14.07.2023 | 12:00

Толкуйдаах олох биир бэлиэтэ — эко-бородууксуйа

Бэйэ дьыалатын арыммыт Марианна Бурнашева дьиэҕэ-уокка туттуллар “EIGE” эко-бородууксуйаны оҥорон таһаарар. Эко – ол аата тулалыыр эйгэҕэ уонна киһи доруобуйатыгар буортута суох.
Толкуйдаах олох биир бэлиэтэ —  эко-бородууксуйа
Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

– Марианна, бастаан ааҕааччыларбытыгар эйигин билиһиннэриэххэ...

– Мин 1984 сыллаахха Бүлүү куоратыгар төрөөбүтүм, 90-ус сылларга дьонум Үөһээ Бүлүү Сургуулугар, аҕам дойдутугар, көспүттэрэ, онон онно улааппытым, борбуйбун көтөхпүтүм. Биэс оҕолоох Алексеевтар дьиэ кэргэҥҥэ иккис оҕобун. Бэйэм икки уоллаахпын, үһүс оҕобутун кэтэһэ сылдьабыт.

2002 сыллаахха Сургуулук орто оскуолатын бүтэрэн баран СГУ-га биолого-географическай факультет химическэй салаатыгар  туттарсан киирбитим. Баһылаабыт идэм – химик, “аналитическая химия”.

2008 сыллаахха үөрэхпин бүтэрэн баран научнай салайааччым химическэй наука доктора Валентина Ивановна Федосеева ыҥырыытынан Ирбэт тоҥу үөрэтэр институкка хаар физическэй уонна химическэй уратыларын үөрэппиппит. Микроэлеменнэр миграцияларын эксперименнээн, криокамера оҥорон чинчийбиппит.

2011 сыллаахтан географическай наука доктора Алексей Александрович Галанин салайыытынан Радиоуглероднай анаалыс лабораториятыгар  үлэлээбитим. Элбэх интэриэһинэй чинчийиини ыыппыппыт. Холобур, сэлии муоһун (“Малоляховский мамонт”, “Анабарский мамонт”) анаалыстаан, саастарын быһаарбыппыт. Археологическай булумньулар саастарын – аатырбыт Сэргэлээх буойуна (наука эйгэтигэр “Сергеляхский воин” аатынан биллибит булумньу), Чочур мыраан кыыһын (“Чочур-муранская девушка”) чинчийиигэ историческай наука доктора Розалия Иннокентьевна Бравинаны кытта олус умсугутуулаахтык үлэлээбиппит.

2020 сыллаахтан Гидрометеорологияҕа Тулалыыр эйгэни, уулары киртитиини кэтээн көрөр, мониторинг ыытар лабораторияҕа үлэлээбитим. Манна уу анаалыһын оҥорор этибит – онно экологияҕа балысхан хоромньу оҥоһулларын билэн, ол туһунан дьиҥнээхтик дириҥник толкуйданан барбыт эбиппин. Биир сыл кэннэ наукаҕа төннөр санааланан, билигин Биология институтугар Сир (почва) генезиһин уонна экологиятын лабораториятыгар үлэлии, айа-тута сылдьабын.

 

Наукаҕа тирэҕирэн, олоххо сыһыаны уларытан

– Эйиэнэ барыта идэҕэр, үөрэххэр, наукаҕа тирэҕирэр эбит.

Үлэлии сылдьан куруук бэйэ дьыалалаах буолуохпун баҕарар этим. Таҥас атыылыы сылдьыбытым, массыына арыандатын үлэлэтэн көрбүтүм – барытыгар ылсан, туох миэнэ, туох миэнэ буолбатаҕын быһааран, бэйэбэр чугас эйгэни көрдүүр эбиппин.

Онтон иккис оҕобор дэкириэккэ олорон, тыҥырах оҥорорго үөрэммитим, дьүөгэлэрбэр маникюр оҥорор этим. Ол быыһыгар астрологияны үлүһүйэн үөрэппитим. Ити курдук куруук туохха эрэ үөрэнэн иһэрбин сөбүлүүбүн.

Химик идэлээх буоламмын, олохпор уруккуттан экологичнай соҕус сыһыаннаахпын. Ас-таҥас, күннээҕи туттар сириэстибэлэрим састаабын үөрэтэн эрэ баран ылааччыбын. Уонна, санаабар, киһи барыта оннук көрөн, буортута кыратын, буортута олох суоҕун талара буолуо дии саныыр этим... Ону таһынан гидрометеорологияҕа үлэм элбэххэ харахпын арыйбыта.

