02.08.2021 | 18:00

Тобохтон – туһаны

Тобохтон – туһаны
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

От ыйын 23 күнүгэр Арассыыйаҕа «Даача күнэ” диэн бырааһынньык бэлиэтэнэн ааспыт. Хойутаан да буоллар, биһиги эмиэ бэлиэтиэххэ.

 

Арассыыйаҕа бастакы даачалар XVIII үйэҕэ Петр I кэмигэр үөскээбиттэр. Улуу ыраахтааҕы чыыннаах дьонугар Петербург анныгар сир учаастактарын түҥэтэлээбит. Улуу ыраахтааҕы мээнэҕэ улуу буолбат, тоҕо диэтэххэ бу дьаһала иһэ истээх. Үлэһиттэрэ сайын ыраах төрөөбүт дойдуларынан, үөскээбит дьиэлэринэн тэлэһийэн хаалбакка, наадалаах кэмҥэ хараҕын далыгар баар буолалларын туһугар эбит.


XVIII үйэҕэ даача көннөрү күнү-дьылы атаарар миэстэ буоллаҕына, сэбиэскэй кэмҥэ суолтата тосту уларыйар. Сэбиэскэй дьон манна оҕуруот, сад үүннэриитинэн күүскэ дьарыктаналлар.

 

Аныгы кэмҥэ даача суолтата син биир үрдүк, ол эрээри коронавирус ыарыыта туруоҕуттан өссө үрдээтэ, куорат таһыгар чааһынай дьиэ, даача куортамын сыаната хас да бүк ыараата.

 

Эбиитин бу саас тутуу матырыйаалын сыаната аччаабыта икки бүк ыараата. Онон бу «Хаппаргар хатаа» балаһабытыгар «босхо» матырыйаалтан туһалааҕы оҥорон таһаарар ньымалары билиһиннэриэхпит. Онно эбии даачалаах дьон бэркэ билэллэр – саас сир оҥоруутун, арассаада, ыһыы үлэтин үгэнигэр «киэргэтиинэн» дьарыктанар бокуой суох буолааччы. Онон күһүн хомуур иннэ арыый тоҕоостоох буолуох курдук.

Ураты клумба

Сибэкки иһитэ сыаналаах. Бэйэ оҥорорго эмиэ матырыйаал наада. Оттон бу курдук эргэ миэбэли, иһити, атах таҥаһын, оннооҕор бэлисипиэти клумба оҥордоххо, олус ураты буолан көстөр эбит. Ойууга баар остуол-клумбаны саһархай өҥүнэн кырааскалаабыттар.

Атах сайҕанар сир

Куйаас күҥҥэ теплица, оҕуруот көрөргө киһи атах сыгынньах сылдьыан баҕарар. Ол эрээри атах суунар кыһалҕата «атахтыыра» баар суол. Бу ойууга ол кыһалҕаны бэркэ быһаарбыттар – хаптаһынынан дьааһык оҥорон баран, тааһынан толорбуттар. Үлэлээн бүтэн баран манна туран атах сайҕанар дэлэ үчүгэй буолуой?!

КӨМҮЛҮӨК     

Оҕуруот үлэтигэр оһох олус наадалаах. Холобура, саас ыһыы саҕана итии ууну дьиэттэн таһыах кэриэтэ, маннык оһоххо сылытан кутуохха сөп. Аны оттубут маһыҥ күлэ – оҕуруокка олус абыраллаах уоҕурдуу. Биирдэ эмэ манна балык да үөлэн сиэххэ сөп.

Таас клумба

Маннык клумбаны күһүн, оҥоойу, бырдах сүттэҕинэ, оҥостор олус табыгастаах буолуон сөп эбит. Сайын устата кыралаан таастаргын таһан бэлэмниигин уонна дьэ биир күн хомуйан кэбиһэҕин. Оттон саас арассаадаларгын үөрэ-көтө бэлэм клумбаҕа таһааран олордуоххун эрэ наада.

Хорҕойор муннук

Саас арассааданы сыымайдыыр, сайын олорон сынньанар, күнтэн саһа түһэр, күһүн үүнүүнү оннун булларар, бэл, кыһын Саҥа дьылы бэлиэтиир муннук даачалаах киһиэхэ олус наада эбит. Маннык муннугу эргэ хаптаһынтан, талахтан оҥоруохха сөп. Кырааскалаатахха олус үчүгэйдик көстөр. Үрдүн карбонатынан, атын да матырыйаалынан саптахха, ардах-хаар куттала суох. Таһыгар мас, сибэкки олортоххо, күнтэн иитиллэр лаампалары туруордахха, дьыл хайа баҕар кэмигэр үчүгэй көстүүлээх буолуохтаах. Саҥа дьылы кытта дьиэ кэргэнинэн маннык кэрэ муннукка бэлиэтиэххэ сөп. 

Беседка

Оттон харчылаах буоллахха – биллэн турар, беседка! Былыр диэххэ, биһиги оҕо эрдэхпитинэ, арааһа, хас биирдии тыа сахатын ыалыгар «оһох хоспоҕо» диэн сайыҥҥы куухуна баара. Ийэбит онно алаадьылыырын, кус миинигэр сахалыы лапса оҥорорун, собо ыһаарылыырын, күһүн барыанньа буһарарын билигин олус күндүтүк саныыбыт. Аныгы кэмҥэ маннык күүлэ оннугар беседка, аһаҕас терраса туттар буоллулар. Матырыйаала тимир, мас, кирпииччэ, поликарбонат, тыыннаах от-мас барыта буолуон сөп. Быһыытын ким хайдах табыгастааҕынан, сөбүлүүрүнэн туттар: төгүрүк, көнө муннуктаах, аҕыс кырыылаах, дьиэҕэ сыһыары, туспа, мангал, барбекю зоналаах, нууччалыы кирпииччэ оһохтоох о.д.а.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...