04.02.2023 | 12:00

Туана Михайлова: «Дьиэ кэргэҥҥэ бэйэ-бэйэҕэ итэҕэйии, эрэнии наада...»

Туана Михайлова:  «Дьиэ кэргэҥҥэ бэйэ-бэйэҕэ итэҕэйии, эрэнии наада...»
Ааптар: Наталья ПРОТОПОПОВА
Бөлөххө киир

«Киин куорат» хаһыат кэлиҥҥи сылларга урбаан эйгэтигэр үлэлиир дьону киэҥник сырдатар. Кимтэн да көмө, өйөбүл көрдөөбөккө бэйэлэрин күүстэринэн үлэлиир дьону ааҕааччы киэҥ билиитигэр таһаарар бэйэтэ туһунан умсугутуулаах. Оттон урбаан эйгэтигэр ситиһиилэнэр, хас да бизнеһи тэҥинэн үлэлэтэр, дьиэ кэргэттэрин иитэр ийэлэр – хорсун санаа биир ураты көстүүтүн тэҥэ. Маннык күүстээх санаалаах дьахталлары киһи эрэ сөҕө уонна киэн тутта көрөр. 

Бүгүн биһиги туспа суоллаах-иистээх урбаанньыт, “Тайра” эрэстэрээн хаһаайката Туана Михайлованы билиһиннэрэбит.

Биллэн турар, киһи биир күнүнэн урбаанньыт буолбат. Маннык эйгэҕэ кэлэргэ элбэх үлэ, өй-санаа ситиитэ уонна чугас дьонуҥ өйөбүлэ наада. Ол туһунан бүгүн сиһилии кэпсэттибит.

 

Оҕо эрдэхпиттэн толкуйум атын этэ

– Мин дьоллоох Дьокуускайга күн сирин көрбүтүм. Манна улааппытым, үөрэммитим. Сайынын ийэм дойдутугар Томпоҕо Мэҥэ-Алдаҥҥа барарым. Төһө да куорат оҕото буолларбын, дэриэбинэҕэ тахсаммын ынах ыырга, хотон көрөргө, кус үргүүргэ, астыырга үөрэммитим. Кыра сылдьан уол курдук бойобуой этим. Хорга дьарыктаммытым, үөрэхпэр орто этим. Бу санаатахха, олох кырабыттан номнуо бизнес туһунан толкуйдуур буолбуппун. Ийэм Бааһынай ырыынагар атыыһытынан үлэлээбитэ, нэһилиэнньэҕэ сибиэһэй эт атыылыыра. Оттон аҕам сааһын тухары полицияҕа үлэлээбитэ. Бииргэ төрөөбүт үһүөбүт. Мин ыал улахана буоламмын балтыбын, бырааппын көрүү, дьиэ-уот үлэтэ үксүн мин санныбар сүктэриллэрэ. Бу кэмнэргэ харчы хантан кэлэрий, тугу гыннахпына харчы баар буолуой диэн толкуйдуурум. Үһүс кылааска сылдьаммын таһынааҕы ыаллар оҕолорун кытта ырыынакка кэлэн таска турар массыыналар түннүктэрин сууйарбыт. Ол үлэбит иһин кыра харчы төлөөтөхтөрүнэ, пааркаҕа сүүрэрбит, астына, дуоһуйа каруселлыыр этибит (күлэр). Кэлин ийэбэр таҥас-сап атыылыырыгар көмөлөһөр уонна оҕолорго парфюм, семечка ыһаарылаан атыылыыр буолбутум. Аны туран дьиэбэр маҥан кырыысалары иитэрим, төрөөтөхтөрүнэ, оҕолорун атыылаан харчылаһар этим. Дьэ ити курдук кыра эрдэхпиттэн бизнескэ сыстан, уһуну, киэҥи толкуйдуур буолбутум.