Онтон пандемия кэмигэр, бокуойдана түспүччэ, үөрэтэн, элбэҕи ааҕан, интэриниэти хасыһан, бу хайысханан өссө атыҥҥа үөрэниэххэ сөбүн билбитим. Аны онтон ыла маҕаһыынтан ылар табаарым үксэ киһи доруобуйатыгар охсуулааҕын өйдүүр буолбутум, дьэ дьиҥнээхтик үөрэнэргэ соруммутум.

 

– Тоҕо чуолаан эко хайысханы таллыҥ?

Саҥа үөрүйэҕим бэйэм уруккуттан илдьэ сылдьар идэбэр, интэриэспэр, олоҕу көрүүбэр сөп түбэспититтэн дьиҥнээхтик астыммытым. Экологияҕа буортута суох сириэстибэлэри оҥорон бар дьоҥҥо, айылҕабытыгар туһаны аҕалар эбиппин диэн кынаттаммытым.

Былырыын сыл аҥаара курдук анал үөрэҕи аастым. Бастакы атыылаһааччыларым доҕотторум, кэллиэгэлэрим буолбуттара.

Барыта олохтон тахсар. Химик киһи быһыытынан билиибэр тирэҕирбитим, үлэбинэн уу, сир киртийиитин үөрэппит буоламмын, экология киһи олоҕор суолтата көстөн кэлбитэ.

Хас биирдии киһи, ордук ийэлэр, дьиэ кэргэннэригэр кыһаллан, киһи доруобуйатыгар буортулаах дьайыыны кыччата сатыыр, суох гынарга дьулуһар аналлаахтар дии саныыбын. Бэйэм тыа сиригэр улааппыт, дэриэбинэҕэ чугас буоламмын, айылҕаҕа харыстабыллаахтык сыһыаннаһабын.

Туох барыта дириҥ толкуйтан саҕаланар

– Буортута суох ас-таҥас, косметика, бытовой химия, онтон да атын билигин муода курдук буолла. Эн санааҕар, бу көннөрү кэлэр-барар кэмнээх көстүү, үлүһүйүү дуу, эбэтэр дьон доруобуйатыгар болҕомтону уурар кэмэ кэллэ дуу?

Муода кэлбит да буоллаҕына, наһаа үчүгэй муода кэллэ диэххэ сөп. Аан дойду нэһилиэнньэтэ элбээн истэҕин аайы бөх-сыыс эбиллэр, сирбит айгырыыр, муоралар, акыйааннар пластигынан туоллулар – ол барыбытын толкуйдатыахтаах. Биһиги кэннибититтэн кэлэр көлүөнэҕэ ыраас сири хаалларыахтаахпыт. Омос көрдөххө, бу наһаа глобальнай көрүү дии саныаххыт. Ол эрэн оннук буолбатах эбит, хас биирдии киһиттэн сир тутуллан турарын курдук ыланыахтаахпыт. Экологияҕа буортута суох олох предметэ оскуолаҕа киирэрэ буоллар, бүтүн көлүөнэ санаата уларыйыа этэ.

– Эн бородууксуйаҥ атыттартан туох уратылааҕый?

Барыта үүнээйиттэн оҥоһуллар (растительнай) ПАВ-тартан, аска туттуллар сырьеттан турар. Олор ууга суураллаллар, ол аата сүтэн-симэлийэн хаалаллар. Холобур, маҕаһыыҥҥа атыыланар бытовой сириэстибэлэри ылан көрдөххө, кинилэр синтетическэй ПАВ-тартан тураллар, тутуллара уустук, ыһыллан хаалбаттар, мунньуллар да кыахтаахтар. Ууга элбээн, ууну сытытан, уу экосистематын алдьаталлар.

– Дьон төһө сэҥээрдэ?

Бу кыһын устата элбэх дьаарбаҥкаҕа кытынным. Дьон наһаа интэриэһиргиириттэн үөрдүм. Элбэх киһи кэлэн ыйытар, хайдах маннык оҥороҕун диэн сөҕөллөр. Сахалар бэйэбит оҥорон таһаарыыбытын наһаа өйүүр эбиппит. Хас биирдии кэлэн кэпсэппит, ыйыталаспыт, атыыласпыт дьоммор махтанабын.

