18.12.2019 | 11:18

Тугунан дьиэлийиэ биллибэт

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Аһаҕас сурук

 Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана

А. С. Николаевка

Өрөспүүбүлүкэ Судаарыстыбаннай

Мунньаҕын (Ил Түмэн) салайааччыта

П.В. Гоголевка

РФ Судаарыстыбаннай Думатын дьокутаата

Ф.С. Тумусовка

2019 с. алтынньы ый 23 күнүгэр Үөһээ Бүлүү улууһун олохтоохторо төгүрүк остуолга мустан Саха сиригэр тас омук дойдуларыттан үлэлии, атыылыы-эргинэ киирэр дьону сүрүннүүр майгы (сокуон) тула улахан кэпсэтии уонна санаа атастаһыытын кэнниттэн манныгы бэлиэтиибит.

Ааспыт ХХ үйэ 90-с сылларыгар сэбиэскэй былаас эстэн, дойдубут дэмэкирээтийэ уонна ырыынак сыһыаннарыгар киирэн, олохпут оҥкуллара уларыйан (политика, экономика, духовность), арҕаа дойдулар олохторун сайдыытын сүллүүтүн тутуспуппут. Биллэрин курдук, 30-ча сыл олорон кэлбит олохпут түмүгэ, сайдыыбыт таһыма барыта санаабыт курдук эриэ-дэхси буолбатах. Аан дойду үрдунэн үп-харчы эргиирэ босхо баран, араас туттар тутуу тэриллэрэ, мал-сал, ас-үөл, онно үлэһит илии хайа баҕарар дойдуга, ханна баҕарар көҥүл киирэр-тахсар майгылара, хамсааһыннара олохтонно (глобализация). Маннык аан дойду үрдүнэн олоҕурбут хамсааһын Саха сирин тумнубата илэ. Ол курдук, билигин Сахабыт сиригэр тас омук дойдуларыттан үлэлии, эргинэ дьон кэлиитэ харыыта суох салҕанан бара турар. Үлэлии, эргинэ кэлбит дьон сир ылан, дьиэ-уот туттаннар, уһуннук олохсуйардыы тэринэллэр.

Биллэрин курдук, кэлии дьон баһыйар үгүстэрэ «ислам» итэҕэллээхтэр (киргиз, узбек, таджик). Бу дьон олорор сирдэригэр итэҕэллэрин дьиэтин булгуччу тутан, үҥэр-сүктэр майгыларын тутуһа сылдьаллар. Кэлии дьон киин куораппытыгар дьону таһар тэрилтэлэргэ (такси), араас тутуу тэрилтэлэригэр, уулуссаны ыраастааһыҥҥа уонна да атын быстах үлэлэргэ сытыытык киирэн эрэллэр. Туох да хааччаҕа суох дьон киириитэ салҕанан бардаҕына, ахсааннара элбээн, төрөөн-ууһаан, аҕыйах ахсааннаах төрүт омукка кутталы үөскэтиэн сөп. Кэлии дьон төһөнөн элбиир да, соччонон олохтоох дьоҥҥо дьайыылара улаатыа, күүстээх Итэҕэллэригэр дьоммутун-сэргэбитин, ыччаттарбытын уһуйуохтарын сөп...

Үөһээ этиллибиттэргэ олоҕуран уонна Саха сирин уратытын, атынын, олохтоох дьоно-сэргэтэ аҕыйаҕын, тулалыыр Ийэ Айылҕабыт уйанын, кэбирэҕин болҕомтоҕо ылан, Төгүрүк остуол кыттыылаахтара Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үрдүкү салалтатын көрүүтүгэр (Ил Дархан, Ил Түмэн) тас омук дойдуларыттан дьон үлэлии, эргинэ киириитин уонна олохсуйалларын сүрүннүүр Арассыыйа Сокуоннарыгар дьон киириитин-тахсыытын быһаарар майгыга сөптөөх этиилэри киллэрэн туруорсары, туруулаһары, ситиһэри күүтэбит, эрэнэбит.

1. Тас омук дойдуларыттан киирэр үлэһит дьон ахсаанын (квота) сылын аайы быһааран чопчулуурга.

