07.05.2022 | 12:00

Тулаайаҕынан туһанара

Тулаайаҕынан туһанара
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Сорохтор олоххо ураты балаһыанньаларынан туһаналлар,  оҥорбут үтүөҕүн аанньа ахтыбат, сыаналаабат буолаллар эбит.

 Урут тулаайахтар дьиэлэрин таһыгар баар маҕаһыыҥҥа бииргэ үлэлээбит дьахтарым: “Туох аанньа дьон буолуохтарай? Судаарыстыба бэлэмигэр үөрэммиттэр, ылалларын эрэ билэллэр. Көрүҥ эрэ, ити босхо биэрбит дьиэлэригэр сүгүн олорботторун. “Уу” диэбиттэрэ – хаар, “хаар” диэбиттэрэ – уу”, – диэн атыылаһа киирбит эдэр дьону кэннилэриттэн хоруотуурун элбэхтик истэрим. Улаханнык саҥарыма дииллэрэ кырдьык эбит. Биир үтүө күн эбиэккэ чэйдии олорон, күҥҥэ көрдөрбүт соҕотох уола тулаайах кыыһы билиһиннэрэ аҕалбытын кэпсээбитэ. “Үөрэҕин бүтэрбэтэх, ханна да түптээн үлэлээбэтэх кыыс. Мин бэлэммэр олоруохтара, кэбис, холбоспотуннар. Ол кэриэтэ уолум сулумах сырыттын. Киһи тэҥнээҕин кытта булсуохтаах”, – диэбитэ. Биһиги: “Кэбис, инньэ диэмэ. Тулаайаҕы атаҕастаабат буоллаҕыҥ”, – диирбит. Ол курдук айдааран туран араартаабыта. Хас күн аайы эбиэт кэмигэр кийиит буолуон инниттэн холдьоҕуллубут кыыс хаарыллара. Онтон маҕаһыын үлэһиттэрэ тулаайахтары ырыталларынан түмүктэнэрэ. Саамай эдэрбит, кыраһыабайбыт Кристина бу курдук кэпсээбитэ:

– Дунялыын (аата уларыйда) университекка бииргэ үөрэммиппит. Төгүрүк тулаайах буолан, кинини бары аһынарбыт. Онон кыыспыт туһанара. Истэргэ олуона курдук эрээри, чахчы оннук эбит.

Кыыспыт бастакы кууруска сылдьан оҕоломмута. Дойдутуттан ыарахан кэлбит эбит. Дьонтон барытыттан кистээбит, онон Саҥа дьыл саҕана, иһэ биллэр буолбутугар, истэн соһуйбуппут. Бастаан утаа саҥа төрөөбүт кырачаанын кытта аймахтарыгар олорбута. Онтон биир үтүө күн ытаан-соҥоон кэлбитэ. “Убайым аах батарбатылар, оҕоҥ ытанньах, дьиэбит кыараҕас, ханна да бар диэтилэр”, – диэн кэпсээбитэ. Биһиги кыыспытын аһынан, түрүлүөн тардыбыппыт. Кураторбытыгар, ыстаарыһабытыгар, Устудьуоннар сэбиэттэригэр, профсойууска тыллаабыппыт. Биллэн турар, суһал көмө түргэнник оҥоһуллубута. Эдэр ийэҕэ уопсайга хос биэрбиттэрэ, бииргэ үөрэнэр оҕолор, кураторбыт кыттыһан, онуоха-маныаха диэри туттарыгар диэн харчы хомуйбуппут. Үөрэҕигэр төһө кыалларынан көмөлөһөрбүт. Секцияны кыл мүччү саппыта. Ону даҕаны кураторбыт преподавателлэри кытта кэпсэтэн. Кыыспыт үөрэнэр куорпуска күн курдук көстөн ааһара. “Оҕом утуппат, хаппырыыс”, – диэн кэпсиирэ. Лекциялары үгүстүк көтүтэрин аахайбат этибит – соҕотох ийэ сылайара кэмнээх буолуо дуо?

Ол курдук сандал саас кэлбитэ. Биһиги, куоракка аймахтарбытыгар олорор оҕолор, уопсайга туох буола турарын билбэт этибит. Арай бииргэ үөрэнэр кыргыттарбыт Дуняны кынчарыйа көрөллөрүн сүөргүлүү саныырбыт. Кыыспыт иэс харчы көрдүүрүн биэрэн иһэрбит. Биир үтүө күн бииргэ үөрэнэр дьүөгэбит кэлэйбит куолаһынан: “Эһиги кинини аһынаҕыт даҕаны, ити харчыгытынан күн аайы күүлэйдиир ээ. Оҕотугар үүт ылара буолуо диигит дуо? Суох. Түүҥҥү кулуупка ойуоҕа. Тулаайахтарга көрүллэр босуобуйатын аҕыйах күн гынар. Бэҕэһээ аҕай оҕотугар чэпчэки сыаналаах сухой үүтү иһэрдэ олороро”, – диэн кэпсээбитэ. Биһиги итэҕэйбэтэхпит. Хайаан оннук буолуой диэн ситэ саҥардыбатахпыт.

Кэлин уопсайга ыаллыы хоско олорор кыргыттартан Дуня оҕотун кинилэргэ көрдөрө хаалларарын, аҕыйах ыйдаах кырачаанын быраҕа-быраҕа күүлэйдии барарын, харчытын ыһарын-тоҕорун, куруук иэстэн иэскэ сылдьарын истибиппит. Ону биһиги аһынан, быыкаа истипиэндьийэбит сыыһыттан биэрэр эбиппит. “Кини оҕотун көрөр, иэс биэрэр ытык эбээһинэспит курдук саныыр буолбут. Өссө кыыһыраары гынар”, – диэн кэпсээбиттэрэ. Дьиҥэр, убайа аах үүрбэтэхтэр, төттөрүтүн, төһө кыалларынан көмөлөһө сатаабыттар, ону бэйэтэ “миигин хонтуруоллууллар” диэн сөбүлээбэккэ куоппут. Онон бииргэ үөрэнэр оҕолорбут Дуняны тулаайаҕынан туһанар, куоһур оҥостор дииллэрин итэҕэйбиппит. 

Кини социальнай истипиэндьийэни ылара, сыл аайы тулаайахтары өйүүр бырагырааманан хас да буолан соҕуруу сынньанан кэлэллэрэ. Ол саҕана сайыҥҥы истипиэндьийэбитин күһүн биирдэ биэрэллэрэ ботуччу буолара. Ону Дуня кыыс аҕыйах күн гынара, эмиэ иэс көрдүүр аакка түһэрэ. Үһүс кууруска 13-с истипиэндьийэбин уордардым диэн аймаммыта, эмиэ бары аһыммыппыт. Онтубут олох даҕаны туох эрэ пирамидаҕа киирэн, харчытын барытын онно укпут уонна ытыс соттубут. Бүттэҕэ ол! Кэлин кыргыттар кини уу-хаар аҥаардаах кэпсээнин итэҕэйбэт буолбуппут.  

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...