10.05.2021 | 20:20

Токсиннартан ыраастанабыт уонна ырабыт

Токсиннартан ыраастанабыт уонна ырабыт
Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

Интэриниэт ситимигэр хайдах ырабыт, токсиннартан хайдах босхолонобут, доруобуйабытын хайдах тупсарынабыт, чөлүгэр түһэрэбит диэн тиэмэҕэ сүбэ арааһа баар. Сорох сүбэ судургу, сорох уустук, эбэтэр дэҥҥэ көстөр састааптаах буолар. 
Бүгүн фитотерапевтар биир судургу сүбэлэрин кэпсиибит. Бэйэҕит доруобуйаҕыт туругун учуоттаан туһаныаххытын эбэтэр туһаныа суоххутун сөп. Ол хас биирдии киһи бэйэтин көҥүлэ. 
Медиктэр сарсыарда булгуччу аһыыр наадалааҕын этэллэр. Сарсыардааҥҥы аһылык туһалаах, иҥэмтэлээх буолара ордук дииллэр. Фитотерапевтар маннык састааптаах сарсыардааҥҥы аһылыгы сүбэлииллэр:
-2 остолобуой ньуоска эбиэс көмнөҕө (хлопья)
-300 мл сыата суох йогурт
-3 устуука чернослив
-чаайынай ньуоска 1/3 какао бороһуок
-1 чаайынай ньуоска илдьиритиллибит лен сиэмэтэ


Бэлэмнээһинэ:
Барытын киэһэттэн бэлэмниибит. Черносливы 100 мл оргуйбутунан ууга хаппахтаан туран 10 мүнүүтэ паардыыбыт. Эбиэс көмнөҕүн (хлопья), илдьиритиллибит лен сиэмэлэрин уонна какао бороһуогу йогурту кытта булкуйабыт. Черносливпытын итии ууттан хостуубут, сойутан баран кыра гына кырбыыбыт уонна састааппытыгар эбэн биэрэбит. Хаппахтаан баран сарсыардааҥҥа диэри холодильникка туруорабыт. Сарсыарда аһыахпыт чаас аҥаара иннинэ холодильниктан таһаарабыт. 
Фитотерапевтар этэллэринэн, итинник сарсыарда аайы оҥостон истэххэ, токсиннар тахсаллар, оһоҕос ыраастанар, ас буһарар систиэмэ үлэтэ тупсар, 3-5 киилэ ыйааһын түһэр, ону тэҥэ  тирии туруга тупсар, оннооҕор төбө ыарыыта, умнуган буолуу ааһар үһү. 
Боруобалаабыт дьон бастакы үтүө түмүк нэдиэлэ курдугунан биллэр диэн суруйаллар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...