Бизнескэ бастакы хардыылар

Оскуолам кэнниттэн Дьокуускайдааҕы художественнай училищеҕа киирбитим. 18 сааспар кэргэн тахсан, 20 сааспар ийэ буолбутум. Билигин алта оҕо ийэтэбин. Икки уоллаахпыт, түөрт кыыстаахпыт. 2013 сылтан кэрэ буолуу эйгэтин интэриэһиргээн, тыҥырах (маникюр), макияж, бүрүчүөскэ оҥорууга үөрэммитим. Ол саҕана маникюр оҥорооччу элбэҕэ суох. “Этэрбэс араадьыйатын” нөҥүө килийиэннэр элбээн барбыттара, социальнай ситимҥэ страница арыммытым. Кэргэмминээн иккиэн кыахтаах ыаллар оҕолоро буолбатахпыт, дьон сиэринэн улааппыппыт. Билигин алта оҕолонон, дьиэлэнэн-уоттанан, бизнестэнэн этэҥҥэ олоробут. Кэргэним духуобунас, медитация өттүгэр бэйэтэ туспа көрүүлэрдээх. Мин билигин биир эрэ үлэнэн муҥурдаммакка, хас да үлэни тэҥинэн тутабын. Урут кэргэним дойдутугар Намҥа олорор сылларбытыгар араас бырааһынньыктары тэрийиинэн дьарыктанарым. Кэнсиэртэри, корпоративтары, сыбаайбалары, үбүлүөйдэри оҥорорбут, улуустарынан гастроллуурбут. Билигин даҕаны сүрүн үлэм таһынан кэнсиэртэри тэрийэрбин олус сөбүлүүбүн. Холобур, бу олунньу ый 17 күнүгэр “Триумф” саалаҕа Казахстан ырыаһыта Кенжебек Нурдолдай кэнсиэрин тэрийэн эрэбит. Билиэт барыыта үчүгэй. Тэрээһин, кэнсиэр идеята бэйэтэ төбөбөр көтөн түһэр. Ону тута былааннаан барабыт, хамаанда тэрийэбин уонна сүүрэн-көтөн олоххо киллэрэбит. Онон дьоҥҥо үөрүүнү-көтүүнү бэлэхтиир үлэлээхпиттэн дьоллоохпун. Сотору кэргэмминээн нуучча уонна саха куухуналаах икки эрэстэрээн арыйар былааннаахпыт.

 

Тэттик ыйытыылар 

– Туана Михайловна, дьахтар киһи урбаанньыт буолара ыарахан буолбатах дуо? Үлэҕин уонна дьиэ кэргэҥҥин хайдах дьүөрэлиигин?

– Саамай сүрүнэ, киһи үлэтин таптыахтаах уонна кэргэнниилэргэ өйдөһүү, бэйэ-бэйэҕэ эрэнсии наада. Оҕолорбутугар эмиэ сөптөөх иитиини биэрэбит. Кыраларыттан төрөппүттэрэ тугу үлэлииллэрин, кинилэр тустарыгар сүүрэрбитин-көтөрбүтүн, харчы хантан кэлэрин билэ улааталлар. Дьиэ-уот үлэтигэр сыстаҕастар, суох кэммитигэр бэйэлэрэ астаналлар, иһит, муоста сууйаллар, эрэсиимнээхтэр. Инникитин оҕолорбут атахтарыгар туралларыгар күүс-көмө буолуохпут, дьоҥҥо-сэргэҕэ үтүө санаалаах, эйэҕэс дьон буола улааталларыгар кыһаллабыт. Онон билиҥҥитэ дьиэ кэргэммин уонна үлэбин сөпкө уонна холкутук дьүөрэлиибин.

– Урбаанньыт дьону уонна харчыны кытта үлэлиир. Кини хайдах буолуохтааҕый? Дьоҥҥо ханнык хаачыстыбатын ордороҕун?

– Бастатан туран, чиэһинэй, үлэһит, улаатымсыга суох, амарах санаалаах буолуохтаах. Оттон кэтэх санаалаах, түөкүн, дьону сэниир буоллаххына, ырааппаккын. Уопсайынан, дьону сэниири олох сөбүлээбэппин. Тоҕо диэтэххэ биһиги тэрээһиннэрбитигэр, кэнсиэртэрбитигэр араас араҥа дьон кэлэр. Урбаанньыт өрө тахсара боростуой нэһилиэнньэттэн наһаа улахан тутулуктаах. Мин араас үлэҕэ холонон, элбэх киһини кытта алтыһан, дьоҥҥо быһаарсар буолбуппун.

– Кэргэнниилэр иккиэн биир бизнестээх буолаллара үчүгэй дуу, уустук дуу? Кэпсэтиигит барыта бизнес, үлэ туһунан буолан хаалбат дуо?

– Дьиэҕэ киирэрбитигэр хаһан баҕарар үлэни таска хааллара сатыыбыт. Онон куруук бизнеһи, харчыны эрэ толкуйдуур дьон буолбатахпыт. Өрөбүллэрбитигэр ыал-ыал курдук оҕолорбутун кытта сынньанабыт, киинэҕэ сылдьабыт, бириэмэбитин бииргэ атаарабыт.

– Харчыга сыһыаныҥ хайдаҕый? Харчыттан чэпчэкитик арахсаҕын дуу, ыараханнык дуу?

