҕа. Эдэрэ бэрт, хайаан соҕотох сылдьыай дии санаабыта. Арай сиэммин миэхэ биэрэриҥ дуу диэн көрбүтэ. Сааска: “Тыыннаах аҕалаах оҕо, иитиэхпит, киһи гыныахпыт”, – диэн мас-таас курдук эппитэ. “Бука баһаалыста, сиэммин кытта араарыма”, – диэн көрдөспүтэ. Ол курдук сыл аайы сиэнин сайылата ыытар буолбуттара, онон Ньукулай бэттэх кэлбитэ. Үүт-үкчү Күннэйин курдук минньигэс киһи киирэн кэллэҕинэ, тула өттө сырдыырга дылы буолара. Уһун кыһыҥҥы киэһэлэргэ сиэнэ кэлэр күнүн-дьылын ааҕара, урукку-хойукку хаартыскалары көрөн уоскуйара. Видеокамера саҥа үөдүйэрин саҕана элбэх да дьоро күннэрин устан үйэтиппит эбит!  

Икки сыллааҕыта коронавирус дьаҥа туран, аан дойдуну атыйахтыы аймаабыта. Бу күһүн Ньукулай хамсык содулуттан охсор ыарыыга ылларбыта, устунан суорҕан-тэллэх киһитэ буолбута. Сааскалаах Сандал күн аайы кэриэтэ балыыһаҕа сылдьаллар, күтүөтэ Настятын кытта олбу-солбу итии бульон аҕалаллар. Хата, аҕыйах хонуктааҕыта трубкатын араардылар, бэйэтэ кыралаан аһыан сөп диэтилэр. Сиэнэ Сандал бастаан утаа: “Эһээ тоҕо саҥарбатый?” – диэн ыйытара. Биирдэ оскуолатыттан ыстаммыт дьаабылыка кэһиилээх кэлбитэ. “Пахай, эһэҕин тобоххунан аһатаары гынаҕын дуо?” – диэн Сааскалаах Настя күлсүбүттэрэ. Бэҕэһээ Сандал: “Мин сотору убай буолабын”, – диэн кэпсээннээх киирбитэ. Онуоха: “Сотору эбиллээри сылдьабыт”, – диэбитэ аҕата.

Бүгүн сарсыарда, өрүү буоларын курдук: “Ньукулай, сытыма, кэпсэтэ сатаа, урукку чөлгөр түһүөххүн наада”, – диэн сиэстэрэ Таанньа эппитинэн-дьаһайбытынан, систиэмэтин соһон талыгыраппытынан киирбитэ. “Бачча үчүгэй оҕолордоох киһи, хаһааҥҥа диэри сытыаххыный?” – диэн соһуппута. Саасканы уола, Настяны кийиитэ дии саныыр эбит. “Күтүөтүм уонна кини кэргэнэ” диэ эбитэ буолуо да, кыайан саҥарбат буоллаҕа. “Уолуҥ аҕабытын хаһан таһаараҕыт диэн ыйытар. Быраас реабилитационнайга ыытыам диир”, – диэн Таанньа кыыс бүтэһик сонунун ыһа-тоҕо кэпсээбитэ.

Уола уонна кийиитэ... Чахчы даҕаны, бу сыллар тухары Сааскалаах Настя оҕолорун курдук чугас дьоно буоллулар. Кыыстара Лерочка, убайа Сандалы үтүктэн, Ньукулайы эһэм диир. Сааска төрөппүттэрэ уол кыратыгар арахсыбыттар, оттон үөрэххэ киирбит сылыгар ийэтэ суол саахалыгар суорума суолламмыт. Онон күтүөт уол Ньукулайдаах Венераны ийэлээх аҕа оҥостубута. Күннэйэ суох буолуоҕуттан Сандалы кытта куруук сайылыы тахсаллар. Кэлин Настялаах Лерочка эмиэ кэлэллэр. Сотору өссө биир кырачаан эбиллэр буолбут. 

Ити курдук уруккуну-хойуккуну саныы сыттаҕына, үрүҥ халааттаах аанньала Тамара Викторовна киирэн: “Николай Спиридонович, эйигин сарсын таһаарар буоллубут. Александр реабилитационнайга миэстэ көстүөр диэри дьиэтигэр сынньана түстүн диэтэ. Выпискаҥ эбиэккэ диэри бэлэм буолуоҕа. Чэ, кытаат!” – диэтэ.

... Сааскы күлүм-чаҕыл күн киһи хараҕын саатырдар. Көрүдүөр аһаҕас түннүгүнэн чыычаахтар чыып-чаап саҥалара иһиллэр. Саас, сандал саас! Тулаайах хаалбыт сүрэхтэргэ эрэли саҕар кэм! Сотору туох барыта уһуктуо, тиллиэ, тыллыа! 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...