2. Тастан киирэр дьон ахсаана квота быһыытынан сарбыллар түбэлтэтигэр, бэйэ олохтоох ыччатыттан үлэһит кадрдары бэлэмнээһин үлэтин күүһүрдүөххэ.

3. Тас омук дойдуларыттан үлэһит дьону Саха сиригэр үлэлиир тэрилтэлэр үлэҕэ ыҥырыыларынан киириилэрин олохтуурга.

4. Саха сиригэр быстах кэмҥэ үлэҕэ киирбит дьоҥҥо сири-уоту атыылыыры боборго, тохтоторго.

5. Омукпутун сомоҕолуур, биир өй-санаа иэйиитигэр киллэрэр Улуу итэҕэлбитин сөргүтэн тилиннэрэргэ анаан Улуу Ытык Сугулааны тэрийэргэ, ыҥырарга судаарыстыбабыт сөптөөх өйөбүлү, кыттыыны, көмөнү оҥорорун күүтэбит.

6. Оскуолаларга саха төрүт культуратын үөрэтии программатын төнүннэрэн, олохтоох сиэрдээн үөрэтиини тэрийэргэ (кылгатылынна-эрэдээкс.)

Аһаҕас сурук төгүрүк остуол кыттыылаахтарынан биһирэннэ.

2019 сыл, алтынньы 23 күнэ, Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтэ.

Ф. Л. Николаев,

678237 Үөһээ Бүлүү улууһа, Харыйалаах ыала,

 Д. Николаев уул., 15№-рэ.

Туох да диэбит иһин, бассаап үйэтэ. Бу Аһаҕас сурук бассаабынан кэлбитэ. Бу кылгатыллыбыт барыйаана. Тус бэйэм, маҥнай ааҕан баран, туох кистэлэ кэлиэй, хаһыакка таһаарар санаа да суоҕа. Итэҕэл боппуруоһа сэрэхтээх даҕаны. Ол эрээри соторутааҕыта «Земский учитель» диэн саҥа социальнай бырайыак олоххо киирэр буолбутун туһунан истээт, бу суругу өйдүү биэрдим. Өрөспүүбүлүкэ үөрэҕин миниистирэ эппитинэн, 2019-2020 үөрэх дьылыгар Саха сиригэр 800 учуутал миэстэтэ кураанах турар, ол иһигэр 234 учуутал хоту улуустар түгэх нэһилиэктэригэр тиийбэт. Ол аата бу бырагырааманан дойду бүддьүөтүттэн аҥаардас хоту улуустары учууталынан хааччыйарга аччаабыта 438 мөлүйүөн ороскуоттанар. Хоту барар учууталларга 2-лии мөлүйүөн бэриллэр диэбиттэр. Ити хамнастарын, бырайыастарын таһынан. Судаарыстыбабыт оннук байбыт, оҕо үөрэхтэн матарын чахчы судаарыстыбаннай таһымнаах иэдээн диэн сыанабыл биэрбит буоллаҕына, сөп даҕаны этэ. Ол эрээри мин итини кытта сөпсөһөргө тиэтэйиэх санаам кэлбэт. Тоҕо диэтэххэ, дойдубут чөмчөкөтө,  “харчы тиийбэт” дии-дии, оптимизациялыыбыт аатыран, үлэ миэстэлэрин сарбыйыыны үүнэ-тэһиинэ суох ыытар кутталлаах. Иккиһинэн, бу сокуон норуокка кутталы аҕалыах курдук. Оннук санаа бу үөһээ бүлүүлэр Аһаҕас суруктарын ааҕан баран киирдэ. Тоҕо? 2012 сылтан үлэлиир «Земский доктор” бырайыагынан билигин ордук хоту улуустарга олохтоох каадырдар төһө тиийэн үлэлээн эрэллэр? Мин көрүүбэр, ахсааннаах быһыылаах. Адьас аҕыйах хонуктааҕыта араадьыйанан Орто Халыма биир уһук Эбээх бөһүөлэгэр быраас да, биэлсэр да суоҕуттан сытар балыыһалара үлэлээбэккэ турарын кэпсээбиттэрэ. Аны туран, истэр тухары «тугу да билбэт» киргиз, узбек, бурят быраастар тиийэн олороллор. Ол кинилэр квалификациялара, дипломнара, опыттара, талааннара – туһунан дьыала. Киһи олоҕун быыһыырга Гиппократ андаҕарын биэрбит быраастар ыраах улууска үлэлии барары булгуччулааҕынан аахпат буоллахтарына, эгэ, учууталлар барыахтара диэн өйүм хоппот. Андаҕары биэрбэтэх дьон. Ол аата эмиэ сымыйа-кырдьык икки ардынан дипломнаах, ааттарын эрэ нэһиилэ этэр омуктар тоҕо анньан кэлиэхтэрэ суоҕа дуо? Икки мөлүйүөн баҕас кинилэри чахчы долгутар суума. Бэл, аҕыйах солкуобай туһуттан ырыынакка атыыһыттыы тураллар. Кыһыннары-сайыннары, биир өрөбүлэ суох. Күннээҕи килиэп харчытыгар. Мин сэбиэскэй кэмҥэ устудьуоннаабытым. Нуучча тылын учууталын идэтин баһылаабытым. Преподавательбит Клара Семеновна Евсеева этэрин күүскэ өйдөөн хаалбытым: «Эһиги нуучча тылын учуутала буолаары сылдьаҕыт. Ол аата нууччалыы эҥкилэ суох саҥарыахтааххыт. Төлөпүөн аннараа проводыгар эһигини нуучча дии саныахтаахтар», - диирэ. Аныгы үөрэх систиэмэтэ итинник ирдэбили туруорбат быһыылаах. Оччотугар, «Земский доктор» бырайыагынан сылыктаатахха, тыа улуустарыгар икки мөлүйүөнү эккирэтэн тоҕо анньан кэлиэхтээх каадырдар квалификацияларын тус бэйэм саарбахтыах санаам кэлэр. Ойуунускай убайбыт Ньукууһуттан, үйэ да уларыйан, ырааппат муҥа. Солкуобайы эрэ сойуолаһан кэлбит учууталлар иитэннэр, аҕыйах сылынан ыччаттарбыт сырдыктан көрө матар кутталлаахтара буолуо суоҕа дуо? Онто да суох муҥ саатар олохтоох үрдүк  үөрэххэ туттарсыы сыл аайы кытаата турар. Дьэ оччоҕо Ньукуус барахсанныы «быракасаанньа», «баппаал» буолабыт.