– Мин өйдөбүлбэр, харчы эргийэ туруохтаах. Харчы кэлэр-барар, онон наһаа уустуктук сыһыаннаһар, көҥөнөр, кэччэнэр сыыһа. Кыһалҕалаах дьоҥҥо киһи эмиэ көмөлөһүөхтээх дии саныыбын.

– Пандемия сыллара үгүс урбаанньыкка элбэх хоромньуну аҕалбыта. Элбэх киһи тэрилтэтин, бизнеһин саппыта. Онтон эһиэхэ хайдах ааспытай?

– Бу кэм дьоҥҥо араастык кэлэн ааста. Мин ол саҕана оҕо күүтэрим уонна аҕыс ыйбар диэри сүүрэ-көтө, тэрээһиннэри оҥоро сылдьыбытым. Бизнеспит харгыстары көрсүбэккэ үчүгэйдик үлэлээбитэ. Мин санаабар, олох араас түгэнигэр киһи бэлэм буолуохтаах, иннин хоту баран иһиэхтээх. Кыраттан санааны түһэрэн, үлэни, бизнеһи сабан кэбистэххэ, бэйэбитигэр охсуулаах буоллаҕа...

– Эн күнүҥ хайдах ааһарый? Иллэҥ кэм, сынньалаҥ диэни хайдах өйдүүгүн?

– Үлэни уонна сынньалаҥы тэҥҥэ дьүөрэлиибин. Күнү быһа үлэбэр эрэ олоробун диэн буолбатах. Киинэҕэ, караокеҕа сылдьабын, доҕотторбун кытта көрсөбүн. Кэрэ аҥаар буоларым быһыытынан бэйэбин көрүнэбин. Массааска, фитнеска, кыраһыабай буолуу салоннарыгар сылдьабын. Киһи сынньалаҥыгар эмиэ бириэмэ ууруохтаах, чугас дьонун, доҕотторун умнуо суохтаах. Дьахтар, ийэ быһыытынан олохпор өйдөөн хаалбыт түгэннээхпин. 2017 сыллаахха Ростов-на-Дону куоракка “Миссис Россия Интернешл” диэн күрэххэ кыттан, үс номинацияҕа кыайбытым. Хайдах эрэ гынан биир лиэнтэлээх кэлбит киһи диэн бараммын, 3 лиэнтэлээх эргиллибитим (күлэр). Ол курдук, “Миссис зрительских симпатий”, “Миссис Северо-Восточный округ”, “1 Вице-Миссис Россия” номинациялары ылбытым. Оччолорго 5 оҕолоох этим. Кэлэммин араадьыйаларга, телевидениеҕэ кыттыбытым, чугас дьоммун кытта үөрүүбүн үллэстибитим. Олоҕум бу биир кэрэ түгэнэ буолар. 

– Билигин Саха сирин ситиһиилээх урбаанньыттара Арассыыйа куораттарынан, тас дойдуларга тахсан үлэлииллэр, олороллор. Эйиэхэ оннук санаа киирбэт дуо?

– Мин сахалыы өйдөөх-санаалаах киһибин. Айылҕабын, тыаларбын, ууларбын, дойдубун олус таптыыбын, ханна да сырыттарбын куруук ахтабын. Онон билиҥҥитэ көһөн барыы туһунан толкуй киирбэт. Биһиги сыл аайы дьиэ кэргэнинэн син биир куруортарга, омук сирдэригэр сынньанабыт, саҥаттан-саҥа сирдэри кэрэхсии көрөбүт. Оҕолорбут маннык сылдьан наһаа астыналлар, билиилэрэ-көрүүлэрэ кэҥиир, сырдыкка-кэрэҕэ тардыһыылара күүһүрэр.

– Туана Михайловна, сэргэх, интэриэһинэй кэпсэтииҥ иһин махтанабын. Саҥа сылга үлэҕит өссө таһаарыылаах уонна ситиһиилээх буоллун!

 – Күөгэйэр күммүтүгэр сылдьар дьон баҕа санаабыт элбэх. Урбаанньыт диэн эмиэ айар куттаах киһи. Кини элбэхтик толкуйдуур, бэйэтэ идеялардаах, саҥаттан-саҥа былааннарын олоххо киллэрэр. Үлэбин, кэлэктииппин олус сөбүлүүбүн. Онон ситиһиибит өссө да иннигэр. Түмүккэ, ийэбэр, кэргэммэр, бииргэ төрөөбүттэрбэр, өйүүр, өйдүүр доҕотторбор, күннэтэ алтыһар үлэһиттэрбэр махтанабын.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....