Элбэх киһи бытовой химия сытын абааһы көрөрүн, аллергиялыырын биллим. Туттар сириэстибэлэрин састаабын көрөр, олохторугар кыһаллар буолан, өйдөөн-дьүүллээн талар буолбуттар. Ол иһин оҥорон таһаарыыбын кэҥэтэргэ санаам көтөҕүллүбүтэ.

– Сыанаҕын хайдах быһаҕын?

Сырьем барыта растительнай буолан, тастан аҕалыллар. Экологичнай сириэстибэ сырьета Арассыыйаҕа үксэ импортнай буолар эбит – Индияттан, Въетнамтан, Тайландтан, Кытайтан кэлэр, ол барыта дуоллартан тутулуктаах. Мин сыанам Арассыыйа киин куораттарын кытта тэҥ.

Таара булар уустук соҕус, Дьокуускайга оҥоһуллубат. Барытын онтон-мантан сакаастаан ылабын – Москваттан, Санкт-Петребургтан, Новосибирскайтан, Красноярскайтан. Ону ааһан ыйы-ыйынан айаннаан кэлэр – ол барыта сыанаҕа охсор.

 

– Оҥорон таһаарыыгын кэҥэтиэххин баҕараҕын дуо?

Кэҥэтиэхпин баҕаран бөҕө буоллаҕа. Миэнэ барыта илии үлэтэ. Автоматизация диэн билиҥҥитэ суох. Аа-дьуо сатанан иһэригэр эрэллээхпин, туһалааҕы оҥоробун, ол иһин үүнэн-сайдан иһиэм диэн санаабын түһэрбэппин.

 

Дьахтар бизнеһигэр дьиэ кэргэн өйөбүлэ наада

– Дьахтар бизнескэ ылсара туох ыарахаттардаах эбит дии санаатыҥ?

Билигин ийэ быһыытынан күннэтэ дьиэ-уот, ас-үөл эрэ туһунан толкуйдааһын эрэ буолбакка, күннээҕи соругум элбээн таҕыста. Эбии эбээһинэс ылынаҕын, сакаасчыттарга оҥорон биэриэх буолбут буоллаххына, хайаан да толоруоххун наада. Суот-учуот, толкуй элбиир эбит.

Дьахтар бизнескэ киирэрин дьиэ кэргэнэ өйүөн наада. Мин кэргэммэр өйөбүлүгэр улаханнык махтанабын. Улахан уолум билигин 11-с кылааһы бүтэрдэ, миэхэ көмөтө баһаам, бэл, кыра уолум илии-атах буолар – этикетка сыһыараллар, куталлар.

 

Күннээҕинэн олорбокко, инникини ыраҥалаан, сыаллаах-соруктаах буоларгытыгар баҕарабын. Кэлэр көлүөнэбитигэр тугу хаалларарбытын саныахха, Орто дойдуга туох туһалааҕы оҥоробут диэн толкуйдаан олоруохха!

Химик Марианна Бурнашева хаһаайкаларга сүбэтэ:

Дьиэҕэ-уокка саамай үчүгэй сириэстибэ – хаһаайыстыбаннай мыыла. Кини “омыленные жиры” диэнтэн оҥоһуллар, састааба судургу. Иһит да, фрукта да сууйуохха сөп, сүрүнэ – үчүгэйдик сайҕыахха наада. Канализацияҕа ыыттахпытына, айылҕаҕа буортута суох.

Оҕуруот аһын, күөх туманы сууйарга содалаах ууну туттуҥ.

 

Иһит сууйары бэйэҕит оҥостуоххутун сөп:

50 г хаһаайыстыбаннай мыыланы түөркэлиигит;

1 л сылаас ууга мыылаҕытын суурайаҕыт, плиткаҕа сылытан ылаҕыт.

2 ост.нь. сода эбэҕит. Сэрэнэн, кыралаан кутаҕыт, таһынан куотуон сөп.

Маны оҥорорго мыыла састаабын көрүҥ: “натриевые соли жирных кислот растительных жиров или животных”, “кальцинированная вода”, “хлорид натрия” баар буолуохтаахтар.

Оҕуруот аһын, оҕо иһитин киһи куттаммакка сууйар. Үчүгэйдик сайҕыахтааххыт.

Маны таһынан, бу суурадаһыны  пульверизаторга кутан баран үүнээйини ыстардахха, тля үөскээбэт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...