Ити үөһээ бүлүүлэр суруктарыгар төнүннэххэ, «тас омук дойдуларыттан үлэһит дьону Саха сиригэр үлэлиир тэрилтэлэр үлэҕэ ыҥырыыларынан киириилэрин олохтуурга” диэн этиилэрин сэҥээрдим. Оччотугар кэлии учууталлары оскуолалар сөбүлэҥнэрин биэрдэхтэринэ эрэ ылар быһыы-майгы олохтонуон сөп этэ. Аны туран, сир боппуруоһа. «Саха сиригэр быстах кэмҥэ үлэҕэ киирбит дьоҥҥо сири-уоту атыылыыры боборго, тохтоторго” диэн этиини эмиэ сиэрдээҕинэн ааҕабын. Бу «земскэй» диэн самалыктаах бырайыактар гектар сири түҥэтиини кытта быһаччы ситимнээх курдуктар. Сир ылбыт дьон манна кэлэн, этэргэ диэри, сир-халлаан икки ардыгар сылдьыбаттара, хантан эрэ силистээх-мутуктаах, үүннээх-тэһииннээх буолаллара сатанар курдук. Аны туран, «земскэй» диэн ааттаах бырагыраамаларга сааһынан улахан хааччахтааһын суоҕа оҕолоох-уруулаах, төрүт үгэстэрдээх ыал дьон кэлэрин сабаҕалыыр. Итинник санаатахха, бу биир үксүн кэлиилэри олохсутар бырайыактар буолуохтарын сөп диэн курус санаалар үөскүүллэр. Оннук эрэ буолбатын!

Онон олохтоох ыччат күүскэ толкуйданыан наада. Бырагыраама үчүгэй, эбиитин харчылаах, хас оскуола ахсын учуутал ахсаана тиийэрэ үөрэх хаачыстыбатын тупсарара биллэр суол, ол эрээри ону бэйэбит кыахпытынан оһорунуохха, олохтоох каадырдарынан.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...