Тоҥоһой алааһын ыаллара
Хаҥалас улууһун Булгунньахтаах сэлиэнньэтигэр чугаһаан истэххэ, Тоҥоһой алааһа диэн кэрэ айылҕалаах сир баар. Манна баар сайылыкка Галина Михайловна уонна Пан Семенович Петровтар бэйэлэрин хаһаайыстыбаларын тэринэн олороллор.
Кинилэр үс ыанар ынахтарын, сылгыларын, сибиинньэлэрин сэргэ, түргэнник ситэр салаанан дьарыктаммыттара алта сыл буолбут. Ол да иһин тиэргэннэрин улахан аҥаара дьоҕус зоопааркаҕа кубулуйбут. Манна хаас, кус, куурусса, перепелка, козалар, биһиги хаһаайыттарбыт диэбиттии, аа-дьуо хаамса сылдьаллар. Дьиэ көтөрдөрө бэйэ-бэйэлэрин кытары бодоруспуттара ырааппыт көрүҥнээхтэр. Хаһаайка хаастарын ыҥырбытыгар сүүрэн кэллилэр, истигэннэринэн сөхтөрдүлэр. Үс боруода кууруссаларыттан саамай кырасаабыссалара “Королевскай”, оттон Кохинки боруода атахтара түүлээх, оройугар баттахтаах, олус улахан. Маннык дьикти кууруссалары Дьокуускай куоракка соҕурууттан аҕалан атыылыылларын истэн, сакаастаан ылбыттар. Дьэ, бачча элбэх хаһаайыстыбаны дьиэ кэргэнинэн бары, ол иһигэр оҕолор, сиэннэр көрсөллөр.
“Хаһаайыстыбабытын бэйэбит эрэ көрбөппүт, оҕолорбут, сиэннэрбит көмөлөһөллөр, илии-атах буолаллар, үлэҕэ сысталлар. Ас-таҥас хантан кэлэрин билэ үөрэнэллэр. Куһаҕан үчүгэйдээх диэбиккэ дылы, сибээс үчүгэйдик хаппат буолан, төлөпүөнтэн да тэйэ түһэллэр. Улаханнык хаппырыыстаабаттар. Икки козабытын кыра кыыспыт бэйэтэ ыан кэбиһэр. Бу кэрэчээн сибэккилэрбитин, үүнээйилэрбитин эмиэ оҕолор, сиэннэр көрөллөр-истэллэр. Былырыын улахан сиэним: “Эбээ, биһиэхэ биир ынаххын уларсыый, оччоҕо бэйэбит иэдьэгэйдээх буолуо этибит”, – диэн саарпыгын баайа турдахпына улаханнык соһуппута”, – диэн Галина Михайловна үөрэ-көтө кэпсиир.
Оттон аҕа баһылык Пан Семенович хаһаайка кэпсээнин маннык ситэрэн биэрдэ:
“Уопсайынан, түргэнник ситэр көрүҥүнэн дьарыктанар ордук эбит. Сүөһүбүтүн аҕыйатар түгэммитигэр коза үүтүн иһиэхпит дуу диэн, козаны боруобалаан көрөргө санаммыппыт. Үчүгэй эбит. Күҥҥэ 3 лиитирэ үүтү биэрэллэр, иккилии оҕону төрөтөллөр. Хааһы иитэн идэһэ оҥостобут. Быйыл перепелканы боруобалаан, инкубатортан таһааран, онтукаларбыт икки ыйынан улаатан, сымыыт сии олоробут. Бэйэтин толуйар, түргэн эбит. Онон инникитин перепелканы элбэтэр санаалаахпыт. Хаастарбытын күөлбүтүгэр ыытан кэбиһэбит, күһүҥҥэ диэри бэйэлэрэ сылдьаллар. Ас көрдөөбөттөр. Сайылыккар чугас күөллээх буоллаххына, иитэргэ судургу, үрдүгэр сылдьан аһыыллар”.
***
Петровтар быйыл кинилэргэ Булгунньахтаах тыа хаһаайыстыбатын салаата харчынан көмөлөспүтүгэр махтаналлар. Кинилэр баҕа санаалара баһаам: бачча элбэх хаһаайыстыбаны, кыылы-сүөлү сонургуу, сэҥээрэ атын сиртэн оҕолор да, улахан да дьон кэлэн барыахтарын сөп эбит.
“Хаһаайыстыбабытын эбии сайыннаран, куспутун-хааспытын өссө элбэтэн, дьон көрөн ааһар буолуон баҕарабыт. Сахалыы балаҕан туттарбыт буоллар, кэлбит дьон, туристар балаҕаҥҥа олорон эрэ субу сытар күөллэригэр балыктыахтарын, катамаранынан устуохтарын, чугастааҕы ойуурга сир астыахтарын да сөп этэ”, – диэн туризмҥа кыттыһан, нэһилиэктэрин сайдыытыгар бэйэлэрин кылааттарын киллэриэхтэрин баҕаралларын туһунан этэллэр. Нэһилиэк, дьаһалта өйөөбүтүгэр, көмөлөспүтүгэр санаалара күүһүрэн, үлэ үөһүгэр түспүттэр.
Сайдыылаах олохпутугар сонун-нуомас түргэнник тарҕанар. Ол сиэринэн, быйыл сайын Петровтарга дьон-сэргэ, ол иһигэр омуктар, кэлэн сэргээн, хаартыскаҕа түһэрэн, сэһэргэһэн барбыттара бу баҕа санаалара туолуон сөбүгэр эрэнэллэр. Эһиил «Агростартап» куонкуруска “Тыа сирин туризма” диэн саҥа хайысхаҕа кыттар былааннаахтар.
***
Галина Михайловна Чурапчыттан, Пан Семенович Сунтаар улууһун Маар Күөлүттэн төрүттээхтэр.
Пан Семенович 1966 сыллаахха Дьокуускайга тыа хаһаайыстыбатын техникумун бүтэрэн, оччотооҕунан Орджоникидзевскай оройуоҥҥа ананан кэлбит. Бу билиҥҥи сайылыктарыгар 1987 сылтан олороллор. Биир сыл сүөһүлэрин илдьэ Буотамаҕа тахсан сайылыы сылдьыбыттар.
Петровтар түөрт оҕолоохтор, үс уол сиэннээхтэр. Улахан кыыстара Дьокуускайга ыал буолан олорор. Биир уоллара Семен Панович Покровскайга “Саргы” түһүлгэтигэр суоппардыыр. Иккис кыыс бастакы кууруһу бүтэрдэ, кыра кыыстара алтыс кылааска таҕыста.